Алмаас – бигэ туруктаах буолуу бэлиэтэ уонна ураты свойстволаах минерал эрэ буолбатах, бүтүн эрэгийиэннэр инники сайдыыларын бигэ тирэҕэ, кыната буолар. Ону биһиги АЛРОСА уонна өрөспүүбүлүкэ холобуруттан да көрөбүт. АЛРОСА кылаабынай геолога Константин Гаранин геологтар идэлээх күннэригэр сыһыаран, алмааһы хостуур үлэҕэ сыһыаннаах элбэх интэриэһинэйи кэпсээтэ.
– Икки атахтаах бастакы алмааһы аан бастаан хаһан ылбытай?
– Быһа барыллаан, биһиги эрабыт буолуо IV үйэ иннинэ киин Индияҕа буолбута диэн өйдөбүл баар. Оччолорго сири хаһааччылар копиларга («копи» диэн карьер, шахта урукку ааттара) тимири көрдүү сылдьан, килбэчигэс минераллары булаллара. Ол барыта алмаас да буолбатар, арааһа, сороҕо кварц да буолуо. Дьон туох хайа иннинэ ол кэрэ таас тас көстүүтүн сонургуура. Сыыйа кэрэ көстүүлээҕин ааһан, ураты бөҕө буоларын билэн, бырамыысыланнай туһаҕа таһааран барбыттар. Алмаас уон араас өҥүнэн оонньуура, олус бөҕө-таҕа буоллаҕа. Дэлэҕэ, арааптыыттан тылбааһа алдьанары билбэт (несокрушимый) диэн буолуо дуо!
– Алмааһы хостооһун уонна туһаныы устуоруйата хаһан саҕаламмытай?
– Эмиэ Индияттан. Александр Македонскай саҕаттан алмааһы Европаҕа киллэрэн барбыттар. Бастакы алмаастаах киэргэллэр Былыргы Рим саҕаттан биллэллэрэ. Ол кэмҥэ, сүрүннээн, таҥастамматах, кырыыламматах алмааһы биһилэххэ тутталлара үһү. Онтон бэттэх киэргэл быһыытынан киэҥник туттуллар буолбут.
– Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр аан бастакы алмаас хаһан көстүбүтэй?
– Арассыыйаҕа бастакы алмааһы Уралга, Крестовоздвиженскай бириискэ крепостной үлэһитэ, 14 саастаах Павел Попов 1829 сыл от ыйын 4 күнүгэр булбут. Бу булумньутун иһин киниэхэ көҥүлү биэрбиттэр. Ити кэнниттэн 28 сыл устата уопсайа 60 карааттаах 131 алмаас көстүбүтэ историяҕа хаалбыт.
Оттон Саха сирин этэр буоллахха, Бүлүүттэн төрүттээх кыраайы үөрэтээччи Петр Староватов суруммут чахчытыгар олоҕурдахха, кини сабаҕалыырынан, аан бастакы алмаастары, чопчута, икки бөдөҥ, күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур, олус кырасыабай таастары өрөбөлүүссүйэ иннинэ Чуона уонна Кэмпэндээйи эбэлэргэ булбуттар. Чуонаҕа көмүс сууйа сылдьар киһи алҕаска ол кэрэ тааска таба тайаммыт. Ол булумньутун кини көмүс атыылаһар киһиэхэ балтараа муунта табахха мэнэйдэспит.
– Саха сиригэр геолог бастакы эспэдииссийэлэрин туһунан кэпсээ эрэ.
– Арктиканы чинчийээччи Николай Урванцев өссө 1929 с. тас көстүүтүнэн уонна састаабынан да кимберликкэ – алмаастаах боруодаҕа чугас тааһы илдьибит. Эмиэ кини, 1940 сыллаахха тиийэн, Хотугу платформа хоту өттүгэр алмаас көстөр кэскилэ улаханын бэлиэтээбит.
Күн тааһын көрдүүр үлэ икки хайысханан ыытыллыбыт. Хоту өттүттэн Арктика геологиятын билим-чинчийэр институтун (НИИГА) геологтара барбыттар. Оттон соҕурууттан – Иркутскай уонна Ленинград геологтара.
