Киир

Киир

Эрэдээксийэҕэ үгэс курдук суут-сокуон, силиэстийэ дьыалатыгар кырдьыктарын кыайан булбатах эбэтэр ону кыайан дакаастаабатыбыт диир дьон кэлээччилэр. Соторутааҕыта Ньурба улууһуттан “уолбутун сыыһа хаайдылар” диэн кэлэ сырыттылар. Биллэн турар, хайа да түгэҥҥэ чугас дьоно, аймахтара сууттанааччыны көмүскүүр, өйүүр буоллахтара.

Бу дьыала суут икки инстанциятын ааһан, бириигэбэр былырыын ахсынньыга тахсан турар. СӨ Үрдүкү суута сууттанааччы Васильевы Арассыыйа ХК 111 ыст. 4 ч. (киһини соруйан эчэтэн алҕаска өлөрүү) сууттаан, Ньурба оройуоннааҕы суута 7 сыл 9 ый кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа уураахтаабытын оннунан хаалларбыт.

0bd18e8a7c38c2ae34755028b2c894aa

“Сакураҕа” тиһэх үҥкүү

Бу быһылаан былырыын Ньурба куоратыгар муус устар 27 күнэ үүнэр түүнүгэр буолбут. Васильев уонна кини гражданскай кэргэнэ Г. буолан Ньурба куоратын “Сакура” кулуубугар сынньана тиийбиттэр. Васильев гражданскай кэргэниниин кыракый оҕолоохтор. Ол күн оҕолоро ыалдьан, балыыһаҕа эбэтин кытары сыппыт. Бу иннинэ Васильевтаах Дьокуускайга олорбуттар. Онтон түптээх үлэ көстүбэккэ, дойдуларыгар олохсуйарга санаммыттар. Суол сабыллыан эрэ иннинэ, бэйэлэрин массыыналарынан малларын эҥин көһөрөн Ньурбаны булбуттар. Саҥа сиргэ олохсуйа тиийбит эдэр дьон куорат түүҥҥү олоҕун кытары ыкса билсэргэ санаммыттар. Ол күн “Сакураҕа” тиийэн пиибэ, арыгы ылан испиттэр. Кулууп үлэһиттэрэ эппиттэринэн, ити күн кинилэр иккиэн эйэ дэмнээхтик, үөрэ-көтө, күлэ-сала сынньана сылдьыбыттар. Арыгы иһэллэр, үҥкүүлүүллэр. Этиһэн дуу, кыыһырсан дуу турбатахтар. Кулууп сабылларын саҕана, таксыы сакаастаабыттар, онтулара суох буолан биэрбит. Ол күн “Сакураҕа” дьон аҕыйах буолан, болдьоҕун иннинэ эрдэ сабыллыбыт. Инньэ гынан үс чаас саҕана “тарҕаһыҥ” диэн буолбут.

135946404572420130129164400

Таһырдьа тахсан, кулууп аттыгар турар парковкаҕа үс массыына баарын көрөн, Васильев таксыы тута тиийбит. Бу кэмҥэ Г. номнуо арыгыга хотторон, атаҕар нэһиилэ турар эбит. Кэлин эспэртиисэ “опьянение средней тяжести” диэн быһаарар. Парковкаҕа турбут таксыы бастаан утаа 500 солк. илдьэн биэриэх буолбут үһү да, кэлин “итириктэри тиэйбэппин” диэн батынан кэбиспит. Онтон атын массыыналарга сыҥалана сатаабыттарын хайалара да буолумматах. Таксыы ыҥыраары Васильев сиэбигэр төлөпүөнүн көрдүү сатаабыт да, булбатах. Ол иһин кулууп иһигэр киирэн администратортан, гардеробщиктан ыйыта сатаабыт да, ким да көрбөтөх. Тымныыттан ичигэскэ киирбит, эбиитин арыгы испит киһи киирэн, утуйан хаалбыт. Ол кэннэ үлэһиттэр үүрбүттэр. Таһырдьа тахсыбыта, ойоҕо көстүбэт үһү, онуоха “дьиэлээбит быһыылаах” диэн Васильев эмиэ дьиэтин диэки хаама турбут. Ити кэмҥэ түүн ытыс таһынар ыас хараҥа, онон ойоҕун булан көрбөтөх да буолуон сөп. Дьиэтигэр тиийбитэ, ойоҕо суох буолан биэрбит. “Кэлэр ини” дии санаан, утуйан хаалбыт. Ити парковка кулууптан 10-ча миэтэрэ тэйиччи турар, ол иннигэр “Сити-строй” диэн Ньурба улахан атыы-эргиэн киинэ баар.

Аны туран, “Сакура” үлэһиттэрэ уонна онно сынньаммыт дьон көрдөрүүлэригэр Васильев уонна Г. иккиэн 02 ч. 40 мүн. тахсан барбыттар. Итирик буолан, кирилиэскэ Г. охтубутун Васильев туруорбут уонна “Сити-Строй” диэки барбыттар. Оттон 02 ч 52 мүн. Васильев “Сакураҕа” соҕотоҕун кэлбит, бэрт холку үһү. Онтон гардеробщик үүрбүтүн кэннэ, уонча мүнүүтэ буолан баран, таһырдьа дьахтар кыланарын истибиттэр.

4 MlBpTVW1Q

“Кистээн туһаҥ суох!.. Билин”

Васильев сарсыарда утуйа сыттаҕына, полиция үлэһиттэрэ тиийэн илдьэ барбыттар. Киэһэ 20 ч саҕана судаарыстыбаннай буруйдааччы: “Васильев, билинэн кэбис. Эн ойоххун кырбаан өлөрбүккүн утары турар атыы-эргиэн киинин таһынааҕы уһулар хаамыра барытын устубут, эбиитин туоһулар эн ойоххун кырбыыргын көрбүттэр. Билинэн кэбис”, – диэбит уонна боротокуолга илии баттаппыттар. Оттон Васильевы көмүскээччи “билигин аһаҕастык билинэн кэбистэххинэ, суут ону учуоттуо, баттаан кэбис” диэбитин ылынан, онто да суох туймаара сылдьар киһи ылан баттаан кэбиспит. Дьиҥэ, ол видеоҕа устуу төрүт суох эбит.

Г. парковкаҕа сытарын биир ааһан иһэр эр киһи көрөн, 3 ч. 20 мүн. Суһал көмөнү ыҥырбыт. “Скорайдар” кэлэн, Г.-ны тиэйэн илдьэ барбыттар. Биэлсэр суруйбут боротокуолуттан көрдөххө, Г. номнуо пульса суох, сүрэҕэ тэппэт, тыыммат, айаҕыттан хаан кэлэр эбит. Түүн 3 ч 45 мүн. Г. өлбүтүн докумуонунан бигэргэппиттэр. Номнуо өлбүт киһини тоҕо эмиэ тиэйэн илдьэ барбыттарын Васильев дьоно өйдөөбөттөр. “Тиэйэн илдьэ барбатахтара буоллар, быһылаан тахсыбыт сирин ымпыгар-чымпыгар тиийэ чинчийиигэ төһүү буолуохтаах этэ”, – дииллэр.

15CQ9J7uks

Быһылаан тахсыбытын кэннэ Ньурба бассаап бөлөхтөрүгэр “бөлүүн “Сакура” аттыгар 27-лээх дьахтары түҥнэри көтөн өлөрбүттэр, ГАИ бөҕө” диэн сурах тарҕаммыт. Кулууп администратордара “парковкаттан массыыналар эмискэ сүтэн хаалбыттара, ГАИлар сүүрэллэр этэ” диэбиттэр.

Туоһу быһыытынан икки таксыыһыты ыйыппыттар. Биир таксыыһыт: “Васильев итирбит ойоҕун туруора сатаан ытыһынан сирэйгэ биэрбитэ, охтубутун туруора сатаан көтөхпүтэ, уолуктаабыта, атаҕынан даҕайбыта”, – диэн бастакы көрдөрүүгэ эппит. Оттон суут кэмигэр “ойоҕун күнүүлээн сутуругунан эҥин кырбаабыта, тэбиэлээбитэ” диэн уларытан кэбиспит.

Оттон өлөрүү матыыба “күнүүлээбит” диэн буолбут. Эмсэҕэлээччи өрүт: “Васильев кыыспытын кыһын күнүүлээн кырбаабыт этэ”, – диэбит. Онуоха Васильев суукка: “Ити миэхэ өһүрэн инньэ диэн сымыйанан сирэй-харах анньаҕыт, эһиги кыыскытыттан төрөппүт быраабыттан 15 саастааҕар быһыллыбыта. Мин кинини олус күүскэ таптыыбын, сокуоннайдык эр-ойох буолаары сылдьыбыппыт”, – диэбит.

Г. баһын уҥуоҕа хайдан, төбөтүгэр хаан баран өлбүт диэн суут-мэдиссиинэ эспэртиисэтэ быһаарбыт.

lider molodezhi iz nyurby poydet pod sud

Суол быһылаана буолаарай?

