Киир

Киир

Кэнники кэмҥэ төрөөбүт тылы үөрэтии боппуруоһа Арассыыйаҕа барытыгар да сытыытык турда. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр Госдума сокуонун барылыгар сөбүлэспэттэрин биллэрэн, Демократтыы кэнгириэс тэриннилэр, аата-ахсаана биллибэт  бырачыас аахсыйаларын ыыттылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ да ойдом туран хаалбата. Тиһигин быспат элбэх хаһыат суруйууларын таһынан, бу нэдиэлэҕэ «Кыым» хаһыат көҕүлээһининэн, уопсастыбаннаһы, дьокутааттары, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин, учууталлары, учуонайдары түмэн төгүрүк остуол тэрийдибит.

Төгүрүк остуолу тэрийээччи, «Ситим» медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова: «Төрөөбүт тыллары үөрэтии – уопсастыба болҕомтотугар сылдьар биир сытыы боппуруос. Билигин Ил Дархан, Ил Түмэн быыбара буолаары турар. Бу күннэргэ СӨ Ил Дарханын э.т. Айсен Николаев: «Оскуолаларга саха тылын үөрэтиини аҕыйатыахпыт суоҕа», – диэн эттэ. Ону таһынан, федеральнай таһымҥа тыл боппуруоһугар болҕомто ууруллуо диэн буолла, онон хайдах эрэ эрэх-турах сананыах курдукпут. Ол гынан баран, ис иһигэр киирдэххэ, бу барыта элбэх үлэни эрэйэр. Онон сибээстээн биһиги манна туох санаалаахпытый, тугу үлэлээтэхпитинэ-хамсаатахпытына бу киирсиибит ордук көдьүүстээх буолуой? Бу кэпсэтии, бастатан туран, биһиги ааҕааччыларбытыгар ананар. Иккиһинэн, Айсен Николаевка туһаайан, биһиги уопсастыбаннас аатыттан чопчу этиилэрбитин киллэриэхпит», – диэн саҕалаата.

светлана степановна и голомарева

Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева:

– Сокуон таһымыгар улахан үлэни ыытан кэллибит уонна ыыта сылдьабыт. Биһиги үлэбитин туһаайыахтаахпыт – бэйэбит норуоппутугар, төрөппүттэргэ... Дьиҥинэн, барыта баар, министиэристибэ үлэ бөҕөтүн ыытар, тылбыт сокуонунан көмүскэллээх. Куоракка 50 оскуола баарыттан 35-гэр сахалыы кылааска киирэн үөрэниэххэ сөп. Туох даҕаны хааччах суох. Оттон дьэ ол кылаастарга оҕо ахсаанын элбэтии – дьэ, ол чахчы бэйэбититтэн тутулуктаах.

Аҕыйах ахсааннаах норуоттар оскуолалара билигин суох. Барыта факультативынан барар. Биһиги онно чаас да эптэрэ сатаабаппыт. Тоҕо диэтэххэ, учууталларбыт суохтар. Быйыл Саха сирэ көҕүлээн, учууталлар сийиэстэрэ буолбута. Аҕыйах ахсааннаах омуктарга тыллара сүтүүтэ туохтан саҕаламмытый? Төрөппүттэн! Оҕоҕо төрөөбүт тыл суолтатын төрөппүттэрэ өйдөөбөтөхтөрө. Ити барыта ситимнээх.

филиппов

Гаврил Филиппов, ХИФУ, тыл билимин дуоктара:

–Саха сиригэр олорор омуктар төрөөбүт тылларын, култуураларын сайыннарыыга бу сокуон дьайыыта улахан суолталаах. Онон, төрөөбүт тылынан үөрэтии булгуччу буоларыгар үлэ барыахтаах. 20 сыллааҕыта “төрөөбүт тыл булгуччу үөрэтиллиэхтээх” диэн баара көмөлөспүтэ. Өссө Өксөкүлээх Өлөксөй этэн турар, “кыралаах улахан омук кыттыстаҕына, кырата кыайтарыылаах хаалар” диэн. Тэҥ бырааптаах буолуохтаахпыт. Иккиһинэн, бырабыыталыстыба таһымыгар тыл быраабын көмүскүүр, тылы хааччыйар тэрилтэ баар буолуохтаах. Үсүһүнэн, тылга сыһыаннаах, өйүүр граннар, стипендиялар наадалар. Сокуонунан тылбытын дьиҥнээхтик көмүскүөхтээхпит. Буолаары турар Ил Түмэн быыбарыгар биһиги төрөөбүт тыл туһугар ыалдьар, ол туһугар үлэлэһэр дьону өйүөх тустаахпыт.

илларионов

Василий Илларионов, ХИФУ, тыл билимин дуоктара:

– Айсен Сергеевич сахалыы тылынан үөрэтии туһунан этиитин биһирии аахтым. Онон, бу быһаарыныыга ытарҕа буолан, уопсастыбаннас өйүүрбүт наада. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэри эһэ сатыыр бэлиитикэ тылы күүскэ хаарыйар. Тылы көмүскээһиҥҥэ кытаанахтык турунуохтаахпыт. Манна төрөппүт хайа диэки хайыһара улахан оруоллаах. Тыл бэлиитикэтин департамена хайаан да баар буолара эрэйиллэр.

Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ үгэннээн турар кэмигэр, үрдүк үөрэххэ саха тылын туттаран киирэр этибит. Саха тылын учууталлара онно дьэ сыаналаммыттара.

Оттон билигин биһиги институппутугар, төттөрүтүн, сылын аайы сарбыйыы бара турар. Былырыын туттарсан киирбит 10 оҕо, бүдьүөт миэстэтэ көрүллүбэккэ, үөрэхтэн маппыттара.

Туйаара Абрамова, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ:

– Оҕо 41 %-на сахалыы тыллаах кылаастарга үөрэнэр. Кэнники сылларга бу сыыппара аҕыйаабакка турар (40-41-42 %). Ол аата, элбээбэтэр даҕаны, түспэт. Ааспыт нэдиэлэҕэ “Кыым” хаһыакка “Тыл сэбиэтэ үлэлээбэт” диэни ааҕан хомойбутум. Иһиттэн үлэлэһэ сылдьар киһи быһыытынан, Тыл сэбиэтэ элбэх тэрээһини ыыппытын билэбин.

Этиллибитин курдук, былырыын 2017 сылга икки улахан тэрээһин ааспытаһ саха тылын учууталларын I сийиэһэ; Арассыыйа таһымнаах аҕыйах ахсааннаах норуоттар учууталларын сийиэһэ. “Атын субъектарга холоотоххо, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тылга үлэ барар”, – диэн мэлдьи этэллэр.

Былырыын “Нуучча тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ” диэн айдааннаах докумуон тахса сылдьыбыта. Дьэ ол үлэҕэ киирбитэ буоллар, Арассыыйа кыра омуктарын тылыгар алдьатыылаах дьайыыны оҥоруохтаах этэ. Ону биһиги бары – уопсастыбанньыктар, үөрэх үлэһиттэрэ үлэлэһэн, элбэх сурук суруйан, дьокутааттары, федеральнай министиэристибэни кытта үлэлээн, ити нуучча тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ арыый атын ис хоһооннонон тахсыбыта. Билигин үөрэхтээһин сокуонун уларыйыыларыгар үлэлэһэ сылдьабыт. Судаарыстыбаннай, официальнай тыллар сүүйтэрбэттэрин туһугар.

“Тиэрмин хамыыһыйата үчүгэйдик үлэлээбэт” диэҥҥэ сөбүлэһиэххэ сөп эрээри, урут ол букатын да суох буоллаҕа. Билигин ону хайдах тупсарабытый диэн боппуруос туруохтаах.

Былырыын борокуратуура бэрэбиэркэтин кэнниттэн атын эрэгийиэннэргэ дириэктэр бөҕө уһуллубута, ыстарааптаммыта. Биһиги юридическкай өттүнэн эрдэттэн сөпкө дьаһаммыт, үчүгэй бэлэмнээх буоламмыт, биир да оскуола дириэктэрэ уһуллубатаҕа, ыстарааптамматаҕа, бэйэбит интэриэспитин көмүскээбиппит.

