Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын-сурунаалларын, араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин үлэһиттэриттэн, уопсастыбаннай корреспонденнартан, блогердартан уонна бэчээт бэтэрээннэриттэн турар 25 киһилээх улахан бөлөх Казахстан устун уон биир күннээх айаҥҥа сырытта. Айаны СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарёва көҕүлээтэ, салайда. Чопчулаан эттэххэ, Саха сирин суруналыыстара бу курдук тэрээһиннээхтик тас дойдуларынан айаҥҥа 2016 сылтан саҕалаан сылдьаллар. Бастаан, Кытайга, онтон Японияҕа уонна Монголияҕа пресс-турдар ситиһиилээхтик тэриллибиттэрэ.

 

Маннык айан-сырыы соруга, туһата элбэх ‒ сыччах, бэйэбитигэр да, тас дойдуга да хардарыта билии-көрүү эбии кэҥиирэ уонна доҕордуу сыһыан, тыыннаах ситим олохтоноро сыттаҕа. Эбиитин суруналыыстар айаннара ханна да күүскэ сырдатыллар. Уонна, биир сүрүн уратыта диэн, бу айаннар дьон тус дьулуурунан тэриллэллэр ‒ кыттааччылар суол үбүн-аһын бэйэлэрэ уйуналлар, хааһына харчыта хамсаабат.

Аан дойдуга бэйэтин иэнинэн 9-c сылдьар Казахстан курдук улахан дойдуну иилии эргийэр айаммыт бэрт быыччыктык, мындырдык оҥоһуллубут. Ол барыта ‒ Казахстан Суруналыыстарын сойууһун (КСС) эппиэт сэкирэтээтэрэ Баян Рамазанова үлэтин түмүгэ. Баян Наймахановна айаммыт былаһын тухары үтүө арыалдьыппыт буолла.

Нур-Султаҥҥа сылдьыспыт Шархан Казыгул ‒ КСС киин куораттааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ ‒ сытыы өйүнэн, көрдөөх тылынан-өһүнэн барыбыт куппутун тутта. Кини өссө 1993 сыллаахха бастакы президеммит Михаил Николаев Алматыга Нурсултан Назарбаевтыын көрсүһүүтүгэр сылдьыспыт фотограф Александр Назаровы чуо өйдөөн хаалбыт эбит ‒ биһиги киһибит араспаанньата Казахстан президенин киэнигэр маарынныыр буолан.

2018 cылтан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куорат статуһун ылбыт Шымкеҥҥа Айгуль Капбарова салайааччылаах суруналыыстар көрүстүлэр. Бу ‒ Казахстаҥҥа дьонун ахсаанынан үһүс, оттон тайыыр иэнинэн бастакы куорат. Оттон Айгуль Жарылкасыновна ‒ суруналыыстар олохтоох тэрилтэлэрин салайарын таһынан “Шымкент келбеті” уонна “Панорама Шымкента” диэн хаһыаттар сүрүн эрэдээктэрдэрэ.

Эмиэ ити сылтан Соҕурууҥҥу Казахстан уобалаһын Шымкентан ураты сирин-уотун ылан үөскээбит Туркестан уобалаһын устун айаммытыгар Галымжан Елшибай сылдьыста. Кини ‒ КСС Туркестан уобалаһынааҕы салаатын салайааччыта.

Алматыга ‒ ааттыылларынан, Казахстан “иккис, соҕурууҥҥу киинигэр” ‒ КСС бэрэссэдээтэлэ, таска сонуну тарҕатар “КазТАГ” (“Казахское телеграфное агентство”) тэрийээччитэ Сейтказы Матаевтыын көрүстүбүт. Бу Арассыыйа Алтайскай кыраайыгар төрөөбүт, Назарбаевка 1991-1993 сс. пресс-сэкирэтээринэн үлэлээбит, олох оргуйар үөһүгэр, уустук киирсии инники күөнүгэр сылдьар суруналыыс, политик, медиа бизнесмен эбит. Холобур, 1920 сыллаахха тэриллибит “КазТАГ”, уларыйан-тэлэрийэн, аныгы Казахстаҥҥа 2002 сыллаахха “Казинформ” диэн буолбут, оттон Сейтказы Матаев, бэйэтэ этэринэн, былаастан да, үп-эргиэн да бөлөхтөрүттэн тутулуга суох үлэлиир “КазТАГы” 2008 сыллаахха хос сөргүппүт.

Аны, эмиэ Алматыга, байҕал таһымыттан 1691 м үрдүк сиргэ турар, аатырар “Медеу” спорт комплекска уонна онтон ордук үөһэ (байҕал таһымыттан 3163 м) хайаҕа сытар “Шымбулак” диэн сынньанар-сырылыыр сиргэ тахсыыга суруналыыс Сергей Пономарёв оператордаах сылдьан арыаллаата. Биэрии бэлэмнээн аан ситимҥэ туруорар соруктаах эбит. Кини ‒ Арассыыйа тэлэбиидэнньэтигэр “НТВ” уонна “Первый канал” ханаалларга үлэлээбит улахан суруналыыс. Казахстан тэлэбиидэнньэтигэр үс аҥаар сыл устата “Портрет недели” диэн үрдүк рейтиннээх биэриини ыыппыт. “Билигин, улахан политикаттан тэйэн, айылҕа туһунан кэпсиибин, көрдөрөбүн”, ‒ диир. “Kazakh TV” ханаалга “Разговор с Природой” диэн биэриилээх. Бэйэтэ Алматыга төрөөбүт нуучча.

Манна диэн эттэххэ, Казахстаҥҥа нуучча тылыгар-суругар күүстээх болҕомто баара көстөр. Тас суруктарыгар, биллэриигэ-рекламаҕа казах, нуучча тыллара, инглиш тэҥинэн туттуллаллар. Казах суруга латыынныы бичиккэ көһүүтэ бара турара илэ бааччы биллэр. Ити хардыыны “аан дойдуну кытта ыксалаһыы ньыматын быһыытынан өйдүүбүт” дииллэр. Биллэн турар, итини ылыммат да дьон баар. Саҥа-сонун олоххо киириитэ хаһан уонна ханна эриэ-дэхси буолбута баарай? Оттон Казахстан ‒ кэнники сылларга тэтимнээхтик сайда уонна күүскэ уларыйа турар дойду. Саҥаттан саҥа, сонунтан сонун хардыылар оҥоһуллаллар. Холобур, биһиги көтөр билиэппитин Астана куоракка ылбыппыт этэ да, Нур-Султаҥҥа тиийдибит. Сыччах, Казахстан аныгы киинин аата уларыйыыта, ол тэтимэ дойду туһунан элбэҕи этэр: Акмолинск ‒ 1830 сылтан, Арассыыйа империятын Орто Азияҕа форпоһа; Сэбиэскэй Сойууска Казахстан кырыс сирдэригэр бурдугу үүннэрии күүстээх үлэтэ барбытынан 1961 сылтан Целиноград буолар; 1992 сыллаахха казах төрүт өйө-санаата өргөйөрүгэр Акмола диэн төрүкү аатын төннөрөллөр, ити аат төрдүн “үрүҥ томтор”, “үрүҥ көмүү” эҥин диэн быһаараллар; онтон Алматы оннугар дойду киинэ буолар уонна 1998 сылтан КӨ баһылыга Нурсултан Назарбаев ыйааҕынан Астана (“киин куорат”) диэн ааттанар; быйыл кулун тутар 20 күнүттэн КӨ билиҥҥи баһылыга  Касым-Жомарт Токаев ыйааҕынан көҥүл Казахстан бастакы баһылыгын үйэтитэн Нур-Султан диэн ааттанар.

Дьэ, итинник дохсун тэтимнээх уларыйыы бара турар. Ол Нур-Султан тас барааныгар ала чуо көстөр ‒ халлааҥҥа харбаспыт тутуулар, баараҕай уораҕайдар, киэҥ-куоҥ суоллар... Түөрэ барыта аныгы ньыманан тутуу. Харах халтарыйар көстүүтэ. Сөҕүмэр.

Атын өттүттэн “итинник дьалаана суох далааһыннаахтык дьаһаныы уонна сиртэн хостонор баайга хам бааллыы, онтон тутулуктаныы түмүгэр тыа сирэ быһынна, олохтоох аһы-үөлү оҥоруу мөлтөөтө” диэччилэр бааллар. Утараан күүстэр миитиннээн-хайаан баалларын балай да биллэрэр эбиттэр. Ол курдук, Кыайыы күнүгэр Алматыга бассаап, фейсбук курдук сонуну үллэстии ситимнэрин үлэтэ биллэ мөлтүү сылдьыбыта, ону туһааннаах тэрилтэлэр соруйан, дьон мустубатын, айдаан тахсыбатын диэн хааччахтыы сылдьыбыттарын этэллэр.   

Быһыы-майгы итинник тыҥыырыгар бэрт сотору, бэс ыйын 9 күнүгэр, буолуохтаах талыы сабыдыаллыыра чахчы. Буолумуна, кэнники отучча сыл устатыгар Назарбаева суох ыытыллыахтаах бу бастакы талыыга барыта 8 киһи бэлиэтэнэн киирсэр. Түмүгэ, дьэ, хайдах буолар? Таайар, сабаҕалыыр уустук.    

Ол да буоллар, Сергей Пономарёв фейсбукка Алатау хайатыгар тахса сылдьыы кэнниттэн тута “тымныы, тыйыс дойдуларыттан атыны көрдөөбөт саха элэккэй, сайаҕас суруналыыстарын көрсөн-кэпсэтэн, ырайга олорорбутун өйдөөтүм” диэн суруйа охсубут эбит этэ.    

Айаммыт-сырыыбыт ити курдук олус тэтимнээх уонна бэрт баай ис хоһоонноох буолла. Буолумуна, көтөр аалынан, тимир суолунан, оптуобуһунан айаннаан, Казахстан бастакы улахан үс куоратыгар үһүөннэригэр сырыттыбыт: Нур-Султаҥҥа, Шымкеҥҥа, Алматыга. Ону таһынан Отрар, Туркестан, Иссык (Есiк), Каскелен куораттарга. Онно барытыгар КСС салалтата хаһыат-сурунаал, араадьыйа-тэлэбиидэнньэ эрэдээксийэлэринэн-тэрилтэлэринэн, үөрэх кыһаларынан, оҕо саадтарынан, акиматтарынан (дьаһалталарынан) көрсүһүүлэри тэрийдэ. Түмэллэринэн, театрдарынан, бэлиэ сирдэринэн сырытыннардылар. Барытын хас биирдии күнүнэн, көрсүһүүнэн, тэрээһининэн ымпыктаан-чымпыктаан суруйдахха, бэйэтэ дьоҕус кинигэ да буолуон сөпкө дылы.

Ханна да олус уруургуу, истиҥник, эйэҕэстик көрсөллөр. Тылбыт-өспүт, дьүһүммүт-бодобут алыс да маарыннаһар эбит, чахчы, биир төрүттээх эбиппит дэһэллэр.

Аатырбыт пианистка, музыка педагога, профессор, өр кэмҥэ Казахстан национальнай консерваториятын ректорынан үлэлээбит, КӨ норуодунай артыыһа Жания Аубакирова бэйэтэ төрүттээбит, Алматыга баар оскуолатыгар буолбут көрсүһүү түмүгэр алгысчыппыт, оһуокайдьыппыт Марта Николаева үҥкүү таһаарбытыгар оҕолор сөхтөрдүлэр ‒ адьас үүт-үкчү түһэрэн-сүһэн ыллылар, олус диэн сөбүлээтилэр.

“Астана операҕа” сылдьан, “Дон Кихот” балеты көрдүбүт. Дьэ, сүрдээх! Барыта талбыт курдук. Бу ‒ мааныта, бу ‒ баараҕайа! Театр 2010-2013 сылларга 320 мөл. дуолларга тутуллубут. Фойены сырдатар богем курустаалыттан оҥоһуллубут киин люстра 1600 кг диэтилэр. Аны, туруоруу далааһына сөхтөрдө ‒ инньэ икки сүүсчэ көстүүм туһаныллар эбит. Тус бэйэм, балеттан тэйиччи уонна айаҥҥа сылдьар киһи, утуйан хаалан ол кыбыстыыта буолуо дии санаабытым баара, төрүт тыыммакка да олорон көрдүм.

Нур-Султаҥҥа Назарбаев университекка, Туркестаҥҥа Ахмед Ясави аатынан университекка, Каскелеҥҥа Түүркүйэ урукку баһылыга Сулейман Демирель аатынан университекка сырыттыбыт. Туркестаҥҥа уонна Каскелеҥҥа үөрэнэр саха ыччатын көрүстүбүт.

Алматыга, хата, быыс булан, Казахстан Национальнай библиотекатыгар норуодунай суруйааччыбыт Сэмэн Руфов “Тылбаастарын” туттардым. Арассыыйа кинигэтин муннуга диэн баар эбит. “Тылбаастарга” казах улуу суруйааччыта Абай Кунанбайулы хоһоонноро бааллар. Кинигэни Сэмэн Руфов оҕолоро анаан суруйан ыыппыттара. Биир кинигэни казах доҕотторбут Абай түмэлигэр Семипалатинскайга илдьэн туттарыах буоллулар.

Эппитим курдук, барытын кэпсиэххэ диэтэххэ, сонун туох да баһаам. Ону сылдьыспыт биир идэлээхтэрим хаһыатынан-сурунаалынан, араадьыйанан-тэлэбиидэнньэнэн, аан ситиминэн кыах баарынан салгыы билиһиннэрэн иһиэхтэрэ эрэ диирбэр тиийэбин. Ол эрэн, бука, ол да син биир тутах буолуо ‒ харах ыларын тухары киллэм нэлэмэни биир гына кыыһа тэтэрбит кызҕалда (дикий мак) кэрэтин туһунан туох диэн кэпсиэҥий!

Онон, Александр Назаров уо.д.а. хаартыскаҕа түһэриилэрин көрөргүтүгэр, сэргииргитигэр ыҥырабын.

Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН.

Санааҕын суруй