Урут “үүт харчытын үрдэтиҥ” диэн былааһы сэтэрээн кэйгэллиир луоһун уларыйан, иккис сылын «арыы суох буолла» диэн ыһыытыыр буолбут курдук. Чахчы, “ынах арыыта суох буолбут” диэҕи, ырыынак сокуонунан, маҕаһыыҥҥа Белоруссияттан тиийэ арыы арааһа элбэх. “Меркурий” киирэн, үрүҥ ас хаачыстыбата күүскэ хонтуруолланар дииллэр, быһайын сымыйа арыылары булан атыыттан устубуттара. Онон “арыы дэписсиитин” уонна “төбөтүгэр харчынан ылааччылар ыахтарын баҕарбакка, ынахтарын хонууга кыйдыыллар” диэн усках кэпсээн туһунан санааларын истээри, т/х биллэр салайааччыларыттан, ытыктабыллаах дьонтон ыйыталастым.
Н.С. Афанасьев, т/х миниистирин солбуйааччы:
– Табаарынай арыы аҕыйаата. Урут үүт соҕотуопката 80 тыһ. т тиийэ сылдьыбыта. Билигин соҕотуопкаҕа 62 тыһ. т үүтү туталлар. “Арыы суох” диэн күдээринэ өйдөбүлү “төрөтөөччү” элбэх. Биллэн турар, 18 тыһ. т үүт аҕыйаабыта бастакы уохха көстөр буоллаҕа. Ити көҕүрээбитэ ситиһэр, туолар кыахтаах. Быйыл соҕотуопкаһыттар үүт тутуута аҕыйаабытыгар арыыны элбэҕи оҥорор буоллулар. Элбэх астааччы арыыга көстө. Ити – ырыынак үлэтэ, арыы сыаната үрдээтэ, дьон арыыга наадыйаллар. Урут үүт туттарбыт, билигин сүөһү төбөтүгэр харчы ылан баран сүөгэйдээн сиир нэһилиэнньэ элбээтэ. Сорохтор сүөгэйдэрин атыылыыллар, атастаһар, мэнэйдэһэр буоллулар. Арыы дьон болҕомтотугар тахсан, урукку курдук “арыым барбакка хаала сытар” диир соҕотуопкаһыт суох. Официальнай асчыттар арыылара сүрдээх үчүгэйдик барар буолла, атын да олохтоох үрүҥ ас үчүгэйдик атыыланар. Онон ырыынак 62 тыһ. т үүтү тутууга эппиэтэ – арыы оҥоһуута элбээтэ.
“Сүөгэй сиэбэккэ олоробун” диир киһи тыаҕа суох. Ынахтарын ыыллар, төбөтүгэр харчы ылан баран, үрүҥ аһы бэйэлэрэ аһыыллара элбээтэ. Ол ханнык да ыстатыыстыкаҕа учуоттаммат буолан көстүбэт. Ол иһин саба быраҕан, наар куһаҕаны түөрэр дьон тугу эрэ тиийиммэти-түгэммэти була сатаан таһаараллара баһаам. Ил Дархан үүт сыанатын үрдэтэн, эһиилгиттэн соҕотуопкаһыттар тутар үүттэрин элбэтэллэрэ буолуо.
Ыйытыы: Үүтү 100 солк. атыылыы олорон, соҕотуопсуктар тоҕо дьонтон 10 солк. туталларый, бэйэлэрэ 30-40 солк. эбэн үрдүккэ туппаттарый?
Н.А. Афанасьев:
– Соҕотуопкаһыттар үүт астыыр тэриллэрэ эргэрэн хаалла. Ону солбуйарга урукку курдук биир түһүмэхтээн, үп көрүөхпүтүн наада буолла. Бэйэлэрин эргиирдэрин үбүттэн оҥостор кыахтара суох. Кыра үүт тутуллар нэһилиэктэригэр үүтү туппат буоллулар. Холобур, күҥҥэ 100 л тутаары 3 киһилээх, лабарааннаах эҥин штаты кыайан уйунан туппаттар. Билигин соҕотуопкаһыттары, үүтү астааччылары барыларын тиһиктээх уларыйыы кэтэһэр. Саҥа усулуобуйаҕа уларыта тутуу наада.
