Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Үс Хатыҥ” архитектурнай-этнографическай комплекска баран көрөн-истэн, мунньахтаан кэллэ. Хамсык туран икки сыл ыытыллыбакка буолан баран, быйыл бэс ыйын 25-26 күннэригэр национальнай бырааһынньыкпытын – Туймаада ыһыаҕын – сүргэлиин көтөҕүллэн бары бүттүүн ыһыахпыт.
Быйыл Үс Хатыҥҥа Туймаада Ыһыаҕа тэриллэр буолбута 25 сылын бэлиэтиибит.
Билигин архитектурнай-этнографическай комплекска тутуу үлэтэ бара турар. Баһылык дьаһалынан бэс ыйын саҥатыгар түмүктэниэхтээх.
Тэрийэр хамыыһыйа үбүлүөйдээх ыһыах “брендбугун” бигэргэттэ. Онон сиэттэрэн, “Аан Аартык” киирэр аарканы уонна муостаны биир истиилинэн киэргэтиэхтэрэ. Ыһыах сүрүн эбийиэгин – Аар Кудук Чэрчи маһы – саҥардыахтара. Үс Хатыҥ сиригэр саҥа навигационнай ыйынньыктары туруоруохтара. Волонтердар үлэлиэхтэрэ, ыалдьыттары көрсүөхтэрэ, ыйан-кэрдэн биэриэхтэрэ.
“Служба эксплуатации городского хозяйства” МКУ салайааччытын солбуйааччы Светлана Чусовская бэлиэтээн эппитинэн, Үс Хатыҥҥа киирэр суолга быылы намыратарга сулууспа уу кутар үлэни ыытыаҕа. Бырааһынньык кэмигэр уу кутар тиэхиньикэ күҥҥэ үстэ үлэлиэҕэ. Куйаас кэмҥэ – итинтэн үгүстүк.
“Якутдорстрой” АУо “подъезднай” уонна Үс Хатыҥ иһинээҕи суолларын өрөмүөннүүр, кумах кутар сорудахтаах. Марха таһынааҕы суолу эмиэ оҥоруохтара. Уу (водоём) кытылларын отун охсуохтара, өрүс кумаҕын кутуохтара, хахханы, мас туалеттары өрөмүөннүөхтэрэ. Эбии 10 саҥа туалеты тутуохтара, илии суунары туруоруохтара. Балары барытын дьуһуурустуба хонтуруоллуоҕа.
“Жилкомсервис” МУП санитарнай туочукалары көрүөҕэ. Маны таһынан атыы-эргиэн түһүлгэлэригэр барар турба боробуоттарын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Уотунан-күөһүнэн “Горсвет” МУП хааччыйыаҕа.
Мунньахха массыыналар турар парковкаларын, оптуобустар маршруттарын дьүүллэстилэр. Быйыл тырааныспарга 4500 пропуһу биэриэхтэрэ. Өссө эбии массыына турар сирдэрин бэлэмниэхтэрэ. Ыһыах кэмигэр “штрафстоянка” уонна манипулятордаах тырааныспар үлэлиэҕэ.
Евгений Григорьев атыы-эргиэн эбийиэктэрэ, балааккалара, туочукалара туруохтаах сирдэрин көрдө. Мунньах түмүгүнэн атыылыыр сирдэри эрэ буолбакка, атыыны тэрийиини эмиэ күүскэ хонтуруоллуохха диэтилэр. Ол курдук, быйыл урбаанньыттар чопчу ыйыллыбыт анал сирдэргэ үлэлиэхтэрэ. Баннеры, “вывесканы”, “растяжканы” ыйыыллара бобуллар. Түһүлгэлэрин биир истиилинэн киэргэтиэхтэрэ. Көҥүлэ суох атыыһыттар миэстэлэрин ылыахтара, сөбүлэҥэ суох туруорбут туалеттарын көтүрүөхтэрэ. Туймаада Ыһыаҕар быһа холоон 170 атыы-эргиэн миэстэтэ үлэлиирэ биллэр.
Куорат дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан