Саха сирэ – айылҕатынан, киэҥ нэлэмэн 3,1 мөл. кв. км иэннээх сиринэн аан дойдуга суох ураты дойду. Сирин 40 %-на Хотугу эргимтэҕэ сытар, үс араас бириэмэ курдааһына дьайар.
120-тэн тахса араас омук сүүһүнэн сыллар тухары бииргэ түмсэн, эйэ дэмнээхтик өрөспүүбүлүкэ туһатыгар үлэлииллэр. Олигарх да, баай да дьон буолбатахтар. Булчут, балыксыт, көмүс, алмаас хостуур дьон, табаһыттар, учууталлар, быраастар, геологтар, өрүс үлэһиттэрэ – быһата, харыларын күүһүнэн, өй ууһунан олорор, олохсуйбут тымныы дойдуну дьиҥ таптыыр дьон.
Быйыл история кэрэ-бэлиэ дааталарынан, түгэннэринэн баай сыл. Муус устар 27 күнүгэр САССР төрүттэммитэ – 100, ахсынньы 30 күнүгэр, ССРС олохтоммута – 100 , ыам ыйын 19 күнүгэр – Пионер тэрилтэтэ төрүттэммитэ – 100 сыллара. Ону тэҥэ балаҕан ыйыгар Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар холбоспута 390 сыла бэлиэтэнэр.
Билигин хаһааҥҥытааҕар да история уларыйар кэмигэр олорорбутун өйдүүбүт. Оччонон сүүһүнэн сылларга олорон кэлбит олохпутун билиҥҥи уустук кэмҥэ сыһыаран, анааран, ырытан көрөбүт.
390 сыл анараа өттүгэр Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоһуута – дойду сайдар кыаҕын биэрбитэ. Нуучча хаһаактара төрүттээбит Өлүөнэ острогтара Арассыыйа Чуумпу уонна Хотугу Муустаах акыйааҥҥа тахсарыгар, Эмиэрикэҕэ уонна Азия Хотугу-Илиҥҥи өттүгэр саҥа сирдэрин баһылыырыгар форпост буолбута. С. Дежнев, Е. Хабаров, В. Атласов мантан ыраах айаҥҥа туруммуттара. Арассыыйа судаарыстыбата сир баайдаах территориялары баһылаан, ону туһаҕа таһааран, дойду экэниэмикэтин, балаһыанньатын да биллэ тупсарары ситиспитэ. Ол эрээри судаарыстыба оччолорго “инородец” диэн ааттыыр олохтоох дьону туох да харыстабыла суох үлэҕэ умса аспыта.
Олохтоохтор күндү түүлээҕинэн дьаһаах төлүүллэрэ. Саха сирин сырье, баай эрэ туонатын быһыытынан көрөн, кыраай оҥорон таһаарыыта быстар мөлтөҕө. XVII үйэттэн саҕалаан 1917 сылга диэри Саха сиригэр олохтоох тойотторго тирэҕирэн, ыраахтааҕы колониальнай бэлиитикэтэ баһылаан-көһүлээн олорбута. Дэлэҕэ, Ленин ыраахтааҕылаах Арассыыйаны “ норуоттар түрмэлэрэ” диэ дуо! Дьэ, оннук дойдуга Саха сирин норуоттара үс үйэ кэриҥэ олорбуттара. Ыраахтааҕы холуонньалыы бэлиитикэтэ – кыраай экэниэмикэтэ, бэлиитикэтэ уонна култуурата хаалыылаах буоларын төрүөтэ этэ. 2017 сылга диэри Саха сиригэр патриархат-феодальнай сыһыан, патриархальнай аҥаардаах уонна феодаллыы былаастаах олох-дьаһах сатыылыыра.
Арай Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ социальнай уонна национальнай хам баттааһыны төрдүттэн суох оҥорбута. Сахаларга, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторугар көҥүллүк сайдар суолун арыйбыта.
1917 с. Саха сирин нэһилиэнньэтин 2 эрэ % бырыһыана ааҕара-суруйара, итинтэн 0,7 % -нара эрэ – эдэр көлүөнэ саха интэлигиэнсийэтэ этэ. Маннык түгэҥҥэ, феодаллыы сыһыан баһылаан-көһүлээн олорор кэмигэр дойду баайа хайдах да норуот туһатыгар туттуллубата. Онон, үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомто ууруллубута. 1928 сылга тиийэн, эр дьон – 9,2 %, дьахтар – 2,2 %-на үөрэхтэммиттэрэ. 1939 сылга дьахталлар 72,6 % холкутук ааҕар-суруйар буолбуттара.
Туох баар САССР төрүттэммит уонна сайдыбыт историята, ордук, дойдубут сааттаахтык ыһыллыар диэри кэмигэр, Лениннии национальнай бэлиитикэ, норуоттарын доҕордоһууларын, биир дьиэ кэргэн курдук эйэлээхтик, бары биир сыалы-соругу тутуһан олорбуппутун дьэҥкэтик көрдөрөр. История диэн – уонунан сыллартан таҥыллар судургу сыл-хонук буолбатах, кэм-кэрдии, эпоха сирэйин-дьүһүнүн көрдөрөр олоххо тахсыбыт улууканнаах ситиһиилэр, уларыйыылар. Улуу Өктөөп Саха сири хаалыылаах омуктарын сайыннарбыта. Эт-хаан, үй-санаа, духуобунас өттүнэн буомуран олорбуттарын тохтотон, социалистическай сайдыы суолугар сирдээбитэ.
1917 с. сэтинньитигэр Арассыыйа норуоттарын быраабын Декларацията ылыллыбыта. Онно саҥалыы судаарыстыба тутаах бириинсиптэрэ уонна сыаллара-соруктара киирбиттэрэ: социализмҥа ким да көйгөтүллүбэт, хас биирдии омук холкутук сайдар. Онуоха сөптөөх тэҥ усулуобуйанан хааччыллар, цивилизация бары ситиһиитинэн тэҥҥэ туһанар кыах бэриллэр. Хотугу омуктар наадыйыыларын учуоттаан, Ленинградка Хотугу норуоттар анал институттара арыллыбыта. Ол түмүгэр төһөлөөх учуонай, уопсастыбаннай деятель, биллиилээх суруйааччы үөскээбитин ааҕан сиппэккин!
Эдэр, эрчимнээх салайааччылар Максим Аммосов, Платон Ойунский, Исидор Барахов, Степан Васильев, Степан Аржаков бастакынан Саха сэбиэскэй автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын туруорсубуттара. Кинилэр үтүө ааттарын күн бүгүнүгэр диэри үрдүктүк тутабыт. Кинилэр чулуу салайааччы буолан тахсалларыгар сыылкаҕа кэлэн олорбут большевик-ленинецтэр Емельян Ярославский, Серго Орджоникидзе уонна Григорий Петровскай үтүө өҥөлөөхтөр.
Сэбиэскэй Саха сирин бастакы салайааччылара – биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй деятеллэр. Кинилэр саҥалыы уопсастыбаны тутуу, интеллектуальнай кыах, экэниэмикэ, үп-харчы, култуура, билим төрүтүн түстээбиттэрэ.
Үрүҥ бандьыыттары кытта охсуһуу үгэннээн турдаҕына, Владимир Ленин уонна Иосиф Сталин көҕүлээһиннэринэн, САССРы олохтуур быһаарыы ылыллыбыта. Сталин бу боппуруоһу тус бэйэтэ салайбыта.
“Саха Автономнай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэни тэрийии туһунан” Декрет 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр тахсыбыта. Саха сирин историятыгар бу күн САССР национальнай судаарыстыбаннай өрөспүүбүлүкэ Күнүнэн киирбитэ. Саха норуота бу иһин Лениҥҥэ, Иосиф Сталиҥҥа, нуучча норуотугар махтала сүҥкэн.
Сэбиэскэй былааһы улаханнык утарсыбыттара
Гражданскай сэрии, өрөбөлүүссүйэни утарсар хамсааһын, пепеляевщина норуот хаһаайыстыбатыгар улаханнык охсубуттара. Ол эрээри ону барытын хорсуннук туораан, эйэлээх тутууга эргиллибиппит.
