Киир

Киир

Одуну нэһилиэгэр ИП элбиир

Горнай Одуну нэһилиэгин киинэ Маҕарас улуус кииниттэн илин диэки 87 км тэйиччи, Бүлүүлүүр федеральнай суолга турар. Манна кэнники чахчынан, 1083 киһи олорор. Буруолааҕынан 274 хаһаайыстыба баар. Ол эбэтэр, олус улахана суох, дьоҕус нэһилиэк. Дьэ, ол гынан баран бу нэһилиэк дьоно тыа хаһаайыстыбатыгар ылсан дьарыктаналларынан үгүстэргэ холобур да буолуохтарын сөп. Соторутааҕыта Одуну нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Алена Нестеровна Васильеваны кытта кэпсэтэ сырыттым.

Нэһилиэк билигин 800-чэ сүөһүлээх, итинтэн 350-на – ынах. Ити иһигэр СӨ “Якутский скот” хааһына тэрилтэтин салаата, ол аата, “Кылыс” диэн хаһаайыстыбалара саха боруода 110-ча сүөһүнү иитэр, ол иһигэр ынаҕа – 35.

Атын нэһилиэктэртэн уратыта, манна 250 кырымахтаах хара саһылы, 31 саарбаны иитэр “Одуну” ХЭУо үлэлиир. Сыспай сиэллээҕи эмиэ биһирээн иитэллэр. Холбоон, 750-ча сылгылаахтар, итинтэн биэтэ – 503. Үс сылгы базата баар.

Маҕарас үүт туттарааччылара үрүҥ илгэлэрин “Горнай-Ас” кэпэрэтиипкэ туттараллар. Маҕараска былырыын үүт баалабай ыамын көрдөрүүтэ 410 туонна эбит. Итинтэн 210-ча туоннатын туттараллар.

– Алена Нестеровна, дьоҕус нэһилиэк диэтэххэ, төрүт дьарыккытын балай эмэ тутан олорор эбиккит. Дьоҕус урбаанньыт (ИП) отуттан тахса диэтиҥ дии? ЛПХ-ҕыт төһөнүй?

– Билиҥҥитэ отучча. ИП буолуон баҕалаахтар билигин да өссө бааллар. Сүөһүбүт “АгроГорный” кэпэрэтиип баарына, ол эбэтэр, 3-4 сыллааҕыта, тыһыынчаттан тахса этэ. 103 ЛПХ-лаахпыт.

– Кэтэх ыал ынаҕар 35 тыһ. солк. төлөбүрү былырыын ыллахтара. Отчуотун чааһа хайдах быһаарыллан эрэрий?

– Ылан. Биһиги улууска, Ил Дархан эппитин курдук, ити төлөбүр отчуота судургу: сүрүнэ, төлөбүр көрүллүбүт сүөһүтэ баар, тыыннаах буолуохтаах. Чеккэ тиийэ отчуоттатыы ирдэммэт. Арай анал реестиргэ көрдүүр буоланнар, ылбыт үптэрин тылынан туохха туттубуттарын ыйаллар. Онон, олохтоохторго табыгастаах. Билигин бу 2022 сыллааҕы 35 тыһ. солкуобайдаах төлөбүрү ылалларыгар докумуоннары толоруу, хомуйуу үгэннээн турар.

– Ээ, бэрт дии. Оттон ТХМ нөҥүө сүөһүлээх-астаах хаһаайыстыбаларгыт федеральнай бырагыраамаларга төһө кытталларый? Куонкуруһу ааһан, грант ылбыттар бааллар дуу?

– “Ыал пиэрмэтин сайыннарыы” бырагырааматынан икки хаһаайыстыбабыт судаарыстыба өйөбүлүн ылан турар. Ону тэҥэ “Саҥа саҕалааччы” бырагырааманан ылан туһаммыт 9-10 киһилээхпит.

– Сир тиийбэт кыһалҕата баар дуу?

– Ханна да буоларын курдук, оннук көстүү баар. Көрдөххө, сир эрэ элбэх, чуолаан быраҕыллыбыт сир. Докумуонунан көрдөххө, хаһаайына суох диэн сир суох. Оттон үчүгэй сир – кэмчи. Дьон тиэхиньикэнэн оттуур сиргэ наадыйар. Мелиоративнай үлэ ыытыллыбатаҕа ыраатта. Этэриҥ курдук, “Сүөһү аһын бэлэмин” бырагырааматыгар кыттыахтарын ирдэбилэ элбэх. Сир оҥоруутугар ылсан дьарыктанарга сир оҥостор тиэхиньикэ атыылаһар түгэҥҥэ бэриллэр. Оттон сиринэн ыкса дьарыктаныан баҕалаах манна суох.

