Татарстан билимин акадьыамыйатын Шигабутдин Марджани аатынан Устуоруйа институтун этносоциологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, социология дуоктара Гульнара Фаатовна Габдрахманова Дьокуускай куоракка национальнай оскуолаларга төрөөбүт тыл туругун чинчийэ кэлэ сылдьарын мүччү туппакка, көрсөн кэпсэттибит.
– Гульнара Фаатовна, сүрдээх наадалаах чинчийиини ыыта кэлэ сылдьар эбиккин. Ол туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет чэрчитинэн үлэлиир аан дойдутааҕы “Арктика лингвистическэй экологията” лабаратыарыйа иһинэн чинчийиилэри ыытабын. Биһиги лабаратыарыйабыт мега-грант быһыытынан, Арктикаҕа уонна хотугу оройуоннарга, тыллар туруктарын араас ньыманан үөрэтэр, чинчийэр. Лабаратыарыйа мега-граҥҥа үлэтин биир хайысхата – үөрэхтээһин боппуруостара. Онон Саха сиригэр кэлиим Дьокуускай куорат национальнай оскуолаларыгар тыллар туруктарын чинчийиини кытта сибээстээх.
– Төрөөбүт тыл бэлиитикэтигэр болҕомто уурар өрөспүүбүлүкэлэртэн биирдэстэрэ Татарстан буоллаҕа. Онно кэнники тылга чинчийиилэргит түмүктэрэ хайдаҕый?
– Мин социолог-учуонай быһыытынан, биһиги дойдубутугар, национальнай эрэгийиэннэргэ буола турар этносоциальнай процестары, тыл, култуура, омук быһыытынан бэйэни билинии, итэҕэл, демография боппуруостарын хабан, чинчийэбин. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ элбэх социология ыйытыктарын ыытабыт. Онно (“выборкаҕа”) татаардар эрэ буолбакка, нууччалар, атын да омуктар хабыллаллар. Анкеталарга араас ыйытыктартан биир саамай сүрүннэрэ тыл туһунан: “языковая идентичность” уонна “языковое поведение” диэн. Холобур, “омук буолууну эн тугу кытта сибээстиигин?” диэн ыйытыыга хас даҕаны хоруйтан биирдэстэрэ “тыл” диэн. Тыл – омук быһыытынан бэйэни билинии сүрүн “маркера”, ол хоруйдарга өрүү маҥнайгы миэстэҕэ тахсара туоһулуур. Дьон омук быһыытынан бэйэтин билинэрин, бастатан туран, төрөөбүт тылын кытта ситимниир. Саха сиригэр, Дьокуускайга үлэлээбит социологтар эмиэ ону бигэргэтэллэр.
Дьэ, ол эрээри, тыл туруга хайдаҕый? Бу омук ийэ тылын төһө билэр? Ол иһин анкеталарбытыгар тылы билии, туттуу туһунан ыйытыктар булгуччу киирэллэр. Холобур, “ханнык эйгэҕэ тылы туттаҕытый?”, “бэйэҕит тылгытын төһө билэҕитий?” диэн. “Эһиги төрөөбүт тылгытынан ордук кимнээҕи кытта кэпсэтэҕитий?” диэн ыйытыыга хоруйа хас даҕаны барыйааннаах: “эбэлэрбитин-эһэлэрбитин кытта”, “төрөппүттэрбитин кытта”, “доҕотторбутун кытта”, “үлэбитигэр” диэн, онно хоруйа эмиэ араас буолар. Холобур, онтон ыччат эбэтин-эһэтин эрэ кытта татаардыы кэпсэтэрэ көстөр. “Төрөппүттэрбитин кытта” диэн хоруй лаппа аҕыйах. Хомойуох иһин, ыччат бэйэтин саастыылаахтарын кытта татаардыы тылы сэдэхтик туттар диэн түмүк тахсар.
“Татаардыы тылы төһө билэҕиний?” диэн ыйытарбытыгар “үчүгэйдик билэбин, туттабын” диэнтэн “олох билбэппин” диэн ыйытыыга тиийэ хоруй барыйааннарын киллэрэбит. Онуоха Татарстаҥҥа төрөөбүт тылын билэр, холкутук бары эйгэҕэ туттар дьон ахсаана эмиэ лаппа аҕыйаабыта көстөр. Ону кытта, “Ханнык тылы төрөөбүт тылым дии саныыгыный?” диэн ыйытыыны киллэрбиппит. Онно “национальнай тылы”, “нуучча тылын” эбэтэр “иккиэннэрин” диэн барыйааннар бааллар. Онуоха Татарстаҥҥа хас үһүс эдэр киһи “төрөөбүт тылым” диэн татаар уонна нуучча тылын иккиэннэрин ааттаабыт. Ол эбэтэр, 70%-на татаар тылын диэбит, 30%–на икки тылы.
– Ити ыйытыыларга хоруй тугу көрдөрдө? Түмүгэ баар дуо?
– Дьокуускайга улахан кылаас үөрэнээччилэригэр ыыппыт чинчийиибитигэр эмиэ итинник ыйытыыны киллэрбиппит. Онно “саха тылын”, “нуучча тылын” уонна “саха, нуучча тылын иккиэннэрин” диэн хоруйдуохха сөбө. Мин ол түмүгэ хайдаҕын билигин этэр кыаҕым суох, биһиги анкетаны саҥа ыыттахпыт. Ол эрээри, саба быраҕан көрдөххө, сорох өттө икки тылы тэҥинэн ааттыыра көстөр. Бу национальнай эйгэлээх оскуолаларга ыытыллыбыт ыйытык буоларын санаттахха, икки тылланыы, эбэтэр “билингвизм” көстүүтэ олоххо киирбитин туоһута. Ол эрээри, чинчийии түмүгүн ыллахха, оҕолор улахан аҥаардара төрөөбүт тылбыт диэн саха тылын ааттаабыттара биһигини үөрдэр.
Аны, “омук буоларгыт суолталаах дуо?” (“насколько для вас важна национальная принадлежность”) диэн ыйытыкка кыттыбыт үөрэнээччи 100%-на “улахан суолталаах” диэбиттэрэ буолуо диэн саарбахтаабаппын. Саха оскуолаларыгар үөрэнэр оҕолор бары даҕаны “саха буоларбытын хаһан да умнубаппыт” дииллэрэ сөхтөрдө.
– “Хомойуох иһин, икки тылы төрөөбүт тылбыт диэн билинэллэр” диэтиҥ. Оттон ол билигин ханна баҕарар буола турар уопсай көстүү буолбатах дуо?
– Оннук, ол эрээри, итиннэ туохха болҕойор нааданый? Икки тылланыыны сэргэ, төрөөбүт тылы билии таһыма намтыыр. Оттон төрөөбүт тылы билии таһыма намтыыра сотору омук бэйэтин “идентичноһын” сүтэрэригэр, оннук турукка көһөргө көмөлөһөр диэххэ сөп.
– Эһиэхэ урукку курдук, элбэх татаардыы кинигэ, хаһыат-сурунаал бэчээттэммэтэ буолуо?
– Урукку курдук ахсаанынан бэчээттэммэт да буоллар, баар. Ону ааҕаллар дуо, дьэ, ол баар – кыһалҕа. Билигин СМИлэр үксүлэрэ электроннай көрүҥҥэ көстүлэр. Төрөппүттэр бэйэлэрэ “мин татаардыы уон сылы быһа үөрэтэн баран, ону салгыы туохха туһанабын?” диэн аһаҕастык этэллэр. Оттон урут биһиэхэ олорор араас омуктар, нууччалар кытта, татаардыы билэр этилэр. Кинилэргэ икки тылланыы эрэ буолбакка, бэл, үс тылланыы тарҕаммыт көстүү этэ. Татаардыы-нууччалыы, татаардыы-марийдыы, татаардыы-чуваштыы-нууччалыы, уо.д.а. Ол эрээри, билигин урбанизация олус улаатта. Татаар 70 %-на – куорат олохтооҕо. Эһиэхэ өссө син балаһыанньа туруктаах соҕус курдук эбит.
– Татаар тылын бары оскуолаларга булгуччу үөрэтиини утаран, араллаан тахсыбыттааҕа, сокуоҥҥа ол кэннэ “ханнык тылынан үөрэтэри төрөппүт талар” диэн пуун киирбитэ... “Боппуруоһу политизациялаабат наада этэ!” диэн сокуон биир көҕүлээччитэ биһиэхэ интервьюга мас-таас курдук эппитэ.
– Артеменко диэ... Сокуон номнуо ылыныллыбытын кэннэ, инньэ диэминэ. Татаар тылын өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар үөрэтии булгуччу ирдэнэрэ. Нуучча уопсастыбаннаһа ону “татаар тылыгар тоҕо бачча элбэх чаас бэриллэр”, оттон сорох радикальнай төрөппүттэр “татаар тыла олох наадата суох!” диэн утаран, ол туһуттан долгуйуу саҕаламмыта. Ити “оскуола “өҥөнү оҥорор тэрилтэ” диэн киириэҕиттэн силис тардар, 90-с сыллартан. Онно үөрэхтээһин биир сүрүн “режиссерун” быһыытынан, төрөппүт киирэ сылдьар. Оскуола тугу гыныахтааҕын, тугу гымматын төрөппүт талар. Кинилэр сайабылыанньа суруйалларыттан-суруйбаттарыттан төрөөбүт тылбыт кэскилэ тутулуктаах буолан хаалла. Ол төрөөбүт тылга охсуулаах буолла.
– Итиннэ хайдах эмэ дьайар кыаллыан сөп дуо?
– Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэригэр төрөөбүт тыллары үөрэтэр, тыыннаах хаалларар баҕа олус улахан. Ону уопсастыбаннай хамсааһыннар, актыбыыстар үлэлэрэ көрдөрөр. Төрөппүттэр бу тиэмэни көтөҕөллөр. Социальнай ситимҥэ, араас мессенджердэргэ суруйалларыттан да көрдөххө, ити сүрдээх сытыы кыһалҕа буолла. Төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ чаас аҕыйыы турар. Сэбиэскэй кэмҥэ национальнай оскуолаҕа биридимиэт барыта төрүт тылынан барар, омук тыла үөрэтии тыла эбит буоллаҕына, билигин төрөөбүт тыллар туспа биридимиэт быһыытынан үөрэтиллэллэр, үөрэтии тылын быһыытынан туттуллубат. Ол эмиэ төрөөбүт тыллар туруктарыгар, дьылҕаларыгар охсор. Хомойуох иһин, сокуон-быраап өттүттэн барытын олоххо киллэрэр кыаллыбат. Ол эрээри төрөөбүт ийэ тыл иитэр үлэҕэ сүҥкэн оруоллааҕа көстөр. Элбэх оскуолаҕа учууталлар төрүт эйгэни тэрийэн, оҕолору омуктарын култууратыгар, үгэстэригэр, тылларыгар сыһыараллар. Дьэ ол эрээри, аҥаардас үөрэх ситимэ, учуутал ону ситиһэр кыаҕа суох. Оттон сорох билиҥҥи төрөппүт оҕото төрөөбүт тылга, култуураҕа иитиллиэн баҕарбата – бу эмиэ баар.
– Арыый туруктаах өрөспүүбүлүкэлэр Татарстан, Башкортостан курдук. Онтон атын өрөспүүбүлүкэлэргэ балаһыанньа хайдаҕый?
– Бары өрөспүүбүлүкэлэр туһунан этэр кыаҕым суох, арай билэрдии, сылдьыбыт, кэтээн көрбүт Поволжье өрөспүүбүлүкэлэрин туһунан этиэхпин сөп. Мордовияҕа, Марий Элга, Удмуртияҕа балаһыанньа өссө ыарахан. Олохтоох интэлигиэнсийэ, учуонайдар тылга болҕомто уурар, туох эрэ миэрэни ылан быыһыыр туһунан этэ сатыыллар даҕаны... Онно национальнай оскуола диэн суох буолла, тыаҕа биир эмэ хаалла. Төрөппүт оҕотун тылга үөрэтэр баҕата (“мотивация”) суох эбэтэр олох намыһах, оҕолор эмиэ үөрэтиэхтэрин баҕарбаттар, олохтоох былаас хамсаммат.
– Чинчийиигит түмүгүн сокуону оҥорооччулар, тустаах былаас уорганнара туох эрэ үтүө уларытыылары киллэрэллэригэр туһаныахтара дии саныыгын дуо?
– Биһиги сүрүн сорукпут – билим чинчийиитин ыытан, түмүктэри ылыы. Ону таһынан, бу бырайыактарга “прикладной” дэнэр соруктары эмиэ ситиһэ сатыыбыт. Былаас уорганнарыгар олоххо киллэрэллэригэр сөптөөх эрэкэмэндээссийэлэри биэрэбит – биһиги булгуччу инньэ гынабыт. Онтон чунуобунньуктар ону ааҕаллара, сокуон быһыытынан, олоххо киллэрэргэ туһаналлара – дьэ, туспа ыйытыы... Дьиҥинэн, чинчийии бөҕө ыытыллар даҕаны, “А воз и ныне там” диэххэ сөп.
– Билигин дойдуга буола турар балаһыанньа, тыллар уопсай туруктара тупсарыгар дьайыан сөп дуо, туох дии саныыгын?
– Бу туһунан мин эмиэ толкуйдуубун. Билигин биһиги дойдубутугар сомоҕолоһуу, бииргэлэһии (интеграция) олус суолталаах. Онон барыбытын да долгутар уопсай “туочукалары” буларбыт наада. Онуоха, национальнай эйгэ, төрүт ийэ тыл, омук бэйэтин билиниитэ – бу сүрүн (“репернэй”) суолталарга олоҕуран биһиги салгыы сайдыы суолунан барыахпытын, сомоҕолоһуохпутун сөп этэ дии саныыбын. Бу мэлдьи баар, тулхадыйбат уонна дьон истиҥник саныыр дьиҥнээх сыаннастара буоллаҕа. Арассыыйа ол тула сомоҕолоһуон, өрө тахсыан сөп этэ. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа “визитнэй карточката” мэлдьи даҕаны, элбэх омук доҕордоһуута, бэйэ-бэйэҕэ “толерантнай”, истиҥ сыһыан буолар. Онон, билигин биһиги тугу эрэ саҥаны көрдүүр буоллахпытына, онуоха уруккуттан баар сыаннастарбытыгар тирэҕириэхтээхпит.
– Бу чинчийиилэртэн туох түмүк тахсарый?
– Төрөөбүт тыллар саамай сүрүн кыһалҕалара тугун биһиги өссө ситэ өйдөөбөппүт дии саныыбын. Ол “төрөөбүт тылы билии олоххо туохха нааданый?” диэн ыйытыкка хоруйтан көстөр. Онно Татарстаҥҥа “нуучча, омук тыла, төрөөбүт тылым миэхэ туохха туһалыахтарай?” диэн ыйытыыга анкетаҕа оҕолор хоруйдаабыттарын ыллахха, “омук тыла аан дойду таһымыгар тахсарбытыгар, айанныырбытыгар, салгыы карьерабытыгар көмөлөһөр” диэбиттэр. Ол эбэтэр, кинини үстүрүмүөн быһыытынан ылыналлар. Нуучча тыла дойду судаарыстыбаннай тыла, атын омуктары кытта алтыһар, ыстаатыһы көрдөрөр тыл быһыытынан ылыныллар.
Оттон татаар тылын хайдах ылыналлар? “Бу биһиги төрөөбүт төрүт тылбыт, өбүгэлэрбит тыла” диэн бары да өйдүүллэр. Онно биһиги хоруй быһыытынан, “бу тыл эһиэхэ туохха көмөлөһүөй?” диэн барыйааннары биэрбиппит. Дьэ онтон көстөр, төрөөбүт тыл үстүрүмүөн быһыытынан туттуллар кыаҕа кырата.
