Киир

Киир

От ыйын тиһэх күннэригэр, били олорбуппут сыччах диэбиттии, аан дойдуну аймыыр икки улахан сэрии күөдьүйэ сыста. Сербия уонна Косово икки ардыгар биир күн иһигэр үөскээбит улахан иирсээн, албанецтары тойотторо АХШ уонна Евросойуус даһайаннар, биир ый тохтоото. Оттон Эмиэрикэ 82 саастаах АХШ Кэнгириэһин бэрэстэбиитэллэрин палаататын спикерэ Нэнси Пелоси Кытайы күлүү гыммыт курдук, Тайваҥҥа тиийбит сырыыта туох сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыан аан дойду билбэккэ олорор.

Тайвань “биир Кытайга киирэр”

Тайвань арыыга гражданскай сэриигэ Мао Цзэдун хомуньуустарыгар 1949 с. хотторбут Чан Кайши сэриилэрэ куотан, туспа былаастанан олорбуттара. 1971 с. диэри АХШ Тайваны Кытай быһыытынан билинэрэ, онтон ити сыл кэннэ Пекини кытта официальнай сибээһи олохтообуттара.

Кытайтан уратыта диэн, Тайваҥҥа дэмэкирээтийэ баар, киһи бырааба тутуһуллара мэктиэлэнэр. Эмиэрикэ биир Кытай судаарыстыбатын билинэр, онон буолуо, Тайваны тутулуга суох судаарыстыбанан билиммэккэ олорор. Ол да буоллар, билигин Эмиэрикэ Тайвань сүрүн сойууһунньуга уонна куттала суох буолуутун көмүскээччи буолла. Ити — иһэ истээх бэлиитикэ.

Кытай аһаҕастык, дорҕоонноохтук саҥарбатар да, саамай ыалдьар, ситиһэн тэйэр санаалаах боппуруоһа — урут сүтэрбит сирдэрин хомуйуу, холбооһун. Мао Цзэдун Чан Кайшины эккирэтэн тиийэн Тайваны төннөрөр сэриини ыыппатаҕа. АХШ биллиилээх бэлиитигэ Генри Киссинджер Чан Кайши сокуоннайа суох сэриилээн ылбыт арыытын хаһан төннөрөҕүн диэбитигэр Мао “Билигин Тайвана суох олоруохпутун сөп, биир үйэнэн да син биир кэлиэҕэ” диэн, аан дойдуга “биир Кытай”, ол аата Тайвань туспа судаарыстыба буола сатаабат буоллаҕына, аа-дьуо ылыахпыт, ыксаабаппыт” диэн хардарбыт этэ.

Ол эрээри Тайваҥҥа 2016 с. Цай Инвэнь диэн дэмэкирээттии, прогрессивнай баартыйа бэрэссэдээтэлэ дьахтар бэрэсидьиэнинэн талыллыаҕыттан бу 23 мөл. нэһилиэнньэлээх арыы Кытайтан туспа тутулуга суох судаарыстыба буолаары тииһэн турбут. Цай Инвэнь —Кытай хомуньуустарын өстөөҕө. Эмиэрикэттэн “биһиги дэмэкирээтийэни уонна көҥүлү көмүскүүр судаарыстыба буоларбытын өйөөҥ” диэн кэлин сылларга элбэх миллиард дуоллардаах аныгы сэрии сэбин ыла олороллор. Ол да буоллар, АХШ аһаҕастык Кытай саба түстэҕинэ, Тайваны көмүскүөм диэбэтэ. Арай кэлин Кытай кыаҕыран тахсыбытыгар саҥата-иҥэтэ уларыйда дииллэр.

Кытай компартията, судаарыстыбата Тайваны хаһан да бас билэн салайбатаҕын үрдүнэн, арыыны бэйэтин сиринэн ааҕар. Төрдө — Тайвань да, Кытай да Сунь Ятсен диэн революционер 1920-с сылларга олохтообут Кытай өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээхпит диэн иккиэн билинэллэр. Онон аан дойдуга “биир Кытай” диэн бэлиитикэ күүскэ үлэлээн кэллэ. Тайваны кытайдар ыксаабакка холбонуохпут диэн олорбуттара, Тайвань туспа “устан барыан баҕаран”, “биир дойду” бэлиитикэтин алдьатаары гынар. Кытайдар итини сөбүлээбэттэрэ чахчы. Онон күүс өттүнэн холбонуохтарын баҕараллара күүһүрэн иһэрэ чахчы.