Туоһулар “Васильев ойоҕун кырбаабыта” диэн көрдөрөөттөрүн кытары, силиэстийэ ол диэки иэҕиллэн барбыт. Маныаха таһырдьа хараҥата, ити парковка ханан да сырдатыллыбата, Г. охтубут сириттэн туоһулар тэйиччи сылдьыбыттара учуоттамматах.

Васильев албакаата Борис Андреев:

“Дьыаланы түргэнник саба охсоору, буруйу барытын аҥаардас Васильевка ыйаабыттар. Дьиҥэ, кини ойоҕун кырбаан өлөрбөтөҕөр биир бэйэм олох саарбахтаабаппын. Мин бэйэм улахан уопуттаах, кырдьаҕас албакааппын. Бэрт элбэх дьыалаҕа кыттыспытым. Бу Васильев дьыалатыгар силиэстийэ хара маҥнайгыттан сыыһа иэҕиллэн, ситэ сөпкө ыытыллыбата”, – диир.

Кини этэринэн, силиэстийэ өлүк баастарыгар улахан болҕомтотун уурбатах. Эспиэр түмүгэр өлүк төбөтүгэр уонна сүнньүгэр улахан баастаах. Төбөтүгэр сирэйин уҥуоҕа үлтүрүйэн, сүнньүгэр тоноҕоһун ньиэрбэтэ, мэйиитэ алдьанан өлбүт. Г. өлүгэ баһынан массыына ааһар сиригэр сыппыт. Онно кыа хаан чалбахтаммыт. Оттон сууттанааччы Васильев этэ-сиинэ ыраас, туох да бааһа, сараапыната суох. Таҥаһыгар өлүк хаана суох. Ити үлүгэр киһи баһа хампы баран, уҥуоҕа үлтүрүйүөр диэри охсубут да буоллаҕына, саатар, сутуруга испит буолуон сөп этэ.

Аны туран, Васильев көрдөрүүтүн бэрэбиэркэлээри Г. төбөтө сыппыт сиригэр массыына көлүөһэтин суолун хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Ону силиэдэбэтэл тоҕо эрэ улахаҥҥа уурбатах. Аны туран, дьахтар кыланыытын Васильев тахсан барбыта 10 мүн. буолан баран истибиттэрин эмиэ болҕомтоҕо ылбатахтар. Баҕар, ити хаһыы Г. тиһэх кыланыыта буолуон сөп.

Бу чахчыларга сигэнэн, Васильев дьоно, албакаат: “Г. охтон сыппытын массыына бытааннык кэлэн, тэпсэн өлөрбүт буолуон сөп”, – диэн сылыктыыллар. Ону дакаастаары, апелляция суутугар хаттаан эспэртиисэ ыытылларын туруорсубуттар да, суут ылымматах. Албакаат Ньурбатааҕы суут-мед-эспиэр түмүгүн кытары сөбүлэспэккэ, суут мэдиссиинэтин исписэлииһэ Борис Захаровка көрдөрбүт. Онуоха кини “массыына эчэппит буолуон сөп” диэн быһаарбыт. Маны таһынан кини Ньурбатааҕы СМЭ эспиэрин түмүктэригэр баар итэҕэстэри ыйар. Түмүгэр, эксгумация оҥорон, өлүгү хаттаан чинчийэр наада диэн этэр. Бу хадатаайыстыбаны суут ылымматаҕын санатабыт.

Билигин Васильев дьоно кассацияҕа биэрээри гыналлар. Кинилэр “суут биһиги санаабытын эмиэ учуоттуохтаах” дииллэр. Кинилэр Ньурбатааҕы эспиэр түмүгүн кытары сөбүлэспэттэрин, силиэстийэ ол сыыһа түмүккэ сиэттэрэн, ситэ дириҥник ыытыллыбакка барбытын бэлиэтииллэр. Кырдьыктарын көрдөөн тиһэҕэр диэри тиийэр санаалаахтар.


Биллэн турар, хас биирдии киһи бэйэтэ кырдьыктаах. Онуоха ол кырдьыгы чахчы дакаастыырга элбэх сыра-сылба баранара өйдөнөр. Биһиги бу дьыаланы көрөн баран, тустаах уорганнар сууттанааччы сөпкө буруйдаммытын өрүттэргэ тиэрдэр курдук дьаһаналлара наада диэн өйдөөтүбүт. Сирэй-харах анньа сылдьыбаттарын да курдук. “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат” дииллэр. Чахчыта да, оннук.

Дмитрий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар