Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.

«Парикмахер»

Бэҕэһээ, үлэлээн баран, табаарыспар киирэн ааспытым. Бэйэтэ ыҥырбыта, кэргэнин кытары иирсибит. Уопсайынан, уолаттарым сордоон эрэллэр. Кэргэттэрин кытары кыыһырсан баран, миигин ыҥыран эйэлэһиннэрэллэр. «Эһиги олороҕут дии, бэйэҕит быһаарсыҥ», – диибин да, истибэттэр, өссө кыыһырыах, хомойуох курдуктар.

Быһата, тиийбитим – дьонум улаханнык этиспиттэр быһыылаах. Төрүөтэ – уол этэринэн, күнүү. Дьиэтигэр хоммотох үһү. Кэргэнэ, үчүгэйкээн баҕайы кыыс, кыыһырбыт ахан. Толлойуу да толлойуу. Хата, киһи өссө таптыах... Ол да буоллар, ыалдьыты үүрэн таһаарбат буоллаҕа дии... Аны киэһээ аһылыгын хайдах аһатыа суоҕай?.. Аны ыалдьытын кытары кэпсэппэтэ эмиэ сүрэ бэрт! Хайыай, кэпсэтэр.

Инньэ гынан, дьонум бастаан биир-икки тылынан, онтон устунан, ас бэлэмниир түбүгэр уонна, аһыы олорон, араас кэпсээннэр, дьээбэлэр кэннилэриттэн устунан күлэн-үөрэн эйэлэһэн кэбистилэр.

Быһата, барыта этэҥҥэ этэ... Ол эрээри, мин диэн мин... Доҕотторум мээнэҕэ «хаама сылдьар айылҕа алдьархайа» диэхтэрэ дуо?! Дьиҥэр, ол соруйан буолбатах, барытыгар мин үтүө санаам эрэ буруйдаах!

Дьэ, ол гынан, аһаан бүтэн баран, дьонум иллээх баҕайытык куукунаҕа иһит сууйа сылдьаллар. Уол, «буруйдаах» киһи быһыытынан, кэргэнин тула илэ-сала көтүү бөҕө. Дьиҥинэн, кырдьык, атын дьахтарга сылдьыбатах. Чэ, барыта орун-оннугар, барыта чуолкай, барыта үчүгэй, барыта найгы да найаат.

Мин саалаҕа, телевизор иннигэр, дьыбааҥҥа, сотору дьиэбэр бараары олоробун.

Арай, ол олордохпуна, биир кыра баҕайы, бүтүннүү маҥан түүнэн үүнэн хаалбыт ыт эрэйдээх кэлэн сытырҕалыыр. Мин көрдөхпүнэ, баттаҕа хараҕын саба түһэ сылдьарыттан кыайан көрбөккө олус мэһэйдэтэр... Эрэйдээх, кырдьык, сирэйэ барыта саба үүнэн хаалбыта хайа да бэйэлээх сатаан көрүө суох курдук. Аһынным ахан. Ыт да буолбутун иһин, тугу да кыайан көрбөтө үлүгэрэ бэрт буолбатах дуо? Хата, таах олоруохтааҕар, бу сытар кыптыыйынан хараҕын арыйан «абыраан» биэрэр өй көтөн түстэ.

Бэйэлэрэ да ыты эрэйдээн... Кыыһырса сатыыр оннугар, ыттарын харайыа этилэр буоллаҕа... Дьэ, эмиэ дьон дии...

Санаатым – оҥордум. Ыппын тутан ылан, кыпчыйан олорон, наһаа үчүгэй чуолкалаах, сирэйэ барыта аһаҕас, туох да мэһэй суох гына кырыйан кэбистим!

Онтукам, доҕоор, ыытан кэбиспитим, адьас тугу да көрбөт балай буолан тула эргичиҥнии түспэт дуо?!

Дьонум, иккиэн биир кыһалҕаланан, «илэ сиэхсит» илиитигэр киирэн биэрбит ыттарын бүөбэйдии, өссө ордук өйдөһөн, бэйэ-бэйэлэрин олус иллээхтик көрөн-истэн хаалбыттара... Биллэн турар, миигин көрөллөрө атын этэ...

Дьэ, эмиэ эрэй, бэйэтин айылҕатынан ол ыт баттах быыһынан көрүөхтээх эбит...

Көмөлөһөн «абыраатаҕым» ол!

Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.