Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ынахпыт төбөтүгэр бэриллэр үппүт кэлбэтэ, тоҕо хойутууруй диэн ыйыталлар.
Тиийэ илик төрүөтэ араас эбит: докумуоннарын хойутаппыт, ТХМ кытта сөбүлэҥи түһэрсии тардыллыбыт улуустарыгар үп тиэрдиллэ илик. ТХМ миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьев: “Кэнники эпэрэтиибинэй иһитиннэрии чахчыларынан, ынахха төлөнөр үбү Бүлүү, Чурапчы, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Дьокуускай уонна Жатай ыла иликтэр” – диэтэ.
Ону таһынан үп тиэрдиллибит да улуустарын үгүс ЛПХ-лара харчыларын ыла иликтэр. Тиэрдиллбит счёттарыгар билигин да тыытыллыбакка сытарын эттэ. Барытын көрөр олороллор эбит.
Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ ТХМтан ынах төбөтүгэр анаммыт уопсайа 437 мөл. 915 тыһ. солк. улуустарга ыытыллыбытыттан баара эрэ 54 мөл. солк. сүөһүлээх дьон сирэй счёттарыгар тиэрдиллибит. О.э. тиийбит үп баара эрэ 10 бырыһыана.
Ол курдук:
Аллайыаха – 105 тыһ. солк. тиийбитин туһаммыт.
Арай Абый улууһугар төбөҕө анаммыт 3,465 тыһ. тиийбитэ түҥэтиллибит.
Амма – 52,965 тыһ. солк. тиийбит.
Үөһээ Бүлүү -- 75 мөл. солкуобайтан 12,500 тыһ. түҥэппит.
Үөһээ Халыма – бэйэтэ да 147 тыһ. солк. тиийбитэ түҥэтиллэ илик.
Горнай – 27 мөл. солк. тиийбититтэн 5 мөл. солк. ордон сытар.
Эдьигээн 560 тыһ. солк. счекка сытар.
Кэбээйи 33 мөл. солк. тиийбитин 7,400 тыһ. дьонугар ыыппыт.
Муома – 2,275 тыһ. солк. – счетугар сытар.
Нам – 53,397 тыһ. солк. счетугар сытар.
Ньурба – 75,839 тыһ. солк. – счетугар баар.
Өймөкөөн – 12,880 тыһ. солк. счекка сытар.
Өлүөхүмэ – 36,457 тыһ. солк. счекка сытар.
Уус Майа – 3,850 тыһ. солк. счетугар баар.
Хаҥалас – 49,651 тыһ. солк. счетугар сытар.
Бу арыый эрдэтээҥҥи дааннай буоларынан, билигин балаһыанньа уларыйбыт, улуустар үптэрин түҥэтэн эрэр буолуохтарын сөп. Холобур, Амма улууһа ааспыт чэппиэртэн саҕалаан түҥэтэн эрэрин иһитиннэрбитэ.
Тиийбит үп тоҕо түҥэтиллэ илигин төрүөтэ улуус-улуус аайы араас буолуон сөп. Расчетнай счету чопчулааһын, дуогабарга баттаһыы тардыллыыта уо.д.а. буолуон сөп. Ким да анаан-минээн, хам баттыы сыппата өйдөнөр. Маннык көмө быйыл аан бастаан киириитэ буолан, кыралаан тардыллыы тахсыбыт буолуон сөп.
Онон ынах төбөтүгэр кэлиэхтээх үпкүт чопчу хаһан кэлиэҕин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениеларыттан ыйыталаһаргыт ордук. Анаммыт үп тиийиэҕэ, түҥэтиллиэҕэ. Ол – дьэҥкэ.
Дьэ, оттон ону туһаммыты отчуоттааһын – туһунан тиэмэ, кэпсэтии. Хайдах отчуоттуургутун тустаахтарга ТХУлар, дьиҥинэн, быһааран олордохторо. Дуогабаргытыгар сурулуннаҕа.
Кэккэ улуустар кэтэх хаһаайыстыбалаахтарын өйөөн, быыс-хайаҕас булан, отчуоту судургутуппуттара, эбэтэр, сүрүнэ, ынах тыыннаах буолуутун ирдиир гына Бэрээдэги оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх. Маны өйдөөн, өйөөн, көмө ылбыт дьон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыаххыт диэн эрэниэҕи баҕарабыт.
Бу уонна көмө ньыманы олоххо киллэрии хаамыытыгар туох уустук, быһаарыыны ирдиир түгэн баарын уо.д.а. туһунан матырыйаал “Кыым” муус устар 22 к. нүөмэригэр тахсыаҕа.
Т.Захарова-ЛОһУУРА