Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
Өссө биир билсиһии
Урут, бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан, билиҥҥи табаарыспын кытары саҥа билистибит. Билиһиннэрбит уолбунуун, үһүө буолан, кыратык «тас» гыннаран баран, кинотеатрга бардыбыт. Билиэппитин ылан, фойеҕа турабыт. Арай, үчүгэйкээн баҕайы үс саха кыыһа, сеанс саҕаланарын кэтэһэн, таах сылдьаллар эбит. Биһиги диэки көрөллөр. Тугу эрэ кэпсэтэллэр. Санаабытыгар, биһиги диэки наһаа үчүгэйдик көрөллөр.
Хайыыбыт? Билсиэххэ. Саамай сытыы дии санаабыт киһибитин – уолбутун – анньабыт.
– Чэ, доҕор, уол оҕото буоллаҕыҥ, бастаан тиийэн билис... Онтон биһиги да туора туруохпут суоҕа...
Уолбут тугу да саҥарбат. Айаҕа эрэ аппаҥныыр. Биһиги ону болҕойор дьон үһүбүт дуо?! Соһон кэриэтэ илдьэн, кыргыттарбыт аттыгар үҥүлүтэн кэбиһэбит. Уонна кэтэһэн турабыт. Киһибит сордоох, арай, биир үчүгэй баҕайы саҥыйахтаах кыыска тиийэн тардыалыыр уонна ырдьыгыныыр!
– Ыр... ыр-р... р-р-р...
Кыыһа куттанан куота сылдьар. Киһибит кэнниттэн эккирэтэ сылдьан ырдьыгыныырын тохтоппот.
– Ы-ы-ы-р-р... ыр-р... р-р-р...
Биһиги, киһибититтэн соһуйан хаалан, мах бэрдэрэн, туох буоларын кэтэһэбит...
Уолбут эрэйдээх отой ыксаата. Кэмниэ кэнэҕэс, мүччү туттаран, кыыһын илиититтэн харбаан ылла уонна, сирэйин өҥөйөн туран, ыгылла-ыгылла:
– Ы... ррр... Ыр-рыынактан ылбытыҥ дуо? – диэн саайда!
Биһиги онно, дьэ, күлэн тоҕо бардыбыт.
Кэлин билбиппит, киһибит кэлэҕэй, тардыас эбит. Аны, онтуката, истэҕинэ, улаханнык бэргиир. Дьэ, уонна, биһиги иннибитигэр бэйэтин түһэн эрэ биэримээри, сонно өйүгэр көтөн түспүт сылтаҕын этэ сатаан муҥнаммыт эбит.
Билсиһиибит бүттэҕэ ол...
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.