Киир

Киир

Үгүс киһи алмааска эр дьон эрэ үлэлиэхтээхтэрин курдук саныыр. Оннук буолбатах эбит. Аныгы саха дьахтара тугу баһылаабатаҕа баарай? Барытын сатыыр. Дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэригэр сыһыаран, АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлиир кэрэ аҥаардар тустарынан киэн тутта кэпсиибит.

Хампаанньа Мииринэйдээҕи-Ньурбатааҕы хайа байытар кэмбинээтин (уруккута Ньурбатааҕы-хайа байытар кэмбинээтэ)  Накыыннааҕы баабырыкатыгар Саргылаана Афанасьева сепараторщигынан үлэлээбитэ сүүрбэ сыл буолла. Кини манна баахта ньыматынан үлэлиир.

Татьяна

Саргылаана Васильевна Ньурба улууһун Маалыкайыгар 1966 с. күн сирин көрбүтэ. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан дьоно Дьокуускайга көспүттэрэ, онон куорат 14 №-дээх оскуолатын бүтэрэн, оччотооҕу ыччат курдук, олох киэҥ аартыгар үктэммитэ. Уонна салгыы Саха  судаарыстыбаннай университетыгар туттарсан киирэн, тутааччы-инженер идэтин баһылаабыта. Бу идэтин аҕата Василий Николаевич Афанасьев туйаҕын хатаран талбыта оччолорго кыыс киһиэхэ сэдэх көстүү этэ. Үлэтин Аканатааҕы сопхуоска прорабынан саҕалаан истэҕинэ, сопхуос ыһыллан хаалбыта.

Онон 1993 с. “Саха-Вонсон” диэн Саха сиринээҕи-Швециятааҕы кыттыгас хампаанньатыгар бирилийээннэри сыаналааччынан үлэлии киирбитэ. Онон уонча сыл салгыы “Комдрагметалл”, “Туймаада-Даймонд”, “Чороон-Даймонд” тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. Москубаҕа бирилийээни сыаналааччы уонна алмааһы суортааччы куурустарын ити 10 сыл Дьокуускайга үлэлиир эрдэҕинэ бүтэрбитэ. Онто кэнники үлэлииригэр даҕаны олус туһалаабыта.

Итинник үлэлии сылдьан, 2003 с. саҥа улахан 16 №-дээх байытар баабырыка Накыыҥҥа  аһыллыбытыгар онно үлэлии барбыта. Бастаан суортааччы (сортировщик), онтон ыстаарсай суортааччы буолбута.

– Мин билигин бэһис эрэсэрээттээх сепараторщик диэммин.  Суортуурга үлэлиибин, атын сепараторщиктар сыахха үлэлииллэр. Симиэнэбитигэр иккилии буолан үлэлиибит. Ол эбэтэр, күҥҥэ төһө карат алмааһы хостообуттарын учуоттаан, төһө буолбутун биллэрэбит. Билигин баахта ньыматынан үлэлиибит. Үлэлиир сирбитигэр Ньурбаттан бөртөлүөтүнэн илдьэллэр. Олорор, үлэлиир усулуобуйабыт олус үчүгэй, толору хааччыллыылаах уопсайга олоробут. Олорорго туттуллар тэрил барыта баар. Хамнаспыт да үчүгэй. Мииринэйтэн сылдьар кыргыттары кытта бэркэ тапсан үлэлиибит, – диэн кэпсиир Саргылаана Васильевна үлэтин туһунан бэрт истиҥник.

Улахан уола Дьокуускайга “Экосети” тэрилтэҕэ суоппардыыр. Олоҕун доҕоро олохтон туораабытын кэннэ, кыра уолун атаҕар бэйэтэ туруорар, Евгений Стальнов Ньурба 2 №-дээх орто оскуолатыгар онус кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр. Онон баахта ыарахан үлэтиттэн сынньанар кэмигэр оҕотун, дьиэтин-уотун көрөр-истэр. Онтон эмиэ уочараттаах баахтатыгар барыаҕа...        

Олоҕун баабырыканы кытта ыкса ситимнээбит саха дьахтара, кырдьык даҕаны, бу АЛРОСА курдук хампаанньаҕа үлэлиирэ хайҕаллаах. Кинилиин Ньурба улууһуттан сылдьар Вера Кириллина эмиэ атын симиэнэҕэ таһаарыылаахтык үлэлиир. Манна идэтин дэгиттэр баһылаабыт, үрдүк дьиссипилиинэлээх, эппиэтинэстээх киһини үлэлэтэр буолуохтаахтар. Кинини үчүгэй үлэтин иһин Бочуот дуоскатыгар таһаарбыттара. Үлэ бэтэрээнэ буолбута. Этэҥҥэ буоллаҕына, аны биэс сылынан АЛРОСА-ҕа үлэлээбитэ лоп курдук 25 сыла туолуоҕа. Бүтүн үйэ чиэппэрэ! Онон АЛРОСА бочуоттаах бэтэрээнэ буолар да кэмэ чугаһаата. Киниэхэ ситиһиини баҕарабыт! 

Инженер-технолог Татьяна Коркина

АЛРОСА Хапытаалынай тутууга салаатын Мииринэйдээҕи шахтаны тутар идэтийбит трест 1 категориялаах инженер-технолога Татьяна Коркина оҥорон таһаарыыны бэлэмниир инженердэр отделларыгар үлэлии кэлэн, дьиҥнээх оҥорон таһаарыы диэн хайдаҕын биллэ. Бу отдел оҥорон таһаарыыны инженернэй уонна тэхиниичэскэй өттүнэн бэлэмниир дьарыктаах. Чуолаан сир аннынааҕы тутуу эбийиэктэригэр хайа уонна тутар-таҥар үлэни хааччыйалларын тэрийэр. 

Саргы

Чурапчы улууһун Төлөйүттэн (Дириҥиттэн) төрүттээх кыыс оскуолаҕа тохсус кылааска үөрэнэ сылдьыаҕыттан маннык тэхиниичэскэй идэ баарын физиканы үөрэтэр учууталыттан билбитэ. Хайаатар даҕаны бырамыысыланнас идэтин баһылыан баҕарбыта. Онон М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи  федеральнай университетын Хайа дьыалатын  институгар туттарсан киирбитэ. Биэс аҥаар сыл сир аннынааҕы тутуу идэтигэр үөрэнэн, хайа инженерэ идэтин баһылаабыта.

Ол кэнниттэн син эмиэ нүгүс үөрэҕи  саҥа бүтэрбит ыччат курдук, бастаан утаа куоракка үлэ көрдөөбүтэ. Онтон АЛРОСА хампаанньаҕа резюметын ыытан баран, хоруй кэлэрин кэтэспитэ. Дьэ, онтон баҕалаах ыҥырыытын тутан, алмаастаах Мииринэйгэ көһөн кэлбитэ.

– Мин үлэлиир треһим шахтаны тутар. Онно шахтаны матырыйаалынан хааччыйар отделга үлэлиибин. Оҥорон таһаарыыга туттуллар ураты (стандартнайа суох) оҥоһуктарынан, олохтоох оҥоһуу тутуу матырыйаалларынан хааччыйыыга үлэлэһэбин. Сөптөөх матырыйааллары сакаастыыбын, бырайыактыыр уонна үлэ докумуонугар киллэриллэр уларыйыылары бырайыактыыр тэрилтэлэри кытта сөбүлэһиннэрэбин, бэлэмниибин, – диир Татьяна Алексеевна.

Билиҥҥитэ шахтаҕа киирэ илик, саас киирээри бэлэмнэнэр. Хата, быраактыкаҕа сылдьан, Нерюнгритааҕы чох хостуур “Колмар” хампаанньа Денисовскай шахтатыгар киирэ сылдьыбыттаах.

Сөбүлүүр идэтин баһылаабыт Чурапчы кыыһа “манна эрдэ, үөрэхпин бүтэрээт кэлбэккэбин” диир. Тоҕо диэтэххэ, үлэлиир уонна олорор усулуобуйа үчүгэй. Ол курдук, эдэр исписэлиистэргэ анаан АЛРОСА туппут уопсайыгар буор босхо олорор. Төлөбүрүн хампаанньа толуйар. Успуордунан босхо дьарыктаныахха, бассыайыҥҥа сөтүөлүөххэ сөп. Ону үлэһиттэр олус биһирииллэр. Маныаха хампаанньа Идэлээх сойууһа өйөбүл буолар. Татьяна сүүрэрин сөбүлүүр. Бэйэтин сайыннарар инниттэн уйулҕаҕа сыһыаннаах литэрэтиирэни ордук кэрэхсээн, сөбүлээн ааҕар.

– Мин үлэлиир отделбар эдэрдэр иккиэбит. Ол эрээри, мин санаабар, саха ыччата аҕыйах курдук. Орто анал үөрэҕи бүтэрбит сыбаарсык, силиэсэр, туокар, массыньыыс, суоппар эҥин идэлээхтэргэ манна олус наадыйаллар. Эдэр дьон бырамыысыланнас салаатыгар үөрэнэллэригэр сүбэлиибин. Бачча үчүгэй усулуобуйаҕа, үчүгэй хамнаска киһи эрэ үлэлиэх санаата кэлэр, – диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Инженер-технолог кыыс бу курдук Мииринэйгэ бөдөҥ хампаанньаҕа үлэҕэ киирэн, үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйуллар. Кини холобурун батыһан, саха ыччата иҥнэн-толлон турбакка, АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлиэ, дойду бырамыысыланнаһын сайыннарыа.

Татьяна билигин туохтааҕар да Ыһыаҕы, таптыыр сааскы бырааһынньыктарын –  1 Маайы, Улуу Кыайыы күнүн кэтэһэр.

Эппиэтинэстээх уонна ураты болҕомтолоох буолары эрэйэр үлэ
 

Галина Конякова – Ньурба хайа-байытар кэмбинээтин сыаналаах бородууксуйа хараллыытын уонна эрэсиимин сулууспатын эпэрээтэрэ, тэрилтэ Идэлээх сойууһун сыаҕын бэрэссэдээтэлэ.

Галина К

Галина Конякова 39 саастаах, Ньурба ХБК-ҕа бэлиэр 15-с сылын үлэлиир. АЛРОСА ҕа аан бастаан эдэркээн кыысчаан сылдьан быраактыкатын бара кэлбит уонна тута сөбүлээбит. «Усуйаана Тэҥкэли бөһүөлэгэр олорбутум, үөрэммитим. 1995 с. дьиэ кэргэнинэн Мииринэйгэ көһөн кэлбиппит. СГУ политехническэй институтугар 2002 сыллаахха туттарсан киирбитим. Производственнай быраактыкабын Ньурба ХБКтыгар ыыппыттара. Онно сылдьан баран, атын сиргэ барыахпын ончу баҕарбат буолбутум», – диэн Галина кэпсиир.

Кини Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээтин сыаналаах бородууксуйа хараллыытын уонна эрэсиимин сулууспатыгар эпэрээтэрдиир. Судургутук быһаардахха, кини күндү бородууксуйа  ылыллар, таҥастанар туох баар технологическай дьайыыны ааһар түһүмэхтэригэр тутуһуллуохтаах учуот уонна харайыы инструкциятын тутуһууну хонтуруоллуур үлэлээх. Үрдүк эппиэтинэс, кыһамньы, ураты болҕомто. Бу барыта – Галинаҕа сыһыаннаах ирдэбиллэр.

Бэйэтэ: “Быраактыкам бастакы күннэриттэн бу үлэ мин санаам иһинэн буоларын тута өйдөөбүтүм. Кэлэктиипкэ сылаастык көрсүбүттэрэ, барытын көрдөрөн, быһааран биэрбиттэрэ. Биһиэхэ настаабынньыктааһын күүскэ үлэлиир. Аҕа кэллиэгэлэр баай уопуттарыттан үллэстэргэ өрүү да бэлэмнэр»,– диир.

Галина – Тэрилтэ сыаҕын Идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлэ. “Идэлээх сойууһун үлэтэ-хамнаһа дьон үлэлиир баҕатын кытта быһаччы сибээстээх буолуохтаах.  Бу үлэни быраас, баһаарынай, быыһааччы үлэтин кытта тэҥниэххэ сөп. Идэлээх сойуус лиидэрэ олох-дьаһах, үлэ киинигэр сылдьыахтаах, дьону кытта үгүстүк алтыһыахтаах».

Кини олоххо көхтөөх, сиэрдээх буолууну өрө тутар, баһырхай күүһэ, кыаҕа үлэлиир сыаҕын актыыбын, үлэһиттэри бэйэтин тула түмэр. Бэрэссэдээтэл дьон уустук кэмигэр өйүүрү, наада түгэнигэр дьону тылыгар киллэрэри кыайа тутар. Кини уопута, үлэҕэ, дьон көмүскэллээх буолуутугар интэриэһэ, тэрилтэтин сөбүлүүрэ барыта холбоһон, биир идэлээхтэрэ чуо кинини кытта үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэллэр.

Галина икки кыыс оҕолоох. Иллэҥ кэмигэр “алмаас мозаиканы” таҥарын сөбүлүүр. Күн бүгүн кини алта хартыыналаах. Бу дьарыга кини баахтанан үлэ кэнниттэн күүһүн, кыаҕын мунньунарыгар көмөлөһөр. Бу туһунан: “Олус умсугутуулаах дьарык! Мин бэйэм да санаан көрбөт этим, бу курдук олох хойукка диэри олорон, кыра-кыра төгүрүктэри холбоон, бүтүн хартыына таҥан таһаарыам диэн”.

Галина Конякова өссө биир дьарыга  – аквааэробика. Этэр: «Миэхэ аквааэробика үчүгэй настарыанньаны, чэгиэн туругу, кэрэ буолууну биэрэр. Судургу көдьүүстээх фитнес-бырагыраама эрэ буолбатах, истириэһи, сылайыыны устарга туһалаах».

Женни Стрюкова суруйуута.

Бүтэһик сонуннар