Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.
Аны эн ханна да барыма.
Бастакы кууруска үөрэнэ сырыттахпына, биир сүрдээх номоҕон, ис киирбэх көрүҥнээх, уһун дьулугур уҥуохтаах наһаа кэрэ кыыс баара. Ол гынан баран, биир да уолу чугаһаппат этэ. Эҥин араас бэйэлэрин билиммит уолаттар тиийэн эрийсэ сатаан баран мэлийэллэрэ. Мин эмиэ, кинини наһаа астына көрөр этим да, куттанан чугаһыы да барбатым.
Арай биирдэ Пушкинка ааҕар саалатыгар реферат суруйаары тиийдим. Наадалаах литературабын ылан баран, биир кыыс аттыгар кураанах миэстэҕэ тиийэн олорунан кэбистим да, аахтыбытынан бардым. Балай да өр үлэлээн сылайа быһыытыйан, сынньана таарыйа, икки илиибин өрө уунан тыыллаҥныыбын уонна соһуйан, ол балаһыанньабар хам көһүйэн хаалабын: доҕоор, аттыбар били кыыспыт уруок аахта ахан олорор эбит буолбаат?!
Дьэ, эмиэ көрбүт саҕаламмытынан барар.
Ол кэннэ, санаан да көрдөххө, туох реферата сатаан суруллуой?..
Хаарыаны, бачча үчүгэй шанс көстүбүтүгэр хайдах эрэ гынан билсэр киһи... Ээ, чэ, ити гынан баран, эҥин араас бэйэлээхтэри сирбит кыыс, миэхэ кэлэн, эмискэ туох диэн өрө мэҥийиэ буоллаҕай? Таах күнү-дьылы эрэ бараан... өссө эбиитин эмиэ туохха эрэ түбэһээри... Хата, аттыбар баарыттан астына-астына, үлэбин да ситэри оҥордохпуна сөп буолуо дии саныыбын. Өтөр-өтөр, кыыһым диэки кылап гынан көрө-көрө, үлэлээбити үтүктэбин. Библиотека сабыллыытын саҕана кыыһым үлэлээн бүтэн, хомунан тахсан барар. Мин туох да саҥата суох кэнниттэн көрөн эрэ хаалабын.
Сарсыҥҥы күнүгэр үөрэнэн бүтэн баран, били ситэ суруйбатах рефераппын ситэрээри, эмиэ Пушкинкабар тиийэбин. Кинигэлэрбин ылан баран, бэҕэһээҥҥи миэстэбэр тиийбитим: кыыһым хайыы үйэ кэлэн, эмиэ тугу эрэ суруйан буһа-хата олорор эбит. Саҥата суох аттыгар олорунан кэбиһэбин уонна кинигэлэрбин арыйан баран мээнэнэн онтубун одуулуубун. Өйбөр туох да киирбэт. Наар отой атын, «хайдах эрэ гынан, саатар, кэпсэппит киһи...» эрэ диэбит курдук санаалаах олорор киһи буолан биэрдим. Таспар өйдөөх баҕайы сирэйи туттан баран, испэр адьас да балыыҥка санаалаах эмиэ үлэлээбити үтүктэн сордоно олороохтуубун.
Эмиэ үлэ чааһа бүтүүтэ кыыһым хомунан тахсан барар. Мин эмиэ көрөн эрэ хаалабын.
Хас да күн ааһар. Мин, үөрэнэн бүтээт да, сүр ыксалынан Пушкинкаҕа элээрэн тиийэр идэлэнним. Реферат сордонон-сордонон бүппүтэ ыраатта. Кыыс дьарыга адьас бүппэт – ааҕар да ааҕар. Ол тухары мин өттүбүттэн биир да хамсаныы, саҥа-иҥэ эҥин диэн мэлигир. Көннөрү аттыгар олорон тыынан-тыынан баран дьиэлээхтиибин.
Арай биирдэ, мэлдьи буоларын курдук, үлэ чааһа бүтүүтэ кыыһым, хомуна туран, кинигэтин мүччү тутан кэбистэ. Хап-сабар төҥкөйөн, ону харбаан ылаат, утары ууннум.
Кыыһым, үчүгэй баҕайытык мичээрдээн баран:
– Спасибо! – диэтэ.
Мин, соһуйан, ыксаан хаалан:
– Здравствуйте! – диэн айахтаттым (били аттыгар олорон ыраланарбар бастаан билсиһиим ити тылтан саҕаланыахтаах этэ!).
Кыыһым күлэр:
– Вообще-то, до свидания! – диир уонна тахсан барар.
Мин, кыбыстан, кытаран, аппайан хаалан баран, таах олорон хаалабын. Нэһиилэ төбөбүн эрэ кэҕис гыннарабын.
Сарсыныгар, кыбыста-кыбыста, Пушкинкабар тиийэбин. Испэр, тоҕо эрэ, «саатар, бүгүн кэлбэтэ буоллар!..» диэн санаалаахпын (ол гына-гына, туохха бара турарым эбитэ буолла?!). Кыыһым баар. Миэстэтигэр олорор. Мин бу сырыыга, симмэр түһэн, олорон иһэн дорооболоһон саайабын. Кыыһым мичээрдиир уонна хардары дорооболоһор. Салгыы туох да саҥа суох. Мин, кинигэлэрбинэн хаххаланан баран, эмиэ тыына-тыына олороохтуубун. Үлэ чааһа бүтэр. Кыыһым, хомунан бараары туран, бу сырыыга кэҕис гынан быраһаайдаһар. Мин саҥата суох эмиэ кэҕис гынан хардарабын. Бүттэхпит ити.
Хас да хонук ааһар. Биһиги дорооболоһобут, киэһэ арахсарбытыгар бакаалаһабыт. Уонна сыһыаммытыгар туох да атын саҥа суох.
Онтон биирдэ, кыыһым бакаалаһан тахсыбытын кэннэ, сүр түргэнник кинигэлэрбин туттара охсоот, кэнниттэн таһырдьа сүүрэн тахсабын. Кыыһым балай эмэ ырааппыт. Ыксыыбын.
– Тохтоо-о! – диэн хаһыытыыбын.
Кыыһым эргиллэ түһэр. Тохтоон кэтэһэр. Сүүрэн тиийэбин да, хас да күнү быһа бэлэмнээбит тылларбын таһыччы умнан кэбиһэбин!
– Ити буоллаҕына... Оттон туох... Атаарабын дуо?!
– Тоҕо? Мантан чугас олоробун ээ...
– Оттон күлүгээттэр эҥин... Ээ, оттон туох... Билсээри гынабын ээ! – бэйэбэр да соһуччутук отой уу судургутук билинэн кэбиһэбин.
Кыыһым үчүгэй баҕайытык күлэн лыҥкынатар.
– Чэ, сөп, оччоҕуна, баҕар, атаар даҕаны! – мин дьолбор, сөбүлэһэн кэбиһэр.
Хас да нэдиэлэ биллибэккэ элэс гынар. Биһиги Пушкинкабытыгар көрсөбүт. Киэһэ атаарсабыт. Хаста да киинэҕэ сырыттыбыт. Аны туран, биирдэ театрга сырыттыбыт. Өссө эбиитин хаста да уурастыбыт! Мин дьолбуттан көтүөхпүн кыната эрэ суох дайа сылдьабын. Ол эрээри, мин бэйэлээх оннук үчүгэйдик уһуннук сылдьар киһи үһүбүн дуо?!
Дьэ, кыыһым биирдэ дьоно ханна эрэ барбыттарыгар киэһэ дьиэтигэр ыҥырда! Мин дьолбуттан тулам барыта сырдаан, киэркэйэн, чаҕылыйан олорор! Киэһэм кэлэн быстыбат. Сүгүн турар да, олорор да кыах ааста...
Дьолбун, үөрүүбүн кимниин эмэ үллэстиэхпин наһаа баҕарабын. Ээ, баар эрэ доҕорбор Лэкиэскэ SMS тиэкис суруйан саайабын. «Лэкиэс, привет! Мин Дьыбын. Ити К* диэн кыыс миигин таптаан кээстэ. Бүгүн киэһэ дьиэтигэр тиийэбин. Хайаан да миэнэ буолар!» диэн аан дойдуга саамай халы-мааргы, акаары, киһиргэс эр киһи чахчы чугас эрэ доҕорун кытары үллэстэр сонунун ыытан кэбиһэбин. Санаам өссө көнньүөрэр. Кини «ити кыыһы туттум, бу кыыһы туттум!» диэн киһини кыһытан киһиргиирэ сүрдээх дии... Төһө эрэ соһуйар...
Сотору буолаат, төлөпүөнүм SMS хабан чыҥкыныы түһэр. Лэкиэс тугу сөҕөн суруйбутун санаабар оҥорон көрө-көрө, ыламмын көрбүтүм, кыыспыттан эбит. Арыйбытым: «Чумуо!!! Аны мин эйигин адьас билбэппин. Дурак!!!» диэн ынырыктык хомойбут сурук буолан биэрдэ!
Мин сүрэҕим «парк!» гына түһэр. Хайдах-хайдах баҕайыный?.. Ити ыккардыгар, ама, атын уоллана оҕуста дуу... Эс, хайаан... Түргэнэ да бэрт!!! Мин соһуйабын, мунабын-тэнэбин. Онтон, тугум эрэ сэрэйэн, бу иннинэ бэйэм Лэкиэскэ ыыппыт сурукпун арыйан көрөбүн. Сэрэйбит сэрэх... Оо-о!!! Акаарыы-ы!!! Буолар да эбит... Акаары-ы-ыы... Били Лэкиэскэ суруйбут сурукпун алҕаска кыыһым аадырыһыгар ыытан кэбиспит эбиппин!!!
Бэйэм акаарыбар, киһиргэспэр хаарыан кыыспыттан маттаҕым, саҥа умайан эрэр ыраас таптал иэйиитин өлөрдөҕүм ити!
* * *
Хайыахпыный буолар буолтун кэннэ, кэлин кэлэн кэмсиммитим иһин, хайыыр да кыах суох. Бара сатаан, кыыспын кытта кэпсэтэн, быһаарсан көрөөрү төлөпүөннээн көрөбүн да, төлөпүөнүн арааран кэбиһэр. Ааттаһан, SMS быраҕан көрөбүн. Эппиэт суох. Үөрэнэн бүтэрин саҕана, кэпсэтээри, анаан, ааҥҥа кэтээн турдахпына сүр тымныынан көрөн баран ааһа турар. Онтон саллан туох да саҥата суох туран хаалабын.
Хаһан да түбэспэтэх эрэйбэр, санаабатах сорбор, дьэ, түбэстим. Саныыр санаам барыта кини буолан хаалла. Араастаан аралдьыйа сатаан көрөбүн да, син биир санаан кэлэ турабын. Туох эрэ маньяк курдук аны олорор дьиэтин таһыгар кэтэһэр-манаһар буоллум. Ол гынан баран, кэлэн иһэрин көрдүм да, муннукка саһабын уонна кэлэн аастаҕына көрөн эрэ хаалабын. Бэйэм бэйэбэр кыһыйабын... Туохха, син биир кэпсэппэт аата, кэлэ турарым буолуой?! Ама, кининэн эрэ кыыс бараннаҕай? Статистика быһыытынан биир уолга кырата икки кыыс тиксиэхтээх. Ол эрээри, ол тиксиэхтээх «бараххаттарым» тоҕо эрэ мин кыыспар туохтара эрэ син биир тиийбэт... Быһата, бэйэм да адьас кыһаммат эбиппин. Бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын кытта эрийсэр аҥаардаах кэпсэтэн көрдөхпүнэ, соччо сирбэт курдуктар... Ол эрээри, ордук киэһэ утуйаары сыттахпына, кыыһым кэрэ мөссүөнэ, хас биирдии хамсаныыта, күлэн лыҥкынатара, хап-хара харахтарынан көрөн-истэн тырымнатара сүрэхпин-быарбын ыга хаайан бу баар курдук көстөн кэлэр...
Күнтэн күн аастаҕын аайы, мин уоскуйан умнуом кэриэтэ, дьэ, төттөрүтүн буорайан бардым. Аһыыр аһым амтанын да билбэт, туохтан да санаам көтөҕүллэн үөрэн-көтөн кэлбэт буолан баран, биир кэм бэйэм бэйэбэр тууйуллан сылдьабын. Атахтарым сотору-сотору (сотору-сотору буолаахтаан, күн аайы!) кыыһым олорор дьиэтин таһыгар бэйэм да өйдөөбөппүнэн илдьибит буолаллар... Кэлэн аастаҕына, эмиэ көрөн эрэ хаалаахтыыбын. Уонна, өссө ордук иэдэйэн, дьиэбэр төннөөхтүүбүн. Дьарыкпын быраҕан кэбистим, аанньа утуйбат да, аһаабат да буолан хааллым... Биллэ көтөхтөрдүм быһыылаах да, ону билбэппин. Аны, хаһан да испэт бэйэм, бииргэ олорор уолбут төрөөбүт күнүгэр дьоммун кытары тэбис-тэҥҥэ исиһэн баран, туох да буолбакка дьоммун соһуттум, бэйэм да сөхтүм. Ол гынан баран, сарсыҥҥы күнүгэр дэлби төбөм ыалдьан, кураанаҕынан хотуолаан ээхпин эттим...
Үөрэх да боппуруоһа биллэ мөлтөөтө. Тиийэммин, тугу да өйдөөбөт аата, таах килэччи көрөн баран олоробун. Мээнэ конспектаан сордонобун... Киэһэ уочараттаах «салгын сиэһин» кэнниттэн кэлэн, истиэнэ диэки хайыһан баран, сытынан кэбиһэбин...
Уолаттарым тугу эрэ күтүрээн киирэн бардылар.
– Дьы, эн ыарыйдыҥ дуу, тугуй? – диэн ыйытан соһутар буоллулар.
– Эс, суох, бэйэм көннөрү сылааргыыбын быһыылаах... – диэн куотунан көрөбүн.
Арай оннук хаҕым эрэ хаалан сүөдэҥнии сырыттахпына, Лэкиэс үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн киирэн кэллэ. Кини бэйэлээх өр гыныа дуо, «диагноспын» өтө көрөн кэбистэ...
– Ноко, Дьы, эн обургу бачча үлүгэр хайа кыыска ыллараҥҥын хаппыт балык курдук баһыҥ эрэ саллайан хаалла?
– Эчи, суох. Кимиэхэ да ылларбатым... – мэлдьэһэн көрөбүн.
– Ээ, чэ, бу да киһи... Кыыс оҕоҕо дылы кыбыстаҥнаан түһэҥҥин. Мин эйиэхэ барытын кэпсиибин дии. Эн буоллаҕына барытын кистии сылдьаҕын... Тугуй, ол былдьаан ылыам буоллаҕай... Доҕор да буолаахтааҥҥын...
Киһим аны өһүргэнэн турар. Кини обургу, оччо ылсан баран, ыга үктээн барытын ыраас мууска уурдаран ылар.
– Уа-ха-ха-ха-ха-аа... Айуу-айа... Ылан, кыыскар ыытан кэбистиҥ даа... Уой, не могу... Кэм буолуо... – киһим күлэн төкүнүйэ сытар.
Мин ыга кыыһыран бурҕаллан турдум.
– Туох үчүгэйи истэн, итиччэ үөрдүҥ? Дьиҥинэн эттэххэ, барыта эйигиттэн итинник акаары быһыыга киирдим буолбат дуо!!!
– Чэ, сөп-сөп, бүттүм. Уоскуй, доҕор. Хата, миигин иһит. Ити эн кыыһыҥ сирэйэ эрэ үчүгэйин иһин сордоноҕун. Арай миигин, эйигин эбэтэр кинини тириибитин сүлэн кэбиһэр буоллуннар?..
– Айыы даҕаны!!! Аата сүрүн... – мин, Лэкиэһи даҕаны, бэйэбин даҕаны «сүлэллэригэр» адьас да кыһаммат аата, кыыспын «сүлэллэрин» ончу сөбүлээбэт киһи буолан биэрэбин.
– Көннөрү этэбин. Арай дьон барыта тириитэ суох дьардьамалаах эрэ буоллуннар, оччоҕо тугуй? Эн бу кыыс чөмчөкөтө улахан эбэтэр тааһын уҥуоҕа мүлтүркэй диэн сөбүлүөҥ этэ дуу... Син биир наада буоллаҕына, бастакы дьардьаманы кытары сылдьыаҥ этэ буолбат дуо?
– Бэрт киһи эн Мааны Мааппалыын сылдьар инигин?! – Мааны Мааппа диэн маҕаһыын аттыттан арахпат куһаҕан баҕайы сыттаах иһээччи дьахтарынан сыҕайабын.
– Мааны да Мааппа дьардьама эбитэ буоллар, эн биһигиттэн тугунан да атына суох буолуо этэ дии... Чэ, ол эрээри кини туораан эрдин! – Лэкиэс да буоллар, тоҕо эрэ Мааны Мааппа дьардьаматыгар санаата буолбата. – Быһата, ити кыыһынан кыыс бүппэт. Атаспар хайа баҕарар кыыһы билиһиннэриэм. Эн миэхэ көрдөр эрэ...
Мин сапсыйан эрэ кэбиһэбин.
– Оо, дьэ, кэм буолуо... Туппутуҥ эрэ торуоска буолан түһэн... – Лэкиэһим сүр кэлэйэр. – Оччоҕо хайаа... Былыргы методы туһан...
– Ол эмиэ туох методай?
– Ээ, оттон, сурукта суруй ээ уонна почтатын дьааһыгар түһэрэн кэбис. Таһыгар бэйэҥ ааккын суруйума. Син биир ылан ааҕыа дии. Кытаатан, кинигэттэн элбэх таптал эҥин туһунан хоһоонно кыбыт уонна үчүгэйдик быһааран биэр ээ... И дело в шляпе! – киһим дөбөҥ баҕайытык кыһалҕабын быһааран кэбиһэн баран барар.
Мин, ууга түһэн эрэр киһи хороҥ оттон тутуһарын курдук, ити толкуйу сөбүлүү истэн, сүр чэпчээн хаалабын.
Киэһэ, уолаттарым утуйбуттарын кэннэ, үлэбэр ылсабын да... Туох диэн суруйарбын адьас билбэт эбиппин... Барыта акаары баҕайытык тахсар... Оҥорбут быһыыбын туох да диэн киһи сахалыы быһааран кыайан суруйбат эбит. Хата, төттөрүтүн туох баар идиотизма өссө дириҥник өйдөнөн көстөн кэлэр эбит.
Түүнү быһа суруйа сатаан сордонон баран, сарсыарданан, тугу да тобулбакка, ыксаан сытынан кэбиһэбин. Түлэй-балай сытан түһүүбүн.
Арай уруккубут курдук кыыспыныын үөрэ-көтө, библиотекаттан төннөн иһэр эбиппит. Мин тугу эрэ көрдөөҕү кэпсиибин. Кыыһым күлэн лыҥкынатар, иэдэһигэр мин саамай сөбүлүүр оҥхойчоонум тахсар. Ол курдук дьиэтигэр тиийэбит. Арахсаары туран, кыыһым, били аан бастакытын курдук, атаҕын төбөтүгэр туран, иэдэспиттэн «чоп» гыннараат да, сүүрэн хаалар. Мин, тугу эрэ куоттарбыппын өйдөөн, кэнниттэн ыстанабын... уонна хатыылаах ааҥҥа иҥнэ түһэбин!
Тиритэн ахан уһуктан кэлэбин. Сырдаабыт. Уолаттар утуйан сурдурҕаһа сыталлар. Мин барытын өйдөөн кэлэбин. Абаккабыттан, сымыһахпын быһа ытыран баран, сутуругум тириитэ бүтүннүү дьукку ыстанан хаан буолуор диэри истиэнэни охсон «луҥ!» гыннарабын.
Туох эрэйи көрөн... Бу кэриэтэ олорботох да киһи... Оо, дьонум, эрэйдээхтэр, туох диэхтэрэй... Хата, кырдьык даҕаны... Сэриилэһэ сылдьан, анараа дойдуга барбыт көнө буолбатах дуо...
Туран, суунан-тараанан баран, военкомакка аттанабын. Тиийэн, сайабылыанньа суруйабын.
Сотору буолаат, Лэкиэһим эрийэр.
– Хайа, Дьы, дьыала хайдаҕый? Суруккун суруйдуҥ дуо? Ноко, кыыһыҥ мин билэр кыыһым дьүөгэтэ эбит дии!
– Ээ, кыайан суруйбатым. Хайыы үйэ наадата да суох ээ... Мин баран эрэбин...
– Ханна, нокоо... Ол кыыстан сылтаан, үөрэххин быраҕаары гынаҕын дуо?
– Суох, академ ылыам. Армияҕа. Сайабылыанньабын хайыы үйэ биэрдим...
– Оо-о... Адьас да буорайбыккын буотта... Мин билигин тиийиэм... Кэтэс... туох накаас киһитэҕиний?!
* * *
Мин, хоспор киирэн, аргыый аҕай хомуна сылдьабын. Лэкиэс биллибэт.
Киэһэлик төлөпүөммэр SMS кэлбит тыаһа иһиллэр. Ылан көрбүтүм – соһуйуоҕум быатыгар, кыыспыттан. «Били сиргэ» диэн сурулла сылдьар. Хаска, тоҕо, ханна буолара биллибэт. Оржанкаҕа биир ыскамыайка таһыгар көрсөр идэлээх этибит. Онно ыҥырбытын тута сэрэйэ охсон, тиэтэлинэн таһырдьа ыстанабын.
Тиийэн, чугаһаан иһэн, кыыһым турарын ыраахтан көрө охсон, куттана-куттана чугаһыыбын... Арай көрбүтүм харахтара-а... Тугу барытын умнан илиититтэн тутан ылабын.
– Эн баран эрэҕин дуу???
– Ы-ык...
– Саатар, киһилии быраһаайдаһар санааҥ суох дуу...
Кыыһым харахтарын уута субурус гынар. Мин түөһүм иһигэр туох эрэ өрө анньан тахсан бүөлүү турунан кэбиһэр. Саҥата суох кыыспын бэйэбэр ыбылы тардан, тулабар туох буола турарын барытын умнан, иккиэн биир киһи, биир эттик буолан туймааран турабыт. Сүрэхтэрбит бииргэ тэбэллэр, хаайтара сылдьыбыт дириҥ иэйиибит эмискэ төлө көтөн тахсан, кэрэттэн кэрэ, нарынтан нарын долгуҥҥа бигэтэн ырыых-ыраах, үрдүктэн үрдүк куйаарга долгуйа устар. Туругурдун таптал!!! Туругурдун эдэр саас, кистэнэ сылдьар ыраас иэйии!!!
Өр да өр оннук турабыт. Онтон ыскамыайкабытыгар олорон, арыый да уоскуйбута буолабыт. Ахтыспыт да эбиппит... Элбэҕи да элбэҕи этиэхтээх эбиппит биһиги... ол гынан, биир тылы эппэккэ өйдөһөр эбит дии сүрэхпит...
– Эн тоҕо өр да өр кэлбэтиҥ?..
