АЛРОСА хампаанньа Саха сиригэр успуорт сайдыытыгар төһүү болҕомтотун уурар. Алмаас хостооччулар үптэрин суотугар улуустарга элбэх успуор эбийиэктэрэ тутуллаллар, өрөмүөннэнэллэр, араас суол бырайыактар олоххо киирэллэр. Онтон биирдэстэрэ – «Чөмпүйүөн буол» диэн федеральнай бырайыак. Бу манна Саха сирэ эмиэ кыттар. Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэ успуорка талааннаах, тыыппалаах дьонун таба тайанарга хайдах көмөлөһөрүн бүгүҥҥү суруйууга билсиҥ.
«Чөмпүйүөн буол» – успуорка тыыппалаах, талааннаах, дьоҕурдаах оҕолору талар федеральнай, инновациялаах эспэримиэн тэҥэ, бырайыак. Манна дойду иһигэр оҥоһуллубут, уйулҕа–эт-сиин уонна оҕо ис кыаҕын быһаарар анал бырагыраамалаах аппараат комплексын туһаналлар. Ону таһынан оҕолор антропология уонна успуорт тургутугун (тест) ааһаллар. Дьэ, ол түмүгүнэн исписэлиис чопчу бу оҕоҕо успуорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанара таһаарыылаах, үтүө түмүктээх буолуон сөбүн туһунан сүбэни биэрэр.
Саха сирин оҕолоро итинник тургутугу ааһалларын туһугар АЛРОСА хампаанньа аппараат-бырагыраама комплексын атыылаһарга үп-харчы көрбүтүн бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бу бырайыагы өрөспүүбүлүкэҕэ итинник бырагыраамалаах аппараатынан 2021 сыллаахха хааччыллыбыт «Сүүмэрдэммит хамаандалары успуорка бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин» үлэлэтэр. «Чөмпүйүөн буол» бырайыак чэрчитинэн маннык тургутугу 5,5 саастарыттан 12,5 саастарыгар диэри оҕолор, холобур, Дьокуускайга, «Триумф» успуорт комплексыгар кэлэн ааһаллар. Ону таһынан комплексы улуустарынан сырыы кэмигэр илдьэ баран, үөрэх тэрилтэлэринэн сылдьан, тыа сирин оҕолоругар туһаналлар.
Успуорка бастакы талыыны ыытарга көмөлөөх бырайыак, ону таһынан эдэр спортсменнар тириэньэрдэрэ дьарыктыыр оҕолорун функциональнай туруктарын кэтээн көрөллөрүгэр уонна эрчиллиини, хас биирдии оҕо уопсай туругар, этин-сиинин кыаҕыгар олоҕуран, таҥан, талан биэрэллэригэр, дьарыктыылларыгар көмөлөһөр.
Оҕо сайдыытыгар билим өттүттэн сыһыан
Саха сиригэр «Чөмпүйүөн буол» бырайыагы толорооччу Матрена Романова этэринэн, кинини бу бырайыак билимҥэ тирэҕирэрэ, оҕо этин-сиинин эрдэттэн сыаналааһын тутаах оруоллааҕа уонна оҕо успуордун сайыннарыыга кэскиллээх эбитэ ордук сэҥээрдибит, ураты болҕомтотун ылбыт.
Сүрүнэ, бу бырайыакка чуолаан төрөппүт болҕойуон наада, үгэс курдук, оҕолоро ордук туохха кыахтааҕын, тыыппалааҕын билээччилэрэ суох. Ким эрэ олус элбэҕи эрэйэр, оттон ким эрэ оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа дьарыкка эрэ эрэҥкэдийэр. Оннук сылдьан оҕо этэ-сиинэ муҥутуур сайдар, кыаҕырар кэмин аһардан кэбиһэллэр. Дьэ, оттон маннык анал аппараат көрүүтүн, тургутуутун ааһан, оҕо ис кыаҕын биллэххэ, оҕолоругар барсар көрүҥү, сиэксийэни талан, дьарыктаан, ордук үчүгэй кыаҕа ситиһиэххэ сөп.
«Биһиги тургутугу «Триумфка» ыытабыт, оттон айан кэмигэр – өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар. Ону таһынан биһиги инновациялаах түмсүүлэр ситимнэрэ диэн, пилотнай бырайыагы оҥорон, 5 оҕо саадын киллэрбиппит. Тургутугу бэйэлэрэ эмиэ ыыта үөрүйэхтэнэллэрин туһугар исписэлиистэри уонна педагогтары үөрэтэн турабыт. Тургутук хайдах ыытылларый диир буоллахха, тэрил балтараа чаас устата көрдөрүүнү бэлиэтиир, ол барыта быһа киинниир тиһиккэ киирэн иһэр. Онтон салгыы тиһик бэйэтэ анал алгоритмы туһанан, оҕоҕо ордук барсар успуорт көрүҥнэрин талан таһаарар. Аппараат оҕо организмын, ыйааһынын, эт-сиин тутулун учуоттуур уонна успуорт тургутугун көмөтүнэн, сөптөөх түмүгү таһаарарыгар мөкүөр суох», – диир кини.
Матрена Романова – Олимпийскай эрэсиэрбэ училищетыгар медико-биологическай дьиссипилиинэ баай уопуттаах, үрдүк категориялаах преподавателэ. Кини кураатардаабыт биллиилээх спортсменнарын ортотугар Виктор Лебедев, Ариан Тютрин, Владимир Егоров уо.д.а. бааллар.
Түмүктэри уонна төрөппүттэр аҥкыаталарын ырытан көрүү түмүгүнэн, кини үөрэх билим-чинчийэр эйгэтин исписэлииһин быһыытынан, бу комплекс чахчылара спортивнай хаачыстыбаны батыыны бигэргэтэллэрин бүк эрэнэр.
Төрөппүттэр «Чөмпүйүөн буол» бырайыак туһунан
Бу бырайыагы бастакынан сэҥээрбит дьонтон биирдэстэрэ, Дьокуускай олохтоохторо Корниловтар буолаллар. Төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн саҕалаан, эт-хаан өттүнэн сайынныннар диэн, гимнастикаҕа уонна харбыыр сиэксийэҕэ дьарыктаабыттар. Оттон «Чөмпүйүөн буол» бырайыак оҕолорун салгыы ханнык көрүҥүнэн дьарыктыыр туһунан быһаарыналларыгар көмөлөспүт.
«Мантан салгыы оҕолорбутун ханнык сиэксийэҕэ дьарыктыырбыт ордук буолуоҕун туһунан улахан толкуйга сылдьыбыпыппыт. Оҕолор бэйэлэрэ тугу сөбүлүүллэрэ эрэ буолбакка, ордук ханныкка барсаллара эмиэ суолталаах эбээт. Холобур, кыыспыт 4 сааһыттан художественнай гимнастиканан дьарыктаммыта. Оттон тургутук түмүгэ кини ордук координациялаах көрүҥнэргэ – үҥкүүлээх успуорка, акробатикаҕа, ыстаныыга – барсарын, ону тэҥэ чэпчэки атлетикаҕа тыыппалааҕын көрдөрбүтэ. Онон биһиги кинини акробатика уонна үҥкүү баар үҥкүү сиэксийэтигэр көһөрбүппүт. Ону таһынан кини ДЮСШ-ҕа чэпчэки атлетикаҕа дьарыктанар. Оҕом дьарыгын олус сөбүлүүр», – диэн, оҕолор ийэлэрэ Алена Корнилова санаатын үллэстэр.
Ону таһынан тургутук түмүгэ өссө биир сыаналаах иһитиннэриини биэрбит. Ол курдук, хомойуох иһин, уолларын тоноҕоһо туора баран эрэрэ көстүбүт. Инньэ гынан харбыыр дьарыгын сөргүтэргэ быһаарбыттар. Оттон уонна, сүрүнэ, араас идэлээхтэри, сиэксийэлэри кэрийэ сылдьан, “оҕобор бу көрүҥ барсар дуо” диэн, билэ сатыыр элбэх бириэмэни ылар. Онон кини төрөппүттэргэ маннык анал аппараат көмөтүнэн тургутугу ааһарга сүбэлиир.
Маннык тургутуу буоларын туһунан истэн, Дьокуускай олохтооҕо Виктор Тимофеев уон саастаах уолун кытта «Триумф» диэки тиэтэйбит.
«Аҕыйах чаас иһинэн успуорт араас көрүҥэр оҕоҥ төһө, хайдах кыахтааҕын туһунан киэҥ иһитиннэриини билэр олус интэриэһинэй этэ. Уолум харбыырга үрдүк түмүктэри көрдөрбүтэ, онон үөрэх дьылын саҕаланыытыттан сиэксийэҕэ суруйтарбыппыт», – диир Тимофеев.
Бу сонун бырайыак туһунан иһитиннэрии өрөспүүбүлүкэ улуустарын тилэри тарҕаммыта. Ол курдук, Чурапчы улууһун Чыаппаратын олохтооҕо Прасковья Сивцева доҕотторуттан «Чөмпүйүөн буол» бырайыак баарын истибит уонна төлөпүөн нүөмэрин сурунан, тургутукка кыыһын суруйтарбыт. Аппараат каратэ уонна ушу диэннэргэ дьоҕурдааҕын көрдөрбүт. Хомойуох иһин, оннук сиэксийэ тыа сиригэр суох. Ийэ кыыһыгар ордук барсар успуорт сиэксийэтигэр сырытыннарар баҕалаах. Билигин кыыс үҥкүүгэ уонна аэробикаҕа сылдьар. Кинилэргэ дьарыктана түһэн баран, сыл аҥаарынан хаттаан баралларыгар сүбэлээбиттэр.
«Чөмпүйүөн буол» бырайыак туһунан төрөппүт чаатыттан билбитим. Икки игирэ уоллаахпын, мин кинилэр успуорт ханнык эмэ успуорт көрүҥэр ылсыахтарын баҕарабын. Оттон тургутуу кинилэр успуорт тус-туһунан көрүҥэр дьоҕурдаахтарын көрдөрдө. Биирэ – фехтование уонна харбааһын, иккиһэ – буоксаҕа. Ол эрээри бэйэм да итинтэн соһуйбатаҕым, тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэхтэриттэн эт-хаан өттүнэн сайдыылара араастаһар этэ.
Биһиги Сунтаарга олорор буолан, успуорт бары көрүҥэр дьарыктаабаттар. Манна билигин бассыайын тутулла турар, онно сырытыннарар баҕалаахпын. Итинник аппарааттары Саха сирин улуустарыгар туһанар гына, ахсаанын хаҥаталлара буоллар үчүгэй буолуо этэ. АЛРОСА маннык бырайыактара үлэлэтэргэ көмөлөһөрө олус үчүгэй. Баҕар, кэнэҕэһин маннык тургутук ханна, ханнык эбийиэктэри тутар ордук наадатын быһаарарга көмөлөһүө. Оччотугар үтүө түмүк да ситиһиллэрэ ыраахтан буолуо суох этэ», – диэн, Сунтаартан Нюргустана Тимофеева иһитиннэрэр.
Бу бырайыак көдьүүстээҕин Саха сирин аатырбыт спортсменнара эмиэ интэриэһиргииллэрэ кэрэһилиир. Кинилэртэн биирдэстэрэ – 2020 сыллааҕы «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ Леонид Филиппов.
«Биһиги кэлим чинчийиини бу дьыл от ыйыгар ааспыппыт, түмүкпүт үчүгэй – ортоттон үөһэ. Улахан уолум быйыл бастакы кылааска киирдэ, кини успуорт оонньуу көрүҥнэригэр үрдүк көрдөрүүлээҕэ көстүбүтэ, биһиги дьиэ кэргэн сэбиэтигэр сүбэлэһэн баран, путбуолга суруйбуппут. Кыра уолбут биэстээх, единоборствоны сүбэлээбиттэрэ. Биһиги кинини көҥүл тустууга суруйтарар былааннаахпыт. Сөбүлээтэҕинэ, сылдьыа. Бу бырайыак киһиэхэ барытыгар да буолбатар, үгүстэргэ оҕолоро успуорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанара ордугун быһаарынарга көмөлөһүө дии саныыбын», – диэн бэлиэтиир Леонид Филиппов.
Кыалларынан элбэх оҕону хабыахпыт
Бырайыак биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлээн саҕаланыаҕыттан хайыы үйэ 600-тэн тахса оҕо тургутугу ааста. Оҕолоро ханнык көрүҥҥэ ордук барсарын быһаартарыан баҕалаах сыллата эбиллэн иһэр.
СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка министирин солбуйааччы Александр Бугаев: «Күҥҥэ ортотунан 10 оҕо тургутугу ааһар. Биир оҕо төһө уһуннук ааһарыттан ахсаан тутулуктанар. Ортотунан ол балтараа чаас буолар. Уопсайа 150-тан тахса көрдөрүү учуоттанар. Биһиги элбэх оҕо хабылларын наадатыгар оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин үлэһиттэрин аппарааты хайдах туһанарга уонна көрдөрүүлэри сөпкө сыаналыыраг үөрэппиппит».
Кини ону тэҥэ Саха сирин ханнык баҕарар муннугуттан маннык тургутугу ааһар кыахтаахтарын бэлиэтиир:
«Улуустарынан уонна чиэски сытар нэһилиэктэринэн сылдьан, тургутугу ыытарга анаан биир комплексы туһанабыт. Ханна талааннаах, кэнэҕэһин саха успуордун сайыннарыах оҕону таба тайанарыҥ биллибэт. Биһиги тургутук методологиятын уонна технологиятын баһылаатыбыт, билиҥҥи сыалбыт-сорукпут – төһө кыалларынан өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕотун хабыы».
АЛРОСА үбүнэн көмөлөһөн, күн бүгүн анал бырагыраамалаах аппараат Дьокуускайга эрэ буолбакка, Мииринэйгэ, Удачнайга уонна Айхалга, хампаанньа култуура-успуорт эбийиэктэригэр туттуллар. Ким билиэй, баҕар, бу бырайыак көмөтүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэ успуордугар киэҥ сирдэринэн дуораһыйар саҥа ааттар үөскээн-төрөөн тахсыахтара.
Бэй. кэр.