Ахсынньы саҥатыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Мииринэй улууһугар киэҥ далааһыннаахтык сылдьан кэллэ. Кини ити сырыытын кэмигэр саҥа сүөһү комплекса арыллыытыгар кытынна, МРТК Светлэйдээҕи филиалыгар углерод-водород эйгэтигэр анал оробуочайдары бэлэмнииргэ тирэх буолуохтаах баабырыка тэрээһинин туһунан кэпсэттэ, Чернышевскайдааҕы балык собуотун көрдө, алмаастаах улуус кэккэ сытыы кыһалҕаларын дьүүллэстэ уонна түмүккэ хаарбах уонна саахаланар туруктаах дьиэлэртэн анал бырагырааманан көһөрүллэн саҥа дьиэлэммит дьоҥҥо кыбартыыра күлүүстэрин туттарда.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү
Аммосов аатынан уулусса 18-с №-гэр тутулла турар 71 кыбартыылаах таас дьиэ Ил Дархан Айсен Николаев болҕомтотун киинигэр сылдьыбыта. Айсен Сергеевич онно тиийдэҕин аайы Мииринэй улууһун баһылыга Ришат Юзмухаметовы кытта тутуу хайдах бара турарын билсэрэ, олохтоохтору, бэдэрээтчиттэри кытта кэпсэтэрэ. Ол дьиэ ахсынньы 4 күнүгэр дьэ үлэҕэ киирдэ. Дьиэ АЛРОСА хампаанньа дьон олорор эбийиэктэрин пуондатын улуус бас билиитигэр биэрэр сөбүлэҥин чэрчитинэн тутулунна. Ол көрүүтүн-истиитин эмиэ алмаастаах хампаанньа үбүлүөхтээх. АЛРОСА Мииринэй улууһугар уонунан сыллар усталарыгар күрдьүллүбүт-көтүрүллүбүт дьиэлэр оннуларыгар дьиэ тутуутун үбүлээн кэллэ.
Аммосов уулуссатыгар күн бүгүн хаарбах дьиэ улахан аҥаара көтүрүллэн турар. Ити саҥа тутуллубут дьиэҕэ 6 хаарбах дьиэттэн көспүт дьон киирэн олохсуйуохтара: Хомсомуол уул., 26-с №-дээх дьиэтэ, Өктөөп 40 сыл уул., 7-с №-дээх дьиэтэ, Аммосов уул., 28-с “Б” №-дээх дьиэтэ, Ойуунускай уул., 25-с “Б”, 29-с, 31-с №№-дээх дьиэлэрэ.
Онон бу күннэргэ 194 киһи малааһыннаары оҥостор. Кинилэртэн үс киһиэхэ кыбартыыра күлүүһүн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко туттарда.
“Бу хайысхаҕа доҕордуу сыһыаммытын салгыы даҕаны сайыннарыахпыт. Улуус иһинээҕи дьиэ ырыынагар үтүө өрүттээхтик дьайар уонна дьон-сэргэ сытыы кыһалҕатын быһаарыыны түргэтэтэр туһугар, АЛРОСА хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөр бырагырааматыгар хапсыбыт дьоҥҥо, тутууттан харчынан толуйууга көһөр былааннаахпыт. Ол инниттэн урут тутуллубут дьиэлэргэ (“вторичнай” ырыынакка) кыбартыыралы атыылаһан саҕалыахха наада”, – диэн АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай иһитиннэрдэ.
Мииринэй куорат IT-киинэ
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Мииринэй куорат Эбии үөрэхтээһинин киинигэр IT-киин үөрүүлээх арыллыытыгар кытынна.
Андрей Тарасенко эҕэрдэ тылыгар бу киин алмаастаах куорат оҕолоругар олус наадалааҕын бэлиэтээтэ. Кини оҕолор улуустарын аатын ааттатар үтүө дьон буолан тахсалларыгар баҕарда. Улуус баһылыга Ришат Юзмухаметов бу киин алмаастаах улууска өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев стратегиялаах ыйааҕын көмөтүнэн арыллан эрэрин эттэ. Кини өрөспүүбүлүкэ барыбыыталыстыбата үбү-аһы уонна оборудованиены көрбүтүн иһин махтанна.
“Биһиги биир сүрүн сорукпут – Мииринэйгэ Оҕо дыбарыаһын тутуу. Эбийиэги өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө, 2022 сылга, үөрүүлээхтик арыйыахпыт диэн эрэнэбин. Ол АЛРОСА хампаанньа оҕоҕо-ыччакка дьоһун бэлэҕэ буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн үбүн-аһын – 230 мөл. солкуобайы – алмаастаах хампаанньа көрбүтэ”, – диэтэ Ришат Нургалиевич.