Биһиги оскуолалар, дириэктэрдэр, төрөппүттэр, оҕолор “мотивацияларын” үрдэтэ сатыыбыт. Бу граннар да буоллун... Саха тылын учууталларыгар анал грант мэлдьи да баара. Саха тыллаах оскуолаларга кэбиниэттэри оҥорон түҥэтэбит, кинигэттэн саҕалаан көмпүүтэр тэрилигэр тиийэ.

Тыл сэбиэтиттэн ураты анал штаттаах тэрилтэ баар буолуохтаах диэн этии – саамай сөптөөх.

 

Владимир Ю, “Айыы кыһата” оскуола төрөппүтэ:

– Эһиги бу “Дьокуускайга сахалыы үөрэнэр оскуолалар бааллар” дииллэрин итэҕэйимэҥ. Ити “сахалыы үөрэнэр” ааттаах 14 №-дээх, ЯГНГ да оҕолоро бары нууччалыы тыбыыра сылдьаллар. Сахалыы үөрэтэр соҕотох хаалбыт “форпост” – “Айыы кыһата” оскуола. Онно Дьокуускай Үөрэҕин управлениета “нууччалыы кылаастары арыйыҥ” диир. Биһиги “аспаппыт” диэтэхпитинэ, “эһиги, сокуон быһыытынан, бу кыбартаалга олорор нуучча оҕолоругар анаан булгуччу аһыахтааххыт” дииллэр. Ону биһиги РФ Төрүт сокуонугар сигэнэн, “хас биирдии киһи төрөөбүт тылынан үөрэнэрэ мэктиэлэнэр” диэн хоруйдуубут.

Саамай кыһыылааҕа – биһигини кытта биир да чунуобунньук көрсүөн баҕарбат. Маны биһиги “төрүт олохтоох омуктары суох гыныы, суурайыы бара турар” диэн өйдүүбүт.

Биһиги итэҕэлбит суох, хотторор туруктаахпыт. Онон кэнэҕэскитин итэҕэл боппуруоһун бастакы миэстэҕэ туруорар наада. Итэҕэлэ суох оҕо тылга наадыйыа суоҕа. Онон биир уопсай сүбэнэн бу боппуруостары күүркэтэн, сытыырхатан туруоруохпутун наада.

 

Матрена Ядрихинская, төрөппүт, уопсастыбанньык:

– “Айыы кыһата” суох буолар үһү, Лидия Петровнаны усталлар үһү” диэн сурах биһигини улаханнык соһутта. Ону утаран сурук бөҕөтүн суруйдубут да, күн бүгүнүгэр диэри туох да биллибэт. Оскуола үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэрэ устаапка “национальнай гимназия” диэн суруйбуттарын, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ “национальнай” диэн тылы ыллара сатыыр. Айсен Николаевка туһаайан сурук ыыппыппытын, “оскуола – муниципальнай тэриллии, онон ити үөрэх управлениетын боломуочуйата” диэн буолла. Бэйэм уопсастыбанньык буолан дьокутааттарга да, миниистирдэргэ да, солбуйааччыларга да киирэн араас боппуруостары быһаарсабын. Оттон бу куорат үөрэҕин управлениетын салайааччыта Василий Петровка хайдах да кыайан киирбэппит.

200-300 киһи илии баттааһыннаах суругу илдьэн биэрбиппитһ бэс ыйа ааста, от ыйа ааста... Ол тухары биһигини кэбиниэтигэр киллэрбэт, “барыта  запиһынан барар, атырдьах ыйыгар кэлээриҥ” дииллэр. Бу тугуй? Биһиги кэмитиэт , оробуочай бөлөх бөҕөтүн тэрийбиппит, юридическай  өттүнэн, тыл өттүнэн... Бүгүн киһи бөҕө тыл эттэ, “саха тыла баар буолуохтаах” дэһии бөҕө. Ол эрээри ким даҕаны биһиги оскуолабыт дьылҕатын туһунан саҥарбата.

