Киир

Киир

ЫТЫКТАБЫЛЛААХ ААҔААЧЧЫЛАР!

Кулун тутар 23 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ “СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй туруктаах буолуутун хааччыйыыга экэнэмиичэскэй суолталаах быстах кэмнээх эбии миэрэлэр тустарынан” диэн Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньах буолан ааста.

Дойду бэрэсидьиэнэ кулун тутар 16 күнүгэр эрэгийиэн салайааччыларыгар сааҥсыйа усулуобуйатыгар социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны өйүүргэ эбии боломуочуйалары биэрбитэ. Инньэ гынан, Ил Дархан иһинэн суһал ыстаап тэриллэн, тыҥаан турар кыһалҕалары түргэнник быһаарарга үлэлэһэллэр. Бу күннэргэ Айсен Сергеевич Москубаҕа федеральнай салалтаны кытта өрөспүүбүлүкэ тыын суолталаах боппуруостарын быһаарса сылдьар.    

Билиҥҥитэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, дохуотун өйүүргэ, аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга, ДьУОХХ, бырамыысылыннас, тыа хаһаайыстыбатын уонна аччыгый биисинэһи өйүүргэ бастакы миэрэлэр ылыныллылар. Уопсайа 14 млрд. 900 мөл. солк. көмөҕө бэриллиэҕэ. Ол онтон ас-үөл саппааһын хааччыйыыга 2 млрд. 415 мөл. солк. бэриллиэҕэ, инньэ гынан, социальнай суолталаах табаар сыаната бас баттах барбатын ситиһиэхпит. Олорор дьиэни тутууга 2 млрд 243 мөл. солк., аччыгый урбааны өйүүргэ 2 млрд 6 мөл. солк. көрүлүннэ.

Кыаммат ыалларга уонна соҕотох олорор гражданнарга социальнай хантыраагы түһэрсэллэригэр үбүлээһини 72 мөл. 800 тыһ. солк. дылы улаатыннардылар. Урбаанынан дьарыктанааччыларга соцхантыраак 200 тыһ. солк. 300 тыһ. солк. диэри улаатта, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 200 тыһ. 250 тыһ. солк. дылы үбүлээһини улаатыннардылар. Кулун тутар 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыттар тииһинэн олоруу алын кээмэйин ылыахтарын сөп, онуоха 30 мөл. 600 тыһ. солк. көрдүлэр. Социальнай эбийиэктэри тутуу тохтооботун наадатыгар биир хааччыйааччыттан атыылаһар курдук саҥа механизмы толкуйдууллар. Маннык механизм хас да салааҕа туһаныллара ордук этэ. Бачча быыһык кэмҥэ онон-манан эргиппэккэ, сып-сап атыылаһа охсон хааччынарбыт наада. Билигин балаһыанньа күнүнэн буолбакка, омуна суох чааһынан уларыйа турар, онуоха олорон хаалбакка, бары күүспүтүн тутан үлэлэһэрбит наада.

Сааҥсыйа өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр ордук АХШ тэхэньиичэскэйэ суох алмааһы атыыттан аккаастаммыта охсуулаах буолуон сөп, итиэннэ федеральнай резервнэй систиэмэ ыстаапката улаатан аан дойдуга кыһыл көмүс сыанатыттан тутулуктаныаҕа. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһыгар ити усулуобуйалары учуоттууллар. Муус устар 28-29 күннэригэр буолаары турар сиэссийэҕэ уларытыллыбыт бүддьүөт барылын дьүүллэһэн ылыныахпыт.

СӨ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтэ урут даҕаны олохпут дьаалатынан уста турбут кэмигэр бэйэтигэр бүгэн олорон үлэлиир этэ. Оттон бу быыһык кэмҥэ, төһө эмэ Ил Дархан туох баар күүһүн ууран, дьонун-сэргэтин өйөөн, суһал миэрэлэри ылынарга сорудахтыы олордоҕуна, министиэристибэ үлэтин уларыппыта көстүбэт. Миниистир Майя Данилова хаһааҥҥа диэри харгыстаһар майгытын тохтотор? Министиэристибэ үлэтэ-хамнаһа үөскээбит балаһыанньаҕа хаһан сөп түбэһэрдии дьаһанар?

Билигин информация сэриитэ буола турар диэн үгүстэр бэлиэтииллэр. Кырдьык, дьон өйүн-санаатын булкуйаары арҕааҥҥы дойдулар ол-бу сымыйа, киһи суоһурҕанар иһитиннэриилэрин ыыталлар. Онуоха бэринэн биэрбэккэ, дойду официальнай иһитиннэриилэрин эрэ ылынарга дьулуһуҥ.

Муус устар 4-14 күннэригэр дойду үрдүнэн чэпчэтиилээх сурутуу декадата ыытыллар. Парламент салалтатын сорудаҕынан, саҥардыллыбыт элбэх, сэргэх анаарыылардаах, туһалаах сонуннардаах, сокуон ымпыгын-чымпыгын судургу тылынан тиэрдэр “Ил Түмэн” хаһыат дьоҥҥо тиийэрин элбэтэр туһуттан, “Кыым” хаһыаты кытары сомоҕо сурутууга киирдэ. Онон, эһиги таптаан ааҕар “Кыым” уонна ону сэргэ сахалыы “Ил Түмэн” хаһыаттарга чэпчэтиилээх сыананан сурутан, туттумахтаһан хааларгытын ыҥырабын.

Билигин кумааҕы, бэчээттиир кырааска сыаната эҥин күн-түүн үрдүү турар кэмигэр, удамыр сыананан сурутаргыт барыстаах. Икки хаһыаты – “Кыымы” уонна “Ил Түмэни” сомоҕо суруппуттар сүүйүүлээх сурутуу кыттааччылара буола түһэллэр. Бириистэргэ сыаналаах бытовой тиэхиньикэ, дьиэҕэ-уокка туттуллар мал-сал уо.д.а. баар буолуохтара.

Күндү сахам дьоно! Сандал сааспыт кэлбитинэн, кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэрбитинэн үөрэ-көтө сылдьыаҕыҥ, саха өһөс майгытынан үйэлэр тухары ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка баччааҥҥы диэри сайдан кэллэхпит. Онон, салгыы иннибит диэки эрэллээхтик, бары биир сомоҕо буолан ыарахаттары туоруохпут диэн эрэнэбин. Этэҥҥэ буолуҥ!

Бар дьон дьокутаата
 Мария Христофорова

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар