Киир

Киир

КНР Бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин: “Нэнси Пелоси Тайваҥҥа сырыыта цивилизованнайа суох империалистар хампаанньаларын өссө биир провокацията. Биһиги Эмиэрикэ реакционнай күүстэрин провокацияларын барытын кыраҕытык кэтээн олоробут”, – диэн, иирсээн өссө күүскэ “сайдар кэскиллээҕин” бигэргэппит.  

Икки хаһан да эйэлэспэт кытайдар

Пелоси сырыытыттан кыһыйан, Кытай сэриилэринэн, флотунан Тайваны төгүрүйэн олорон, улахан таһымнаах байыаннай үөрэхтэри ыытар. Ол быыһыгар Кытай икки хонугунан Тайваны сэриилээн ылар былаан оҥостубут үһү дииллэр.

Тайвань эмиэ Кытайы “куттаан” байыаннай үөрэҕи ыытар буолбут. Эмиэрикэ сойууһунньуктара Тайваны көмүскүүбүт дии олороллор. Эмиэрикэ уонна Кытай саҥа күөдьүйбүт айдааннарыттан Украина “умнуллан” барда, арҕаалар Путиннааҕар Си Цзиньпины кириитикэлииллэрэ, үөхсэллэрэ элбээтэ.  

Туораттан көрдөххө, Тайваньнаах Кытай иирсиилэрэ тэллэх ыт хахайга түһүөлүүрүн курдук. Дьиҥэр, Кытай кып-кыра Тайваны сиэтэҕинэ да топпот. Тайвань Эмиэрикэ көмүскүө диэн итиччэ эрэнэр дуо? Эмиэрикэ аҥаар уоһунан “Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Тайвань биир Кытай буолаллар” диэн билинэр. Ол эрээри Тайвань арахса сатыырын тоҕо өйүүрүй?

Пелоси көтүүтэ Эмиэрикэ анал сулууспалара үчүгэйдик бэлэмнээбит провокациялара буолара көстөр. Англосакстар акаары буолбатахтар, тугу эрэ толкуйдаан оҥордохторо. Кытай итиччэ суоһурҕанан баран, “82 саастаах эмээхсин сөмөлүөтүн үлтү ыппакка мөлтөөн биэрэн, Эмиэрикэҕэ хоттордо” диэн аан дойдуга аата-суола, аптарытыата улаханнык барда.

Кытай аракыатаны ытар кунуопканы баттаан иһэн: “Эмиэрикэлиин экэниэмикэбит күүскэ силлиһэн олорор, ииристэхпитинэ сүтэрэрбит элбэх, табаарбытын батарар сүрүн ырыынага, харчыта суох хаалабыт”, — диэн саараабыта буолуо дуо?

Кытай Тайваны холбонор бырааба ХНТ-нан билиниллибитэ да, тоҕо баччааҥҥа диэри соһо сылдьара биллибэт. Ама, АХШ-тан куттанан буолуо дуо?

Биллэрин курдук, Аан дойду иккис сэриитин кэннэ Кытайга Сунь Ятсен төрүттээбит Кытайын Өрөспүүбүлүкэтигэр икки былаас үөскээбитэ. Биирэ Чан Кайши диэн салайааччылаах Гоминдан баартыйата киин Кытай сирин үксүн баһылаан олорбут. Кинини кытта өстөһөн сэриилэһэр күүһүнэн Манчжурияттан кыаҕыран тахсыбыт Мао Цзэдун салайааччылаах Кытай компартията буолбута. 1946-1949 сс. сэриигэ ССРС өйөөбүт Кытай компартията АХШ көмөлөспүт Чан Кайшитын сэриилэрин үлтүрүппүт. Хотторбут Чан Кайши Тайваҥҥа куоппут. Эмиэрикэ өйөөн, 22 сыл устата ХНТ-га Тайвань Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанан чилиэнинэн сылдьыбыт. 1971 с. ХНТ Генассамблеята Кытай судаарыстыбатынан хомуньуустар Кытайдарын билиммит. Тайваны ХНТ-тан таһаарбыттар да, “Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин провинцията буолбатахпыт, туспа судаарыстыбабыт” диэн чилиэнинэн киирэ сатыыр. Бүтэһигин АХШ госдепартамена өйөбүлүнэн, 2021 с. киирэ сатаабыта. Ол эрээри эмиэ сатамматах.

Эмиэрикэ Тайваны сэриинэн көмүскүөн сөбүн билэ сылдьан, Кытай, кырдьык, эрдэ эмискэ саба түһэн арыыны ылыан сөбө да, аһара уһаппыт.

Арай Кытай Тайваны сэриилээбэтин?

Кытай арҕаа дойдулары кытта табаарын эргиирэ сылга 2 триллион дуоллартан тахса. Үгүс дьон ити үлүгэр суумалаах үптэн Кытай да, арҕаалар да аккаастамматтар, “сиамскай игирэлэр” курдук силлиһэн сылдьаллар, улаханнык иирсиэхтэрэ суоҕа, боотурҕаһан баран, харчыларын харыһыйан бүтүөхтэрэ дии саныыллар.

Ол эрээри Эмиэрикэ Кытайы кытта үп, экэниэмикэ өттүнэн эйэлэспэт харсыһыыга киирдилэр. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Кытай Тас дойдуларга министиэристибин официальнай бэрэстэбиитэлэ Хуа Чуньин диэн дьахтар: “Эмиэрикэ бэйэтин “аан дойду полициятын” курдук сананан, атын дойдулары Джордж Флойду курдук муомахтыырын кэтэһэн олорор санаабыт суох”, – диэн кытаанахтык эттэ. Д.Флойд диэн хара тириилээх киһини 2020 с. полиция үрүҥ субалаах үлэһитэ Миннеаполис куоракка, буруйа чуолкай биллибэтин үрдүнэн, тобугунан хабарҕатын баттаан, тыынын хаайан өлөрбүтэ.

Эмиэрикэлиин иирсии Кытай экэниэмикэтигэр төһө охсууланыан сөбүй? Кытай биир триллион дуоллар кэриҥэ Эмиэрикэ иэһин (сыаналаах кумааҕыларын) атыылаһан олорор. Кытай “Иэскин ыл, харчыбын төннөр” диэтэҕинэ, Эмиэрикэ биричиинэ булан, Кытайга сааҥсыйа биллэрэн да туран, төлүүртэн аккаастаныан сөп. Ол харчыта умайбытыгар Кытай экэниэмикэтин саппааһа улаханнык оҕустарбата буолуо диэххэ сөп. Холобур, арҕаалар сааҥсыйалаан, Арассыыйа 300-тэн тахса миллиард дуоллара тас дойдулар бааннарыгар сытарын тутан ылбыттара. Биһиги экэниэмикэбит билиҥҥитэ ити үбэ суох, улаханнык оҕустарбакка иһэр.

Оттон Кытай 1 триллион АХШ иэһин кыра сыанаҕа атыылаатаҕына, төттөрүтүн, Эмиэрикэ иэһэ улаатан, экэниэмикэтэ моһуогурар. Онон, билиҥҥитэ экэниэмикэ өттүнэн Евросойуус, Эмиэрикэ холбоһон да туран, Кытайы хайдах да накаастыыр кыахтара суох. Кытай Арассыыйаттан чэпчэки сырьёну ыла олорорун кыайан боппоттор. Оттон Кытай чэпчэки сырьёнан, эниэргийэнэн аан дойду барыта тутулуктаах малын-салын, сапчааһын, матырыйаалын уо.д.а тэрили оҥорон атыылыыр.

Кытай экэниэмикэтэ Эмиэрикэҕэ, Евросойууска табаарын батарар ырыынагын сүтэрдэҕинэ, эмиэ улаханнык оҕустарбат. Билигин Арассыыйа, Кытай тэрийбит БРИКС, ШОС тэрилтэлэригэр киириэн баҕалаах дойдулар элбээтилэр. Ол аата, Кытайы Арассыыйаны, сойууһунньуктарын, ол иһигэр Ираны, Индияны уо.д.а. эбии ыллахха, 3,5 млрд тахса нэһилиэнньэлээх, Арассыыйа курдук сөҕүмэр сырье баазалаах, Кытай курдук модун бырамыысыланнастаах, бэйэтин бэйэтэ ииттэр кыахтаах ырыынак төрөөн тахсарга бэлэм сытар. Аны туран, Арассыыйа чэпчэки сырьётунан, Кытай чэпчэки табаарынан Африка, Азия дойдуларын бэйэлэригэр тардар кыахтаахтар.

Оттон Эмиэрикэ, Евросойуус сырьёта, сайдыылаах бырамыысыланнаһа суох 1 млрд киһилээх ырыынактара Кытайга улахан интэриэстээҕэ чахчы. Онон, арҕаа дойдулар, Арассыыйаны кыайбатахтарын курдук, Кытай экэниэмикэтин түөрэҥнэтэллэрэ саарбах.

Рейган “кыраабылын” АХШ үктүө дуо?

Кытай Эмиэрикэлиин экэнэмиичэскэй сэриигэ киириитин түмүгэр Эмиэрикэ ССРС курдук эстиэн сөп диэн эмиэ дьикти сабаҕаны кэрсииллэр.

Рональд Рейган ССРС экэниэмикэтин “сэрии сэбин оҥоруутун эккирэтиһиитигэр” сылбатын быһан, улуу дойду ыһыллыбыта. Билигин кытайдар арҕаа дойдуларга: “Тайваны көмүскээн биһигини кытта сэриилээһэри гынаҕыт, ол иһин арыыны ылыахпытыгар диэри тулатыгар тохтоло суох байыаннай үөрэхтэри ыытыахпыт”, – диэн куттаан эрэллэр. Ол аата, кинилэр Тайваны төгүрүйэн олорон, араас саҥа сэрии сэбин боруобалыыр буолаллар. Тайваньтан туох да табаар экспорка тахсыбат буолар. Оччотугар Эмиэрикэ Кытайы куттуур сэрии сэбин оҥоруу куоталаһыытыгар киирэн хотторон, ССРС курдук экэниэмикэтэ эстэн, ыһыллыан сөп үһү. Бу сабаҕа түгэҕэ уонунан сыллар кэннилэриттэн биирдэ көстүөн сөбүнэн, итэҕэйимиэххэ да сөп.

Былдьаһыктаах бытта “чиибэ”

Тоҕо Кытай Тайваны холбонорун Эмиэрикэ утарарый? Дьыала Тайвань микроэлектроникатыгар сытар. Билигин бу эйгэҕэ үлэлиир исписэлиистэр: “Арассыыйа микроэлектроникаҕа Эмиэрикэттэн, Кытайтан үйэтигэр сиппэт гына ыраах хаалла. Оттон ити үлүгэр уһулу ойон сайдыбыт курдук Кытай, Эмиэрикэ микроэлектроникаҕа Тайваньтан эмиэ хаһан да сиппэт ыраах хаалан иһэллэр”, – дииллэр.

Аан дойду туһанар саамай үрдүк оҥорумтуолаах чиптэрин производствотын 90% Тайваҥҥа баар. Манна эрэ саамай чараас микросхеманы сатаан оҥороллор. Билигин биһиги байыаннайдарбыт туһанар кремний технологиялара 150-90 нанометрдаахтар, оттон Тайваҥҥа 5 нанометрдаахтан 2 нанометрдаах технологияларга – кремний технологияларын муҥутуур чыпчаалыгар тиийэн эрэллэр. Тайвань билигин тиийбит технологиялара аан дойду кэлэр кэмин салайар күлүүс буолаллар. Ити импэрмээссийэни салайар технологиялары баһылаабыт – аан дойдуну салайар кыахтанар. Онон, “сэрии оонньуутун” сыала муора кыра арыытын былдьаһыы буолбатах.

Эмиэрикэтээҕэр түргэнник сайдан иһэр Кытай Тайвань урутаан иһэр технологияларын былдьаан, аан дойду саамай бөдөҥ бырамыысыланнай, индустриальнай, технологическай сайдыылаах, ким да утары көрбөт судаарыстыбата буолар. Эмиэрикэ Кытай ити сайдыытын хаһан да сиппэт гына хаалар.

Ол иһин арҕаа дойдулар, Кытай оннук кыаҕырарын көрөн олорон, “бэйэлэрин ииннэрин” хастыбаттара чуолкай. Кырдьыга-сымыйата биллибэт да, Кытай Тайваны сэриилээн бардаҕына, Эмиэрикэ Тайваҥҥа баар бары микроэлектроника собуоттарын, дэлби тэптэрэр, оттон технологияны, учуонайдары, үлэһиттэри АХШ-ка көһөрөр былааннаах дииллэр. Пелоси ити сырыытыгар биир оннук улахан собуот салалтатын кытта көрсүбүтэ ити сабаҕаны бигэргэтэр курдук.

Кытайга оҕолоро кутталлаахтар

Үөрэтэн көрбүттэрэ, аан дойду дьонун 50% ордуга Аан дойду үһүс сэриитэ Кытай Пелоси сөмөлүөтүн суулларбытын кэннэ саҕаланыа диэн кэтэспит эбит. Онон, ити утарыта турсууга Кытай ньиэрбэтэ тулуйбакка, мөлтөөн биэрэн ыппакка хаалан, хотторуулаах тахсыбыт, аптарытыатын түһэрбит. Аан дойдуга күүстээҕи, быһаарыылааҕы ордук убаастыыллар.  

Устуоруйаны көрдөххө, Кытай 19-с үйэҕэ эмиэ аан дойду саамай элбэх киһилээх (400 мөл.), бөдөҥ экэниэмикэлээх күүстээх дойдута буола сылдьыбыттаах. Оччолорго, билиҥҥи Эмиэрикэ курдук, илин былдьаһар дойдута Англия эбит. Англия устуоруйаҕа киирбит икки опиум сэриилэринэн кыайан, Кытайы ити кэмҥэ тобуктаппыт эбит. Туох да билбэт, оччолорго англосакстартан хотторбут кутталларын генэ уһуктан эбитэ дуу, бохсурҕана курдук айдааран баран, эппит тылларын кытайдар толорбокко хааллылар. Оттон Пелосины Тайваҥҥа тиийбэт гына ыга куттаатыбыт диэн бүк эрэммиттэрэ туолбатах.

Сорох эспиэрдэр дойду улуута, экэниэмикэтэ, сэриилэрэ күүстээҕэ барытын быһаарбат, психология эмиэ оруоллаах дииллэр. 70-с сылларга ССРС ВВП-тынан, бырамыысыланнаһын оҥоруутун кээмэйинэн Эмиэрикэни куотан испит. Ол эрээри, иһиттэн өй-санаа өттүнэн мөлтөөн биэрэн хотторбута. Кытай билигин бырамыысыланнаһын оҥоруутунан, Эмиэрикэни 4 төгүл баһыйар, сэриитин күүһүнэн тэҥ, ол эрээри, тиһэх түгэҥҥэ эр киһилии кытаанах быһаарыныыта тиийбэтэх. Эмиэрикэ Пелосинан сирэйдээн, Кытайы “тэпсэн” ааспыт. Онон, салгыы утарыта турсууга, эмиэ ньиэрбэтэ эрдэ мөлтөөн, туораан биэриэн сөп үһү. Дьыала онон дойду төһө “доруобайыттан, бөдөҥүттэн” тутулуга суох дииллэр.

Итинэн сибээстээн, Кытайы баай дьон элбээбитэ мөлтөтөн, Эмиэрикэҕэ бэриннэриэн сөп диэн сабаҕалыыллара эмиэ туолуон сөп курдук. Кытай салалтата билигин миллиард аҥаара орто кылааһы үөскэттэ. Кинилэр 1990-с сыллардааҕы “Кытайдар биир тэриэлкэ ириис иһин үлэлииллэр” диэн өйдөбүлү анекдот курдук истэллэр. Балар олохторун таһыма Европа орто кылааһын сиппит. Бу орто кылаас “Киһи хараҕа туохха да топпот” дииллэринии, салгыы өссө баай-талым олоххо наадыйар. Ити баҕаларын Кытай кырдьан эрэр салайааччылара толорор кыахтара суох. Оттон кинилэр кэннилэриттэн Кытай хомсомуолуттан саҥа тахсан иһэр, биһиги 90-с сыллардааҕы чубайстарбыт курдук либэрээл хапыталыыстар итинник олоҕу биэриэхпит диэн чэпчэкитик эрэннэрэллэр. Баара-суоҕа ол туһугар Эмиэрикэни кытта доҕордоһуохха эрэ наада дииллэр. Кырдьык, билигин арҕаа дойдулары кытта атырдьах маһыныы араҕыстахтарына, Кытай оҥорон таһаарыыта икки төгүл аҕыйыыр. Ол аата, орто кылаас улаханнык дьадайар. ССРС-ка олох таһыма эмискэ намтаан, ас-таҥас тиийбэккэ, улуу судаарыстыбаны ким да көмүскэспэккэ ыһыллыбытын өйдүүбүт. Кытайга ол курдук балаһыанньа үөскээн, харчы таҥаралаах эдэр көлүөнэ таҥнарыытынан, англосакстар уочараттаах кыайыыларын ситиһиэхтэрин эмиэ сөп курдук.  

Түмүк оннугар

Туох да диэбит иһин, Тайвань кириисиһиттэн аан дойду бэлиитикэтэ, олоҕо төннүбэттии уларыйар элбэрээгэ төлө тардылынна. Бу утарыта турсуу түмүгэ туох буолан тахсарын көрүөхпүт. Оттон хас да кииннээх аан дойду төрөөн иһэрэ чуолкай буолла.

Владимир Степанов.