1949 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр Бүлүү эбэ «Соколинай» диэн өрүскэ үтэн киирбит тумуһугар бастакы алмаас көстүбүтэ.
1952 сылтан НИИГА эспэдииссийэтэ Өлөөн өрүс үөһээ тардыытыгар алмаас көрдөөһүнү саҕалыыр. Бэлиэр 1953 сылаахха Өлөөн өрүс Арҕаа салаатыгар алмаас көстөр.
– Бастакы кимберлиттэри хайдах булбуттарай?
– Дьиктитэ диэн, билиҥҥи алмаастаах сирдэри арыйыыны геологтар ырытан-анааран көрүү ньыматынан олох эрдэттэн эппиттэрэ. 1952-1954 сс. Лариса Попугаева, Наталья Сарсадских, Федор Беликов «Зарница» туруупканы арыйбыттара. Кинилэргэ минералог Александр Кухаренко көмөлөспүт. 1955 сыллаахха В.Н. Щукин «Удачная» туруупканы арыйар. Алмаастаах сир ханна баарын киниэхэ Лариса Попугаева ыйбыт.
1955 сылга Наталья Кинд, Юрий Хабардин, Екатерина Елагина «Мир» туруупканы арыйбыттара.
– Саха сиригэр уопсайа төһө төрүт алмаастаах сир баарый? Олортон муҥутуур «баайынан» ханныгы этиэххэ сөбүй? Саамай сыаналаах алмаас ханна хостоноруй?
– Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнай таһымҥа хостонор кыахтаах, төһө саппаастааҕа бигэргэммит 20 сир баар. Ону тэҥэ төһө эмэ кэминэн алмаастаах сир статуһун бигэтик ылар кыахтаах Краснопресненскай, Иирэлээх уо.д.а. туруупкалар бааллар.
Муҥутуур баай диэҥҥэ «Интернациональнай» туруупканы киллэриэххэ сөп.
Саамай сыаналаах алмаас көстүбүт туруупката – «Комсомольскай». Оттон бастыҥ алмаастар Накыыҥҥа («Ньурбатааҕы» уонна «Ботуобуйатааҕы» туруупкаларга), «Интернациональнайга» уонна ССКП 23 сийиэһин аатынан туруупкаларга бааллар.
– Саха сирин алмааһын уратыта тугуй?
– Араас көрүҥ морфологическай тиип баар буолар. О.э., араас быһыылаах-таһаалаах кристаллар бааллар. Ордук киэҥник ювелирдар үрдүктүк сыаналыыр, биһириир октаэдр быһыылаах, «плотнай» дэнэр алмаастар тарҕаммыттар. Ити алмаастары кырыылыырга ыйааһыннара улаханнык түспэт. Кимберлиттээх уруудаҕа бөдөҥ, бэл, 50-тан тахса карааттаах алмаастар баар буолаллар. Өҥ, дьүһүн өттүнэн үгүс эгэлгэ көрүҥ ордук Саха сирин хоту өттүгэр баар тэнийбит алмаастаах сиргэ көстөр. Ол курдук, саһархай, хоҥор эрэ буолбакка, бэл, ааттыын «фантазийнай» дьүһүннээх диэн ааттанааччылар эмиэ көстөллөр. Оттон муҥутуур үрдүк сыаналаахтара – оруосабай өҥнөөх кристалл.
– Рекордсмен алмаастар тустарынан кылгастык...
– Муҥутуур улахан, сутурук саҕа, 888 карааттаах алмаас «Юбилейнай» туруупкаҕа көстүбүтэ. Ол гынан баран элбэх быыкаа алмаастартан турара. Ол иһин ювелирнайга барсыбат хаачыстыбалаахха киирсэр.
Оттон муҥутуур улахан, ювелирнай, ол аата, бастыҥ хаачысстыбалаах алмаас «Мир» туруупкаҕа 1981 с. көстүбүтэ. Ол алмааһы «ССКП XXVI сийиэһэ» диэн ааттаабыттара. Алмаас 342,57 карааттаах, саһархайдыҥы-лимон өҥнөөх. Кириэмилгэ Алмаас пуондатыгар хараллан сытар.
