Киир

Киир

   Билигин саха тыла төһө да судаарыстыбаннай статустаннар, чахчы уустук балаһыанньаҕа киирдэ. Онон тылы туттууга, үөрэтиигэ СӨ Төрүт Сокуонугар, тыл туһунан сокуоҥҥа ылыныллыбыт нуормалар төһө тутуһуллалларын бэрэбиэркэлиир боппуруоһу СӨ Ил Түмэнэ көтөхпүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ үөрэ көрүстэ. Ол туһунан СӨ Ил Түмэнин наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа,  сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышевалыын кэпсэтэбит. 

– Феодосия Васильевна, 2019 с. эн СӨ Төрүт Сокуона төрөөбүт тылы үөрэтиигэ чопчу тугу мэктиэлиирин туһунан Төрүт Сокуон суутун быһаарыытын ылбытыҥ. Тылбыт судаарыстыбаннай статуһун көмүскүүргэ, сайыннарыыга Ил Түмэн билиҥҥи үлэтин туһунан кэпсээ эрэ.


– Бастатан туран, норуот хаһыатын “Кыымы” үйэлээх үбүлүөйүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Саха дьоно санаатын сайа этэр биир дьоһуннаах трибуната буолан, өссө да өр сылларга үлэлии-хамсыы турдун.

     Тылбыт сайдарыгар, кэлэр көлүөнэлэргэ чөл тиийэригэр биһиги көлүөнэ быһаччы эппиэтинэстээхпитин бары өйдүүбүт. Төрүт Сокуон суута Төрүт Сокуоммут үөрэх ыстандаартарыгар өрөспүүбүлүкэбит национальнай, этнокултуурунай уонна да атын уратыларын учуоттуур туһунан 22 ыстатыйатыгар сиһилии быһаарыыны биэрбитэ. Өссө былырыын Арассыыйа Төрүт Сокуонун норуоттар тылларын уонна этнокултуурунай араастарын туһунан 68, 69 ыстатыйаларыгар уларытыылар киирбиттэрэ. Бу докумуоннарга олоҕуран Ил Түмэн Хонтуруолунай кэмитиэтэ тыллар тустарынан өрөспүүбүлүкэ сокуона хайдах үлэлиирин туһунан боппуруоһу көрүөхтээх, түмүк таһаарыахтаах. Билигин сокуоннар, докумуоннар икки судаарыстыбаннай тылынан (нууччалыы, сахалыы) бэчээттэнэн тахсаллар. Элбэх болҕомтону сир-дойду аатын сахалыы суруйуу эрэйэр. Сорох сир нууччалыы тылбааhа табыгаhа суох буолааччы. Тиэрмини сөпкө тылбаастаан туттуу ордук билим эйгэтигэр улахан суолталаах. Ким хайдах өйдүүрүнэн буолбакка, бигэргэммит нуорманан буолуохтаах. Үлэни саҥардар, түргэтэтэр сыалтан Алексей Ильич Еремеев салалтатынан Ил Түмэҥҥэ тылбаасчыттар бөлөхтөрүн күүһүрдэр үлэ саҕаланна.

– Үчүгэй сонуннаах эбиккит, төрөөбүт тылбытын араҥаччылыыр үлэҕит өссө тэтимирэригэр баҕарабыт!