Мииринэй улууһун баһылыга улуус дьаһалтата, үөрэҕин управлениета дьоҕурдаах оҕолор айымньылаах көҕүлээһиннэрин мэлдьи өйүөх буолан эрэннэрдэ.
Ити күн өссө Эбии үөрэхтээһин киинигэр экскурсия тэрилиннэ. Улахан болҕомто тутулла турар Оҕо дыбарыаһыгар уурулунна. Бырайыак быһыытынан ол дьиэ икки куорпустаах буолуохтаах, биир симиэнэҕэ 420 оҕо сылдьыахтаах. Дыбарыас иһинэн “Кванториум” оҕо технопарката, IT-куб Оҕо сыыппаралаах үөрэхтээһинин киинэ, култуурунай-үөрэтэр киин, Омук тылларын үөрэтэр киин, коворкинг-киин уо.д.а. үлэлиэхтээхтэр. Эбии үөрэхтээһин киинин үлэһиттэрэ ити курдук кэпсээн баран, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлиттэн өрөспүүбүлүкэ бырагырааматын чэрчитинэн сенсорнай хоһу уонна лингафоннай кэбиниэти атыылаһарга үп-харчы көрөргө көрдөстүлэр.
Садын нэһилиэгэр саҥа хотон
Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр бөһүөлэгин устуоруйатыгар өтөрүнэн буолбатах бэлиэ, дьоро түгэн буолла – СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ саҥа хотонун арыйда. Бэлиэтээн эттэххэ, саха төрүт ынаҕын сөргүтүү саҕаламмыта аҕыйах сыл буолла. Аны туран, бу күннэргэ тэрилтэ биир сааһын туолла.
Ити улахан эспэримиэнниир үлэ акылаата Ил Дархан онуоха туһааннаах ыйааҕа тахсыбытыгар ууруллубута. Онон Мииринэй улууһун баһылыга Ришат Юзмухаметов бар дьон иннигэр тыл этэр кэмигэр Айсен Николаев саха ынаҕын сөргүтэр биир тирэх сир быһыытынан Сүлдьүкээри талбытыгар махтанна. Өссө бу саас 147 саха ынаҕын, 3 улахан оҕуһу уонна 22 оҕус тыһаҕаһы Үөһээ Бүлүү, Амма, Горнай уонна Нам улуустарыттан аҕалбыттара. Сүөһүлэр Сүлдьүкээргэ этэҥҥэ дьиэтийэн, төрөөн-ууһаан барбыттара. Даҕатан эттэххэ, хотон 200 сүөһүгэ анаан тутуллубута эрээри, үөрүүлээх тэрээһин кэмигэр “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ салайааччыта Александр Артемьев сүөсүһүттэр комплексы кэҥэтэр былааннаахтарын иһитиннэрдэ. Онтун ааһан, сылгыны үөрдээн иитиинэн дьарыктанар былаан баарын эттэ.
Ити күн Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгэр Ил Түмэн дьокутаата Юрий Николаев, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, “Туймаада” ҮӨПК АУо генеральнай дириэктэрэ Петр Ефремов ыалдьыттаатылар. Дьоро күн Петр Ефремовка уонна “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ отделениетын управляющайа Кирилл Алексеевка бэдэрээттээх тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ хотон өйдөбүнньүк күлүүһүн туттарда. Тутааччылар уонна сүөсүһүттэр СӨ уонна Мииринэй улууһун кырааматаларынан наҕараадаланнылар. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Сүлдьүкээр олохтоохторо киһи төннө, эргиллэ туруох курдук олус кырасыабай, уйгу-быйаҥ сиригэр олороллорун анаан бэлиэтээтэ. Аны, быйыл ол үтүө түөлбэҕэ нэһилиэк олохтоохторун үлэнэн хааччыйыахтаах аныгы хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ.
“Бу ый 20-с чыыһылатын эргин Сүлдьүкээргэ оптоволокно сибээһэ кэлиэхтээх. Оччоҕуна Мииринэй улууһугар интэриниэт-сибээһэ суох биир даҕаны бөһүөлэк хаалыа суоҕа. Эһиил биһиги Светлэй ГЭС-ттэн Садын нэһилиэгэр сылы эргиччи сылдьар суолу оҥорон бүтэрэр былааннаахпыт. Онтон аҕыйах сылынан үрэхтэри туоруур икки күргэни тутуохпут”, – диэн нэһилиэк кэскилин туһунан улуус баһылыга Ришат Юзмухаметов кэпсээтэ.
Хотон арыллыытыгар алгысчыт сиэри-туому толорбутун кэннэ, ыалдьыттарга анаан дьоҕус экскурсия тэрийдилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа комплексы аҥаардас сүөһү-ынах этэҥҥэ, үчүгэйдик турарыгар эрэ анаан буолбакка, киһи үлэлииригэр-хамсыырыгар, сынньанарыгар эмиэ табыгастаахтык оҥорбуттар.