“Айыы кыһатын” эйгэтэ букатын атын. Онон “Айыы кыһатын” уларыта-тэлэритэ сатаабакка, өссө кэҥэтэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн итинник оскуола филиалларын аһар сорук туруохтаах.

турок

Хасан Айсиэн, Анкара университетыттан сылдьар турок учуонайа (сахалыы тыл этэр):

– Өлөр кутталлаах тыллар дьылҕаларын биир сыл үөрэттим. Тыл эстиитин түөрт түһүмэҕэ баарһ өлөөрү гыммыт, өлөрө чугаһаабыт, өлөрө сабаҕаланар уонна өлүөн сөп. Саха тыла «өлүөн сөптөөх» тыл ахсааныгар киирэр. Балаһыанньата, атыттарга холоотоххо, син ама эрээри, куттал син биир суоһуур. Онно туох дьайарый? Бу тылынан төһө киһи саҥарара; күннээҕи олоххо бу тылы төһө киһи туттара; киирии тылы уонна тиэрмини хайдах туһанара; тылы үөрэтэр босуобуйа төһө элбэҕэ; дьон төрөөбүт тылын туһугар төһө туруулаһара; бу тылынан төһө сурунаал, кинигэ тахсара... Өссө да элбэх пуун баара. Былырыын Дьокуускай куоракка икки ыйы быһа олорбутум. Биллэн турар, тыл тыыннаах хааларыгар төрөппүт улахан эппиэтинэстээх. Сахалыы саҥара сылдьар оҕо дьыссаакка киирэн нууччалыыга көһөр. Оннук оҕону мин элбэҕи көрбүтүм. Ийэтэ-аҕата сахалыы саҥараллар гынан баран, оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы саҥаран оонньууллар. Сахалыы тэлэбиидэнньэ чааһа элбиэн, оҕолорго аналлаах мультиктар, литэрэтиирэ дэлэйиэн, сайын сахалыы лааҕырдар үлэлиэхтэрин наада. Оччоҕо биирдэ оҕоҕо тыл эйгэтэ үөскүөн сөп.

поликарпова

Евдокия Поликарпова, ХИФУ:

– Егор Борисов салайар кэмигэр, судаарыстыбаннай сакаас быһыытынан, тылга уонна литэрэтиирэҕэ учуобунньуктар оҥоһуллубуттара. Дьаныһан үлэлээммит, билигин оскуолаҕа туттуллар учуобунньук буолла. Иккиһинэн, министиэристибэ сакааһынан төрүт култуураҕа эмиэ учуобунньуктар оҥоһулла сылдьаллар. Ити тахсыбыт учуобунньуктары киэр хаһыйан кэбиспэккэ, туһаныахха наада.

Төрүт култуура тиллэ сатыыр эбит буоллаҕына, тыл тыыннаах буолуутугар сүрдээх үчүгэй эйгэ үөскүүр. Оскуолаҕа сахалыы эйгэҕэ ис сүрэҕиттэн үлэлиир учууталтан улахан тутулуктаах.

Муттухай Бороҥ, Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй МТ баһылыга:

– Биһиэхэ икки оскуолалаахпыт. Тыаҕа кыра оҕолор нууччалыы саҥарар буолбуттара олус дьикти. Ону «Саха сиригэр улуустааҕы тэлэбиидэнньэ салааларын сарбыйыы түмүгэ» дии саныыбын. Хаһыат, бэчээт суолтата билигин олус тыҥаан турар. Уһуйааннарга, оҕо литэрэтиирэтигэр болҕомто ууруохха. Кыратыттан төрөөбүт тылын сүмэтин иҥэринэн улааппыт оҕоҕо тыл сарбыллыытын, эйгэ кэһиллиитин боппуруоһа турбат.