– Бастатан туран, тылларбытын үөрэтиигэ, сайыннарыыга билим баазатын туругун ылан көрүөххэ. Урукку өттүгэр өрөспүүбүүлүкэҕэ тирэх буолар үс институттаах этибит, ол иһин дьон билигин да сөптөөх бааза баар курдук саныыр. Хомойуох иһин, 2000 сыллар ортолоругар П.А. Ойуунускай тэрийбит Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларынан дьарыктанар институттар, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт федеральнай бас билиигэ бэриллибиттэрэ. Урут өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ тылы үөрэтиигэ, сайыннарыыга судаарыстыбаннай сорудах быһыытынан ырытар, чинчийэр, методика оҥорор буоллаҕына, билигин федеральнай таһымҥа көрдөһүөхпүтүн эрэ сөп. Холобур, Татарстаҥҥа улахан болҕомтолорун национальнай академияларыгар күүскэ уураллар, институттара үөрэххэ наадалааҕы барытын оҥороллор. Онтон биһиги институттарбыт суох буолан, тылы, ол иһигэр нуучча тылын эмиэ, үөрэтэр методиканы оҥорууга куонкурус биллэрэбит. Ким аҕыйах харчыга, кылгас болдьоххо оҥоруом диэбит кыайар. Онон үчүгэй хаачыстыбалаах үлэни ылар күчүмэҕэй. 60 сыл мунньуллубут научнай баазабытын сүтэрбиппит охсуута өссө биллиэ турдаҕа! Оннук буолбатын наадатыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна уопсастыбаннаһа национальнай тылы үөрэтэр институппутун тилиннэриини өйүөхтээх. Билигин бу судургута суох боппуруос кэпсэтиигэ сылдьар. Саҥа тэрилтэ аһылыннаҕына, сүрүн хайысхаларынан педагогиканы, психологияны уонна тыллары үөрэтиини киллэриэхпит. Ол тоҕото өйдөнөр – федеральнай да өрөспүүбүлүкэ да үөрэхтээһин туһунан сокуоннарыгар уларыйыылар киирэ тураллар. Саамай улахан уларыйыы 2007 с. региональнай-национальнай компонент, 2013 с. үөрэх тыла, үөрэтиллэр тыл, 2017 с. Генборокуратуура уонна Рособрнадзор бэрэбиэркэтин кэнниттэн 2018 с. судаарыстыбаннай тыллар, төрөөбүт тыллар тустарынан уларытыылар киирбиттэрэ.
     Билигин национальнай субъектар этнокултуурунай үөрэх тэрилтэлэрин бэйэлэрэ тэрийэр туһунан уларытыыны федеральнай сокуоҥҥа киллэриини туруорсаллар. Төрөөбүт тыллары таһынан атын омук тылларын үөрэтэр полилингвиальнай, поликультурнай оскуолалар Татарстаҥҥа, Башкортостаҥҥа тахсыылаахтык үлэлииллэр. Биһиэхэ бу хайысха 2016 с. Дьокуускайга 10 оҕо саадыгар киллэриллибитэ. Маны таһынан элбэх оскуолаҕа төрөөбүт тылларын тэҥэ оҕолор аангылыйа, боронсуус, ньиэмэс тылларын дириҥэтэн үөрэтэллэр. Тыл уонна култуура быстыспат сибээстээхтэринэн биһиги федеральнай сокуоҥҥа өссө көс оскуола статуhун туһунан этиини киллэрэри көҕүлээбиппит. Бу этиибитин атын эрэгийиэннэр өйөөтүлэр. Онон бу боппуруостарга Госдуума саҥа састаабын кытта күүскэ үлэлиэхпит.

– Генборокуратуура бэрэбиэркэтин атын субъектардааҕар хайдах улахан охсуута суох ааспыппытый?

– Кылгастык эттэххэ, нуучча тылын чааһын быһан, саха тылыгар былдьаан биэрбэтэхпит. Ол оннугар төрөөбүт тылынан үөрэнэр оҕоҕо 6 чааһы эбэн биэрэр нормативнай правовой докумуоннары бэлэмнээн, федеральнай ирдэбили толорор буолан, сокуону кэстигит диир кыахтара суоҕа. Уопсайынан, сокуонунан мэктиэлэнэр кыаҕы барытын толору туһаныахтаахпыт.

– Кыра оҕо ханнык тылынан үөрэнэрин ким быһаарыахтааҕый?

– Үөрэх тылын төрөппүт талар. Үөрэтиини оскуола бэйэтин бырагырааматынан бэриллэр үп иһинэн аттаран хааччыйыахтаах. Рособрнадзор федеральнай предметтэри үөрэтии чааһа аҕыйаабатын туһугар төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 36 чаастан тахсыбаккыт диэн хааччах киллэрбитэ. Ол иһин, этэн аһарбытым курдук, 2005 с. оҥорбут өрөспүүбүлүкэбит үөрэҕин былааныгар 6 чааһы эппиппит, сөптөөх үбү көрдөрбүппүт. Онон саха тылын эбии үөрэтэргэ оскуолаҕа быраап бэриллибитэ. Ол гынан баран, сорох улуустарга үөрэх салаатын начаалынньыктара, мэтэдьиистэрэ судаарыстыба ирдэбилинэн тылы үөрэтиини үбүлээһини, нормативы кытта дьүөрэлээн көрүөхтээхтэр.

– Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ 2022-2032 сс. төрүт омуктар тылларын сылларынан биллэрбитэ тылбыт дьылҕатыгар туох суолталаах буолуоҕай?