Билиҥҥи “прагматичнай үйэ” оҕолоро, төрөөбүт тылларын ханна туттуохтарын билбэттэр, өйдөөбөттөр. “Тыл норуот тыына” диэн сөпкө өйдүүллэр, оттон ол ханна, тугу ситиһэргэ туһалыан билбэттэр. Оттон аҥаардастыы ол өйдөбүлүнэн төрөөбүт тыл сайдыбат...
– Эһиги бу чинчийиини ыыттыгыт, ол түмүгэ тахсыаҕа. Ону салгыыр курдук, төрөөбүт тыл туттуллар кыаҕын кэҥэтии туһунан чинчийии ыытар кыаллыа дуу?
– Итиннэ биири бэлиэтиир наада: төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии оҕо уһуйааҥҥа киириэҕиттэн саҕаланан, оскуолаҕа салҕаныахтаах, соннук быстыбакка орто, үрдүк анал үөрэххэ барыахтаах. Дьэ, ити ситим биһиэхэ кыаллыбакка турар. Ийэ тылынан иитэр оҕо уһуйааннарын даҕаны кыайан тэрийбэппит. Оскуолаҕа биир оннук. Онтон үрдүк үөрэх кыһатыгар аҥаардас анал идэҕэ бэлэмниир үөрэххэ, холобур, төрөөбүт тыл учууталларын үөрэтэр кыһаҕа эрэ хаалла. Атын хайысхаларга төрөөбүт тылы туһанар ньымалар суохтар. Төрүт тылынан көмпүүтэр оонньуулара суохтар. IT-эйгэҕэ төрүт тыллар туттуллубаттар. Дьиҥэ, былаһаакка, уопсай платформа баар буолуон сөп этэ буоллаҕа. Тыллар онно туһанылла иликтэр. Оттон төрүт тыллар онно киирэллэрэ кинилэр “престижтэрин” үрдэтиэ этэ. “Хайыы, биһиги тылбыт IT-эйгэҕэ туттуллар эбит!” диэн, тыл тутум үрдүө, туттуллар кыаҕа кэҥииригэр биир үктэл буолуо этэ.
Холобур, төрөөбүт тыл аныгы эйгэҕэ туттуллар биир ньыматын СПЛ холобуругар көрдүм. Онно үөрэнээччилэр бүтэрэллэригэр асчыт, кондитер, парикмахер идэтин баһылаан тахсаллар, ону кытта араас элбэх сатабылга үөрэнэллэр эбит. Оскуолаҕа сылдьан көрдөххө, 1-гы этээскэ барыта мастарыскыайдар тэриллибиттэр. Онно туохха-туохха үөрэммэттэрий! Киэргэлтэн саҕалаан, араас мас, туой, кылтан өрүллүбүт малга тиийэ оҥороллор эбит. Дьэ, ити буолар, төрүт тылы аныгы технологияҕа сыһыарыы. Бу “архаичнай”, былыргы хаалынньаҥ тыл” диэн өйдөбүлтэн тахсан, олоххо туһалыах сатабылы кытта дьүөрэлии тутан, киниэхэ тыыннаах буоларыгар, сайдарыгар кыах биэрии.
– Дьокуускай төрүт тыллаах оскуолаларыгар өссө тугу бэлиэтии көрдүҥ?
– Биһиги СПЛы, Саха гимназиятын, 17-с №-дээх оскуоланы, РЛИни, “Айыы кыһата” гимназияны, ДьКНГ, 2-с №-дээх политехническэй лиссиэйи хабан, чинчийии ыыттыбыт. Бу оскуолаларга барытыгар сүрдээх истиҥ-сылаас эйгэни, үрдүк “мотивациялаах” педкэлэктииби, айымньылаахтык үлэлиир дириэктэрдэри, саабыстары көрдүбүт. Оҕолорго оскуолаларын истиҥ-сылаас тыына бэриллибитэ кинилэр харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыттан көстөр. Ону улуу педагогтар этэр буоллахтара, оҕоҕо кыһамньы, оҕо туһугар үлэ туоһута диэн. Мин бу оскуолалар дириэктэрдэригэр, үлэһиттэригэр, түгэнинэн туһанан, барыларыгар махталбын тиэрдиэм этэ. Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар сылдьан, ыччат олус элбэҕин бэлиэтии көрдүм. Оттон киинэҕит туһунан этэ да барыллыбат. Дьэ ити – дьикти. Биһиэхэ оннук буолбатах...
– Татарстан уопсастыбанньыктара тылга көхтөөхтүк үлэлииллэрин билэбит.
– Оннук, биһиги дьоммут туруорсуунан эрэ муҥурдаммакка, бэйэлэрэ чопчу үлэҕэ кытталлар. Холобур, тэрилтэлэр, биэдэмистибэлэр ааттара татаардыы-нууччалыы сурулларыгар ананар бырайыактаахтар. Устудьуоннар уонна улахан кылаас үөрэнээччилэрэ түмсэн, сыл аайы куорат уулуссаларынан сылдьан, тэрилтэлэр ааттарын бэрэбиэркэлээн, мониторинг ыыталлар. Ол түмүгүнэн, муус устарга, Ийэ тыл күнүгэр, анал “бириистэри” туттараллар – ону “Тяжело с татарским!” диэн ааттаах анал ыарахан гиирэни – татаардыы тылы туттубат тэрилтэлэргэ биэрэн саҕалыыллар. Үтүө бириистэр эмиэ бааллар эрээри, бастаан оннук саҕаланар. Уопсастыбаннас иккис үтүө бырайыага – сайыҥҥы лааҕырдар. Манна татаардыы тыллаах эйгэни тэрийэллэр, бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир күүстээх хамсааһыҥҥа кубулуйда, билигин бүтүн лааҕыр ситимэ үөскээтэ.
– Бэртээхэй бырайыак эбит! Хантан үбүлэнэрий?
– Бастаан граҥҥа тэриллибиттэрэ, онтон билигин бырабыыталыстыба өйүүр. Бу лааҕырдары оҕолорун татаардыы эйгэҕэ сыһыарыан баҕалаах төрөппүттэр сөбүлээн, путевканы хамаҕатык ылар буоллулар. Манна оҕолору тылга, култуураҕа эрэ буолбакка, ону саҥа технологиялары кытта дьүөрэлээн баһылыырга үөрэтэллэр, ону кытта араас сатабыллар, дьарыктар, холобур, археология баар.
Түмүккэ
– Быйыл эһиэхэ Татарстан күннэрэ ыытыллыбытыгар, биһиги Бэрэсидьиэммит кэлэ сылдьыбыта. Ол кэнниттэн “дьэ бу сахалар бырааһынньыктарын хайдах ыытар эбиттэрий!” диэн сөҕөн-махтайан, үрдүк түрүбүүнэттэн, бэл, ыһыахха кып-кырачаан кэлээскэҕэ сытар оҕолоргут кытта национальнай таҥастааҕыттан сөхпүтүн эппитэ. Биһиэхэ Сабантуйбутугар ким даҕаны национальнай таҥаһы кэппэт ээ. “Бырааһынньыкпыт шоуга кубулуйда” диэн бэйэбит да өйдүүр этибит. Дьэ билигин, үрдүкү салайааччыбыт бэйэтинэн ыһыаҕы көрөн кэлбитин кэннэ, биһиэхэ хамсааһын тахсан, Култуура министиэристибэтэ, учуонайдар ылсан, Национальнай бырааһынньыкпыт саҥа кэнсиэпсийэтин оҥоро сылдьаллар. Онон эһиэхэ барҕа махтал буоллун!
– Эһиэхэ махтал уонна ситиһиилэри, Гульнара Фаатовна!
Кэпсэттэ Нина ГЕРАСИМОВА