Любовь Прибылых, Айыы үөрэҕин тарҕатааччы:

– Саха литэрэтиирэтин учуобунньугар нуучча остуоруйаларын тылбаастаан үөрэтэллэр эбит. Бэйэбит саха суруйааччыларын айымньыларын, өс хоһооннорун, таабырыннарын, олоҥхону, о.д.а. кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдиэххэ. Оҕо сахалыы уһуйааҥҥа сырыттаҕына эрэ саха буолар, нуучча уһуйааныгар сылдьыбыт оҕо сахалыы үөрэнэр, толкуйдуур, өйдүүр кыаҕа суох. Оскуолаларга, тэрилтэлэргэ Айыы хосторун, Айыы дьиэлэрин төрөппүттэр, олохтоохтор көмөлөрүнэн тутуохха сөп.

Светлана Семенова, Төрүт оскуоланы чинчийэр институт дириэктэрэ:

– Биир ситиһии быһыытынан федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарка (ФГОС) төрөөбүт тыллары уонна өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын үөрэтии булгуччулаах буолуохтаах диэн сокуоҥҥа киирэрин ааҕабыт. Итиннэ бу төрөөбүт тыл эрэ буолбакка, судаарыстыбаннай суолталаах тыл эмиэ үөрэх былааныгар булгуччу киирэн, туспа бырагыраама быһыытынан, үөрэтии чааһа нэдиэлэҕэ биир эрэ буолбатын диэн туруорсабыт. Үөрэх былаана эмиэ тус-туспа арааран оҥоһуллуохтаах. Оччоҕо нуучча оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар оҕолорбут төрөөбүт тылларын, төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтиэхтэрин, атын омук оҕолоро ол бырагыраамаҕа икки чаас үөрэтиэхтэрин сөп буолуоҕа.

Онтон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тыла өрөспүүбүлүкэтээҕи тыл буоларыгар судаарыстыбаннай таһымы биэрэргэ кэнсиэпсийэ баар буолуохтаах. Онтон Тыл бэлиитикэтин сэбиэтэ баара-суоҕа уопсастыбаннай тэрилтэ уонна «консультационнай» эрэ боломуочуйалаах буоллаҕа.

Жанна Барашкова, «Сайдыы» саха тылын учууталларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ:

– Айсен Николаев этиитигэр харда курдук, саха тылын үөрэтии бүгүҥҥү туругун туһунан этиэхпин баҕарабын. Саха тылын үөрэтии Саха сирин барытын үрдүнэн биир тэҥ буолбатах. Сорох оскуолаҕа «2 саха тыла, 1 литэрэтиирэ»,  сороххо «3 саха тыла, 1 литэрэтиирэ». Холобура, оскуоланы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8 тыһ. кэриҥэ оҕо бүтэрэр, кинилэр бары биир тэҥник, биир бырагырааманан үөрэммэттэр. Оскуола бэйэтэ быһаарар, ханнык барыйааны таларын. Онон Ил Дархан э.т. Айсен Николаевтан көрдөһүөххэһ биир сөптөөх барыйаан хааларын курдук рекомендация оҥорорго. Төрөөбүт тыл инникитин көрөн, саха тылын чааһа аччатыллыа суохтаах. Тоҕо эрэ мэлдьи саха тылын чааһын аччата сатыыр мөккүөр баар. Ол – чахчы.

Иккиһинэн, мин КНРС(Я) (Саха сирин норуоттарын култуурата) диэн биридимиэт туһунан этээри гынабын. Бу урут «Төрүт култуура» диэн этэ, билигин кэҥэтиллибит курдук. Бу биридимиэт туоратыллан, сүтэн эрэр. 6-8-с кылаастарга эбиэттэн киэһэ ыытыллар буолбута хаһыс да сыла буолла. Онтон сыыйа билигин баҕалаах эрэ оҕо үөрэнэр, «наадыйбат оҕо онно сылдьыбат» диэн учууталлар кэпсииллэр.

Бу Үөһээ Дьааҥыттан суруйдуларһ кинилэр оскуолаларыгар 9-10-11-с эрэ кылаастарга хаалбыт, сарсыардааҥы үөрэтиигэ, атыттарга эбиэт кэннэ турбут. Хайа кыра кылаас оҕото Үөһээ Дьааҥыга ону үөрэтэ эбиэт кэннэ оскуолаҕа тиийиэй? Учуобунньук бөҕө оҥоһулунна, сабыс-саҥа бырагырааманан. Бу биридимиэт оҕоҕо хайдах курдук наадатын этэ да сатыыр суох. «Бу мин Саха сиригэр олоробун, төрүт олохтоох омукпун» диэн оҕо бэйэтин киэн тутта сананарыгар. Сүрдээх үчүгэй учуутал бөҕө баар. Оттон чаас – суох.

ксенофонтов

Павел Ксенофонтов, тыл энтузиаһа:

–2017 с. Тиэрмин хамыыһыйата тэриллибитэ. Саха тылыгар саҥа тиэрминнэр киириэхтээхтэр. Хас улуус аайы салаа арыллан, тылы имитэн, үлэ ыытыллыахтаах. Манна бэйэни салайыныы тэрилтэлэрэ кыттыһаллара наада. Хас нэһилиэк аатын сахалыы сурунан олорор дуо? Саха “дьоллоохтук айаннааҥ” диэбэт ээ, “этэҥҥэ айанныыр”. Ити көнүөхтээх. Биһиги бэйэбитин бэйэбит хааччахтанан сылдьабыт. Оҕо хас күн аайы сахалыы эйгэлээҕин көрө, билэ, ааҕа сылдьыахтаах. Аны, алпаабыт боппуруоһа. «А-арбуз» диэн нууччалыы алпаабыты батыһан бүтүөҕүҥ. «Б-балаҕан», «И-ийэ» диэн барыахтаах. Төрөөбүт тылынан оҕо саҥарыан баҕарыахтаах. Тылбыт кылгас, чопчу, олорор кэммит курдук тэтимнээх буолуохтаах.

вилюяна

Вилюяна Никитина, «Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта:

– Баҕа өттүнэн судаарыстыбаннай уонна төрөөбүт тыллары үөрэтии туһунан сокуон киирэн эрэр. Саха тылын сайабылыанньанан суруйан үөрэтэр буоллахпытына, биллэн турар, биһиги үөрэтиибит кыччыыр. Ол – саарбаҕа суох. Саамай сүрүнэ – биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай тылын суолтата намтатыллар. Манна араас үлэ бөҕөтө барбыта, кэккэ хамсааһыннар буоллулар эрээри, туох даҕаны уларыйыы суох. Онтон сылтаан ХНТга баран тыл этэн, эспиэрдиир мунньахха кыттан кэллибит. Ол этиим резолюцияҕа киирдэ, салгыы күүскэ үлэлэстэххэ эрэ ол быһаарыллыан сөп.

Бу тоҕо «Айыы кыһатын» оскуолатыгар куттал үөскээтэ? Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ сахалыы оскуолаларбыт үөрэх сокуонунан көмүскэлэ суохтар. «Сахалыы тылынан үөрэниэххин сөп» диэн быраап баар эрээри, сокуонунан бигэргэммит «сахалыы оскуола» диэн өйдөбүл суох. Бу сокуоҥҥа киириэхтээх, Ил Түмэн манна үлэлиэхтээх. Ону хайаан да күүскэ туруоруохха.

Эһиил – Аан дойду үрдүнэн Төрүт омуктар тылларын сыла. Онуоха биһиги төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтиигэ туһаайан үлэни ыытыахтаахпыт. Судаарыстыбаннай тыл ыстаатыһын үрдэтиигэ үөһэттэн үлэ барыахтаах – ол аата, сахалыы билэр дьон үлэҕэ ылыллыыта, тэрээһиннэри сахалыы ыытыы, докумуону толоруу уо.д.а. – бу барыта үөһэттэн ирдэниэхтээх. Ону барытын төрөппүттэргэ «эһиги дьарыктаныҥ, бу барыта эһигиттэн эрэ тутулуктаах» диэтэхпитинэ – симэлийэбит.

егор жирков

Егор Жирков, Ил Түмэн дьокутаата:

–  Биһиги, уопсастыбаннас, туруорсабытһ «Айыы кыһата» оннунан хаалыахтаах. Биир киһи дуоһунаһын кэҥэтээри дуу, үчүгэйдик хамнастаары дуу саха оскуолата самнарыллыа суохтаах. Дьокуускайга баара-суоҕа иккис саха оскуолата үөскээн эрэр. Бу кэнники сүүрбэччэ сыл тухары. Дьиҥинэн, олус уустук боппуруос буолбатах эбээт. Быһаарыллыан наада. 

«Табаарыс В.В. Петров, маргынаал буолбатах буоллаххына, төрөппүттэри кытта көрүс, приемнаа!» диэн модьуйар наада. Иккиһинэн, маны быыбар иннинээҕи накаас курдук туһанар саамай сөптөөх.

Куоракка сахалыы үөрэтэр оскуола хас эмэ төгүл элбиэхтээх. Кэлэр уонтан тахса сылга куоракка икки симиэнэнэн үөрэниини тохтотор бырагыраама баар, онно «30-тан тахса оскуола тутуллуохтаах» диэн этиллэр. Биһиги онтон саамай аччаабыта уонна сахалыы буоларын туруорсуохтаахпыт. Оччоҕуна эрэ киһи-хара буолабыт.

Бастакы сокуон барыла мөлтөх, дьиикэй этэ. Ону бу «Төрүт сокуону кэһэр» диэн бэйэбит позициябытын биллэрэн, Ил Түмэн оннук түмүгэ барбыта. Ситэриилээх былаастан туох этии барбытын билбэппин, «биэриэхпит, ыытыахпыт» диэн баран, соннук, ыыппатахтара. Ил Түмэн туруорсуута сөптөөх, туох даҕаны аһара барыыны оҥорботубут, соҕотох истигэнэ суохпутун көрдөрдүбүт. Дьаһалтаттан эҥин эрийэ олорбуттара,  ону син биир ылымматахпыт.

Балаһыанньа билигин хайдаҕый? Тиһэҕэр тиийэн «Төрүт сокуону кэһиэ суохтаахпыт» диэн өйдөөтүлэр быһыылаах. Биир ситиһии – «ФГОС төрөөбүт тылы уонна төрөөбүт тылынан үөрэтиини толору хааччыйыахтаах» диэн көннөрүүнү киллэрдибит. Бастаан онно «төрөөбүт тылынан» эрэ диэн этэ, ону «судаарыстыбаннай тылынан эмиэ» диэн көннөрүү киирдэ.

Мин Госдумаҕа баран Үөрэх кэмитиэтин салайааччыта В.Никоновка, Госдума салайааччытын солбуйааччытыгар сылдьыбытым. Бу сокуон барылын бэлэмниир Оробуочай бөлөххө киирдим. Ити улахан суолталаах ситиһии буолла. Аны, оробуочай хамыыһыйаҕа 16 көннөрүү киирбититтэн,  3-һэ – биһиэнэ. Чеченнэр, ингуштар, о.д.а. этиилэрэ ааспата, парламеннартан биһиэнэ эрэ ааста.

Дмитрий Дмитриев, «Алгыс» түмсүү салайааччыта:

– Оскуола таһыма – бу саҕаланыы эрэ кэрдиис. Онтон тылбытын хайдах туттабытый? Туох баар бүрүкүрээттии үлэ барыта нууччалыы бара турар. Дьиҥинэн, хас биирдии киһи иккис судаарыстыбаннай тылынан суруйар бырааптаах. Оччоҕо мин бырааппын толорорбор туох усулуобуйа баарый? Маннык түгэҥҥэ тыл эйгэтэ уларыйыахтаах. Билигин, холобур, ону сууттар эрэ туһанар курдуктар. Онтон атын туох баар судаарыстыбаннай уорганнарга дьыала-куолу, сурук-бичик барыта нууччалыы. Онон дьон судаарыстыбаннай уорганнарга сахалыы суруйар бырааптаахтарын билиэхтээхтэр уонна ону туһаныахтаахтар диэн киэҥник быһаарыахха-өйдөтүөххэ наада.

Владимир Ю:

– Бу биһиги туруорар боппуруостарбытын Ил Түмэҥҥэ туруорсар дьон дьокутаатынан талыллалларын ситиһиэхпитин наада!

Нина Герасимова.