Үлэһит норуот олох дьиҥ хаһаайынынан, саҥа олоҕу тутааччынан санаммыта, бырамыысыланнаһы сайыннарыыга туруммута. 1924 с. Незаметнай үрүйэҕэ саха киһитэ Михаил Тарабукин уонна латыш Вольдемар Бертин «көмүс күлүүһү” булуохтарыттан көмүһү бырамыысыланнай таһымҥа хостооһун саҕаламмыта. Көмүс туһаҕа тахсыыта Сэбиэттэр дойдуларыгар бастакынан ДнепроГЭСи уонна Магнитканы, дойду иһигэр бэйэ тыраахтарын, массыыналарын, бульдозердарын, драгаларын бэлэмниир фабрикалары, собуоттары тутарга көмөлөспүтэ. Көмүс салаата САССР индустриятын бастакы хараҥаччыта буолбута. Арассыыйа хаалыылаах сирэ атаҕар турарыгар көмөлөспүтэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 80 % көмүстэн киирэрэ. Алдан “көмүстээх Донбасс” тэҥэ буолбута. Сотору соҕуһунан көмүс бырамыысыланнаһа алмаас уонна чох хостуур салаалара норуот хаһаайыстыбатын салаата буолалларыгар көмөлөспүтэ. 1957 с. тэриллибит “Якуталмаз” трест – “Джугджурзолото” трест, “Якутуголь” – холбоһуктаах “Якутзолото” төрүтүгэр түстэммиттэрэ. 1954 сылтан алмаас бырамыысыланнаһын тэрийии саҕаламмыта.
Бэл, уустук 20-с сылларга дойду салалтата САССР норуот хаһаайыстыбатын тэрийиигэ кыаллары барытын оҥорбута. Баартыйа ыҥырыытынан Арассыыйа араас муннуктарыттан үрдүк кылаастаах исписэлиистэр кэлэн үлэлээбиттэрэ. Ыраах тайҕаҕа модун тиэхиньикэ арааһа тиийбитэ. Тымтыгынан сырдатына олорбут дойдуга ГЭС, ГРЭС тутуллубуттара.
1925 с. муус устар 7 к. ССРС Бырабыыталыстыбата Саха сирин чинчийиини Билим академиятынан ыыттарарга уураахтаабыта. Саха сирэ бастакынан Сойуус Совнаркомугар чинчийиини ыытан, хаалыылаах туруктан таһаарар соругу туруорбута. Бу хамыыһыйа, Саха сирин салалтата, о.и. ЯЦИК уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ Максим Аммосов сүҥкэннээх үтүөлээхтэр. Дойду биллиилээх учуонайдара, саха чинчийэр каадырдара 24 этэрээккэ арахсан, үтүмэн үлэни толорон, киэҥ хардыы оҥоһуллубута.
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сиригэр бырамыысыланнас суоҕун тэҥэ этэ. 1913 сылга тэҥнтээтэххэ, 1946 сылга бырамыысыланнас баалабай көрдөрүүтэ – 106, оттон 1951 сылга тиийэн букатын да – 217 төгүл улааппыта.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр Саха сириттэн 62 тыһ. тахса киһи кыттыбыта. Көмүс тыын суолталаах тимир буолбута. Сэрии историятыгар киирбит чахчы: АХШ-ка көмүһү тиэйии тэриллибитэ, Аляска – Дьокуускай туһаайыытынан сөмөлүөттэри көтүппүттэрэ. Лизиҥҥэ 80 тыһ. бойобуой массыына ылыллыбыта. Баатаҕайга хостонор хорҕолдьунтан пушкалары, снарядтары, буулдьалары куталлара. Көмүс хостооччулар “Көмүс хас биирдии грама – өстөөххө охсуу!” – диэн тумулук этиинэн салайтаран үлэлииллэрэ.
Хорсун быһыыларын иһин Саха сириттэн 25 киһи Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа уонна Арассыыйа дьоруойа буолбуттара. Тыылга дьоруойдуу үлэтин иһин Алдан куорат “Үлэ албан аатын куората” буолбута.
Сэбиэскэй былаас бастакы күннэриттэн Саха сирин үлэһиттэрэ быыбардыыр бырааптаммыттара. 1987 с. ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр Саха сириттэн – 14, РСФСР Үрдүкү сэбиэтигэр – 6, САССР Үрдүкү сэбиэтигэр – 205, оттон олохтоох Сэбиэттэргэ – 13 тыһ. дьокутаат баара.
1950-1960 сылларга өрөспүүбүлүкэ иһигэр алмаас, хорҕолдьун, үрүҥ көмүс, сурьма, вольфрам, быһата, Менделеев табылыыссатын бары кэриэтэ элимиэнэ саппаастаах сирдэр арыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ минерально-сырьевай базата олохтоммута, ол билиҥҥэ диэри Арассыыйаҕа улаханнык көмөлөһөр.
1980 сылга 1913 сыл киэнигэр тэҥнээтэххэ, өрөспүүбүлүкэ баалабай бородууктата 430 төгүл улааппыта. Дойдуга, хас биирдии хаһаайыстыбаҕа, ортотунан, 40 тыраахтар үлэлииригэр, Саха сирин сопхуостарыгар 70-нуу үлэлиирэ. Билим-чинчийэр институттарыгар, үөрэх, култуура тэрилтэлэригэр үлэ күөстүү оргуйара.
1975 с. Саха сирин соҕуруутугар территорияльнай оҥорон таһаарар холбоһук төрүттэммитэ, Нерюнгри тутуллубута. 1976 сыл сэтинньитигэр бастакы пуойас кэлбитэ. Таас чох хостонор буолан, АЯМ тимир суола тыргыллыбыта. Билигин Аллараа Бэстээххэ тиийэ кэллэ. Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу боппуруоһа кэпсэтиигэ сылдьар.
Тыа хаһаайыстыбата Сэбиэскэй кэмҥэ мэхэньисээссийэлэммитэ. Баалабай бородууксуйата 1986 с. 1965 сыл киэнигэр холоотоххо 57 % үрдээбитэ.
1986 с. бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта 1940 с. киэниттэн – 43,4 бүк, оттон 1913 с. киэниттэн олох да 603 төгүл улааппыта. Социалистичскай Үлэ Дьоруойа 76 киһилээхпит.
Сэбиэскэй Саха сирэ – история муҥутуур сырдык кэмэ
1991 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэ сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Ельцин ырысыабынан “суверенитеты “ыйыстан”, бу кэми “саҥа судаарыстыбаннас” кэминэн ааттаан туран, Саха (Якутия) Өрөспүүбүлүкэтэ дэнэр буолбута. Бу ааспыт 30 сылга ким олоҕо тубуста? Уонунан бөһүөлэктэр, сүүһүнэн тэрилтэлэр сабылыннылар, уонунан тыһыынча кылаастаах исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэттэн бардылар. Сэбиэскэй кэм салайааччыларыгар баар салайыы уопута сүттэ. Аатырбыт үлэ кэлэктииптэрэ суохтар. Арай сүүһүнэн баахта бөһүөлэктэрэ бааллар.
Дьадайыыны утары үлэ биллэриллибит өрөспүүбүлүкэтигэр 173 тыһ. тахса олохтоох тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах. Кинилэр ортолоругар 40 тыһ. оҕо баар. Ельцин-Гайдар бэлиитикэтэ Саха сирин нэһилиэнньэтэ 300 тыһ. аҕыйыырыгар тиэртэ.
Ньиэп, гаас, көмүс, алмаас, хорҕолдьун, таас чох хостонор Саха сирэ олох таһымын уонна хаачыстыбатын өттүнэн Федерация субъектарын ортотугар 73-с миэстэҕэ сылдьар. Ааспыт сайын 7 мөл. гаалаах тыа умайда. Ойууру сөптөөхтүк туһаныыга үлэлэһэр сулууспалары чөлүгэр түһэрэргэ кыһаналлар. Суох оҥоруу – тутуу буолбатах. Сэбиэскэй саҕана курдук сэртипикээссийэлээх 150 аэродром, сэртипикээтэ суох 300 аэродром суох. Урут 200 көтөр аал тыаны кэтиирэ-маныыра.
Күн бүгүн неонацизмы, сайдан эрэр фашизмы, утары охсуһуу барар, Арассыыйа олоҕун-дьаһаҕын төрүт тирэхтэрин уларытыы ирдэнэр. Биһиэхэ Сэбиэскэй дойду, Сэбиэскэй Саха сирин баай уопута баар. Биһиги онно тирэҕириэх кэриҥнээхпит. КПРФ Киин кэмитиэтин “Двадцать неотложных мер для преображения России” диэн бырагыраамата биһиги Державабытын төрдүттэн күүһүрдүүгэ эрэллээх хайысханы биэрэр. Саха сирин хомуньуустара туох баар күүстэрин-кыахтарын ону олоххо киллэриигэ ууруохтара.
Виктор ГУБАРЕВ,КПРФ Саха сиринээҕи рескомун
бастакы сэкиритээрэ.