Саха сиригэр 636 нэһилиэнньэлээх пууннаах, онно 628-гар үөрэх тэрилтэтэ баар. Уопсайа 649 оскуола, 43 колледж, техникум. Онно 144 тыһ. оҕо үөрэнэр. Быйыл оскуоланы 7958 оҕо бүтэрбит эбит буоллаҕына, кэлэр үөрэх дьылыгар 9343 оҕо бүтэриэҕэ. Аны уонча күнүнэн 21 тыһ. оҕо аан бастаан оскуола боруогун атыллыаҕа.
Быйыл саҥа үөрэх дьыла аан дойдуга бүрүүкээбит хоруона хамсыгынан сибээстээн, хаһааҥҥытааҕар да атыннык саҕаланаары турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ саньытаарынай-эпидемиологическай балаһыанньаны бары билэҕит. Сорох улууска КОВИД суох, оттон сорохторго балаһыанньа өссө да тыҥааһыннаах. Инньэ гынан дойду таһымыгар саҥа үөрэх дьылын хайдах саҕалыырга быһаарыллан турар. Роспотребнадзор уонна дойду Үөрэҕин министиэристибэтэ анал модьуйуулары, ыйыылары бэлэмнээн ыыппыт. Саҥа үөрэх дьыла өрөспүүбүлүкэҕэ хайдах саҕаланыаҕай? Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Михаил Сивцев суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр кэпсээтэ.
-- Вице-премьер Ольга Балабкина брифинг кэмигэр Бастакы чуораан бырааһынньыга хоруона хамсыга көстүбэтэх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар урукку үгэс быһыытынан ыытыллыаҕа диэтэ. Саха сиригэр онно хапсар хас үөрэх тэрилтэтэ баарый?
-- Хоруона хамсыгын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап дааннайдарыгар олоҕурдахха, бүгүҥҥү күҥҥэ 636 нэһилиэнньэлээх пуунтан 339 нэһилиэнньэлээх пуун “ыраас” диэн. Ити 52 бырыһыан курдук. Онон үгүс оскуолаҕа уруккутун курдук олоҕурбут киэбинэн балаҕан ыйын 1 күнүн бэлиэтиэхтэрэ.
-- Бассаапка сорох устудьуоннар 2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри дистанционнай ньыманан үөрэниэхтэрэ диэн сылдьар. Ити төһө оруннааҕый?
-- Ордук бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ көтүллэ илик. Ол хаһан түмүктэнэрин билбэппит. Ити -- бастакытынан. Иккиһинэн, биһиэхэ Роспотребнадзор модьуйуута баар. Онно биир оҕоҕо 2,5 кв.м. тиксиэхтээх диэн. Биһиги аудиторияларбыт, кылаастарбыт (орто үөрэхтэри этэбин) иэннэрин ыллахха, устудьуоннар бөлөхтөрүгэр 25-30 устудьуон киирэр. Оттон кэбиниэттэрэ иэннэрэ муҥутаан 40-50 кв.м. буолар. Ол иһин, социальнай дистанциялары тутуһаары, биһиги ити бөлөхтөрү кыра бөлөхтөргө араарарга күһэллэбит. Ол иһин билигин аудиторияҕа баппакка хаалбыт устудьуоннары дистанционнайынан үөрэтиэхпит. Бастакы бөлөх кэбиниэккэ үөрэнэригэр иккис бөлөх дистанционнайдык үөрэтэр, онтон атастаһаллар. Оттон нэһилиэнньэлээх пуун толору харантыыҥҥа бардаҕына, бары дистанционнай көрүҥҥэ көһөллөр. Онон балаҕан ыйын 1 күнүттэн бары очнайдык үөрэниэхтэрэ (дистанционнай бөлөхтөрү киллэрэн туран), онтон салгыы көстөн иһиэ.
-- Төрөппүттэр оскуолаҕа оҕолорун ыла тиийдэхтэринэ, бастакы этээскэ киһи бөҕө тоҕуоруһар. Ол саньытаарынай өттүнэн төһө кутталлааҕый?