2004 с. Биллээх үрэххэ (Тигликит учаастакка), дойду бытархай алмаастаах дэнэр сиригэр, эмиэ ювелирнай хаачыстыбалаах «Творец» диэн, 298,48 карааттаах (52,4х33,0х24,4 мм) алмаас көстүбүтэ. Бу – ураты диэҥҥэ киирсэр, дойдуга көстүбүт муҥутуур улахан алмаас куурусса сымыытын саҕа!
2017 с. «Анаабыр алмаастара» ураты алмааһы хостоон турар. Ол таас чаҕылхай оруоһабай өҥнөөх, ураты ыраас этэ, 27,85 карааттааҕа.
Оттон соторутааҕыта Саха сиригэр муҥутуур былыргы, 3,6 млрд саастаах алмаас көстүбүтэ!
– Тоҕо АЛРОСА аан дойду үрдүнэн сүрүн оҥорон таһаарааччынан сыаналанарый?
– Киһи уонна айылҕа ыкса, тэҥҥэ алтыһыыларын суотугар араас аныгы технологиялары туһанан, алмаастаах сири көдьүүстээхтик туһаҕа таһаарыы ситиһиллэр. Санаан көрүҥ, биир туонна кимберлиттээх боруодаттан баара эрэ 0,2 грамма алмааһы (бу – 1 т уруудаҕа көстөр алмаас орто көрдөрүүтэ) туох баар хостуур үлэ үтүмэн түһүмэхтэригэр – урууданы көөрөтөн ылыыттан саҕалаан, тиэйэн-таһан аҕалан, уруудаттан булан, таҥастаан ылыахха диэри – алдьаппакка-кээһэппэккэ, бүтүннүү илдьэ сылдьыах диэтэххэ, олус судургу дьыала буолбатах. Бу – хампаанньа бары үлэһиттэрэ сыралаах үлэлэрин, кыһамньыларын түмүгэ. Манна өрөспүүбүлүкэ сирин баайын тутулугар сыһыаннаах табыллыы баара эмиэ көмөлөөх.
Ол курдук, айылҕаҕа алмаас сэдэхтик көстөр уонна ол сыралаах үлэнэн ситиһиллэр буолан, бу минерал икки атахтаахха үрдүктүк сыаналанар уонна биһиги хампаанньабытыгар аан дойду үрдүнэн алмааһы хостооһунугар инники күөҥҥэ сылдьарын хааччыйар.
Индия кэнниттэн алмаас Индонезия Борнео диэн арыытыгар көстүбүтэ. Ону ииндийэлэр, кэлин малаецтар уонна кытайдар хостообуттара. Самай интэриэһинэйэ диэн, баара эрэ 1973 сылга тиийэн, хампаанньалар консорциумнара ити сиргэ толкуйдаммыт геолог чинчийэр үлэтин ыыттарбыттара. Ол сиргэ күн бүгүнүгэр диэри алмаас хостонор.
Быһа холуйан, XVIII үйэҕэ Бразилия аан дойду үрдүнэн алмаас хостооһунугар инники күөҥҥэ тахсыбыта. Ол кэнниттэн бүтүн 150 сыл устата лиидэр таһымын илдьэ сылдьыбыта.
Соҕуруу Африкаҕа бастакы бытархай алмаастары 1866 сыллаахха Кимберли оройуонугар булбуттара. Ол онно кимберлиттээх эттиктэри (тела) кытта сибээстээх хас да алмаастаах сир көстүбүтэ.
Күн бүгүн алмаастаах сири бырамыысыланнай туһаҕа таһаарыы Антарктидаттан ураты бары континеннарга ыытыллар.
Төрүт (коренной) алмаастаах уонна бытархай, ыһыллыбыт (рассыпной) алмаастаах сир туох уратылаахтарый? Төрүт алмаастаах сир диэн сир түгэҕиттэн кэлэр алмаастаах, кимбелиттээх боруода. Бу боруода сөҥмүт чохуолга «моркуоп» быһыытынан көрдөрүллэр.
Ол туруупканы – «моркуобу» геологическай дьайыылар алдьаттылар да, алмаастара сүүһүнэн км тарҕаналлар. Алмаастаах сир тэнийэн биэрэр. Мантан бытархай (тэнийбит) алмаастаах сир өйдөбүлэ үөскүүр.