Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.


Саарбах хоруоллар

Уол төрдүс кылааска үөрэнэр. Оскуолатыттан кэлэн баран, эр дьон буолан, аҕатыныын бэйэлэрэ туспа кэпсэтэллэр.

– Паапачыка, эн оскуолаҕа кылааскар хаһыс хоруол этигиний?

– Ээ, мин саамай күүстээхтэрэ буоллаҕым, бастакы хоруол этим!

– Оо, жуоскай чубаак эбиккин дии!

– Оттон эн хаһыс хоруолгунуй?

– Ээ... Оттон... ити мин буоллаҕына... Паашка уонна Ваася кэнниттэн үһүс хоруолбун!

– Оо, эн да син үчүгэй ыччат эбиккин! – аҕата үөрэр.

Сотору соҕус буолан баран, төрөппүт мунньаҕа буолар. Арай аҕата онно тиийэн билбитэ – үһүс хоруолун кылааһыгар үс эрэ уол баар буолан биэрэр!

Эбиитин уола, учуутала эппитинэн, биир даҕаны олоҥхо бухатыырын аатын билбэт үһү... Ону, чахчыта, аҕата даҕаны соччо-бачча ыйдаҥардыбат.

Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.