Нэнси Кытайы абааһы көрөр

Нэнси Пелоси бэлиитикэҕэ сылдьарын тухары Кытай хомуньуустарын абааһы көрөр. Кини 1991 с. Пекиҥҥэ кэлэ сылдьан, 1989 с. Кытай былаастара устудьуоннар бууннарын ытыалаан хам баттаабыт Тяньаньмэнь болуоссатыгар Кытай салалтатын утары “Кытайга дэмэкирээтийэ кэлэрин туһугар өлбүттэргэ” диэн былакааттаах тахсан бырачыастаан турардаах. Хаайыллыбатаҕар баһыыба.

Пелоси Кытай кыр өстөөҕө буоларын кини Далай-лама актыыбынай өйөөччүтэ уонна Кытай сэриилээн ылбыт Тибет дьонун бырааптарын туруулаһара көрдөрөр. Кини 2015 с. Кытай былаастарын официальнай көҥүллэринэн, Тибет киин куоратыгар Лхасуга сылдьыбыт. Кытайдар кытаанахтык хонтуруоллаан, уҥа-хаҥас хаамтарбакка, ити сабыылаах куоракка киллэрэ сылдьыбыттар.

Пелоси Кытай өстөөҕө буолара биллэ сылдьан, 1997 с. Тайваҥҥа кэлбитигэр, кытайдар утарар сайабылыанньа оҥоруунан муҥурдаммыттара. Оттон билиҥҥи кэлиитин Пелоси “дэмэкирээтийэни, киһи быраабын туруулаһыым салҕаныыта” диэн саныыра чахчы. Онон кини Кытайы “игнордаан” Тайваҥҥа быһа кэлбитэ, Кытай салалтата быйыл былааннаабыт улахан уларыйыыларыгар ыарыылаах охсууну оҥорор.

2022 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр Пекиҥҥэ Тяньаньмэнь болуоссакка Кытай Босхолонуулаах норуодунай аармыйатын 95 сылынан үөрүүлээх улахан тэрээһин буолла. Ол сарсыныгар Пелоси сөмөлүөтэ мэһэйэ суох Тайваҥҥа түспүтэ аан дойдуга Кытай аармыйатын аптарытыатын түһэрэр соруктаах провокация буолуон сөп.

Быйыл күһүн алтынньыга Кытай компартиятын 20-с сийиэһигэр Си Цзиньпин урукку сокуону уларытан, Кытай салайааччытынан үһүс болдьоххо барарга холонуохтаах. Онон кини кытай норуотугар аан дойдуга күүстээх сабыдыаллаах, кытаанах лиидэр быһыытынан көстүөхтээх. Ол кэмҥэ Пелоси эмээхсин күүһүнэн кэлэн, Тайвань сепаратизмын өйүүр. Ити Си Цзиньпин аатын, аптарытыатын мөлтөтөр.

Итини сэрэйбиттии, кытайдар Пелоси Илин Азия дойдуларынан көтөрүгэр эрдэттэн кини “Тайваҥҥа кэллэҕинэ, сөмөлүөтүн үлтү ытыахпыт, тыыннаах ыытыахпыт суоҕа” эҥин диэн саана сатаабыттара. Ону Пелоси истибэтэ.

Кытай ыарахан балаһыанньаҕа киирдэ. Пелоси сырыытын билбэтэх курдук хаалларар кыаҕа суох. Эмээхсин кэлэн барбытын тохтоппотоҕо Кытай мөлтөҕүн көрдөрөрүн өйдүүллэр. Кырдьык, аан дойду барыта бу аҕыйах хонук устата Пелоси сырыытыгар Кытайдаах Эмиэрикэ оҕустар курдук күрдьүөтэһиилэригэр хайалара хотуулаах тахсар диэн кэтээн олордулар.

Пелоси Тайваҥҥа тиийдэ

Пелоси сөмөлүөтүн Кытай суулларбата, спикер эмээхсин былааннаабытын курдук, Тайвань киин куоратыгар түстэ. Кини бэйэтэ итинник туохтан да куттаммат хорсун дьахтар эбитэ дуу, эбэтэр Эмиэрикэ байыаннай күүһүттэн чаҕыйан, Кытай “сөмөлүөппүн тыытыа” суоҕа диэн эрэнэрэ бэрдэ дуу? Баҕар, Пелоси эмээхсин Маргарет Тэтчер курдук “иккис тимир леди” буолуон баҕарара буолуо. Оттон улуу Кытай эмээхсинтэн “сирэйгэ бэрдэрэн, саакка-суукка киирэн баран”, олорон биэрбэтэ чахчы. Эмиэрикэ улахан дуоһунастаах үөн дьахтарын кубулҕат майгыта сэрии “тымныы тыынын” Азияҕа соһон аҕалла быһыылаах.

Кытай уонунан сылларга сэбилэнэн, сирдээҕи, муоратааҕы, салгыннааҕы күүһэ Эмиэрикэни кытта иэл-тиэл тардыһар буолла диэн ааҕаллар. Бу сыллар тухары Кытай атын дойдулары кытта улахан иирсээҥҥэ киирбэккэ, тыытыспакка кэллэ.

Онон НАТО Арассыыйаны “илин диэки барбаппын” диэн албыннаан баран, сүрэҕин анныгар быһаҕынан тирээбитигэр Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэни саҕалаабытын курдук, Кытай атаҕастаммыт дойду быһыытынан, Тайвань арыыны күүс өттүнэн бэйэтигэр холбонорго холонуон сөп.

Аан дойду “улахан бэлиитикэтин бэрээдэгин уларытар саахымат хонуутугар” Нэнси Пелосинан Эмиэрикэ бастакы Е2--Е4 хаамыытын оҥордо. Билигин Кытай хаамар уочарата, били, сахалар этэллэрин курдук “Эмиэрикэ холу биэрэн баран, бууту ылыан сөптөөх охсуутун” бэлэмнии сылдьар буолуохтаах.

Дьиктитэ диэн, шоуга, көрүнньүккэ үөрэммит аан дойду дьонун ортотугар: “Кытай маладьыас, хата, туттунан, акаары Эмиэрикэ курдук өйө-төйө суох быһыыланан, Аан дойду үһүс сэриитин саҕалаабата”, — диэн махтанааччы суох быһыылаах. Оттон сэрии буолбута буоллар, улахан алдьархай саҕаланыа этэ.

Эмиэрикэ салалтата эппиэтинэһэ суох позицияны тутуста. “Пелоси дойду былааһын биир тутулуга суох салаатын салайарынан, кини ханна сылдьарын бэйэтэ быһаарар” диэн, Үрүҥ дьиэ спикери тохтотортон аккаастаммыта. Ити сымыйата биллэр, Пелосины кытта тугу гыналларын сибээстэһэ олорбут буолан, киниэхэ Кытай сэриилэрэ саба түстэхтэринэ, көмүскүүргэ авианосецтары, сүүһүнэн сөмөлүөтү, Эмиэрикэ сойууһунньуктарын барыларын холбоотулар. Госсэкирэтээрдэрэ Энтони Блинкен Пелоси Тайваҥҥа сырыытыттан Кытай тоҕо трагедия оҥорорун өйдөөбөтүн этэр, Кытай аан дойду сэриитин тоҕо тартаҕына, эппиэтинэһи сүгүөхтээх диэн, кытайдар сэриини саҕалыахтаахтарын билэр курдук этэрэ сүөргү.

Эмиэрикэ уотунан оонньуур

Кытай Тас дойдуларга министиэристибэтэ Пелоси кэлиитин иһин Эмиэрикэҕэ “уотунан оонньооҥҥут, бэйэҕитин уматыаххыт, биһиги хайа да өстөөх уҥуоҕун тутуохпут” диэн, тоҕо саанара өйдөнөр. Арҕаалар Кытайы Тайванынан провокациялаан, сэриигэ тардан, мөлтөтөр үлэни ыытыахтарын баҕарар буолуохтарын сөп.

Нэнси Пелоси көтүөх буолбут кэмиттэн ыла Кытай хас даҕаны ыарахан сайабылыанньаны оҥордо, ол иһигэр "Пелоси баар сөмөлүөтүн үлтү ытан өлөрүөхпүт" диэн кытта эппиттэрэ. Ол эрээри Эмиэрикэ истибэт дьүлэй курдук: “Кытай курдук улахан дойдуну кытта сэриинэн оонньоомуохха, эмээхсини ханна да ыытымыахха”, — диэбэтэ. Ол оннугар сүүһүнэн сөмөлүөттээх, кынаттаах аракыаталардаах, ол иһигэр ядернай сэрии сэптээх авианосецтар бөлөхтөрүн Японияҕа, Соҕуруу Кэриэйэҕэ, Филиппиннэргэ, Гуамаҕа баар байыаннай базаларыттан Пелосины көмүскүү диэн ааттаан, Тайвань диэки ыыттылар. Кытай да АХШ саба түһүүтүттэн көмүскэнэргэ диэн сэрии бөҕөтүн утары туруорда.

Итинник күрдьүөтэһэн, хайалара эрэ чугуйдаҕына, аата, аптарытыата чахчы барар балаһыанньатын үөскэттилэр. Пелоси баҕа өттүнэн да аккаастаммыта буоллар, Эмиэрикэ, Кытай модун күүһүттэн саллан, эмээхсини тохтотто диэх этилэр. Оттон Пелоси Тайваҥҥа кэлэн, хонон барыытын, “Кытай Эмиэрикэттэн куттанар эрээри, тугу чабыланан киһиргээбитэй?” диэн буолар. Онон бу Пелоси үөннээх сырыыта икки улуу судаарыстыбаттан хайалара күүстээҕин, аптарытыаттааҕын быһаарар оонньуу курдук буолан таҕыста.

Эмиэрикэ Пелоси сырыытыгар икки сирэйдээх бэлиитикэни ыытарын көрдөрдө. Бэрэсидьиэннэрэ Джо Байден “биир Кытай” бэлиитикэтин тутуһар, Тайвань тутулуга суоҕун өйөөбөппүн диир курдук. Ол кэмҥэ АХШ үһүс салайааччыта Тайвань тутулуга суох буоларын өйүү тиийэр. Кытай ити бэлиитикэни утаран, аармыйатын күүһүн туһунан көрдөрөр элбэх видео оҥорон тарҕатта. Онон Пелоси провокацията иэстэбиллээх буолуоҕун көрдөрдүлэр.

Ол эрээри, Пелоси сөмөлүөтэ Тайваҥҥа түспүтүн кэннэ, кытайдар саҥалара чахчы сымнаата. Кытай сирбиэтэнэрин быыһыгар: “Биһиги ядернай сэрии сэбин бастакынан туттуохпут суоҕа, 82 саастаах эмээхсин акаарытыттан аан дойду сэриитин саҕалыыр санаабыт суох”, — диэтэ.

Пелоси 2 1

Кытай аналитиктара Пелоси Тайваҥҥа сырыытын кэтэҕэр Эмиэрикэ салалтатын кистэлэҥ провокациятын былаанын көрөллөр. Кинилэр Пелоси Тайвань салалтатын кытта илии баттаспыт докумуоннара Эмиэрикэ “биир Кытайы” билинэбин диэн эбэһээтэлистибэтин кэспитин, дьиҥнээх иһин эриэнин көрдөрдө дииллэр. Оттон Кытай “Пелоси оонньуутун” провокациятын туһанан, Тайваны холбонууну, Тайвань силбэһиитин бас билэрин түргэтэтэригэр куоһур оҥостоору гынар быһыылаах.

Сайдыылаах дэнэр дойдулар Арассыыйа курдук улахан державаны “муннукка хаайан сынньа сатаабыттара”, төттөрүтүн, бэйэлэригэр охсууламмытын аан дойду барыта көрдө. Кытай, итини үөрэх оҥостон, провокацияны бэйэтин туһатыгар эргитэри толкуйдаабыт буолуохтаах. Ол түмүгэр дуоллар бас билэр аан дойдута ыһыллара түргэтиэн сөп. Онон Пелоси Тайваҥҥа сылдьан, Эмиэрикэ Кытайы хотто дии саныыр эрдэ. Кытай сөмөлүөттэрэ арыыны тула күн аайы көтүөхтэрэ, силбэһии, арыы үрдүнэн сөмөлүөт көппөт зонатын киллэриэхтэрин сөп. Билигин Тайвань түөрт өттүн хабан, улахан муоратааҕы байыаннай үөрэх ыытан эрэр. Сэрии куттала син биир баар.

***

Туох да диэбит иһин, АХШ Нэнси Пелоси “биир Кытай” диэн ХНТ кытта билинэр дойдутугар, Кытайтан арахса сатыыр Тайваҥҥа, тутулуга суох судаарыстыбаҕа курдук, официальнайдык ыалдьыттыы тиийэрэ хайа да сиэргэ-майгыга баппат быһыы.
Оттон киитэрэй кытайдар бэйэлэрин дьиҥнээх былааннарын Эмиэрикэҕэ арыйа иликтэр. Көрүөхпүт салгыы туох буоларын.

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй