Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
Фокусниктар
Лэкиэспиниин кэпсэппэтэхпит хас да хонно. Атын-атын паартаҕа олоробут. Мин – дьоһуннаах испэктээкили ыспыт, барытын күлүүгэ тиэрдибит улахан, ыар буруйдаах киһи – быстыам дуу, ойдуом дуу, тулуйа-тулуйа сылдьаахтыыбын. Бэйэбэр да сүрдээх куһаҕан. Бары, миигин көрдөллөр эрэ, күлэ сылдьар курдуктар. Оннук кэбилэнэ сылдьан, кыыспар чугаһыам баара дуо? Бэйэм бэйэбэр испэр буһа-хата сылдьаахтыыбын. Албаспын уларытан, аны ким хайа иннинэ оскуолабар сүүрэн кэлэн, түннүк таһыгар олоробун уонна кыыһым ааһарын маныыбын.
Ол курдук күнтэн күн ааһан, Лэкиэһим – аһарымтыа, элэккэй сордоох – барытын умна охсон, эйэлэһэн эмиэ урукку сиэрбитинэн үөрэнэ сылдьабыт. Аны туран, Саҥа дьыл чугаһаата.
Арай онно (мин сорбор!) оскуола барыта кыттыахтаах улахан кэнсиэрэ буолуохтаах үһү. Кылаас барыта 100% кытыннаҕына, баал, сүүйүүлээх харах бөҕөнү биэрэллэр үһү! Лэкиэһим – биллэн турар, тэрийээччи! Барыларын тылларын ыла охсон, сүүрүү-көтүү бөҕөтө. Арай мин эрэ бэриммэппин. Аны ааттаһааччы – кини. Мин, үлүгэргэ түбэспит киһи, адьас буолуммаппын! Сценаҕа киирэрбин санаатахпына, адьас баттаҕым туран кэлэр! Киһим күн аайы эрий да эрий! (Эрэйдээҕим мин сценаҕа тахсыым кэнниттэн кини да артыыстаан бүтэрин адьас сэрэйээхтээбэт!) Аны туран, «уйан» сирбинэн киирэр.
– Киһиэ, кытыннаххына, ити шанстаһыаххын саныыр кыыскын кытта хайаан да билсиһиннэриэм, – диир.
Оо, эдэр саас – мэник саас! Уонна – бастакы таптал! Хайа бэйэлээх эдэр уолчааны ханна-ханна тиэрдибэтэххиний?!
Оччоҕо сөбүлэһэрим дуу... хайа сах?.. Ол гынан баран, эмиэ сценаҕа... Б-р-р-р!!! Дьэ эрэй!!! Сүрэх обургу сүгүннүүрэ кэлиэ дуо?! Синим биир... «Бу сырыыга баҕас эрдэттэн отой күүскэ эрэпэтииссийэлэннэххэ табыллыа буоллаҕа дии уонна, онтон, эрэбилитээссийэлэниэҥ этэ буоллаҕа дии!!!» – диэн кулгаахпар ким эрэ сипсийэргэ дылы гынар.
Быһата, бары да көмөлөөннөр, сөбүлэһэн кэбистим. Лэкиэһим, мин тус көрдөһүүбүнэн, адьас бэйэтин аттыгар көрө-истэ сылдьаары да буолуо, көмөлөһөөччүнэн ылла. Чопчулаатахха, кини – факир, мин – көмөлөһөөччүбүн. Илии-атах уолбун.
Нүөмэрбит ис хоһооно (мин оруолум диэххэ) маннык: фокусник киирэн араас албастары көрдөрөр. Ол сырыттаҕына, сорук-боллур уола (ол аата – мин), факир олоппоско олорон эрдэҕинэ, куурусса сымыытын уура охсон биэрэбин. Факир онно олоро түһэр уонна, туох да буолбатаҕын курдук туттан, туран баран хаалар. Сымыыт буоллаҕына – мэлигир. Олоппос – кураанах. Ону итэҕэйбэккэ, аны атын сымыыты ылан, бэйэм олорон көрүөхтээхпин. Сымыыт алдьаныахтаах. Ол аата олоппос отой туох да сыһыана суоҕун көрдөрөбүн. Дьиҥэ да баара, урут биһиги иннибитинэ хас сүүстэ көрдөрүллүбүт, быдан үйэҕэ кистэлэҥэ биллибит судургу фокус. Барыта бэрт дьэҥкэ. Өссө, мин үөрэрим диэн, хата, тугу да саҥарыа суохтаахпын!!!
Арба да ол фокуһу билбэт дьоҥҥо кистэлэҥин арыйабын. Албаһа диэн олоппоспут хап-хара кырааскалаах. Ол ортотугар баар хайаҕас үрдүгэр икки кэтит эрэһиинэ сыстыһа сааллыбыттар. Ыраахтан ол эрэһиинэлэр отой көстүбэттэр. Олоппос олох маһын анныгар биллибэт гына таҥас түгэхтээх. Сымыыт, эрэһиинэни быыһылаан, хайаҕаһынан онно элэс гынан хаалыахтаах.
Өстүбэһи өссө биир оруолбун умнан кэбиһэн эппэтэхпин. Ол, быһата, маннык: факир фокустуурун быыһыгар сорук-боллур уолу олоппоско олордор уонна икки сиэҕин тимэхтэрин сүөрэр, онтон уолугун тимэҕин, ол кэннэ саҕатыттан ырбаахытын хостоон таһаарар. Уол пиджагын иһинэн маайкалаах эрэ хаалар! Көрөөччүлэр айахтарын атан кэбиһэллэр. Кистэлэҥэ диэн – ырбаахыгын кэппэккин, көннөрү сиэхтэрин эрэ тимэхтээн иилинэҕин. Уолуккун эмиэ биир эрэ тимэҕинэн туттараҕын уонна пиджаккын кэтэн кэбиһэҕин. Отой биллибэт. Таһыттан көрдөххө, пиджаккыттан ырбаахыҥ сиэхтэрэ быгаллар, уолуккунан ырбаахылааххын. Быһата, киһилии таҥна сылдьар курдуккун. Эмиэ биллэр ахан, көстүбүт ахан фокус.
Эмиэ – кыра да буоллар, артыыс буоллаҕым буолан – эрчиллиини адьас көтүппэккэ киэһэ аайы сылдьабын. Бастаан кыра тахсыбыт алҕастары көннөрөммүн, арай барыта үчүгэй баҕайытык тахсар, табыллар.
Ол да буоллар сценаҕа тахсар саллыы... Саатар, буолбата буоллар... Дьэ, кэнсиэрдиэхтээх күммүт адьас тиһэх дьүүл-суут күнүн курдук ыга тирээн кэллэ! Мин ол түүн отой утуйбатым. Сценаҕа тахсарбын санаатым эрэ... Оо, иэдээн... Оо, алдьархай... Дэлби тиритэн хаалабын. Кэмсинии бөҕөнү кэмсинним!..
Сарсыарда букатын кыайан аһаабатым. Айахпар ас адьас киирбэт. Алыс ыксаан, Лэкиэспэр «арай биһиги нүөмэрбитин быһан кэбиһиэх, көрдөрүмүөх» диэн элэ-была тылбын этэбин.
Киһим туран:
– Коней на переправе не меняют! Уонна – кыыскын санаа! Уоскуй эрэ, – диир, сэгэртэйим эрэйдээх иннигэр кинини туох күүтэрин адьас да сэрэйээхтээбэт буоллаҕа.
Мин, «кыыс, баҕардар, хааллын даҕаны...» диэн, онно даҕаны бэлэммин! Сценаҕа эрэ тахсыбат туһуттан тугу баҕарар оҥоруох курдукпун! Уолум эрэйдээх, оччоҕо тиксиэх муҥнаах, миигин эрэ уоскутар аакка сылдьар.
Оннук утуйбакка-аһаабакка сылдьан, алдьархайдаах киэһэ, дьэ, кэллэ эбээт! Оскуола саалатыгар оҕо лыык курдук симилиннэ.
Ол курдук өй-мэй, улук-түлүк курдук түүлбүн-илэбин быһаарбат турукка сырыттахпына кэнсиэр саҕаланна. Барыта барыахтааҕын курдук баран иһэр. Көрөөччүлэрбит да наһаа талымаһа суохтар – ытыс тыаһын кэрэйбэттэр.
Биһиги тахсыыбыт кэллэ. Мин, хайыы үйэ барытыгар кымаардаабат да буолан, симмэр түһэн, син киирэбин-тахсабын... Оруобат курдук оҥоруохтаахпын оҥоробун. Лэкиэһим, саамай күндү, харыстыыр да харыстыыр, улахан эрэ түбэлтэлэргэ кэтэр хара көстүүмүн кэтэн, төбөтүгэр маҥан чалма иилинэн факир да факир! Туттуу-хаптыы мааны! Бэйэтэ да хара бараан уол Индияттан адьас субу кэлбит киһи курдук! Мин, иккис оруолга сылдьар киһи, таҥас-сап бэрт судургу. Арай ыстааным иһинэн салапаан тиктибитим, били сиикэй сымыыты алдьатыахтаахпын дии... Пиджагым биир сиэбигэр буспут (Лэкиэс киэнэ, сэрэххэ, оннук буолуохтаах), атын өттүгэр сиикэй сымыыттар бааллар...
Уолум, отой устан эрэр курдук, наскыччы туттан-хаптан кэлэн, миигин олоппоско олордор. Тимэхтэрбин сүөртэлиир, тарбаҕын төбөтүнэн саҕабыттан кытаахтыы тутар уонна тардар! Онто санаа хоту буолууһу дуо?! Ырбаахы тоҕо эрэ тахсан кэлбэт! Киһим санаатын түһэрбэт – мичээрэ өссө минньийэр! Аны, туох баар тарбахтарынан саҕабын хам тутан ылан, туох баарынан тардан көрөр! Саараама даҕаны! Ырбаахы тахсан да бэрт! Уолум эрэйдээх мичээрэ аны ытаан эрэр курдукка маарыннаан барар! Ырбаахы, хара ыт баара, тахсар санаата адьас суох! Көрөн олорор оҕолор били тахсыахтаах ырбаахылара өсөһөрүн көрөн, дьэ, болҕомто бөҕөтө буолан, букатын ылы-чып баран кэтэһэллэр! Лэкиэһим эрэйдээх били бэйэлээх минньигэс да минньигэс мичээриттэн тобоҕо эрэ ордоохтообут, онтубут даҕаны ырдьайан ынырык баҕайы! Санаатын өссө да түһэрбэккэ, атаҕын төбөтүгэр тура-тура, кэдэйэ-кэдэйэ тардар! Били нуучча остуоруйатыгар оҕонньор эриэппэни хостуу сатаан эрэйдэнэрин курдук быһыы-майгы буолан барда! Оттон «эриэппэ» олоппоһугар адьас хам хатанан, хабарҕаланан, кытарыаҕынан кытаран баран хардыргыы олорор! Ырбаахы саҕата эрэ тыаһыыр. Бэйэтэ буоллаҕына кэлбэт! Тоҕо да кэлиэй?! Били түлэй-балай сылдьан, өссө сиэркилэҕэ көрүммүтэ буола-буола, дьиҥнээхтик кэтиллибит таҥас! Ону Лэкиэс хантан билиэй?!
Дьэ, түбэлтэ! Балай да өр тиритиэр диэри тардыалаһа сатаан баран, Лэкиэс, кини да буоллар, куһаҕаны, дьэ, син сэрэйдэ! Сирэйэ кумааҕы курдук кубарыйда! Мин, дьэ, тыын ыллым... Хайыах баҕайыбыный... Уолум эрэйдээх иннибэр кубарыйыаҕынан кубарыйан харса суох илиитин мускуна тураахтыыр.
Төбөбөр эмискэ быыһанар суол көтөн түһэр! Эврика! Харса суох, уолбун түҥнэри көтө сыһа-сыһа, ойон турабын уонна, санаабар, бэйэтин курдук минньигэс да минньигэс мичээрдээх (аны санаатахха, туох аанньа мичээр үһүө?!) олоппос диэки икки илиибинэн ыйан такыс гыннарабын. Уолум, ууга түһэн эрэр киһи оттон тардыһарын курдук, тугу гынаары гыммыппын өйдүү охсон, хап-сабар олорбутунан барар.
Мин, салҕалыы-салҕалыы, сымыыппын уура охсон биэрэбин! Уол олоро түһэр... уу чуумпуга сымыыт тыаһа «харх!» гынар... Лэкиэс, харахтара сүүһүгэр ойон тахсан баран, ыстанан турар. Итэҕэйбэтэхтии, илиитинэн кэннин туттан көрөр... уонна... уу чуумпуга улахан баҕайытык: «Пахыый!» – диэн саҥа аллайар! Саала иһэ күлсүүттэн эстэ түһэр! Лэкиэс аны хаһан да төннүбэттик сцена түгэҕин диэки буулдьалыы ойор... Кэнниттэн мин тэбинэн кэбиһэбин! Били кыыстыын билсиһиибит бүттэҕэ ол!!!
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.