Нам улууһун кыраныыссатыттан чугас Одуну нэһилиэгин Улуу Сыһыы учаастагар Никифоровтар дьиэ кэргэн олохсуйан үлэлииллэр. Бэйэлэрин күүстэринэн, 150-ча сүөһүнү, 70-ча сылгыны көрөн-истэн олороллор. Бүгүрү үлэһит дьон. Үлэлээбиттэрэ ыраатта.

– Былырыын курааннаан, тыа баһаара да туран, от былаана туолбатах этэ. Хайдаххытый? Күөххэ үктэниэххэ диэри оккут тиийэр дуу?

– Бүлүү Күүлэтигэр баар “Бастакы Күүлэт” кэпэрэтииптэн (бэрэссэдээтэллэрэ Елена Тутукарова) 168 туонна оту атыылаһан, тиэйэн бүтэрэн эрэбит. Нэһилиэкпит баһылыга өйөөн, бэйэбит миэстэтигэр тиийэн, ылыахтаах оппутун илэ көрөн, дуогабардаһан кэлбиппит. Этэҥҥэ кыстыгы туоруохпут дии саныыбын.

Оҕуруот аһын үүннэриинэн, чуолаан хортуоппуйунан уонна моркуобунан, эдэр бааһынай Игорь Прокопьев дьарыктанар. 2021 сылга 9 гаалаах бааһынатыттан 75 т хортуоппуйу ылбыта. Нэһилиэги, федеральнай суолга турар “чайнойдары”, ону таһынан улуус тэрилтэлэрин, атын да улуустары хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан хааччыйар.

– Кэтэх ыаллар эмиэ оҕуруот аһын үүннэринэр буоллахтара. Нэһилиэк иһигэр сайыҥҥы уу турбата баар дуу?

– Туруорсар кыһалҕабытын таарыйдыҥ. Бэйэтин кэмигэр тустаах бырагыраамаҕа хапсан, турба ситимэ тардыллан баран, ситэ түмүктэммэккэ, олоххо киирбэккэ хаалбыт этэ. Оттон билигин “эһиги урут ылбыккыт” диэн, төнүннэрэ тураллар. Нэһилиэкпит баһылыга 1,5 сыллааҕыта талыллыбыта. Кини – Владимир Максимович Текеянов ити боппуруоһу ылсан туруорсар да, билиҥҥитэ итинник.

– Моһуок эбит. Түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга эмиэ үлэлэһэр буоллаххыт? Бэйэ дьарыктаах буолуутугар (самозанятость) дьон төһө интэриэстээх быһыылааҕый?

– Эдэр да, эмэн да дьоммут олус сэргииллэр, ыйыталаһаллар. Коза, хаас иитиэхтэрин эмиэ баҕараллар. Былырыын, холобур, 500 кууруссаны, 40 сибиинньэ оҕотун, эт хайысхалаах 110 бройлер кууруссаны аҕалан тарҕаппыппыт. Нэһилиэк уонна улуус дьаһалталара кыттыһан, төлөбүр 45 %-нын уйунар быһаарыыны ылбыттара. Ону таһынан, ТХУ сибиинньэ ылбыттарга уонна 10-тан тахса көтөрү ылбыт дьоҥҥо биирдии куул комбикорм биэрбитэ.

– Аҕалыы (тырааныспар) ороскуотун дьон кыттыһан төлүүллэр?

– Суох. Ол сууматын барытын ааҕан туран, 45 бырыһыанын нэһилиэк уонна улуус бүддьүөтэ уйуналлар.

– Бэркэ дьаһаммыккыт. Ситиһиилэри!

Киров нэһилиэгэ –  сүөһүнү элбэтиигэ инники!

Стас Андреев

Горнай Киров нэһилиэгин киинэ – Аһыма бөһүөлэгэ. Улуус киинэ – Бэрдьигэстээхтэн 30 км арыый тэйиччи түстэммит. Бөһүөлэккэ 600-тэн тахса киһи олорор. Нэһилиэк 691 хороҕор муостааҕы (о.и. 301 ынаҕы), 643 сылгыны (о.и. 300-тэн тахса биэни) иитэн-харайан олорор. Сибиинньэни сайынын аҕалтаран иитэн, олохтоохтор күһүнүгэр эт оҥостоллор. Холобур, былырыын сайын “Тыа ыалын экэниэмикэтэ” бырагыраама иһинэн, 43 сибиинньэ оҕотун, ону таһынан 201 кууруссаны, 50 бройлер чоппуусканы аҕалан батарбыттар. Маҕараска курдук, көрсүллүбүт ночоот 45 %-нын нэһилиэк, улуус бүддьүөтэ уйунан, көмөлөспүт. Ону таһынан, нэһилиэк бүддьүөтүттэн үп көрөн, сибиинньэ уонна уонтан элбэх көтөрү, бройлеры атыыласпыт дьоҥҥо буор-босхо комбикорм түҥэппиттэр.

Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн Станислав Яковлевич Андреев үлэлиир:

– Үүтү ИП-лар уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар эрэ туттараллар диэн ирдэбил тахсыан иннинэ 6 ИП баара, билигин 22 буола эбиллэн олоробут. Улахан урбаанньыттартан уратылаах, биһиэннэрэ “налог на профессиональную деятельность” диэн, киирбит дохуоттарыттан 6 % төлүүллэр. Үчүгэйэ диэн, бу төлөспүт нолуоктарын сыл бүтүүтэ СӨ Урбаан министиэристибэтэ төннөрбүтэ (возмещение). Онон, тугу да сүтэрбэтилэр, олус табыгастаах. Быйыл 4 саҥа ИП-ланныбыт.

– Итинтэн көрдөххө, дьон субсидияны ынах төбөтүгэр буолбакка, үүккэ ылар баҕата улахан быһыылаах? Төһө ынахха 35 тыһ. солк. кэлбитэй?

– Былырыын 87 ынахха ылбыппыт. Отчуота судургу: өйөбүл ылбыт ынах баар, тыыннаах буолуохтаах. Дьоммут быйыл былырыыҥҥытааҕар аҕыйахха, о.э. 60-тан тахса ынахха сайаапкалаһан олороллор. Үүт туттарар барыстаах диэн, эппитим курдук, ИП буолары ордордулар. Манна “Горнай-Ас” үүт тутар пууна баар. Күннэтэ тиэйэн бараллар. Иккис өттүттэн, ынахха өйөбүл көрүллүбүтүн суотугар сүөһүбүт ахсаана эбиллии диэки барда. Былырыын уопсайа 640 сүөһүлээх эбит буоллахпытына, быйыл тохсунньу 1 к. туругунан, 691 буолла. Онон, сүөһү ахсаанын элбэтиигэ улуус үрдүнэн бастаатыбыт.

– Олус үчүгэй! Эҕэрдэлиибин! Сылга төһө туонна үүтү туттараҕыт?

– Былырыын 590 туоннаны туттарбыппыт. Быйыл да былаан итиччэ курдук. Саҥа сокуон киирэ илигинэ, үүтү СХПЖК-быт тутара. Бэйэтэ бас билэр хотоно суох буолан, ирдэбил усулуобуйатыгар хапсыбат. Ол иһин ити дьоммут ИП тэриммиттэрэ. Баарынан эттэххэ, билигин сүөһү-ас тутар дьоммут баһыйар үгүстэрэ саастаах дьон. Саамай эдэрдэрэ 45 саастаах. Уоннааҕылар саастаахтар, сорохторо 70-нарыгар тиийбит дьон. Ыччат сүөһүгэ сыстыбат. Кырдьаҕастарбыт кэнэҕэһин үлэни-хамнаһы кыайбат буолар түгэннэригэр, хайдаҕын да иһин, СХПЖК наада. Онон, кэпэрэтииби салгыы сайыннарыах тустаахпыт.

– Федеральнай бырагыраамаларга хапсан, грант ылбыт дьоннооххут дуу?

– Былырыын “Агростартап” куонкуруһун кыайан, сүөһү иитэр биир хаһаайыстыбабыт 3 мөл. солк. ылбыта. Бэйэтин 8 ыанар ынаҕар, 8 борооскутугар эбии 5 бургунаһы ылбыта. Онон, быйыл 13 ынахтаныахтаах. Оттон “Ыал пиэрмэтин өйүүр” бырагыраамаҕа кыайан, сылгы иитэр хаһаайыстыбабыт 7 мөл. солк. курдук граны ылан, тиэхиньикэ, пресс-подборщик ылынар кыахтаммыта. Өссө 4 атыыры атыылаһыахтаах. Грант ыларыгар 88 сылгылааҕа, онтун элбэтэн 103 төбөҕө тиэрдэр соруктаах. Бөһүөлэктэн тэйиччи быраҕыллыбыт сири ылан, иккис сылгы базатын туттаары сылдьар. Ол сири киниэхэ дьаһалта анаабыта. Федеральнай бырагыраама куонкурсугар улуустан үгэс курдук 1-2 хаһаайыстыба эрэ кыайыылаах тахсааччы. Былырыын биһиэннэрэ ылбыттара.

Биһиги нэһилиэк эрэ буолбакка, бүтүн улуус улахан хаһаайыстыбата – Петр Петрович Данилов киэнэ биһиэхэ баар. Кини 160 сүөһүлээх, онтон 119-а – ыанньык. Ону таһынан 79 сылгылаах. «Нэһилиэккэ үлэнэн сүрүн хааччыйааччыбыт – кини» диир оруннаах. Сэттэ бастайааннай үлэһити кытта, быстах кэмҥэ наймылаһан үлэлэтээччитин аахтахха, 14 хас буолар.

– Сиргит тиийэр дуу? Оһорбо сири оҥостуу өттүгэр туох үлэ барарый?

– Сир аайы да буоларын курдук, сир сүөһүтэ суох дьоҥҥо докумуоннанан хаалан, ити өттүгэр уустугу көрсөбүт. Сирэ суох, түүлэһэн оттонор хаһаайыстыбалардаахпыт. Сирдээх дьон оттотор түгэннэригэр “50 да 50” кэпсэтэн, аҥаарын ылан, атыылыыллар эбэтэр атастаһаллар. Сорохтор син балаһыанньаны өйдөөн, сүөһүлээх дьоҥҥо атыылыыллар. Сир оҥоруутунан Варвара Николаевна Данилова хаһаайыстыбата дьарыктанан, 28 гаа сири оҥостубута. “Кормопроизводство” бырагырааматынан, былырыын баһаар буолан, биһиэхэ үлэ барбатаҕа. Иллэрээ сыл куонкуруһү ааһан, сиэмэ атыылаһыытыгар эҥин туһаммыттар бааллар.

– Сайылыктаах хаһаайыстыбалардааххыт буолуо?

– Үс сайылык баар. Бары бөһүөлэктэн чугас уонна суол аттыгар турар буолан, үчүгэй. Муҥутуур ыраах сайылык, П.П. Данилов киэнэ, 15 км тэйиччи.

Үүт таһарга, хата, табыгастаах эбит. Кыстыгы туоруур оккут баар дуу, Станислав?

– Былырыын нэһилиэк окко былаана 76 % эрэ туолбута. Онон, күһүҥҥүттэн үлэлэһэн, 580 т оту атыылаһарга кэпсэппиппит. Хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ төлөһөллөр. Итинтэн 300 т – элбэх сүөһүлээх П.П. Данилов хаһаайыстыбатыгар тиксэр. Уоннааҕыта 20-тэн элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыбаларга анаммыта. Ол оппутун тиэйтэрэ сылдьабыт. Холобур, Петр Петровичка билиҥҥитэ 150 т кэлэн турар. Биир хаһаайыстыба 20 т аҕалтарара хаалла. Уоннааҕыларга отторо кэлбитэ. ТХМ сүөһү аһылыгын бэлэмигэр 40 % чэпчэтиини көрбүтэ. Тиэйии-таһыы эбэтэр тырааныспар ороскуотун олоччу ТХМ уйунна. Ити – улахан көмө. Түгэнинэн туһанан, махталбытын тиэрдэбит. Биһиги оту Ньурба улууһун Күндээдэтиттэн ылбыппыт. Онтон аҕалтарыыны хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ уйуммуттара буоллар, улахан охсуу буолуо этэ.

– Оннук ээ. Кэпсээҥҥэр махтанабын. Сүөһүлэргит күөххэ этэҥҥэ үктэнэн, үүккүт үксүү, үрүлүйэ турдун!

Татьяна Захарова-ЛОһУУРА.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар