Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.

Дьиҥнээх булчуттар...

Биирдэ биһиги, табаарыспын кытары, уончалаах эрэ оройдор, киһим аҕатын саатын «кистэлэҥ» сириттэн, дьыбаан анныттан, «сойботон» ыллыбыт уонна хотон күлүгүнэн тыаҕа элэс гынан хааллыбыт. Киэһэ, аҕата төннө илигинэ, саабытын төттөрү ууруохтаахпыт.

Күнү быһа хара тыаны таах тэпсэн баран төннөн истибит.

Дьиэбитигэр син балай да чугаһаан баран:

– Чэ, бачча сылдьан баран, саатар, сыал ытыахха, – диэн буолла.

Синньигэс баҕайы үрэх уҥуоргу кытыытыгар талахха туос оҕотун ыйаатыбыт уонна ытыалаан хабылыннартаатыбыт! Саабыт тыаһа абытай, отой дөйө сыһабыт. Аны тэбэрэ дьиикэй. Түҥнэри баран түһэ сыһабыт. Ол да буоллар, син биир туттуу-хаптыы мааны... Туох баар түргэммитинэн саабытын булгу тутабыт, ботуруоммутун батары баттыыбыт уонна эмиэ ытан бурҕал гыннарабыт. Адьас дьиҥнээх булчуттар курдук сананабыт.

Ол булкулла сылдьан, арай эмискэ истэ биэрбиппит – ким эрэ, туох эрэ ньааҕыныыр курдук. Тохтуу түһэбит...

Арай, доҕоор... Ытар сирбит туһунан талах быыһыттан, ыстаана сулбуруйбутунан, икки илиитин өрө ууммутунан уонна адьас ыксаабыт куолаһынан: «Уолаттаар, тохтооҥ... бэринэбин!..» – диэбитинэн биир киһи туран кэлбэт дуо?!

Биһиги ол чэпчэтинэ олорбут киһини «билиэн» ыла оонньуу сылдьыахпыт дуо, сонно буут быстарынан ойуур диэки ойдубут!

Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.

Бүтэһик сонуннар