-- Төрөппүттэр оҕолорун оскуола ааныгар эрэ диэри атаарыахтара, көрсүөхтэрэ. Онуоха термометрияны ааһаллар. Хас биирдии оскуолаҕа дьон тоҕуоруһар сирдэригэр социальнай дистанцияны тутуһалларын бэлиэтиэхтээхтэр. Оскуола биир эрэ аанынан киллэриэ суоҕа. Аҕыйах киһи тоҕуоруһарын курдук, бары ааннарынан киллэриэхтэрэ. Бастакы түһүмэх 8 ч. уруогу саҕалыаҕа, иккис – 8 ч. 30 мүн.
-- Оҕо дьарҕа ыарыылаах буоллаҕына, төрөппүттэр ханнык ньыманан оҕолорун үөрэттэриэхтэрэй?
-- Төрөппүт сайабылыанньатынан дистанционнай үөрэҕи талыан сөп. Үөрэҕирии сокуонугар маны таһынан дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ үөрэтиитэ диэн баар. Оччотугар оҕо ол сыһыарыллыбыт оскуолатыгар бэйэтэ бырагырааманы ситиһэн баран ачыстаассыйаны ааһар.
-- Оскуолаларга бөлөхтөрү элбэтэбит диигит. Оччотугар учууталлар тииһиниэхтэрэ дуо?
-- Математика биридимиэтин холобуругар хоруйдуом. Бэһис кылааска нэдиэлэҕэ 5 ч. бэриллэр. Дистанционнай технологияны туһанар буоллахтарына, бу кылаас үөрэнээччилэрэ 3 ч. дистанционно үөрэтэллэр, биир чааһы хос бөлөххө киирсэн, оскуолаҕа кэлэн үөрэтэллэр, оттон хаалбыт биир чааһы иккис бөлөх ылар, эбэтэр оскуола оробуочай бырагырааматыгар электроннай ньыманан тус үлэҕэ биэриэн сөп. Инньэ гынан, учуутал ноҕорууската улааппат. Биһигини физкултуура уруога долгутар. Физкултуура оҕо этин-сиинин чэбдигирдиэхтээх, оттон бу саас дистанционно үөрэнэ олорон, оҕолорбут мастыйан да бардылар. Ол иһин физкультураны биир чааһын бөлөҕүнэн арахсан саалаҕа үөрэтиэхтэрэ, оттон түөрүйэтин – дистанционнайдык. Оннук солбуһа сылдьан үөрэттэхпитинэ, улаханнык оҕустарыахпыт суоҕа. Биһиги билигин маннааҕы айтишниктары кытары дистанционнай үөрэх платформатын бэлэмнээтибит.
-- Оҕолор оскуолаҕа мааскалаах сылдьыахтара дуо?
-- Суох. Учуутал эрэ мааскалаах буолуохтаах. Оҕолор респираторнай ыарыылары таһаллар диэн буолар, ол иһин уопсастыбаннай сирдэргэ харыстанар сыалтан мааскалаах сылдьыы култууратын иҥэрэр ордук. Таҥара сэрэҕи таптыыр.
-- Өскөтүн кылааска оҕо ыарыйдаҕына, кылаас эрэ харантыыҥҥа барар дуу, эбэтэр бүтүн оскуола сабыллар дуу?
-- Биһиги итини Роспотребнадзору кытары үөрэтэн көрбүппүт. Оннук түбэлтэ таҕыстаҕына, биһиги тута алтыспыт дьонун булабыт. Ол кэннэ кинилэри 2 нэдиэлэҕэ дистанционнай үөрэххэ көһөрөбүт.
-- Саҥа үөрэх дьылын көрсүүгэ билигин туох кыһалҕа баарый?
-- Уопсастыбаннас хоруона хамсыга саҥа олохтообут быраабылатын өйдөөбөтө уонна ону ылыммата.
-- Быйыл алын кылаас үөрэнээччилэрин барыларын булгуччу итии аһынан хааччыйыахтаахтар. Онно төһө үп көрүлүннэ, туох үлэ барда?
-- Алын кылаастарга 62 тыһ. 204 оҕо үөрэнэр. Үөрэх министиэристибэтэ биһиэхэ итии аһынан хааччыйарга 419 мөл. солк. көрөргө сөбүлэҥин биэрбитэ. Аны билигин пищеблоктары уонна аһыыр сирдэри тэрийиигэ кыһалҕа үөскээтэ. Атырдьах ыйын саҥатыгар Роспотребнадзор 57 сыыһаны туоратыыга модьуйууну биэрбитэ, олортон 38 остолобуойдар аһара туолууларыгар (сүрүннээн, Дьокуускай оскуолаларыгар) сыһыаннаах. Онон биһиги кыраапыгы оҥорууга болҕомтобутун ууруохпут. Оҕо аһыырыгар 20 мүн. Көрүллэр, оттон бу хааччахтааһыннарынан сибээстээн, онто да суох туолбут оскуолаҕа оҕо ахсаана аҕыйыахтаах. Куорат 1-кы №-дээх оскуолатын ылан көрдүбүт. Кинилэр остолобуойдарын аттынааҕы фойеҕа аһыыр сири тэнитээри гыналлар, инньэ гынан социальнай дистанцияны тутуһан аһыылларыгар миэстэ таһаараллар. Онон көрөн оҕо аһыыр кыраапыгы н таҥыахтара. Атырдьах ыйын 20 күнүгэр дылы оскуолалар графиктарын таҥан бүтүөхтэрэ.
-- Рециркулятордарынан хааччыллыы хайдаҕый?
-- Биир көһө сылдьар рециркулятор икки кылааһы ыраастыыр кыахтаах. Саха сиригэр 4800 кылаас-кэмпилиэк баар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 27100 рециркулятордаахпыт. Билигин балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри эбии 400-тэн тахса рециркуляторы атыылаһыыга сөбүлэҥ түһэрсэн олоробут. Оччоҕуна 70 бырыһыанын хааччыйыахпыт. Тиийбэтин улуустар бэйэлэрэ ылыахтара, оччоҕо биһиги эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн толуйуохпут.
-- Бастакы икки нэдиэлэҕэ эмп үлэһиттэрэ оскуолаҕа баар буолуохтаахтар. Онуоха хааччыллыы хайдаҕый?
-- Балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри мэдиссиинэ үлэһиттэрэ дьуһуурустубалыахтара. Кинилэр термометрияны ыытыынан буолбакка, методологическай, консултаассыйа өттүнэн көмөнү биэриэхтээхтэр уонна оҕолору кэтээн көрүөхтэрэ.
-- Киин куораппытыгар маҥнайгы кылааска киирээччилэр бары оскуоланан хааччылыннылар дуо? Оҕо дыбарыаһыгар алын кылаас оскуолата аһыллар дииллэр.
-- Дьокуускайга миэстэ тиийбэтэ уруккуттан баар көстүү, сорох оскуолаҕа нуорматтан 4 төгүл элбэх оҕо симиллэр. Быйыл 17-с №-дээх оскуолаҕа боппуруос сытыытык турар. Тоҕо эрэ төрөппүттэр куорат киинигэр баар оскуолаларга хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэллэр диэн тутах өйдөбүллээхтэр. Дьиҥэ, кытыы оскуолаларга миэстэ баар. Ол иһин билигин хаачыстыбалаах үөрэх бары оскуолаҕа бэриллэрин ситиһэ, ону тэҥнии сатыыбыт. Куоракка 51 оскуолаҕа (куорат кытыытынааҕы оскуолалары киллэрэн туран) 47 тыһ. оҕо үөрэнэр. Онон биир симиэнэнэн үөрэтэр хайдах да кыаллыбат. Ол иһин биһиги куорат кытыытыгар орто анал үөрэхтэри холбоон, устудьуоннар кампустарын тэрийээри гынабыт, оттон кинилэр билигин баар дьиэлэрин оскуолаларга биэрдэхпитинэ (холобур, ДьТХТ, Сибээс колледжа), 5 тыһ. миэстэни таһаарабыт, оччоҕо куоракка миэстэ тиийбэт кыһалҕата быһаарыллыахтаах. Дойду үөрэҕин миниистирин солбуйааччыта кэлэ сырыттаҕына, ону кэпсээбиппитин ылыммыта. Онон сотору кэминэн бу тыын кыһалҕабыт быһаарыллыа дии саныыбыт.
Оҕо дыбарыаһыгар алын кылааһы аһаары, лиссиэнсийэ ылаары сүүрэ-көтө сылдьаллар, онно Киин уокуруктан баппакка хаалбыт оҕолорго эбии кылаастар аһыллыахтара.
-- Пандемиянан сибээстээн, учууталлар хамнастарыгар оҕустарыахтара дуо?
-- Эмиэ математика биридимиэтин холобурдуом. Биһиэхэ НСОТ систиэмэтэ баар, ол эбэтэр хамнас оҕо ахсаанынан төлөнөр. Дистанционнай уруогу кылаас тарыыбыгар үллэрдэхпитинэ, хамнаска туох да охсуу суох буолар. Өскөтүн кылааска кэлэн хос бөлөхтөрүнэн үөрэтэр буоллахтарына, онно оҕо ахсаана аҕыйах буолар, онон учуутал хамнаһыгар мунаарыан сөп. Биһиги бэһис-алтыс уруогу электроннайынан ыытыҥ диибит, оттон онно учуутал син биир бэлэмнэнэр буоллаҕа. Онуоха учууталга төһө оҕо сүктэриллибитинэн тарификация бардаҕына, кини хамнаһыгар тугу да сүтэрбэт.
-- 65 саастарын ааспыт үлэһиттэр дьиэҕэ олоруохтаахтар диэн. Кинилэри хайдах гынаҕыт?
-- Үлэ уонна социальнай хааччыйыы министиэристибэтэ биһиэхэ 65 саастарын ааспыт үлэһиттэри кытары дистанционнай киэбинэн үлэлииллэригэр эбии дуогабарга илии баттаһан, орто хамнастарын хаалларарга диэн эппитэ. 65 саастарын ааспыт учууталлар дистанционнай киэбинэн эрэ уруоктарын биэриэхтэрэ.
Дистанционнай үөрэх биир үчүгэй өрүттээх – оҕолор дьиэҕэ олорон, бэйэлэрэ хасыһан дьарыктаналлар. Быйыл СКЭни 33 оҕо 100 баалга туттарда. Ити былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх. Оттон кинилэр бу сааскыттан бэйэлэрэ дьарыктанан кэллилэр. Ол эбэтэр, хаачыстыбаны соччо сүтэрбэтибит. Арай алын кылаастарга охсуулаах буолуон сөп. Ол иһин кинилэргэ оскуолаҕа үөрэтии хайаан да ыытыллыахтаах.
-- Төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолорун тэмпэрэтиирэлэрин дьиэлэригэр кээмэйдээн баран ыытыахтарын сөп дуо?
-- Суох, ону анал тиэхиньикэни туттан ыытыахпытын наада. Тепловизор уонна термометрия быһаарыахтаах.
-- Эбии үөрэхтээһин (сиэксийэлэр, куруһуоктар) хайдах үлэлиэхтэрэй?
-- Үөһэ этиллибит ирдэбиллэри тутуһан, дьиэ иэнэ көҥүллүүрүнэн көрөн урукку киэбинэн ыытыллыаҕа. Оттон харантыын биллэрилиннэҕинэ, биллэн турар, сабыллаллар.
Дмитрий ИВАНОВ.