Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
Туруусук...
Лэкиэспиттэн арахсан, туспа пляжка баран, холкутук бэйэм бэйэбэр сөтүөлүүбүн. Ыраах соҕус да буоллар, бэрт. Хата, кытыл уутун түгэҕэ олус сырыынньа. Дьара. Адьас ыраах киириэххэр диэри тобуккунан, онтон курданаргынан эрэ буолар.
Төннөрбүт чугаһаата. Халлааммыт да тымныйа быһыытыйда. Сөтүөлээччилэр лаппа аҕыйаатылар. Ол да буоллар, күн көрөрүттэн кумаҕа өссө да сып-сылаас. Инньэ гынан, дьон үксэ, түргэн соҕустук ууга түһэн ыла-ыла тахсаннар, үксүн сытан эрэ, күн уотугар сыламныыр идэлэннилэр.
Мин, аны туран, ынырык «курутуой» плавки ылынным. Онтубун кэттэхпинэ, барытын чыппаччы ылларан, саха уолугар син мээнэ быһыы-таһаа буолан тахсабын. Сиэркилэ иннигэр араастаан быыппаҥныыбын.
Лэкиэһим бастаан саҥата суох көрөн эрэ кэбистэ, онтон тулуйбата.
– Хайа, Дьы, бу бараары сылдьан, тоҕо эмиэ бу саҥа атыыланныҥ? Уол, арааһа, бэйэҥ бүөмнээн кими эрэ буллуҥ дуу... Тоҕо эрэ бардыҥ да сүтэн хаалаҕын!.. – диир.
– Ээ, суох, кими булуомуй... Бу да киһи... Миигин билбэт киһиэхэ дылы... Күүгүнээмэ... Хата, бу таҥаһым иитинэн наһаа ыга ыла сылдьар дии. Хайдах гынабын?
– Оттон эрэһиинэтин холкутатан биэр ээ, бүттэҕэ ол дии...
Киһибин итэҕэйэн, таҥаһым иитигэр эрэһиинэ киирэр хайаҕаһын көрдөөн көрөбүн да мэлигир. Ханан да хайаҕас суох...
– Лэкиэс, бу таҥаспыт эрэһиинэ угар хайаҕаһа ханан да суох ээ...
– Аҕал эрэ манна, хайдах оннук буолуой? – киһим хаба тардан ылан сыныйан чинчийэр.
– М-даа... Кырдьык, көстүбэт дии... Омуктар, биһиги курдук эрэһиинэтин уларыппат буолан, хам тигэн кэбиһэллэр эбит. Хайыахха... Бэйэбит хайа кырыйан баран, атын эрэһиинэни уган кэбиһиэххэ. Хайдах искин-үөскүн хам туттара сылдьыаххыный?
Ыламмыт, эрэһиинэ баар сирин быһа кырыйан кэбиһэбит! Онтубут отой да туспа эрэһиинэ көрүллүбэт сулукаай буолан биэрдэ. Хаарыан сыаналаах таҥас.
Лэкиэһим «буруйдаах» киһи быһыытынан сүбэлиир:
– Хайыаххыный, ылан, биллибэт гына төттөрү тигэн кэбис...
Кыыһыра-кыыһыра, биллибэт уонна холку соҕус гына тигэн кэбиһэбин. Туох буолуой, бачча ыга ыла сылдьар таҥас эрэһиинэтигэр да соччо наадыйбат курдук. Син үчүгэй, наһаа биллибэт буолла. Холкутаата даҕаны.
Сарсыҥҥы күнүгэр, туран аһаан баран, баран эрдэхпинэ, аны Лэкиэһим барсаары эриллэр. Барсыа буоллар – барыстын, хата, көхтөөх буолуоҕа, соҕотох сылдьардааҕар.
Пляжпытыгар тиийбиппит... Арай, доҕоор, сүүрбэччэ кырасаабысса кыргыттар кэлэн күлүү-үөрүү бөҕө буола сылдьаллар эбит!
– Хайа, нокоо... Дьы... Ол иһин сүтэр эбиккин дии. Уонна тугу да эппэт ээ... – Лэкиэс миигиттэн улаханнык хомойор, төбөтө сүүс аҕыс уон кыраадыс эргичиҥнээн-лэкээриҥнээн олорор.
Мин тугу да саҥарбаппын. “Бу бүгүн эрэ кэллилэр” диэн быһааран, син биир туһа тахсыбатын билэбин. Сыгынньахтанан кэлэммит, кытылга тапчааммытын булунан сытабыт.
– Уо-оо! Дьы, отой өлөөрү гынным! Хайа, эн кыыһыҥ ханнаный? Дьүөгэлээх дуо? Түргэнник билиһиннэрэ охсууй!..
Лэкиэһиҥ сүгүннүөх бэйэлээх буолуо дуо?
– Ээ, бу да киһи... Балыыҥкалаама... Ханнык да кыыһым суох. Хата, ити устар сэптэрин боруобалаабыт киһи?
– Дьы, көҥөнүмэ, доҕор! Эн кыыскын былдьыам суоҕа... Хайдах бу бэйэлээхтэри көрө сылдьан. Сымыйалаама...
Лэкиэһим уоскуйан да бэрт. Кыһыйдарбын да, хайыамый. Син биир итэҕэйбэт.
Дьон элбээбитинэн бүгүн уу атракционун үлэлэппиттэр. Уһун, суон баҕайы үрүллэр дүлүҥ курдукка дьону олордон баран, онтукаларын уу матасыыкылыгар состорон, ыраах баҕайы турар эмиэ үрүллэр улахан, били пааркаҕа оҕолор көрүлүүллэрин курдук атракционнарыгар илдьэн ууга сырылатан түһэрэ оонньотоллор.
Мин, харчыбын төлөөн, онно киирэн олорунан кэбиһэбин. Лэкиэһим, таҥас харабыллыыр аатыран (сылтаҕа эрэ), кытылга хаалар. Өссө киһиҥ кыыс булан билиһиннэриэх буолар. Онтон туох эрэ үчүгэй тахсарыгар дылы... Чэ, дьаабылана сырыттын.
Кулгаахпытыгар тыал куугунаан олоруор диэри түргэнник айаннаан, улахан атракциоммутугар чугаһыыбыт. Уу бырдаҥалаан олорор, дьон хаһыы-ыһыы, үөрүү-көтүү бөҕөтө. Түһэммит, ол малбытыгар ойоҕоһунан баар кирилиэһинэн ыттабыт уонна ортотуттан төбөбүт оройунан ууга таҥнары сырылыыбыт. Ыһыытаабытынан кэлэн, ууга чом гына умсан хаалабыт. Астык баҕайы! Уу иһигэр киһи хараҕын холку арыйар. Аһыйбат-хайаабат. Мин умсан баран күөрэйиэх буолбутум, атахпар туох эрэ иилистэр, ону түргэн үлүгэрдик тэбиэлээн кэбиһэбин уонна дьоллоох баҕайы сирэйдээх күөрэс гына түһэбин... Ол эрээри, куһаҕан быһыы тахсыбытын сүрэҕим курдаттыы сэрэйэн туттан көрөбүн. Сэрэйбит сэрэх! Чыычааҕым, дьэ, көҥүлгэ тиксэн (үөрбүт ахан быһыылаах), туора-маары толугуруу сылдьар эбит. Плавки сыта да суох! Төттөрү умсабын уонна харахпын кэҥэтэ-кэҥэтэ көрдөөн көрөбүн да, туох кэлиэй... мэлигир!
Бу иэдээни!.. Хайдах гыныах баҕайыбыный?.. Бар дьон ортотугар кэлбит сэппэр кус сыгынньах култайан олорорум сүрэ бэрт дии...
Дьэ, моһуок буолла буолбаат!.. Хайыах баҕайыбыный?.. Бу сааты-сууту көрбөккүөн?!
Ылабын да, кытыл диэки дьонтон тэйэ харбаан даллаҥнаппытынан барабын. Өр-өтөр буолбат, аны долгун бөҕөнү өрө тыыллаҥнатан, уу матасыыкыллаах дьон ыга астаран кэлэллэр.
– Вы куда, гражданин, далеко отплывать не положено. Вернись! – диэн модьуйаллар.
– Ребята, я спортсмен. Мастер спорта по плаванию. Издалека специально приехал тренироваться. Это включено в мой режим тренировки. На берегу ознакомлю! – диэн сымыйалаан кубарытабын мин.
– Ну, ладно, спортсмен. У нас вообще-то не положено. Если что мы рядом, – дэһэллэр уолаттар уонна дьонноругар төннөллөр.
Мин, туох баарбынан, тиэрэ сытан сынньана-сынньана, кытыл диэки дьулуһабын. Онтукам, саатар, ырааҕыын... Дьон хайыы үйэ оонньоон-көрүлээн бүтэн, төттөрү айаннаан ситэн сирилэтэн ааһаллар. Мин санньыйбыт харахпынан батыһа эрэ көрөн хаалаахтыыбын. Матасыыкыллаах дьонум өссө биирдэ кэлэ сылдьаллар.
– Ну что, парень, как ты? Может, чем помочь? – дииллэр.
– Всё нормально, первый день у меня щадящий режим... – диэн куотунабын.
Сордонон-сордонон, сырам-сылбам барыта быстан, сыккырыыр эрэ тыыным хаалан, атаҕым дугунар сирин кыл мүччү булабын. Тэмтээкэйдии-тэмтээкэйдии, курданарбар диэри кытылга чугаһыыбын. Харахпынан көрдөөн киһибин булабын...
Оо-о... суох!!! Ити эрэ буолбатах!!! Алдьархай!!! Лэкиэһим (хара ыт!!!) хайыы үйэ икки кыыстаах (биирэ, биллэн турар, миэхэ анаммыт), көхсүнэн уу диэки олорон кэпсээнэ-ипсээнэ ырааппыт!!! Ыт уола, саатар, сүтүктээн көрөн абыраабат. Хаһыытаан ыҥыран көрөбүн да, байҕал обургу иһитиннэриэ баара дуо?.. Дьэ, эрэй...
Аны туран, ыбыгырас буолуохпар диэри дэлби тоҥнум. Бара сатаан, «били малбын» икки илиибинэн бүөлүү тутан баран, чохчойон олорон, хаастыы хааман, кытылга чугаһыы сатыыбын. Ууттан лоппунуок курдук төбөм эрэ быган олорон, киһим көрөн абырыырын кэтэһэн көрөөхтүүбүн. Саараама даҕаны, Лэкиэс эйиэхэ кыһанан бэрт!..
Арай чугас оҕолор сылдьалларыттан биирдэстэриттэн көрдөһөн, киһибин ыҥыртарабын. Кэмниэ кэнэҕэс, өлөрүм чугаһаабытын кэннэ, киһим, дьэ, киирэн, туох буолбутун өйдөөн, кэтэ сылдьар туруусукпун киллэрэн, ону уу анныгар кэтэн, таҥнар сиргэ сүүрэн тиийэн таҥна охсоот, дьиэм диэки харбыалаһабын.
Биир билсиһии бүттэҕэ ол.
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.