– Баар этим өрүүтүн аттыгар... Күн аайы кэлэргин кэтээччибин...
– Билэбин... Манан дьиэ муннугар саһаргын...
– Ону эн хантан билэҕин?.. Мин адьас көстүбэт этим дии...
– Акаарычаан... Саһар сириҥ мин түннүгүм уун-утары турар дии...
Доҕорбунуун аны хаһан да арахсыспаттык куустуһан олорон сипсиһэбит. Тураммыт, сиэттиспитинэн иннибит хоту мэнээк барабыт. Ханна эрэ киирэн аһыыбыт. Тахсаммыт, проспект устун бэйдиэ хаамсабыт.
Эмискэ кыыһым төлөпүөнэ аймана түһэр. Ылбыта – дьоно сүтэрэннэр, олус ыксаан олороллор эбит. Кыыһым туох эрэ диэн уоскутар, сотору тиийиэх буолар. Дьоллоохтор күнү-кэми билбэттэр. Кырдьык, отой киэһэ, түүн да буолбут эбит. Аргыый аҕай дьиэбит диэки хаамсабыт. Санаабытыгар, наһаа түргэнник тиийэн кэлэбит. Эмиэ куустуһан турабыт. Элбэҕи да кыайан кэпсэппэтибит...
– Эн оччоҕо бардыҥ даа...
Эмискэ иккиэн өйдөөн кэлэбит...
– Суох, чыычаах... сарсын сайабылыанньабын төттөрү ылыам...
– Эн аны хаһан да барыма...
– Суох, кырдьык, аны мин хаһан да барыам суоҕа...
Кыыспын ыга кууһан ылан, уулаах-хаардаах хараҕын, тэтэркэй иэдэстэрин түбэһиэх ууруубун-сыллыыбын. Арахсыахпытын адьас баҕарбаппыт. Эмиэ уһуннук да уһуннук сүрэх-быар эппэйиэр диэри уураһа турабыт. Онтон туох баар күүспүтүн түмэн арахсабыт. Кыыһым дьиэтигэр киирэр. Мин таһырдьа тахсан, аан дойдуга саамай-саамай күндү түннүгүм уота умайарын кэтэһэн өрө мыҥаан турабын...
Эмискэ кэннибэр атах тыаһа битигирии түһэр. Көхсүм аһый-аһый гынар. Эргиллэн иһэн, балааччы түбэһиннэрэн, биир киһини түҥнэри саайан түһэрэбин. Ол икки ардыгар төбөм ньир гына түһэр. Тула өттүм кытар гынар. Сүтэн хаалабын...
Ырыых-ыраах туох эрэ туналыйар...
«Парень, дыши... дыши... Не спать... Эн аны хаһан да барыма...» – диэн саҥалар иһиллэллэр уонна эмиэ сүтэн хаалабын...
Онтон эмиэ тугу эрэ өйдөөн кэлэргэ дылы гынабын...
«Эмискэ кутаа буолан күөдьүйэн кэлбит ыраас таптал төлөнүн хараҥа дьай санаалаахтар умуруордахтара ити... Саҥа олоҕу олорон эрэр эдэркээн уол сырдык тыына быстахха былдьанна... Саҥа олоҕу олорон эрэр эдэркээн уол сырдык тыына быстахха былдьанна..».
Ээ, наһаа дии... Ити кими этэллэрий ээ?
«Эн аны хаһан да барыма...»
* * *
Быһата, абааһылары «күн аайы туох да өрөбүлэ суох, бырааһынньыгы да, тугу да аахсыбакка, күннэри-түүннэри ип-итии хочуол таһыгар буһаргыт-хатаргыт үлэ туһунан сокуону утарар!» диэн анараа дойдуга өрөбөлүүссүйэ оҥоруоҕа эбэтэр «бу орто дойдуга төрөөн-үөскээн баран эрэйи көрбөккө төннөөрү гынна!» диэн буолуо – абааһы дуу, таҥара дуу – дууһабын төттөрү кыйдаабыт. Онон бастаан, реанимацияҕа киирэн, «олус ыарахан туруктаах», онтон үрүҥ халааттаах аанньаллар, уопуттаах хирурдар көмөлөрүнэн хас да эпэрээссийэ кэнниттэн «биир кэм ыарахан туруктаах» диэн аатыран, устунан уопсай палаатаҕа тахсан үтүөрэр аакка барабын.
Ол былаһын тухары доҕорум барахсан, түүннэри хонон, атахпар турарбар күүс-көмө, тирэх буолаахтыыр. Мин, хаһан киэһэ буолан, кини кэлэрин кэтэһэн күммүн-дьылбын барыыбын. Таах сытыахтааҕар, туттуллубут систиэмэ туруупкаларын сөлүөҥкэнэн, дьуотунан кырааскалаан, эҥин араас чертиктары, браслеттары баайан тоһуйабын уонна онтубун бэлэхтээн үөрдэбин. Хаста да бииргэ үөрэнэр, бииргэ олорор уолаттарым кэлэ сырыттылар. Лэкиэс обургу, тута сүүрэн кэлэн, ыарахан сыттахпына көрөн-истэн, өссө киһиҥ сиэстэрэ кыыстыын отой үчүгэй сыһыан олохтуу охсон, талбыт кэмигэр кэлэр-барар. Арыый үчүгэй буолтум кэннэ, өлөн хаалбытым буоллар, кыыһым, атын киһиэхэ тиксиэҕинээҕэр, киниэхэ тиксибитэ быдан ордугун дакаастыы сатаан хааммын «хойуннара» охсон барар.
Киэһэ буолуута таапачыкалаах, дьиэтээҕи халааттаах кыыһым киирэн кэлэрэ – миэхэ саамай кэтэһиилээх, долгутуулаах түгэн. Арыый да атахпар тураат, ханна эмэ бүччүм сир булан, иккиэн эрэ «буруо таһаарабыт». Мин аны үөрэҕэр оҕустарыа диэн, «саатар, күн өрүү-өрүү кэл» диэн туллаччы кыыһырдабын. Киһим, онтон да сылтаан буолуо, аны мин киниэхэ адьас да кыһаммат буолан эрэрбин, сиэнчэр хааннах сиэстэрэ кыыс мин диэки наһаа үчүгэйдик көрөрүн, ону мин эмиэ наһаа үчүгэйдик көрөрүм туһунан миигин «сырдатар». Онно эбии хаһан эрэ кини дьүөгэтин кытары киинэҕэ сылдьыбыт «халыҥ айыым» арыллан тахсар. Ол – эмиэ Лэкиэһим «өҥөтө». Кини өйдөбүлүнэн, бачча эр бэрдэ соҕотоҕун сылдьарым таҥараҕа айыы, айылҕаны утарыы үһү. Ол иһин биирдэ, киинэҕэ билиэт ылан баран, барытын анаан-минээн соруйан оҥорон, ол кыыстыын тиксиһиннэрбитэ. Хайыамый, киинэ кэнниттэн дьиэтигэр атааран биэрбитим. Ол оннук хаалбыта. Мин ону умнубутум ыраатта. Быһаара сатыыбын да, бүтэр уһугар уолаттар бары хайдах эрэ буолан тахсабыт. Онон туох баар уолаттар оҥорбут буруйдарыгар барытыгар эппиэттээччи мин соҕотох буолан тахсабын!!! Хоргутуһан көхсүбүтүнэн буолан бөгдьөһөн олоробут... Өр буолуохпут дуо... Эйэлэһэ охсон, арахсарбыт саҕана эмиэ уулаах-хаардаах харахтанан, олох сэрэнэн сылдьыах буолан, сарсын хаһан буолуор диэри эрдэттэн ахтыһан, улаханнык долгуйан хаалабын...
Туругурдун ыраас таптал! Туругурдун ыраас чаҕылхай халлаан! Туругурдун күлүмүрдэс үрүҥ күн!!! Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум!
Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.