Социальнай ситимнэргэ кэлиҥҥи кэмҥэ уодаһыннаах искэн ыарыыны утары охсуһар дьон көмө харчы көрдөһөллөрө элбээбитин бэлиэтии көрөҕүн. Бэйэлэрин кыахтара баранан, дууһаларын кыланыытын киэҥ эйгэҕэ таһаарарга тиийэллэр. Манна соҕотох киһи, дьиэ кэргэн кыаҕа кыра, дьулуура, тулуура да тиийимиэн сөп. Эмтэнэн тыыннаах хаалыы бэйэбит дойдубутугар кыаллыбат буолан, кыһалҕалаахтар омук сиригэр тахсан эмтэнэн, быыһанар суолу тобула сатыыллар. Аны бу түгэҥҥэ үп-харчы кыаллыбата кыһалҕаны үөскэтэр. Хас эмэ мөлүйүөнүнэн суума кыайан көстүбэккэ, “көмөлөһүҥ” диэн биллэрии үгүстүк тахсара, хайа да бэйэлээх инчэҕэй эттээҕи долгуппат буолуон сатаммат.
Ол курдук, 2 кырачаан оҕолордоох, Дьокуускай куорат эдэркээн ыала Екатерина уонна Владимир Барашковтар дьиэ кэргэннэрэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ эмтэнэллэригэр үптэрэ-харчылара тиийбэккэ, “дууһа кыланыылаах көрдөһүүлэрэ” дууһабын долгутта, утуйар уубун көтүттэ. Сынньалаҥ күннэр диэбэккэ, күнүстэри-түүннэри матырыйаал бэлэмнээри, бу эдэр ыалы кытта сибээскэ сылдьабын, кинилэр олохторунан олоробун. Салгыы эдэр ыал ийэтэ Екатерина Егоровна кэпсиирин истиэҕиҥ...
Атырдьах ыйын 29 күнүгэр сыбаайбалаабыт, дьиэ кэргэн төрүттэммит күнүн, 15 сылын, оҕолорбутун кытта эрэстэрээҥҥэ баран бэлиэтиир санаалаах этибит. Бу күн онколог быраас приёмугар кэлбиппитигэр, “злокачественная опухоль – аденокарцинома прямой кишки 2 стадии” диэн бигэргэммит диагноһы туруоран, эмтээһин былаанын биэрбиттэрэ, сардаҥа тэрэпиийэтин – хиимийэни анаабыттара. Туох баар ыйыыны, анал бороссодуураны, чинчийиини ааһан баран, ахсынньы ыйга эпэрээссийэлиэхпит диэн эрэннэрбиттэрэ.
“Дьол уонна эрэл” биир иһиккэ угуллан, эрэл санааны үөскэтэр
Биһиги, Барашковтар дьиэ кэргэн, Дьокуускайга олоробут. Бэйэм ХИФУ психология институтугар социальнай үлэһит идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэбин уонна Дьокуускай куораттааҕы социальнай харалта киинигэр социальнай үлэһитинэн, кэргэним Владимир килиэп кэмбинээтигэр ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлиибит.
2007 сыллаахха улахан тапталынан ыал буолбуппут. 2009 сыл күһүнүгэр сыбаайбалаабыппыт. Ол дьоллоох түгэн иккиэммит өйүгэр-санаатыгар олохпут саамай кэрэ түгэнэ буолан иҥпитэ. Дьиэ кэргэн олоҕор чаҕылхай, кэрэ, дьоллоох кэм үгүһэ. Оҕолонон-урууланан, уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн ячейкатын хаҥаппыппыт. Олохпут кыра даҕаны ситиһиилэриттэн үөрэрбит, дьоллонорбут – кыбартыыра өрөмүөнэ, бэйэм массыына быраабын ылан бастакы массыынам, сөбүлүүр үлэ, бастакы хамнас... Саамай бэлиэ түгэммит – бастакы оҕобут, билигин 9 саастаах уолбут Егор күн сирин көрбүт күнэ. Дьокуускай 33-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитэ. Билигин, дьиэтээҕи балаһыанньабытынан Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар (Чурапчы) орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнэн бүтэрдэ. 6 саастаах кыра кыыспыт Полина Дьокуускай куораттааҕы “Кустук” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, 77 саастаах эбэбитигэр (кэргэним ийэтигэр) хаалларбыппыт. Эбэбит икки кыра оҕону кыанан көрүө суоҕа диэммит, уолбутун мин бииргэ төрөөбүт балтыбар ыыппыппыт. Куорат көннөрү олохтоох ыалларабыт.
– Катя, олоххут уустук балаһыанньатын кэпсиэҥ дуу? Сырҕан бааскытын таарыйбыт буоллахпына, бырастыы гыныҥ...
– Аҕабыт ыарыйда. Соһуччу, көһүппэтэх өттүбүтүттэн. Ааспыт 2022 сыл атырдьах ыйыттан саҕаламмыта. Ол иннинэ хаһан даҕаны доруобуйатыгар үҥсэргээбэт, чэгиэн киһи этэ. Бастаан кэргэним ыалдьыбытыгар олорор үлэлээх буолан “геморрой” буолуо дии санааммын, олорор сирбитинэн поликлиникаҕа проктолог бырааска суруйтарбытым. Ол күн туох баар анаалыһы ааспыппыт, туттарбыппыт. Кальвица уулуссатыгар турар поликлиникаҕа чинчийиини бэрт түргэнник ааспыппыт. Нэдиэлэ кэриҥэ анаалыстарбыт түмүгүн кэтэспиппит.
Атырдьах ыйын 29 күнүгэр сыбаайбалаабыт, дьиэ кэргэн төрүттэммит күнүн, 15 сылын, оҕолорбутун кытта эрэстэрээҥҥэ баран бэлиэтиир санаалаах этибит. Бу күн онколог быраас приёмугар кэлбиппитигэр, “злокачественная опухоль – аденокарцинома прямой кишки 2-й стадии” диэн бигэргэммит диагноһы туруоран, эмтээһин былаанын биэрбиттэрэ, сардаҥа терапиятын – хиимийэни анаабыттара. Туох баар ыйыыны, анал процедураны, чинчийиини ааһан баран, ахсынньыга эпэрээссийэлиэхпит диэн эрэннэрбиттэрэ.
– Диагнозкытын хайдах ылынныгыт?
– Санаабытын түһэрбэт буола сатаабыппыт. Чугас дьоммутугар эппэтэхпит. Хайдах эрэ барыта этэҥҥэ буолуо диэх курдук санаабыппыт. Сыыспыппыт. Тута айманан, эрдэ барыларыгар эппиппит буоллар, баҕар, ким эмэ эрдэ сүбэлээн, ыарыы саҥа саҕаланан эрдэҕинэ, Кэриэйэҕэ барарбытыгар сүбэлиэхтэрин сөбө эбитэ буолуо. Мин эдэрчи санаабар, “эдэр организм түргэнник аһарыа” дии санаабытым. Онтубут баара, эдэр организмҥа килиэккэлэр “үчүгэй” уонна “куһаҕан” диэҥҥэ түргэнник арахсан, ыарыыны сатарытар эбиттэр. Искэн уодаһыннаах ыарыыта киһини аҕыйах кэм иһигэр түргэнник “сиэн” кэбирэтэрин, хантан сэрэйиэхпит баарай?!
Эмтиир онколог бырааспыт докумуоннарбытын Москубаҕа эбэтэр Санкт-Петербурга ыытарбытыгар сүбэлээбитэ. Ону Блохин билим-чинчийэр института сөбүлэһэн, ылсан, Дьокуускайдааҕы онкология дьыспаансырын кытары бииргэ эмтээһини саҕалаабыттара. Онтон ахсынньыга онколог приёмугар кэлбиппитигэр “тыҥатыгар метастаз барбыт” диэн эпэрээссийэни тохтоппуттара. Ол эбэтэр искэн 4-с стадията буолбут. Бу түгэҥҥэ даҕаны санаабытын, эрэлбитин түһэрбэтибит, ыарыыны кытта син биир туруулаһарга сананныбыт.
Быйыл 2023 сыл кулун тутар ыйга кэргэним Владимир туруга эмискэ мөлтөөн киирэн барда. Дэлби дьүдьэйдэ, этэ-сиинэ иһэн хаалла, киһи тулуйбат ыарыытыгар ылларда. Онтон салгыы Мэдиссиинэ киинигэр икки бүөрүгэр “нефростома” туруордулар.
– Ыарыыта түргэнник хам ылбыт эбит дии.
– Куораттааҕы онкология дьыспаансырыттан эмтэнэн, тахсаары туран, өйүн сүтэрэн охтубута. Дьиэтигэр тахсан да баран, сотору-сотору “Суһал көмөнү” ыҥырарбыт.
Чугас киһибин, олоҕум аргыһын, оҕолорум аҕаларын сүтэрэр куттал үөскээбитин өйбүнэн-санаабынан сэрэйэн, хайаан даҕаны Соҕуруу Кэриэйэҕэ бардахпытына сатанар диэн, кытаанахтык быһаарыммытым.
Атын сиргэ эмтэнэ барарга хайдах эрэ эрэллээх этим. Сыыспыт эбиппин. Хас да сиргэ суруйа сылдьыбыппытын аккаастаабыттара. Дьэ, бу кэмтэн саҕаламмыта... кимиэхэ да көрдөрбөт көмүскэм уута, дууһам айманыыта. Ким даҕаны көрбөтүгэр, үксүн массыынабар олорон, ытаан тыыммын таһаарарым, чэпчииргэ дылы буоларым. Бэйэм олох атеиспын эрээри, тоҕо эрэ таҥараттан, Үөһээ Айыылартан көрдөһөр идэлэммитим.
– Соҕуруу Кэриэйэҕэ хаһан барбыккытый?
– Соҕуруу Кэриэйэ Пучхон куоратыгар (Сеул) Сибэтиэй Мария килииньикэҕэ 3-с төгүлүн докумуоммутун ыыппыппыт. Таҥара көмөтүнэн, биһиги дьолбутугар, ыҥырыы сурук туппуппут. Дьэ, уонна “Дьол уонна эрэл” биир иһиккэ угуллан, эрэл санааны үөскэппитэ. “Зум” нөҥүө сибээстэспиппит, онно 7 мөл. 742 солк. суума ирдэнэрин эппиттэрэ. Чугас аймахтарбыт, билэр-билбэт дьоммут көмөлөрүнэн, бастакы ирдэнэр суума аҥаарын хомуйбуппут. Төһө кыалларынан, суһаллык хомунан, бара охсуохпутун наада этэ. Тоҕо диэтэххэ, кэргэним харахха быраҕыллар буола туруга лаппа мөлтөөбүтэ. Онон ыҥырыыны тутаат, нэдиэлэ иһинэн хомуллан, айаҥҥа туруммуппут. Айаммытыгар улаханнык эрэйдэммиппит. Кэргэним нэһиилэ хаамара, аны нефростомалаах мөһөөччүгэ мэһэйдиирэ, хамсыырыттан уонна хаанын баттааһына тахсарыттан ыарыыта бэргиирэ. Муус устар 10 күнүгэр Сеулга кэлбиппит. Кыбыстары киэр кыйдаан, кыһалҕа кыһайан, кэргэним тыыннаах хааларын туһугар уонна оҕолорум хайдах аҕата суох хаалыахтарай диэн санааттан үп-харчы хомуйуута саҕаламмыта.
– Билигин киһи олоҕо ыйааһын хараҕар биэтэҥнии турар түгэнигэр, биллэн турар, уустук быһаарыныы.
– Остуоруйаҕа кэпсэнэр ырай олоҕун курдук, мин эмиэ биир кэргэҥҥэ дьоллоох олоҕу олорон, тэҥҥэ кырдьар дьылҕаланыахпын санаабатым буолуо дуо?! Бачча сыл бииргэ олорон кэллибит, салгыы даҕаны олоруохтаахпыт буоллаҕа... Владимир – наһаа кэрэ, холку, майгылаах бастыҥа киһи. Кини олох олоруон наада – оҕолорун, дьиэ кэргэнин тустарыгар...
– Улахан кыахтаах тэрилтэлэртэн, хампаанньалартан көмө көрдөөтүгүт дуу?
– Элбэх суругу бырамыысыланнай, алмаас-көмүс хостуур тэрилтэлэргэ суруйталаабыппыт даҕаны, хомойуох иһин, эппиэт суох. Көмөлөспүт биирдиилээн тэрилтэлэргэ махталбытын биллэрэбит. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ (дир.С.Т. Кынакытова), өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинэ (дир.Н.Н. Пахомова), Дьокуускайдааҕы гормолзавод (ген.дир.И.А. Самсонов), Розтор тэрилтэ (дир. В.У. Алексеев), ЛОРП (ген. дир. С.А. Ларионов), Технопаарка (дир.П.П. Габышев), “Стройгазсервис”ХЭУо (ген. дир. Н.В. Климов), Ил Түмэн дьокутаата П.П. Петров көмөлөстүлэр уонна биирдиилээн дьон көмө оҥороллор. Маны тэҥэ төрөппүттэрим ийэлээх, аҕам барахсаттар, Маҕан бөһүөлэгин олохтоохторо Яна, Егор Прокопьевтар наһаа көмөлөһөллөр, сууккаҕа 24 чаас устата биһигинниин бииргэлэр. Ис сүрэхтэн улахан махталбытын тиэрдэбит. Билигин даҕаны Сахабыт сирин үтүө санаалаах дьоннорун көмөлөрүнэн харчы хомулла турар. Хайдахтаах курдук, үтүө санаалаах, амарах дууһалаах дьон баар эбитин, маннык түгэҥҥэ түбэстэххинэ өйдүүгүн, сыаналыыгын. Киһи тылынан кыайан тиэрдибэт махтала, сүгүрүйүүтэ...
– Билигин Соҕуруу Кэриэйэҕэ бааргыт. Билиҥҥи туруккутун сэгэтэн ааһарыҥ буоллар...
– Манна кэлбиппит 2 ыйтан орто. Кыбартыыра куортамнаһан олоробут. Владимир кэлээт, бастакы хиимийэтин муус устар 21 күнүгэр ылбытынан барбыта. Онтон 4-с хиимийэтин бэс ыйын 1-кы чыыһылатыгар ылбыта. Бу кэм устата ыарыытын уҕарытар эпидуральнай анестезия уонна ньиэрбэтигэр мини-эпэрээссийэ блокада оҥордулар. Бэс ыйын 12 күнүгэр диэри чинчийиини ааһар, сотору кэминэн консилиум буолуохтаах. Кэргэним билигин сатаан хаампат, кэлээскэҕэ олорор. Күнүстэри-түүннэри ыарыытын тулуйа сатаан эрэй бөҕөтүн көрөр. Эрэлбит – эпэрээссийэ түргэнник оҥоһулларыгар.
Оҕолорбутун, чугас дьоммутун кытта арахсыы курус түгэнин ыараханнык ылыннарбыт даҕаны, ыарыыны кытта туруулаһабыт. Биллэн турар, төрөөбүт дойдуттан, дьиэттэн-уоттан, оҕолоргуттан уһун кэмҥэ ыраах, билбэт дойдугар олох иһин охсуһуу – улахан истириэс, санаа тууйуллуута...
Сотору кэминэн эпэрээссийэбит буолуохтаах. Ирдэнэр суумабыт толору хомулла илигэ ыгылытар, ыксатар. Күндү Сахабыт сирин олохтоохторо! Биһиги дьиэ кэргэн бачча элбэх үбү-харчыны сатаан уйунар кыахпыт суох. Кырачаан оҕолорбут толору дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтарын, уруккулуу кыһалҕата суох, дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕор төннүөхпүтүн, дьоллоохтук, доруобайдык олоруохпутун баҕарабыт.
Эһиги хаһыаккыт нөҥүө төрөппүттэрбитигэр, чугас дьоммутугар, табаарыстарбытыгар, дьүөгэлэрбитигэр, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбитигэр, көмөлөспүт, көмөлөһө турар бар дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас!
Баара-суоҕа 41 эрэ саастаах, кырачаан оҕолордоох ыал аҕата Владимир БАРАШКОВ олоҕо салҕанарыгар, саха эдэр ыала дьоллоох буоларыгар хас биирдиибит кыттыһан, кылааппытын киллэрсиэҕиҥ! Үтүөнү оҥордоххо, ол үтүө сүүс төгүл үрдээн, бэйэҕэ эргиллэрин умнумуоҕуҥ! Чахчыта да оннук. Билигин Владимир дьылҕатын быһаарар уустук уонна сыаналаах эпэрээссийэҕэ 4 мөл. 398 тыһ.солк. ирдэнэринэн, күүскэ хамсаныаҕыҥ, ирдэнэр суума хомулларыгар көмө буолуоҕуҥ!
Реквизиттэрэ:моб.банк: +79142700611получатель: Екатерина Егоровна Барашкова (супруга)Номер счета: 40817810476007723811Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНКБИК: 049805609Корр. счет: 30101810400000000609ИНН: 7707083893КПП: 143502001SWIFT-код: SABRRUMM
Саргылаана БАГЫНАНОВА.