Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
«Коммунист»
Саха омук барахсан былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үгэһинэн, хас сылын аайы ыһыах ыһан, кыыдаан кыһын ааһан, самаан сайын барахсан кэлбитин, киһи-сүөһү унньуктаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэммитин уруйдаан-айхаллаан көрсөр. Өрүү буоларын курдук, бу улахан көргө-нарга күүстээхтэр күөн көрсүүлэрэ ураты болҕомтону тардар. Тоҥ маһы турар бэйэтинэн тоһута тыытар, ириэнэх маһы инчэҕэй илиилэринэн ибили тутар толуу күүстээх мадьынылар быыппаста-быыппаста тардыһыылара, иннилэригэр икки атахтааҕы түһэрбэтэх түргэн-быһый эр бэртэрин сырсыылара, аартык-аартык аайы албан ааттара, суол-суол аайы суон сурахтара дорҕоонноохтук дуораһыйбыт бөҕөстөр хапсыһыылара уонна, биллэн турар, алаас-сыһыы аайыттан аатырбыт аттар сүүрүүлэрэ...
Мээнэ хаама сылдьан уксубут, «хочуолга» кыттыспыт уонна көннөрү көрөөччү дьон аттара биэтэккэ битигирээн кэлэллэригэр, туохтарын барытын умнан туран, өрө көтө-көтө хаһыытыы-ыһыытыы, үөгүлүү, аймана көрсөллөр... Аны кыайтарбыттар кыһыылара, сүүйбүттэр үөрүүлэрэ... Куугун-хааҕын... Сахам дьоно барахсаттар, өрүү маннык барытыгар биир сомоҕо буоларбыт буоллаар...
Чэ, бээ, тиэмэбиттэн халыйаары гынным. Дьэ, ол ат сүүрүүтүн биһиэхэ биир Бэлэс диэн хос ааттаах (дьиҥнээх аатын билбэтим), кырдьык даҕаны, улахан, сөҥ саҥалаах, олус табыллыбыт күөмэйдээх, айылҕаттан айдарыылаах киһи наһаа үчүгэйдик ыытааччы. Аттар ааттарын-суолларын, хас сыллаах төрүөхтэрин, удьуордарын, дьүһүннэрин, ханна-хаһан бастаабыттарын, аны сүүрдээччилэрин туһунан кэпсээн-ипсээн ыстаҕына, тохтоҕуна, ат сүүрүүтүттэн ыраах да соҕус киһи сэргээн, умсугуйан барааччы. Ол да гыннар, убайбыт ардыгар, «аһаан» кэбиһэн баран, хаһан да умнуллубат гына «биллэрэн» кэбиспитэ эмиэ баар буолааччы. Олортон биир көрдөөх түгэни кэпсиим.
Убайбыт эмиэ «аһаабыт» бадахтаах. Тоҕо эрэ саҥарарбыт былльырхай соҕус. Ол да гыннар, санаатын отой түһэрбэккэ, биллэрбитин курдук биллэрэн:
– ...Аттар старка чугаһаан эрэллэ-ээр!.. Түстүлээр!.. – диэн үлэтин-хамнаһын син толоро олорон, – «Коммунизм» сопхуос атын сүүрдээччитэ таһаҕа кыһы-ыыл!.. – диэн саайар.
Дьон күлсэн ньир гына түһэр.
– Ээ, оттон ити таҥаһа... – киһибит көннөрүнэн көрөөхтүүр.
Дьон букатын да быара суох барар.
Үгүстэргэ көннөрү көр буоллаҕа, оттон саамай эмсэҕэлээбит – ол аты сүүрдүбүт Анааскы уол... Оскуолаҕа кини, ол үлүгэр эттиин-хаанныын «кытара» сылдьар киһи, тута Коммунист аатын ылбыта, билигин даҕаны дьон үксэ кинини «коммуниһынан» эрэ билэр (дьиҥэр, сааһыгар партия аттыгар да турбатах киһи). Аны туох эмэ, холобур, кэннэ кытара сылдьар эбисийээнэ да буоллун, биитэр мээнэ көрдөрүллүбэт эт-сиин ахтыллан хаалара буоллун, оннооҕор көннөрү кыһыл өҥ-дьүһүн таарылыннар эрэ, «оттон Анааскы киэнэ оннооҕор кыһыл!» аатыран иһэр...
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.