– Аан дойду үрдүнэн тылга болҕомто күүһүрдэ. Ити 10 сылы толору туһана сатыахтаахпыт. Дойду үрдүнэн ыытыллар тэрээһиннэргэ хайдах сөпкө кыттан, бииргэ үлэлэһиэхтээхпитин быһаарыныахтаахпыт. Мин 2016-2019 сс. “Арктика оҕолоро” диэн бырагырааманы сөргүтүү боппуруоһун федеральнай таһымҥа көтөҕөн, 2020 с. олунньутугар кэнсиэпсийэтин Федерация Сэбиэтин мунньаҕар туруорсубутум таах хаалбакка, бырагыраама дойду таһымыгар ылыллар буолбутуттан улаханнык үөрэбин. Манна биир улахан салаанан төрөөбүт тылы харыстааһын уонна сайыннарыы киллэриллибитин тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Бу бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллубут порталга хайыы-үйэ 15 аҕыйах ахсааннаах омуктар тыллара киллэрилиннэ. Тылы үөрэтиигэ аныгы технологиялар кыахтара биллэ үрдээтэ. Өссө порталлары барыларын түмэр биир улахан портал баар буолуон наада. Маннык саҥа ньыманы Ханты-Мансийскай автономнай уокурукка киллэрдилэр. Төрөөбүт тылын билбэт оҕону үөрэтэргэ учууталга эбии хамнастаах көмөлөһөөччү (тьютор, настаабынньык да диэххэ сөп) аныыллар. Бу үлэҕэ дойду үрдүнэн 2023 с. Педагог уонна Настаабынньык сылынан биллэрии төһүү күүс буолуо. Төрүт омуктар тылларын сүтэрбэт суһал сорук үөскээн, Санкт-Петербурга Герцен университетыгар аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын учууталларын бэлэмнээһиҥҥэ тус сыаллаах миэстэлэри биэрии быйылгыттан сөргүтүллэн, оҕолор үөрэнэ бардылар. Бырагыраама үбүнэн тэрээһиннэргэ сайыҥҥы лааҕырдар, төгүрүк сыл оҕо сынньалаҥа, төрөөбүт тыл олимпиадалара уо.д.а. киирдилэр. Дьиҥэр 1990-с сыллар бүтүүлэригэр олохтоммут олимпиадаларбытын федеральнай перечеҥҥэ киллэттэрэ сатаабыппыт ыраатта. Ол боппуруоспут быйыл Салехард куоракка ыытыллыбыт форум үлэтин түмүгүнэн дьэ быһаарылынна.

– Оҕоҕо олимпиада федеральнай таһымҥа киирбитэ тугу биэрэрий?

– ХИФУ федеральнай министиэристибэни кытта дуогабар оҥорсон олимпиаданы манна ыытыахтаах. Кыайыылаахтарга үөрэх ханнык баҕарар хайысхатыгар киирэллэригэр (филологияҕа эрэ буолбатах) эбии баал көрүллүөхтээх.

– Аныгы оҕо хас тылы билиэхтээҕий?

– 1990-2000 сс. учуонай, суруйааччы Ю.И. Васильев-Дьаргыстай “Икки тыл - икки кынат” диэн олус кэскиллээх бырайыагы саҕалаабыта. Билигин глобальнай сайдыы кэмигэр икки эрэ тылынан сырыттахпытына, оҕолорбут аан дойду таһымыгар сайдыыттан хаалан хаалыахтарын сөп диэн ирдэбил уларыйда. Аныгы эдэр киһи кырата үс тылы биллэҕинэ, атын дьону кытта тэҥ кэрдиискэ турар буолла. Саха сиригэр бу идиэйэ, бастатан туран, Дьокуускайга аһыллыбыт Аан дойдутааҕы Арктика оскуолатыгар сайдыахтааҕа кыайан ситиһиллэ илик. Манна оҕо ханнык да төрүт омук (саха, эбэҥки, эбээн, чукча) буоллун, төрөөбүт тылын үөрэтэригэр усулуобуйа тэриллиэхтээх. Бу оскуоланы бүтэрээччилэр кэнэҕэһин аан дойду таһымыгар тахсар кыахтаах исписэлиистэр буолуохтаахтар. Урут оҕону бүддьүөттэн төлөөн, омук сиригэр үөрэттэрэрбит үгүс оҕо антах хааларынан көдьүүһэ кырата көһүннэ. Дьиҥэр, киэҥ сиргэ үөрэммит сайдыылаах оҕо дойдутугар кэлэн туһалыахтаах. Онон ити Арктика киэнин курдук  оскуолалары үс хас тылы тэҥинэн билэр үрдүк таһымнаах педагогтар салайан, үөрэтии ис хоһоонун хас да тылынан хааччыйдахтарына эрэ, сыалбытын ситиһиэхпит дии саныыбын.
Тыа сиригэр биир омук түөлбэлээн олорор буолан, төрөөбүт тылы үөрэтии кыһалҕата олус улаханнык турбат. Миэхэ төрөппүттэр, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ элбэхтик тахсаллар. Билигин “Прометей” микрооройуонугар 900 миэстэлээх оскуола тутуллар. Бу саҥа оскуолаҕа Н.И. Шарин аатын иҥэриэҕиҥ диэн сиэрдээх туруорсуу баар. Николай Иванович миниистирдии олорон 1960-с сылларга үөһэттэн сөбө суох ыгыыны толорбокко, Башкирияны, Татарстаны сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтииттэн аккаастамматах сүдү үтүөлээх. Ити кэмнэргэ Бурятияҕа, Тываҕа, Хакасияҕа, Калмыкияҕа, атын да национальнай субъектарга дьаһалы толорон, төрөөбүт тылларын сүтэрэн эрэллэр. Билигин ону кэмсинэллэрин элбэҕи истэбит.
     “Прометейга” үксэ тыаттан киирбит дьон олохсуйдулар. Ол иһин бу оскуола үлэтин кэнсиэпсийэтин бары, уопсастыбаннаһы түмэн, сүбэлэһэн оҥоруоҕуҥ. Оҕо элбэх тылы билиитин нэһилиэнньэ өйүүрүгэр саарбахтаабаппын. Оскуола 2022 с. киириэхтээх, онуоха диэри докумуон барыта ситиэхтээх.
Кэлин сылларга дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сорудаҕынан төрөөбүт тыллары үөрэтии туһунан федеральнай кэнсиэпсийэлэр оҥоһуллубуттара эрээри, киирэр мэхэньиисимнэрэ ситэ чуолкайдана илик. Ону күүппэккэ, биһиги алларааттан бэйэбит көрөн сааһыланан, аныгы кэм ирдэбилинэн үлэбитин салгыахпытын наада.
 

– Өрөспүүбүлүкэбитигэр тыллары сайыннарыы бырагыраамата олоххо киириитэ тоҕо көһүүннүк саҕаланна?

 – Былырыыҥҥыттан тус сыаллаах бырагыраамата ылыллан, быйыл 56,5 мөл. солк. үбүлэнэн улахан дьыала оҥоһуллубута. Быйыл бырагыраама үбүгэр 1-11 кылаастарга саха тылын уонна литературатын учуобунньуктара, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын үөрэтиигэ босуобуйалар, ол иһигэр электроннай босуобуйалар оҥоhулуннулар.
Үлэ харгыстанар сүрүн биричиинэтэ - сүрүннүүр эппиэттээх министиэристибэ эбэтэр туһааннаах структура ситэ быһаарылла илигэр сытар. Билиҥҥитэ сүрүннээччи - үөрэх уонна билим министиэристибэтэ. Бэйэм миниистирдиирдии олорон министиэристибэ Балаһыанньатыгар тыл бэлиитикэтигэр эппиэттиир диэн пууну киллэттэрбитим, ол кэлин сотуллубута. Хайаан да ким эрэ бу хайысхаҕа үлэ уопсай сүнньүн тутуохтаах.
    Түмүкпэр авар норуотун билиилээх бэйиэтэ Расул Гамзатов «куоракка нэһилиэнньэ олорор, тыа сиригэр – норуот” диэн бэргэн этиитигэр ааҕааччылар болҕомтолорун туһаайабын. Сахабыт сиригэр дьон-сэргэ түөлбэлээн олорор улуустарыгар сөптөөх усулуобуйаны (суолу-ииһи, социальнай эбийиэктэри тутууну, оҥорон таһаарар салаалары сайыннарыыны, каадырдарынан хааччыйыыны уо.д.а.) тэрийдэхпитинэ эрэ, төрүт билиибитин, итэҕэлбитин, үгэспитин, тылбытын, дьарыкпытын илдьэ сылдьыахпыт.

– Феодосия Васильевна, төрөөбүт тылларбыт билиҥҥи балаһыанньаларын туһунан аһаҕас, кырдьыктаах кэпсээниҥ иһин махтанабыт! Норуот Ил Түмэн быһаарыыларын өйүөҕэ диэн эрэнэбит!

Владимир Степанов.