А.Я. Яковлев, Ньурба улууһун баһылыгын 1-кы солб. үлэлии сылдьыбыт, т/х кэпэрээссийэтин исписэлииһэ:
– 35 тыһ. солк. ылар сорох кэтэхтэр үүт туттарбат буолбуттара баар суол, ордук ыраах нэһилиэк дьоно. Ол дьон күн аайы ынах ыан, үүт эрийэн эрэйдэнэбит диэн, ыытан кэбиһэллэр. Оттон Ньурба чугаһыгар олорор ыаллар олох үчүгэйдэр, үүттэрин 1 мөһөөххө атыылыыллар. Соҕотуопкаһыттар, астааччы тэрилтэлэр өйдүүллэр, сайын үрүҥ ас: суорат, сүөгэй уо.д.а. хамаҕатык барар, онон арыыны анаан оҥорботтор. Урут кыайан атыыламмат үүттэрин арыы гыналлара. Ол иһин арыы элбэх курдуга. Маннык бэлиитикэ салгыы бардаҕына, арыы сыаната үрдүү туруо. Бассаапка Ньурба Хорулатын арыыта былдьаһыгын туһунан видео устубуттарын көрбүккүт буолуо. Хорула – ыраах нэһилиэк, үрүҥ аһын батарбат буолан арыылыыр.
Үүтү тутууну, арыы оҥоһуутун элбэтэргэ биир суол баар: нэһилиэк аайы кэпэрэтиип тэрийэн, олорго сайылык тутан, сайын нэһилиэк сүөһүтүн барытын таһааран онно ыахха наада. Ньурбаҕа бу хайысхаҕа Хорула үчүгэй, Хаҥалас саҥа саҕалаан эрэр. ТХМ сатаан үлэлиир дьонноох сирдэргэ грант дуу, куонкурус дуу ыытан өйүөн наада. Иккис суол – үүтү астааһыҥҥа чааһынай биисинэһи киллэриэххэ.
Н.А. Аржаков, “Чурапчы” ТХПК бэрэссэдээтэлэ:
– 2020 с. диэри улууска 7,6 тыһ. т үүтү тутарбыт, 240-260 т арыыны оҥорор этибит. Арыы сороҕор баппат үлүгэрэ буолааччы. Туппут үүппүт сороҕо үүтүнэн, сороҕо аһытыллыбыт үүт ас оҥоһуллан атыыланар. 2020 с. кэтэхтэргэ ынах төбөтүгэр 35 тыһ. солк биэрбиттэрэ. 10 солк. туттарыан сөбө. Чурапчыга үүт туттарааччы 65-70%-на – кэтэх, балар 10 солк. үүт туттарбаппыт диэбиттэрэ. Онон иллэрээ сыл квотанан 5,2 тыһ. т үүт тутарга харчы кэлэн, уруккуттан тутар үүппүт 2,4 тыһ. т. аҕыйаабыта, онон 76 т арыы оҥоһуллубакка хаалбыта.
Саха сирин улуустарын үс гыммыт бииригэр үүт аҕыйаан, арыы “дэписсиитэ” үөскээбитэ. Аҕыйаата да, дьон элбэҕи ылан хаһаанаары “ажиотаж” тардар. Оччоҕо ырыынак сокуонунан, сыаната ыарыыр. Быйыл былааммыт 5,4 тыһ. т этэ. Ситэ туттарбакка, былааммытын толорор-толорбот иһэбит. Ол гынан баран Чурапчы улууһугар фирменнэй, чааһынай маҕаһыыннарга арыы баар. Быйыл уматык, уот, гаас эмискэ ыараатылар. Арыы миэстэтигэр турар кыаҕа суох, ороскуоту сабынарга сыаната таҕыстаҕына эрэ, тэрилтэ сатанар. Ол иһин арыы Чурапчыга – 900 солк., Тааттаҕа – 950 солк., 1 тыһ. таһаараары олорор. Мэҥэ Хаҥалас 900 солк. атыылыыр. Нам эмиэ итинник, куоракка – 950-1000 солк. Биир киилэ 82% арыы 24 л 3,4% сыалаах үүттэн тахсар.
Тэрээһиннээхтэр 2023 с. үүт 10 солк. үрдээн, 70 солк. туттарыахтара. Истэргэ үчүгэй, үөрэллэр. Хомойуох иһин, үүт сыаната эбиллэрин кэтээн туран батыһыннарбыт курдук, кэлин уоппут, гааспыт, уматыкпыт – барыта ыарыыр майгыланна. Ол “сиэн” кэбиһэн, үүт туттарааччылар үүт сыаната үрдээбитин билбэккэ да хаалыыһылар.
Саҥа мэхэньиисим тахсарыгар “туттарбат дьон, бэйэҕит астанан аһааҥ” диэн бэлиитикэ ыыппыппыт. 35 тыһ. солк. кинилэр от, комбикорм, уматык, уо.д.а. ыларга туттуохтаахтара. Маҥнай утаа аҕыйах киһи сэппэрээтэр, арыылыыр тэрил ылан оҥосто сылдьыбыта. Онтон алдьанар, уот барар-кэлэр, иккилии күн аайы үүт сылытыахха наада, эрийтэрэн, астаан, иһити сууй да сууй, киһи бэйэтэ бэйэтигэр хамначчыт буолар. Урут үүтү туттарда да, тойон буола түһэрэ. Инньэ гынан сорохтор аккаастаан кэбиспиттэрэ. Нэһилиэктэри кэрийэр дьон билэр буоллахпыт. Ыраах нэһилиэктэргэ бэйэлэрэ астанар дьон бааллар. Аны ити оҥорбуттарын ырыынакка киллэрэн атыылыыр, харчы оҥостор бырааптара суох.
Уоран атыылаатахха атыылыыгын, ол эрээри ким эмэ импиэксийэ хабан иһэ ыарыйдаҕына, атыылаабыт киһи дьыалаланан “көтө-көтө барар” кутталлаах. Быйыл бэйэ дьарыктаах, ИП буолбут дьон үүтү 60 солк. туттардылар. Чурапчылар итиннэ күүскэ үлэлээбиппит. Кэтэх ыал 1,2-1,5 т курдук үүтү туттарар буоллаҕына, сылга биир ынахтан 60-90 тыһ. солк. ылар. 50-чэ киһи дьарыктаах диэн учуокка турбуттара. Дьон ситэ өйдүү илик, нолуоктан куттаналлар. Ону “сыллааҕы дохуоккут 6% эрэ төлүүгүт, атына отчуоттаммат” диэн быһаара сатыыбыт. Эһиил да бу үлэни салгыахпыт. Ол эрээри, хайдах буолар, төбөҕө 37 тыһ. солк. оҥордулар. 10 ынахтаах 370 тыһ. ылан баран ыыталаан кэбиһиэн сөп курдук. Оттон суоттаатахха, үүт туттарара быдан барыстаах. 10 т үүтү туттардаҕына, 700 тыһ. солк. ылар. Дьон толкуйдууллар. Ол эрээри саамай улахан кыһалҕа – сүөһү көрөөччү кырыйда, ыарырҕатар. Эдэр ыччат т/х кэлиитэ улаханнык мөлтөөтө. Ол сүрүн биричиинэтэ – эдэр ыаллары олохсутар бэлиитикэ суох. Урут ТХМ-ҥа эдэрдэргэ олорор дьиэ тутар бырагыраама баара, онон дьиэ биэрэн, эдэр ыаллары хаалларар этибит. Билигин дьиэтэ-уота суох, таһырдьа көҕүрэттэр, интэриниэтэ суох сиргэ ким да кэлбэт. Мин саҥа бэлиитикэни утарбаппын, ол эрээри Саха сирэ киэҥин учуоттаан, зоналарынан барыахха баара. Хоту, Бүлүү улуустарынан сүөһү төбөтүгэр биэрдиннэр, оттон киин улуустарга үүтүнэн барар буоллар, арыы оҥоһуллуута кыччыа суох этэ.
Нь.Ф. Гуляев, “Эрэл” ТХПК салайааччыта, Нам:
– Арыы тутар үүт квотата кыччаан аҕыйаата. Мин Намҥа урут 3-тэн тахса тыһ. т үүтү тутарым, билигин 2,5 тыһ. т эрэ. Урут 100 т арыы оҥорорум, билигин 64 т оҥордум. Быйыл Намҥа кэтэхтэри хомуйан үүт тутар 2 кэпэрэтиип үөскээтэ. Элбэх сүөһүлээх дьон ИП, дьарыктаах диэн учуокка турбуттара. Ити хамсааһын саҥа тэнийэн эрэр. Ити 100-тэн 30% буолуо.
Урут Модут, Партизан наар арыы оҥороллоро. Билигин туттарар дьон аҕыйаан, үүттэрин Намҥа таһабыт. Кэтэхтэн үүтү тутуу бобуллубат, сокуоннайдык регистрацияланан, “Меркурийга” киирэн туттарар. Биһиэхэ 150-чэ кэтэх ыал 20-лии солк. 170 т үүтү туттардылар. Кинилэр вет., меданаалыстарын ааһаллар, меркурийданаллар.
Ыйытыы: 20 солк. эбии харчы көрөн, тутар сыанаҕын үрдэтэр кыахтааххын дуо?
Нь.Ф. Гуляев: – Дохуоппун көрөн үрдэтиэхпин сөп. Ол эрээри оннук кыах суох.
Ыйытыы: Премьер Тарасенко бороһуок үүтү астыырга ыҥырар, эһиги онно киирдигит дуо?
Нь.Ф. Гуляев:
– Хас да улуус бороһуок үүт ыларга сайаапкалаан олорор. Намнар аккаастаммыппыт, тоҕо диэтэххэ, хойут, кулун тутарга кэлэр үһү. Биһиэхэ ахсынньыга-тохсунньуга наада. Кулун тутарга сүөһү төрөөн, бэйэбит үүппүт элбиир.
В.И. Васильев, т/х бэтэрээнэ, биллэр уопсастыбанньык, Мэҥэ Хаҥалас:
– Мин арыы сыыһа былааннааһынтан аҕыйаата дии саныыбын. Биһиэхэ дьон сүрүн олохтоох ас быһыытынан ынах арыытын сиэхтээхтэр. Бороһуок үүттэн тастан аҕалыы йогурт, кэпиир уо.д.а. маҕаһыыҥҥа элбэх. Онон ынах арыытыгар ТХМ былаан тиэрдибэтэ сыыһа. Соҕотуопкаһыттар үүт элбэҕэр, хамаҕатык барарынан, барыһыраары, ыарахан сыаналаах үрүҥ ас атын көрүҥүн оҥороллор. Арыыны оҥоруу аҕыйыыр. Өссө арыыны оҥоруу ночооттоох дииллэрин өйдөөбөппүн. Кинилэр арыыны оҥорорго 1 л үүтү 10 солк. эрэ туталлар. Оттон 1 киилэ арыы бэйэҕэ турар сыанатыгар 60 солк диэн киллэрэллэр. Судаарыстыба 50 солк. субсидиятын эбиэ суохтаахтар. 1 кг арыы 24 л үүттэн кэлэр, ол аата, ити үүтү атыылаһарга 240 солк. төлүүллэр. Уонна хайдах арыы бэйэҕэ турар сыанатын 1 тыһ. таһааралларын өйүм хоппот, дьыала иһэ хараҥа. Аны ТХПК-лар кэпэрэтиип буолалларын быһыытынан, пайщиктаахтарга ороскуоттарын, барыстарын отчуоттуохтаахтар. Ханна да отчуоттаабаттар. Ылбыт барыстарыттан пайщиктаахтарыгар үллэриэхтээхтэр. Ханна да дивиденд төлөөбөттөр. 10-нуу солк. туппут үүттэрин 100 солк. атыылыыллар уонна хайдах ночооттоох тахсыахтаахтарый? Онон былаас, ТХМ соҕотуопкаһыттарга, кэпэрэтииптэргэ потребкооперация туһунан сокуону булгуччу тутуһуннарыахтаахтар. Пайщиктаахтарга отчуоттуулларын, туох баар ороскуоттарын, барыстарын көрдөрөллөрүн ирдиэхтээхтэр.
Иккиһинэн, биһиэхэ кыһын үүт суох, үүт сайын эрэ элбиир. Сибилигин соҕотуопкаһыттар үүтү 10 солк. тута олороллор. 100 солк. атыылыыр буоллахтарына, кыһыҥҥы үүтү тоҕо 50 солк. туппаттарый? Кинилэр 50 солк. субсидиялара быһа түспэтэҕин иһин, барыс буолан кэлэн, син биир барыһыраллар. Ити кыһыҥҥы өттүгэр кыра үүтү тутан үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан тахсар. Ол иһин ТХМ соҕотуопкалыыр экэнэмиичэскэй мэхэньиисимэ төрдүттэн уларыйыахтаах дии саныыбын. Кыһын үүт аҕыйаҕар дьиҥнээх үүтү атыылыахтаахтар, сайын үүт элбэҕэр, кыһын дьону аһатарга хаһаанан, арыы оҥоруохтаахтар. Оннук буолар түбэлтэтигэр, тыаҕа үүт туттарар дьоҥҥо барыстара 2-3 төгүл үрдүө этэ.
Саамай улахан кистэлэҥнэрин биирдэ истэн ааспытым. Туттарыллар үүт 20% эрэ – кэпэрэтииптэр, 20% – бааһынайдар, оттон кэтэх сүөһүлээхтэр 60%-нын туттараллар эбит. Ким көдьүүстээхтик үлэлиирин киһи хантан көрөрүй? 76 тыһ. ынах баарыттан 37 тыһ. ынах кэтэххэ баар. Итинтэн төбөтүгэр 35 тыһ. солк. 10 тыһ. ынахха биэрбиттэр. Хаалбыт 27 тыһ. ынахтаах кэтэхтэр кэпэрэтиип, бааһынай нөҥүө, ИП-лаан, дьарыктаах буолан, үүттэрин туттараллар. Салгыы интэриэһинэй сыыппара тахсар. Барыта 76 тыһ. ынахтан 62 тыһ. т үүт туттарыллар. Ол аата, ити үүт 60%-нын, ол эбэтэр 37,2 тыһ. т үүтү, 26 тыһ. ынахтаах кэтэх дьон туттараллар. Тэҥнээн көрдөххө, ити тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар бары холбоон туттарар үүттэринээҕэр быдан элбэх. Ол аата, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар төһө эмэ ночооттоох үлэлииллэр эбит. 10-тан тахса млрд солк. көмөттөн 9-һа кинилэргэ барар: хааччыйарга, тиэхиньикэҕэ, хотоҥҥо, бэтэринээргэ, ТХМ үлэлииригэр, уо.д.а. элбэх кинилэр үлэлэрин хааччыйар ороскуокка. Ол аата, кырдьыгынан суоттаатахха, тэрээһиннээхтэр кэтэхтэрдээҕэр 3-4 төгүл ночооттоохтук үлэлииллэр. Т/х тупсарар сыалтан, ити боппуруоһу биһиги экэнэмиистэрбит үөрэтиэхтэрин наада этэ.
Ыйытыы: 35-тыһ. солк. ылбыт дьон ынахтарын ыабакка оҕотунуун үүрэллэр, төбөтүгэр биэрии 1-2 ынахтаахха барыстаах, 5-6 ынахтаахха барыһа суох дииллэрин туох дии саныыгын?
В.И. Васильев:
–Тойоттор “кэтэхтэр сүрэҕэлдьээн, ынахтарын ыабакка ыытан кэбиһэллэр” дииллэр. Оттон дьыала букатын атын ис хоһоонноох. Ити тыаҕа олорор кэтэх сүөһүлээх киһи олоххо бэлэмнээҕин көрдөрөр. Сайын ыыппаттар, күһүөрү атырдьах ыйын ортотуттан ыыталлар. Барбыт сүөһү оҕото үчүгэйдик улаатар. Иккиһинэн, бэйэтэ уойар. Кыстыкка киирдэххэ, ньирэй үчүгэй туруктаах кыстыыр, эмис ынах аҕыйах аһынан кыһыны туоруур. Ынах төрөөбүтүн кэннэ, саамай үүттээх 3 ыйыгар хаһаайына үүт туттарар, бэйэтэ аһыыр, оттон атырдьах ыйыгар ыытар исхиэмэ кэтэх киһиэхэ эргиччи барыстаах. Үүт туттаран харчыланар, дьонун үүт аһынан хааччыйар, борооскута тыһаҕас саҕа улаатар, эһиилгитигэр тиҥэһэ саҕа буолар. Эмньиккэ сылдьыбыт ньирэй тыһаҕаһыгар 120-150 кг үктүүр. Тото аһаабыт, уойбут сүөһү тулуурдаах, доруобай буолар. Чахчы, үчүгэй, барыстаах буолбатах дуо?
Көстөрүн курдук, түмүктээн эттэххэ, саха мындыр дьоно саҥа мэхэньиисими сааһылаан, тупсаран, бэйэлэрин туһаларыгар сөпкө эргитэн иһэллэрэ көстөр. Бу тиэмэни эһиил өссө ырытан суруйуохпут.
Владимир Степанов.