Киир

Киир

Олунньу 4 күнэ – Аан дойдуга искэн ыарыытын кытары охсуһар күн. 2006 сылтан бэлиэтэнэр. Арассыыйа үрдүнэн искэн ыарыытыгар ыалдьыбыт 4 мөл. кэриҥэ киһи учуокка турара биллэр. Бу туһунан “Радиологияҕа национальнай мэдиссиинэ чинчийэр киинэ” иһитиннэрэр. Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга искэн (араак) ыарыыта элбээн иһэрэ икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи дьиксиннэрбэт буолуон сатаммат.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онколога, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология дьыспаансырын араагы эминэн эмтиир тэрэпиийэ салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Ф.Г. ИВАНОВА – эрэдээксийэбит бүгүҥҥү ыалдьыта.

– Феодосия Гаврильевна, искэн ыарыыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хайдаҕый?

– Искэн ыарыыта аан дойду, Арассыыйа үрдүнэн кыра-кыралаан улаата турар. “Ыарыы олус өрө турда” диир кыахпыт эмиэ суох. Ол эрээри көрдөрүү үрдүү турар. Бастакы биричиинэтэ: киһи олоҕо уруккутааҕар уһаан, искэн ыарыыга ыалдьыы элбиир. Иккиһинэн, тулалыыр эйгэбит, аһыыр аспыт мөлтөҕө уонна дьарҕа ыарыы элбэҕэ буолар. Искэн ыарыы сайдарыгар “фоновай ыарыылар” төрүөт буолуохтарын сөп, ол аата дьарҕа (хроническай) ыарыылартан үөскээн тахсан кэлэр.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыалдьыы көрдөрүүтүн ылан көрөр буоллахха, бастакы миэстэҕэ – ТЫ¢А искэнэ. Ис уорган ыарыыта буолан, биллэрбэккэ сылдьан “көрдүгэннээн” сиир ыарыы. Онон баалатан кэбиһэллэр, тыыннара кылгыыр, сөтөллөр буолаллар. Тыҥа ыарыытын урут эрэнгиэн (флюрография) көмөтүнэн эрэ быһаараллар этэ. Ол даҕаны үчүгэй түмүгү көрдөрбөтө. Оттон билигин тыҥа искэнин эрдэ булар, быһаарар инниттэн намыһах дозалаах көмпүүтэр томографията (КТ) диэнинэн өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан урутаан (скрининговай) чинчийиилэри саҕалаатыбыт. Бу барыта өрөспүүбүлүкэ онкологтарын, онкология дьыспаансырын, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.

Ааспыт 2020 сыл балаҕан ыйыттан Дьокуускай куоракка тыҥа искэнин эрдэ булар инниттэн скрининговай чинчийии саҕаланна. Манна даҕатан эттэххэ, бу куһаҕан дьаҥ-дьаһах үөскээбитинэн, маннык скрининговай үлэ саҕаланан, бары өттүнэн туһалаах буолла. 2021 сылтан скрининговай үлэбитин өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан тарҕатан, чинчийэр үлэни саҕалыахпыт.

Иккис миэстэҕэ – дьахталларга ЭМИИЙ искэнэ. Бу – быраастар этэрбитинэн, “визуальнай”, ол эбэтэр таһынааҕы уорган, киһи тутан-хабан билэр искэнэ буолар. Бу ыарыыны эрдэ булар сыалтан, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытар скрининговай бырагыраамабытыгар эмиэ баар. Ыарыы маммография эрэнгиэнин түмүгүнэн үчүгэйдик, чуолкайдык көстөр. 40 сааһыттан үөһээ саастаах дьахталлар маммографияны 2 сылга биирдэ хайаан да ааһыахтаахтар. Кыратыгар буллахха, эмтэниллэр кыахтаах ыарыы.

Үһүс миэстэҕэ – КУРТАХ искэнэ. Бу ыарыы былыр-былыргыттан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “краевая патология” курдук. Куртах уонна куолай искэнигэр учуонайдарбыт сүрдээх элбэх үлэни оҥорбуттара. Чуолаан, бэрэпиэссэр П.М. Иванов 60-70-с сыллартан саҕалаан улахан чинчийиини ыыппыта. Онон “краевая патология” диэн билимҥэ дакаастаан тураллар. Манна сахалар аһыыр аспыт – итии чэйи иһэрбит, тымныы аһылыгы аһыырбыт – барыта куртах, куолай ыарыытыгар дьайарын быһаарбыттар.

– “Скрининг” диэн тугуй, боростуойдук дьон өйүгэр-санаатыгар тиийэр гына быһааран биэриэҥ дуо?

– Скрининг диэн нэһилиэнньэ доруобай араҥатыгар ыытыллар маассабай чинчийии көрүҥэ буолар. Сүрүн сыала-соруга – ыарыыны эрдэтинэ булуу. Манна баҕалаах киһи барыта эрдэттэн бырааска суруйтарыыта суох көрдөрөр. Билигин национальнай бырагыраама чэрчитинэн “Искэн ыарыытын утары охсуһуу” аахсыйа бара турар. Интэриниэккэ “ОнкопоискСаха.РФ” саайка тус бэйэ кэбиниэтигэр киирэн, ким тыҥа, ким эмиий, ким оһоҕос, о.д.а. ыарыыларынан аҥкыата толороллор. Онкоскрининг аахсыйа ааспыт сыл атырдьах ыйын 11 күнүттэн саҕаламмыта. Бу аахсыйа чэрчитинэн намыһах дозалаах көмпүүтэр томографиятын (КТ) уонна УЗИ көмөлөрүнэн элбэх киһи ыарыыта дириҥии илигинэ көһүннэ. Онон бу аахсыйа-скрининг сүрдээх көдьүүстээҕин көрдөрдө.  

– Олохпутун аймаабыт хоруона хамсыга, сүрүннээн, тыҥаны сиир, онтон чэр (фиброз) хаалан хаалар эбитин билэ-истэ сылдьабыт. Оччотугар “бу чэр кэлин искэҥҥэ кубулуйуо суоҕа дуо?” диэн ыйытык үөскээн тахсар.

– Дьэ, бу үчүгэй ыйытыы буолла. Хоруона хамсыгын кэнниттэн тыҥаҕа чэр (фиброз) хаалан хаалара оруннаах. Маннык ыалдьыбыт дьон, кэлин тыҥа искэнигэр ыллараллара-суоҕа кэтээн көрүү кэнниттэн биллиэ турдаҕа. Билигин бу туһунан этэр эрдэ. Бу – аан дойду үрдүнэн ситэ үөрэтиллэ илик, саҥа вирус. Судургутук барыллаан көрүү быһыытынан ыллахха, чэр (фиброз) тыҥа дьарҕатын ыарыытыгар “фоновай ыарыы” курдук буолуон сөп.

Билигин бу ыарыыга ыалдьыбыт ыарыһахтары кэтээн көрүү ыытыллар. Москубаҕа араагы чинчийэр Н.Н. Блохин аатынан национальнай институт Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр хоруона хамсыгар ыалдьыбыт искэннээх ыарыһахтарын үөрэтэн, чинчийэр үлэни ыытан эрэр.

– Бүгүн, олунньу 4 күнүгэр, Аан дойдуга искэн ыарыытын кытары охсуһуу күнэ буолар. Туох үлэ ыытылларый?

– Маны Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) тэрийэн ыытар. Дойду үрдүнэн сүрдээх күүстээх хамсааһын, нэһилиэнньэ ортотугар профилактика ыытыллар. Быйыл тэрээһиммит кыаҕа өссө кэҥээн, нэдиэлэ устата бара турар. Олунньу 4 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын уонна Дьокуускай куорат поликлиникаларыгар скрининговай кэбиниэттэр аһыллан үлэлииллэр.  

Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана А.С. Николаев бу сылы Доруобуйа сылынан биллэрдэ. Онон өрөспүүбүлүкэ бары онкологтара сомоҕолоһон, күүскэ үлэлээн, ыарыыны эрдэ булан эмтиир соруктаахтар. Онон искэн ыарыытын эрдэ булар инниттэн скрининговай чинчийиилэри өрөспүүбүлүкэ барытыгар ыытан, кэбиниэттэри арыйар былааннаахпыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ сыл аайы 2000-тан тахса киһи искэн ыарыылааҕын булаллар. Бүгүҥҥү туругунан 10 000-тан тахса киһи учуокка турар. Саастарынан ылан көрөр буоллахха, искэн ыарыытыгар 60 саастарын ааспыт дьон үгүстүк ыалдьаллар. Ол эбэтэр бу саастарыгар ордук “пик заболеваемости” бэлиэтэнэр. Онон 40-50-60 саастаах дьон доруобуйаларын көрдөрүнэ сылдьаллара наада. Ол эрээри бу ыарыы саастаах дьон ыарыыта эрэ буолбатаҕын өйдүөх тустаахпыт. Кистэл буолбатах, эдэр дьон ортотугар эмиэ баар. Онон эдэр ыччат доруобуйатыгар болҕомтотун уурара наада.

IMG 7011 2 696x464

– Улуустарынан ылан көрөр буоллахха?

– Искэҥҥэ ыалдьыы Абый, Аллайыаха, Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Хаҥалас, Ленскэй, Томпо, Өлөөн, Өймөкөөн, Үөһээ Халыма улуустарыгар, Алдан, Нерюнгри, Дьокуускай куораттарга үрдүк. Бу улуустарга тыҥа искэнигэр ыалдьыы элбэх. Ыарыыга “онкологическая запущенность” диэн көрдөрүү баар. Ол аата ыарыыны эрдэ буолбакка, тарҕаммытын, тэнийбитин кэннэ быһаараллар. Ол эбэтэр ыарыһах 26%-на ыарыы улахан кэрдииһигэр биллэр. Кэнники сылларга кэтээн көрүү түмүгүнэн уонна ыстатыыстыка да этэринэн, бу көрдөрүү бырыһыана арыый тупсан иһэр.

– Улуустарга амбулаторнай-онкологическай көмөнү оҥорор кииннэр арыллыбыттара. Ол туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

– Бу кииннэр эрэгийиэннээҕи национальнай бырайыак чэрчитинэн арыллан үлэлии олороллор. Ол курдук, 2019 сыллаахха Дьокуускай куоракка – 4, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Мииринэйгэ уонна Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба улуустарыгар аһыллыбыттара. Оттон 2020 сылга төһө да пандемия кэмэ турдар, Бүлүү, Ленскэй, Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар аһылыннылар. Ол түмүгэр бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 13 амбулаторнай-онкологическай көмөнү оҥорор кииннэр аһыллан үлэлииллэр. Бары онколог быраастаахтар. Киин арыллыытын сыала-соруга – нэһилиэнньэҕэ онкологическай көмөнү чугаһатыы, бириэмэтигэр диагноһы сөпкө туруоруу, ыарыыны булуу уонна искэн ыарыылаахтарга миэстэтигэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу. Маннык кииннэр көдьүүстэрэ сүрдээх улахан. Ол курдук, миэстэтигэр искэн ыарыылаахтарга көмө, хиимийэ тэрэпиийэ оҥороллор. Хас биирдии киин көмпүүтэргэ томографтаах (КТ), балаһыанньаҕа сөп түбэһэр тэриллэринэн толору хааччыллан турар.

Каадыр боппуруоһа сытыытык турбута. Онколог быраастар тиийбэттэр, олох аҕыйахтар. Ону миэстэтигэр улуус кылаабынай быраастара сөптөөх үлэни ыытан, онколог бырааһынан бары хааччыллан олороллор. Онон хайгыахха эрэ наада.

2021 сылга – Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, 2022 сылга – Томпо, Чурапчы, 2023 сылга Нам улуустарыгар маннык кииннэр аһыллыахтара. 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 18 амбулаторнай-онкологическай көмөнү оҥорор киин баар буолуохтаах. Онон бу кэмҥэ диэри дьон искэн ыарыытыттан эмтэнэн үтүөрэллэригэр, өлүүнү аччатар сорук турар. Ол курдук, искэн ыарыытын утары эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн 4 көрдөрүү (индикатор) – искэн ыарыытыттан өлүүнү аччатыы, ыарыыны эрдэ булуу, ол эбэтэр 1-кы уонна 2-с ыстаадьыйалаах ыарыһах ахсаанын элбэтии, 5 сыл учуокка турар дьон ахсаанын элбэтии уонна ыарыы диагноһа быһаарыллыбыта 1 сыл иһигэр өлүү көрдөрүүтүн аччатыы.

Үлэ бу хайысхатыгар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өттүттэн улахан үлэ-хамнас ыытыллар, өйөбүл-көмө оҥоһуллар. Искэн ыарыылаахтары эмтээһиҥҥэ элбэх үп көрүллэр, сыаналаах араас оборудованиенан хааччылынныбыт. Түгэни туһанан, бэлиэтээн аастахха, национальнай бырагыраама чэрчитинэн быйыл онкология дьыспаансырыгар көмпүүтэр томограбын, магнитнай-резонанснай томограф (МРТ) ыллыбыт. Арассыыйа үрдүнэн тарбахха баттанар, Уһук Илиҥҥэ, Сибииргэ суох эспиэрдиир кылаастаах МРТ биһиэхэ кэлэн таҥылла сылдьар, этэҥҥэ буоллаҕына, кулун тутар ыйтан үлэтин саҕалыаҕа.

– Дьэ уонна түмүккэ Дьокуускай куоракка тутулла турар Онкология киинин тутуута хайдах баран иһэрий?

– Үбүлээһин кэмигэр үчүгэйдик көрүллэр, күүстээх үлэ бара турар, билигин холлоҕоһун тутуута бүтэн турар. Онкология киинин тутуута былаан быһыытынан 2023 сылга бүтүөхтээх. Өрөспүүбүлүкэ биир улахан тыын эбийиэгэ бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан А.С. Николаев тус хонтуруолугар сылдьар.  

– Феодосия Гаврильевна, Доруобуйа сыла саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин! Дьон доруобуйатын туһугар эппиэтинэстээх үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар