MDR диэн ханаал сакааһынан, ньиэмэс-француз ARTE диэн култуураҕа аналлаах ханаала “Арассыыйаҕа Саҥа Дьыллааҕы үгэстэр” диэн документальнай киинэтэ Саха Сиригэр уһуллан бүттэ.
Премьераны бу сыл бүтэһигэр, ахсынньы ыйга, Саха сиригэр Ийэ сылын уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн көстүөҕэ. Манна дьоруойдарынан “Чап уустара” аҕа ууһун удьуордара, утумнааччылара, элбэх оҕолоох Константиновтар дьиэ кэргэн буоллулар. Нэдиэлэ устатын тухары саха быһахтарын оҥорор уус Павел Константинов дьиэ кэргэнин олоҕун-дьаһаҕын устубуттар.
Табыллыбыт үлэ түмүгүнэн, Лейпцигтэн сылдьар Open house media теле-хампаанньа үлэһиттэрэ Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторугар ыалдьытымсахтарын, документальнай киинэ уһуллуутугар үтүө өҥөлөрүн уонна көмөлөрүн иһин улахан махталларын биллэрдилэр. Кинилэр чуолаан киинэҕэ уһуллубут дьоруойдарга, Антонина Васильевна уонна Павел Антонович Константиновтарга, Н.К. Седалищев аатынан Кэнтиктээҕи орто оскуола кэллэктиибигэр, дириэктэригэр Владислав Семеновка, учууталга Александр Прокопьевка, Кэнтиктээҕи култуура дьиэтин үлэһиттэригэр махтаннылар.
Улуу Арассыыйаҕа үгүс омук олорор. Дойду киэҥ далааһыннаах сиригэр-уотугар туспа култууралаах, үгэстэрдээх, итэҕэллэрдээх элбэх норуот баар. Дьэ олортон талан, ала-чуо Сахабыт сирин Кэнтик нэһилиэгэр олорор саха дьиэ кэргэнин, удьуордарын утумнаан, былыргыттан кэлбит үтүө үгэстэрин илдьэ сылдьар ыал туһунан киинэ устубуттара ураты буолла. Бу бырайыакка үлэлэспит дьон көмөтүнэн, режиссер Катрин Молнар, иккис режиссер Мартин Штригель, эпэрээтэр Патрик Майер-Клемент уонна толорооччу продюсер Светлана Клюшина дьоһун үлэлэрин түмүгүнэн, аан дойду үрдүнэн Саха сирин култууратын, устуоруйатын, чуолаан Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгин туһунан үтүө сурах тилийэ көтүөҕэ. Маныаха, нэһилиэк дьаһалтата бырайыагы тэрийээччилэргэ уонна толорооччуларга, Саха сирин туһунан үтүө өйдөбүл, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан сайдыытыгар төһүү күүстэрин иһин махталларын биллэрдилэр.
Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо этэллэринэн, кинилэр маннык бырайыакка кыттаннар, дьоруой буолбуттарыттан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт. Бары көмөлөөн улахан, ураты матырыйаал хомуйбуттар. Уонна, бу Саҥа Дьылга аналлаах Саха сиригэр устубут матырыйааллара, уон сыл устатын тухары Ороһуоспатааҕы бырааһынньык күннэригэр, Германия уонна Франция дойдуларыгар ARTE ханаалга көстө туруоҕа. Маннык үлэ түмүгэ, биллэн турар, Арассыыйа имиджигэр кэскиллээх өрүттээх буолуоҕа, ол курдук, саха норуотун үгэстэрин, култууратын уонна тыйыс, хотугу усулуобуйаҕа боростуой тыа дьонун олоҕун-дьаһаҕын туһунан үтүө өйдөбүл олохтонуоҕа диэн Кэнтик нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ санаатын этэр. Маны сэргэ, бу саҥа сылга субу курдук улахан бырайыактар баар буоллуннар, оттон биһиги кэрэ айылҕалаах нэһилиэкпит өссө даҕаны туристары маҕыньыыт курдук ыҥыра-угуйа турдун диэн олохтоохтор этэллэр. Чахчыта даҕаны, Кэнтик нэһилиэгэ бэйэтин баай устуоруйатынан эрэ буолбакка, айылҕата кэрэтинэн уонна уратытынан биллэр.