Ийэ сылыгар элбэх оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан эбии миэрэ ылыллар буолла. Ол курдук, 3–4 оҕолоох ыалга култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар 50 бырыһыаннаах чэпчэтии оҥоһуллар буолла. Оттон сокуоннай саастарын туола илик 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар бу тэрилтэлэргэ босхо сылдьыахтара.
Биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар судаарыстыба биир кэмнээх төлөбүрү биэрэр. Ол эрээри манна – уһун уочарат. Билиҥҥи туругунан уочаракка 1947 дьиэ кэргэн турар. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн 500 мөл. солк. көрүллүбүтэ, бу үбүнэн 124 ыал дьиэлэннэ.
Оттон 2023 сылга 250 мөл. солк. көрүллүбүт. Уочараты аҕыйатар инниттэн бу төлөбүр аҥаарын харчынан ылар кыах баар буолла. Холобур, дьиэ кэргэн хас эмэ сылы быһа уочарата кэлэрин күүппэккэ, төлөбүр аҥаарын харчынан ылан, дьиэ туттарга, атыылаһарга эбэтэр ипэтиэкэни сабарга туһаныан сөп.
2021 сыллааҕы Бүтүн Арассыыйа-тааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 84 621 элбэх оҕолоох ийэ баар. Ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга босхо учаастак сирэ бэриллэр. Манна эмиэ уочараттара кэлэрин күүппэккэ, 200 тыһ. солк. ылан туһаныахтарын сөп буолла.
Үс игирэ оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга бэриллэр судаарыстыбаннай көмө быраабылатыгар уларыйыы киирдэ. Манна дьиэ кэргэн дохуота, баайа-дуола ааҕыллыбат. Дьиэ сыанатыттан 35 %-нын уу харчынан биэрэр буоллулар.
Оттон быйылгыттан саҥа ыал буолбут дьоҥҥо ЗАГС-ка “Эдэр ыал сэртипикээтин” биэрэр буолуохтара. Бу сэртипикээтинэн эдэр дьон ийэ-аҕа буолар кыахтарын, доруобуйаларын эрдэттэн чинчийиэхтэрэ, кэһиллии баар буоллаҕына – эмтэниэхтэрэ.
Хаартыска: aartyk.ru
Бэйэ кэр.