Киир

Киир

Туох кистэлэ кэлиэй, кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан оттооһуҥҥа, ыарахан дьыллар үүннүлэр. Бүтэһик үс-түөрт сылга кураан дьыллар турбуттара. Сыл аайы ардаҕы кэтэһэн-манаһан биэрэрбит да, айылҕа быйаҥыттан бэрсэр гына өлгөмнүк тоҕо куппата. Аны туран, быйыл сорох улуустар ходуһаларын уу ылан, үлэни улаханнык харгыстаата. Онно эбии Илин Эҥээр улуустары аһыҥа буулаабыта, отчуттары кытта тэҥҥэ “оттоспута” эмиэ хаһыс да сыла.

Бүгүҥҥү туругунан төһө от оттонно? Улуустар хайдах балаһыанньалаах олороллоруй? Уустук балаһыанньалаахтар ханныктарый? Туох дьаһалы ылан олороллоруй? Бүгүҥҥү суруйуум – оттооһун туругун туһунан.

 

Горнай

ГОРНАЙ

Атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан улуус үрдүнэн 1 299 киһи окко үлэлии сылдьар, 428 тыраахтар ходуһаҕа тахсыбыт, 533 звено кыттар (ол иһигэр мэхэньисээссийэлээх звено – 103, илиинэн үлэлэлээччи – 144). Уопсайа 6 651 туонна от кэбиһиллэн турар. Быйыл сайын 12 151 т. от былааҥҥа түһэриллибиттэн 55 %-нын толорон олороллор.

Былырыыҥҥы көрдөрүүлэрин кытта тэҥнээтэххэ, араа-бараа иһэллэр.

Уус Алдан

УУС АЛДАН

Степан Бочкарев, тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга:

– Былааҥҥа 32 805 т. от түһэн турар. Итинтэн атырдьах ыйын 22 күнүн туругунан 19 667 т. оту кэбиһэн олоробут, 20 735 гектар охсуллан сытар. Былааммыт 61 %-нын толордубут. Бүтэһик уон хонукка ардахтар кэлэн тохтоло суох түһэ турар буоланнар, биир даҕаны гаа оту эбии оттуу иликпит. Халлаан турдар эрэ, сиилэһи саҕалыахпыт. Былааҥҥа 600 туонна сиилэс түспүтэ. А.С. Бурнашев салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба дьарыгырар. Ардахтар тохтоотоллор эрэ, бурдугу быһыыга киириэхпит, манна үс хаһаайыстыба үлэлиэҕэ. Быйыл бурдук үүнүүтэ куһаҕана суох.

Былырыын былааммыт 64 %-нын эрэ толорбуппут, 20 960 туонна оту оттообуппут. Забайкальскай кыраайтан 6 300 т. уонна өрөспүүбүлүкэ иһиттэн 2 800 т. оту эбии ылбыппыт. Быйыл былааммыт 90 %-нын толоруохпут диэн эрэллээх этибит да, ардах тохтообокко түһэр. Мобильнай биригээдэҕэ 2 900 т. от түспүтэ. Улуус иһигэр ыраах ходуһаларга оттуу сылдьаллар.

Нам

 НАМ

Владимир Макаров, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы:

– Былааммытын 69 % толорон олоробут. Былырыын баччаларга 65 % толорбуппут. 27 тыһ. туонна от былааҥҥа түспүтүттэн бүгүҥҥү туругунан 19 000 туоннаны бэлэмнээтибит. Ардах тохтообокко түһэр, өрүспүт уута эмиэ эбиллэн эрэр. Сааскыттан быһа үөһэттэн, аллараттан уу түһэр, тахсар. Былырыын баһаарга умайбыт сирдэрбит ууга барбыттара. 1 200 га охсон бэлэмнээбит оппутун уу ылбыта. Инньэ гынан, балаһыанньабыт соччото суох. Халлааммыт саатар нэдиэлэ курдук туран биэрэрэ буоллар тыаларга эҥин оттоон сыл тахсар оппутун булунуо этибит.

Орто Халыма

ОРТО ХАЛЫМА

Мария Шарина, тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу:

– Былааммытын 80 % толордубут. Үүнүүбүт туруга араас: сорох нэһилиэктэргэ – ортоһуор, сорохторго – мөлтөһүөр. Биһигини улууспутун уу этэҥҥэ мэһэйдээбэтэ. Улуус үрдүнэн 1 200 ынах сүөһүлээхпит (ол иһигэр ыанар ынаҕа – 490), 3 000 сылгылаахпыт. Сиэн Күөлэ, 2-с Хаҥалас былааннарын толорон, номнуо оттоон бүппүттэрэ, Байды, Өлөөкө Күөл нэһилиэктэр балаһыанньалара арыый уустук. Баһаарга үлэлээн, бириэмэлэрин сүтэрбиттэрэ. Балаҕан ыйын 10 күнүн эргин былааммытын толорон, оппутун түмүктээтэрбит диэн баҕалаахпыт.

Чурапчы

ЧУРАПЧЫ

Быйыл кыстыкка 18 662 ынах сүөһүнү, 16 482 сылгыны киллэрэр былааннаахтар. 34 000 туонна окко былаан түспүтүттэн 50 %-нын толорон олороллор. Улуус хаһаайыстыбалара бары күүстэрин окко уураллар. Улуус үрдүнэн 1 379 киһи, 765 тыраахтар, 637 звено үлэлии сылдьар.

Анжелика Неустроева, тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга:

– 34 000 туонна былаан түспүтүттэн бүгүҥҥү туругунан 19 392 туоннаны оттоотубут. Былааммыт 50 % туолла. Мобильнай биригээдэлэрбит 3 701 туонна оту бэлэмнээтилэр. Кинилэргэ 10 000 туонна от былаан түһэриллибитэ. Сибээһэ суох ыраах сиргэ оттуу сылдьар буоланнар кэлиҥҥи дааннайы ыла иликпит. Миэстэтигэр оттоон уонна мобильнай биригээдэлэр көмөлөрүнэн уопсайа 31 500 туонна оту кыстыкка бэлэмниир, министиэристибэ түһэрбит былаанын 80 %-нын толорорго эрэл санаалаахпыт. Тиийбэт түгэнигэр өрөспүүүбүлүкэ иһиттэн хааччыныахпыт.

Улусы республики Саха Якутия

Уопсастыбанньыктар: “Пиэрмэрдэргэ көмөлөһүөҕүҥ”

Ааспыт нэдиэлэттэн бассаап бөлөхтөрүнэн, социальнай ситимнэргэ “Пиэрмэрдэргэ көмөлөһүөҕүҥ” диэн ыҥырыылаах сурук тарҕанар. Сурук ис хоһооно маннык: “Олохтоох эт, үүт бородууксуйатын сиирбитин бары олус сөбүлүүбүт. Иҥэмтэлээҕин, туһалааҕын бэркэ диэн билэбит. Уустук дьыл буолла: Горнай, Нам, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы үгүс ходуһалара ууга тураллар. Ынах сүөһү, сылгы ахсаана аччыыр кутталланна. Бу – пиэрмэрдэргэ эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тыын суолталаах кыһалҕа. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ А.П. Атласовы кытта кэпсэтэрбэр балаһыанньа уустугун өссө төгүл бигэргэппитэ. Өрөспүүбүлүкэ көхтөөх олохтоохторун көмөҕө ыҥырабыт. Биир санаанан пиэрмэрдэрбитин өйүөҕүҥ!”

Хамсааһыны сүрүннүүр Айыл Дьулурха Мааттыс Уолун кытта сибээстэһэ сырыттым. Кини бу курдук кэпсээтэ:

– Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн ханнык көмөҕө, төһө үлэһиккэ наадыйалларын билээри иһитиннэрии көрдөөн олоробут. Билиҥҥитэ бэлэмнээн биэрэ иликтэр. Быһаччы пиэрмэрдэргэ ыҥырыы суруйан тарҕаттыбыт, “улуускут тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар сайаапкаларгытын туттарын, усулуобуйаҕытын (үлэһиттэри ханна олордоргутун, хайдах хааччыйаргытын, төлөбүрэ төһө буоларын) барыллаан этиҥ” диэн сүбэлээтибит. Усулуобуйаларын эттэхтэринэ, үлэһиттэргэ тиэрдиэхпит.

Оттооһуҥҥа эрэ буолбакка, хомуурга эмиэ көмөнү тэрийэбит. Ол курдук, хортуоппуй хостооһунугар хаһаайыстыбалартан сайаапкалар киирэн эрэллэр. Холобур, Өлүөхүмэ улууһун Малыкан уонна Саҥыйахтаах сэлиэнньэлэригэр хортуоппуй хостуур үлэһиттэри көрдүүллэр. Былааннаммыт үлэ уопсай кээмэйэ – 500 туонна хортуоппуй. Төлөбүрэ маннык: сиэккэ – 65 солк. эбэтэр хас онус сиэккэни үлэһиттэр бэйэлэрэ ылаллар. Айан төлөбүрүн, аһы-үөлү, олорор сири хаһаайыстыба хааччыйар.

Пиэрмэрдэр – улахан үптэрэ суох дьон. Кыахтарынан төлөһө сатыахтара. Сорохтор, баҕар, бородууксуйанан төлөһүөхтэрин син. Биһиги бэйэбит эмиэ көмө буола барарга быһаарынан олоробут. Онон, баҕалаахтары көмөҕө ыҥырабыт! 8914-110-39-12, 8924-462-88-88 нүөмэрдэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.185626 900 1

***

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев иһитиннэрбитинэн, сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмнээһин саҕаламмыт. Амма, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Хаҥалас улуустара, Дьокуускай куорат хаһаайыстыбалара сиилэһи, Өлүөхүмэ, Томпо улуустара сенаһы бэлэмнии сылдьаллар. Быйыл үүнүү куһаҕана суох, онон халлаан туран биэрдэр эрэ былааны толорор санаалаахтар. Ол курдук, сиилэскэ 30 184 т., сенажка 12 994 т. түспүт.

***

Түмүккэ, улуустар былааннарын төһө толорон эрэллэрин сыыппаранан сырдатыым. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 23 күнүн туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былаан 61 %-на туолбут. Уопсайа 172 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлиир, ыраах учаастактарга 9 107 туонна оту оттообуттар. Бу биригээдэлэр барыта холбоон 40 тыһыынча туоннаны оттуохтаахтар.

Бүлүү – 48 % (13 313 туонна оту оттообуттар), Үөһээ Бүлүү – 57 % (14 740 т.), Амма – 75 % (22 789 т.), Мэҥэ Хаҥалас – 71 % (28 350), Булуҥ – 80 % (40 т.), Аллайыаха – 38 % (21 т.) уо.д.а. толорон олороллор. Уустук балаһыанньалаахтарга дьааҥылар (25 %), кэбээйилэр (27 %), усуйааналар (13 %) киирэллэр.

Холкутуйар хайа да түгэҥҥэ табыллыбат. Халааҥҥа ходуһаларын былдьаппыт улуустарга, чуолаан Дьааҥыга, Кэбээйигэ балаһыанньа төһө да уустугун үрдүнэн биир салаа от иһин хаар түһүөр диэри туруулаһар санаалаахтар.

Диана КЛЕПАНДИНА.

Санааҕын суруй