Ааспыт өрөбүллэргэ аар саарга аатырбыт, суон сураҕырбыт, төрөөбүт дойдум Чурапчы тоҕус томторун кэрийэн, хаартыскаҕа түһэрэн кэллим.
Күн бүгүҥҥэ диэри, тоҕус томторбут чопчу ханан, хайа диэки баалларын сорох дьон толору билбэт эбит. Бэл, Чурапчы нэһилиэгин арҕаа уонна илин бастарыгар турар, кэлин түөлбэ буолан биллибит алаас халдьаайыларын 9 томтортон биирдэстэригэр киллэрэллэрэ баар суол. Дьиҥинэн, сэбиэскэй кэмтэн саҕалаан, кытыы сытар алаастарга дьон олохсуйан, саҥа уулуссалар үөдүйэннэр, томторбут билигин элбэх буоллаҕа. Ол эрээри, устуоруйа этэринэн, Чурапчы нэһилиэнньэтэ бастаан үүнэн-сайдан, чэчирээн барыыта, нэһилиэкпит алаастарын үрдүлэригэр үөдүйбүт түөлбэлэр учуоттаныллан, норуокка тоҕус томтордооҕунан сураҕырбыта.
И.М. Павлов «Боотур Уус аччаҕардара” 2013 сыллааҕы уонна «Чурапчы нэһилиэгэ» кинигэлэртэн матырыйааллары ылан, аатырбыт томтордор устуоруйаларын буллум. Дьэ, тугу билбиппин-көрбүппүн, дойдум барахсан 9 томторо хайа диэки турарын, билбэт дьоҥҥо быһааран, сырдатан көрүүм.
2013 сыллаахха томтор аайы мэҥэ таастары, киһи олорон сынньанарын курдук ыскаамыйалары туруортаабыттара. Манан сирдэтэн, сырыым сатанна диэххэ сөп.
1. Балыыһа томторо
Саха бастакы луохтуура Прокопий Нестерович Сокольников 1900 сыллаахха Чурапчыга 5 куойкалаах балыыһаны астарбыта. Онтон кэлин, Сэбиэскэй былаас кэмигэр, бу томторго элбэх балыыһа тутуллубута. Ол курдук, мин билэрбинэн, киин балыыһа инфекционнай салаата, оҕо балыыһата, дьон сытан эмтэнэр балыыһалара, төрүүр дьиэ бары манна дьэндэтиллибиттэрэ.
Мин бу томторго, ити көстөр үрүҥ дьиэҕэ күн сирин көрбүтүм. Онон, эһээхий буолан бэбээрбит миэстэбэр үктэнэн, долгуйан ыллым.
Бу сир нэһилиэк илин баһын диэки баран истэххэ баар. Балыыһа томторугар анаммыт мэҥэ таас «Чараҥ» ТОС искибиэригэр турар, утары алааска сабыс-саҥа «Мичил» уһуйаан көстөр.
2. Луохтуур кыыһын томторо (Кылабыыһа томторо)
Бу - Барахсаанап аатынан сынньалаҥ пааркатыттан чугас турар кылабыыһа томторо.
Устуоруйатын сырдатар буоллахха, саха бастакы бырааһа Петр Нестерович Сокольниковы кытта сибээстээх. Кини барахсан ыарахан олоҕу олорон ааспыт эбит, түөрт оҕотуттан үһэ күн сириттэн эрдэ күрэнээхтээбит. Улахан кыыһа Валентина алта саастааҕар олохтон туораабытын, луохтуур олус аһыйбытын туһунан суруллар. Быраас оҕотун уҥуоҕун билиҥҥи братскай кылабыыһа томторугар бастакынан көмпүт.
Онтон ылата, кыысчаан көмүллүбүт сирэ Луохтуур кыыһын томторо диэн норуокка биллэн барбыт.
3. Оскуола томторо
122 сыл анараа өттүгэр, Чурапчыга Вознесенскэй таҥара дьиэтин иһинэн, нэһилиэнньэттэн үп хомуллуута ыытыллан, чааһынай дьиэҕэ биир кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Ол оскуола 42 сыл устатыгар биир кылаастаах начаалынай училище быһыытынан үлэлээбитэ, онтон үрдүкү начаалынай училище аатын 1917 сыллаахха ылбыта.
Бу томторго турар «ШКМ» диэн аатырбыт, С.А. Новгородов аатынан Орто оскуола алын сүһүөҕүн (начаалынай) оскуолата баара. Мин итиннэ үөрэммитим. Хата, эргэ дьиэтин көтүрбэккэ, харыстаан туруоралларын көрөн, үөрдүм. Биһиги кыра сылдьан, томтору таҥнары түһэрбитигэр, хайаан даҕаны сырылыыр этибит...
Билигин бу үрдүк сиргэ Сбербанк, успуорт улахан тутуута, дьон олорор дьиэлэрэ бааллар.
4. Бырааба томторо (Военкомат томторо)
Бу томтор Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр турар. Оройуон тэриллиэн иннинэ, Чурапчы улуус эрдэҕинэ, 1934 сыллаахха, ааҕар балаҕаҥҥа анаан тутуллубут дьиэҕэ Боотуурускай быраабата баар буолбута. Манна араас көрсүһүүлэр, мунньахтар ыытыллаллара эбитэ үһү.
Кэлиҥҥи сылларга бу дьиэҕэ улуус военкомата баар буолбута. Оттон, аҕыйах сыллааҕыта, тэрилтэ Тааттаҕа көспүтүн кэнниттэн, улуус хааһынатын хонтуората (Казначейство) манна олохсуйбута.
Бырааба томторуттан билигин Чурапчы үгүс тэрилтэлэрэ, Үрүҥ Дьиэ, «Айыллаан» киинэ тыйаатыра, «Ростелеком», «Үс кут» уонна аатырбыт «пятиэтажка» атыы-эргиэн дьиэлэрэ, эриэккэс көстүүлээх искибиэр, кыайыы уонна өрөбөлүүссүйэ пааматынньыктара көстөллөр.
5.Почта томторо (Сельхоз эбэтэр Ырыынак томторо)
Почта томторун мэҥэ тааһа Чурапчы киинигэр, Митээски алааһын үрдүнэн, чөкө күрүөлэнэн, 1932 сыллаахха үөдүйбүт массыына-тыраахтыр ыстаансыйатын бэлиэ пааматынньыгын кытта турар. Чурапчынан телеграф линията 1908 сыллаахха тардыллан, Илин Охотскайга ааспыт эбит. Иван аҕабыыт олорбут дьиэтигэр телеграмманы биэрэр уонна ылар Морзе аппараата манна туруоруллубута диэн суруллар.
Бу томтор аата, мин билэрбинэн, норуокка араастаан уларыйа сырыппыттааҕа. Ол курдук, сэбиэскэй кэмҥэ "Сельхоз" тэрилтэ үлэһиттэригэр анаммыт дьиэлэр тутулланнар, "Сельхоз томторо" диэн ааттаммыта. Салгыы, 90-с сылларга биллэр-көстөр «Дагданча» ырыынага арыллан, «Ырыынак томторо» буолбута.
6. Салгылыыр Сааҥкы томторо (Таҥара дьиэтин томторо)
Бу томтор турар сирэ киэҥ-куоҥ устуоруйалаах. Онуоха мэктиэ буолан, манна Таҥара дьиэтэ, күүс өттүнэн алдьархайдаах Көһөрүүгэ анаммыт пааматынньык, ол аттыгар Чурапчы түмэлэ тураллар. Бу томтор Чурапчыга христианскай итэҕэли тарҕаппыт бастакы аҕабыыт Александр аатынан ааттаммыт эбит. Кинини норуокка Салгылыыр Сааҥкы дииллэрэ үһү. Манна, устуоруйа кэрэһилииринэн, 1848 с. үрдүк чочуобуналаах, үрүҥ көмүс дуйдаах кириэстээх, 500 буут ыйааһыннаах куолакаллаах Вознесенскэй Таҥара дьиэтэ тутуллубута. Тутуу бэрт эриэккэс көстүүлээҕин олохтоохтор билиҥҥээҥҥэ диэри сөҕөллөр.
Кэлиҥҥи сылларга Таҥара дьиэтигэр Чурапчы түмэлэ үлэлээбитин билэбин. Оттон билигин тутууну саҥарда, сөргүтэ сылдьаллар дииллэр. Онон, дьон бары кэриэтэ бу сири Таҥара Дьиэтин томторунан ааттыыллар.
7. Саҥа дэриэбинэ томторо (Интэринээт томторо)
Саҥа дэриэбинэ томторо – Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан успуорт оскуолатын уонна успуорт үнүстүтүүтүн турар сирэ. Анаммыт мэҥэ тааһы Чурапчы эбэтин көрө турар гына уурбуттар. Көрүөххэ олус кэрэ, ураты сир. Биир өттүгэр аатырбыт үөрэх кыһата, арҕаа өттүгэр дьэндэтиллибит Боотур Уус стадиона көстөр.
Кылгас устуоруйатын кэпсиир буоллахха, бу томторго 1930 сыллаахха 3 балаҕан турара, норуокка Үллэр Өлөксөй дэриэбинэтэ диэн биллэрэ. 1931-32 сс. Уот Субуруускай оройуон сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, бу томторго оскуола уонна кэлин педучилище дьиэлэрин туттарбыта. Маны сэргэ, манна 1939 сыллаахха тубдиспансер тутуллан, кэлин ыарыһахтарга аналлаах санаторий олоххо киирбитэ.
Дьэ, бу ураты кэрэ сир мин тус олохпор эмиэ биир бэлиэ миэстэнэн буолар. Манна оҕо сааһым кэрэ сыллара ааспыттара, мантан көстөр эбэ күөлүгэр төһө элбэхтэ сөтүөлээбиппин айбыт Таҥара эрэ билэр. Санаторий балыыһатыгар эбээм Ираида Николаевна уонна хос эбээм Акулина Михайловна Коркиналар үлэлээбиттэрэ. Оттон успуорт оскуолатыгар аҕам аах бииргэ төрөөбүттэринээн бары, онтон кэлин мин эмиэ үөрэммиппит.
8. Мурун Тыымпыйа томторо
Бу томторго анаммыт мэҥэ тааһы Интэринээт киэнин курдук, эмиэ Чурапчы эбэтин көрөн турар гына уурбуттар. Аллара, мантан көстөр алааска, билиҥҥи курдук буолбакка, Чурапчы эбэтиттэн туспа турар төп-төгүрүк Мурун Тыымпыйа диэн ааттаах күөл баар эбитэ үһү. Онон, бу томторго олохсуйбут ыаллары Мурун Тыымпыйа түөлбэтин олохтоохторо диэн күн бүгүҥҥэ диэри ааттыыллар. Манна билигин Чурапчы иккис нүөмэрдээх орто оскуолата, "Кыталык" оҕо уһуйаана, успуорт саалата үлэлиир-хамныыр.
Мурун Тыымпыйа томторо – Интэринээт уонна Почта Томтордорун икки ардыларыгар, Ырыа Тумуһу утары турар олус кэрэ көстүүлээх, ытык сир. Былыр-былыргыттан, томтортон томторго диэри сатыы хаамар дьон Мурун Тыымпыйа алааһын халдьаайытыгар олорон, аллара күөлүгэр сөтүөлээн ахан ааспыт сирдэрэ буоллаҕа. Бу кэрэ сир – дьонум олохсуйбут түөлбэлэрэ, бииргэ төрөөбүт балыстарым биһиктэрин ыйаабыт сирдэрэ.
9. Аттакылар дэриэбинэлэрэ (ДЭС томторо)
Сайдыы балысханнык киирэр сылларыгар, манна ДЭС тутуллубута. Онон, аныгы дьон бары кэриэтэ бу сири ДЭС томторунан билэбит. Ол эрээри, былыргы устуоруйата олох атын эбит.
Ыраахтааҕылаах Арассыыйа кэмигэр, духуобунустуба салалтата христианнар итэҕэллэрин сөбүлэспэт дьону уодьуганныыр этилэр. Духуонустуба хомуйар нолуогун төлөөбөт дьону «сектаннар» диэн буруйдууллара уонна сууттаан баран, ыраах көскө ыыталлара. Устуоруйа этэринэн, Саха сиригэр көскө кэлбит дьон улуустарынан тарҕаммыттар. Ол курдук, Чурапчы кытыытыгар, кэрэ айылҕалаах чөкө миэстэҕэ таҥара дьиэтин нолуоктарын төлөөбөт духобуордар, скопецтар кэлэн олохсуйа сылдьыбыттара. Устуоруйа этэринэн, бу кэлбит скопецтар (аттакылар) оҕо төрөтүө суохтаахтара үһү. Дьон аттакы диэн тыл ис хоһоонун бастаан өйдөөбөт эбит. Онон, быһаарар буоллахха маннык:
«Аттакылар (нуучч. скопец) - XVIII үйэ 70-с сылларыгар православнай таҥара дьиэтин итэҕэйээччилэрин истэригэр үөскээбит бөлөх (секта). Сокуон киһини аттааһыны боборо, аттакылары Саха сиригэр көскө ыытара». (Сахалыы Бикипиэдьийэттэн).
Онон, хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчы нэһилиэгэ Саха сирин үрдүнэн аатырбыт тоҕус томторун кылгас устуоруйатын сэгэтэн көрдүбүт, ханан, хайа диэки туралларын биллибит. Дьиҥинэн, бу ааттаммыт хас биирдии кэрэ-бэлиэ сирдэрбит үйэлэр уҥуордарыгар хаалбыт олус дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэрдээх-номохтордоох, ааттара ааттаммакка хаалбыт үтүө-сэмэй дьонноох-сэргэлээх буоллахтара. Ону, аныгы дьон, умна быһыытыйан, сыныйан,чинчийэн үөрэппэппит, билэ сатаабаппыт хомолтолоох.
Ираида Коркина-Чугдаара