Саха сиринээҕи алмаас хампаанньата аан бастаан тэриллиэҕиттэн олохсуйан олорор өрөспүүбүлүкэтин сайыннарар, тупсарар бигэ соругу тутуһар. Ону олоххо киллэрээри олохтоохторго элбэх үлэ миэстэтин таһаарар, сиэрдээх, үрдүк хамнаһы төлөөн, дохуоттарын, олохторун таһымын үрдэтэр. Өрөспүүбүлүкэ иннигэр ылыммыт социальнай эбэһээтэлистибэтин утумнаахтык толорор. АЛРОСА нолуоктарын уонна дивиденнэрин кэмигэр төлүүр, оскуолалары, балыыһалары, успуорт холбоһуктарын тутар. Хампаанньа бу маннык ыытар үлэтэ-хамнаһа Саха сиригэр дьон олорор, үлэлиир усулуобуйата тупсарыгар көмөлөһөр.
Бүгүн биһиэхэ хампаанньа үлэһиттэрэ аан дойду алмааһы хостооччуларын ортотугар инники күөҥҥэ сылдьар АЛРОСА хамаандатын биир чааһа, үлэһитэ буолуу диэн хайдаҕын кэпсиэхтэрэ.
Уопут уонна эдэр саас
Күн бүгүн АЛРОСА хампаанньа бөлөҕөр 30 тыһ. тахса киһи үлэлиир. Алмаас-бирилийээн холбоһугун сэргэ «АЛРОСА» авиа-хампаанньа уонна да атын көлө хампаанньалара, ону таһынан үлэһиттэр уонна кинилэр оҕолоро чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах буолалларыгар анаан үлэлэтэр култуура-успуорт холбоһуктара, киэҥ хайысханы хабар мэдиссиинэ киинэ, энергетика холбоһугун, геолог чинчийэр-көрдүүр, харабыллыыр уонна билим –тэхиньиичэскэй хайысхалаах тэрилтэлэр киирэллэр.
Билигин баар үлэһиттэр 40-тан тахса %-нара АЛРОСА бөлөҕүн тэрилтэлэригэр үлэлээбиттэрэ хайыы үйэ 10-тан тахса сыл буолбут. Ону тэҥэ хампаанньаҕа үйэ чиэппэриттэн уһуннук үлэлээбит ыстаастаах, “АЛРОСА бэтэрээнэ” диэн бочуоттаах ааты сүгэр үлэһиттэр да аҕыйаҕа суохтар.
«Биһиги үлэһиттэрбитинэн киэн туттабыт уонна кинилэр алмаас хостооһунун бырамыысыланнаһын сайдыытыгар киллэрбит тус кылааттарын олус үрдүктүк сыаналыыбыт. Хампаанньа бэтэрээннэрин эрэ өйүүр буолбатах, каадыр кыаҕын, таһымын үрдэтиигэ сыаллаан, эдэр, саҥа исписэлиистэри сэҥээрдиигэ көмөлөһөр араас ньымалары тобулар. Кинилэр эмиэ билиҥҥи бэтэрээннэрбит курдук биһиэхэ уһуннук үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит», — диир АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Ольга Макарова.
Хампаанньа үлэһиттэрин орто сааһа – 41. Үлэһиттэрин 13 %-на – эдэр исписэлиистэр. Кинилэргэ анаан хампаанньа араас бырагыраамалары бэлэмнээбит. Ол иһигэр настаабынньыктааһын уонна идэҕэ бэлэмнээһин, ону таһынан араас трениннэр, ыйынньыктар уонна саҥа үлэ тэрилтэтигэр түргэнник үөрүйэхтэнэргэ көмөлөөх араас өҥөлөр бааллар.
Үлэлиир, олорор усулуобуйа барыта баар
Давид Захаров 25 саастаах, Удачнайдааҕы хайа байытар кэмбинээтигэр былырыын сайын үлэҕэ киирбит. Резюме ыыппытыгар ыҥыран, хайа тырааныспарын холбоһугар хайа маастарынан ылбыттар. Уопуттаах кэллиэгэлэрин уонна 2021 сыллаахха Москубатааҕы ыстаал уонна уһаарыы университетын (НИТУ МИСиС) бүтэрэн, дэлби тэптэрээччи идэтин баһылаабыта көмөлөһөн, кини бэрт түргэнник саҥа үлэтигэр үөрүйэхтэммит. Давид үүттүүр-дэлбит тэптэрэр үлэ учаастагар үлэлиир уонна «Зарница» карьерга уонна дэлби тэптэрэр бэссэстибэлэр ыскылааттарыгар үгүстүк сылдьар.
«Хас сарсыарда аайы дэлби тэптэрээччилэргэ уонна үүттүүр установка массыньыыстарыгар нэрээт-сорудаҕы биэрэбин, ону таһынан түүҥҥү симиэнэ субуокканы тиэрдэбин. «Зарницаҕа» нэдиэлэҕэ биир дэлби тэптэрии буолар. Үлэбин хаачыстыбалаахтык оҥорорго кыһаллабын, ол гынан баран уопутум кыра, онон үгүс өттүгэр сыахха бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбиттэн сүбэлэтэбин. Дьокуускайтан көһөн кэлбит Удачнайбар үлэлииргэ да, сынньанарга да сөптөөх барыта баар. АЛРОСА-ҕа үлэлиир олус үчүгэй, усулуобуйата бэртээхэй. Холобур, эдэр исписэлиис буоларым быһыытынан, олорор дьиэбэр көрсөр ночоотум кэккэ өлүүскэтин кэмпэнсээссийэлииллэр», – диир Давид.
Эдэр үлэһиттэр дьэ оннуларын-тойдорун булунар, уопут мунньунар кэмнэригэр олохторун хампаанньаны кытта сибээстээбит, үлэ үтүмэнин көрсүбүт эдэр-сэнэх кэмнэрин бэтэрээннэр туохха да биэрбэттэр.
Кэлэктиип дьиэ кэргэн кэриэтэ
Айхаллааҕы ХБК салайар пультун эпэрээтэрэ Неля Барабанова манна үлэлээбитэ бэлиэр 20-тэн тахса сыл буолла. Бу иннинэн кини хайа байытар фабрикаҕа рентгенолюминесцентнэй сэпэрээтэр үлэтигэр эппиэттиирэ. Хас эмэ сыл устата кини алмаастаах уруудаттан уонна кумахтан алмааһы арааран ылыы туох баар технологическай дьайыытын толору үөрэппит. Ол үөрүйэҕэ эпэрээтэринэн үлэлииригэр көмөлөспүт. Кини күн бүгүн оҥорон таһаарыыга мунньуммут баай уопутун кэллиэгэлэригэр уонна ыччакка үллэстэр, сүбэлиир.
«1996 сыл кулун тутарыгар 14-с №-дээх фабрикаҕа сепараторщик саҥа идэтигэр саҥардыы сыстар бастакы күннэрбин бу баардыы саныыбын. Миэхэ хайа байытар учаастагын маастара, үрдүк кылаастаах исписэлиис, киһи киһитэ Олег Викторович Комаров настаабынньыктаабыта, идэ араас сатабылыгар сирдээбит, сыһыарбыт киһи. Саамай өйдөөн хаалбыт түгэним – биир сылга 10 мөл. туонна оҥорон таһаарар кыамталаах фабриканы үлэҕэ киллэрии этэ. Мин сүрэхпинэн ылыммыт үлэм-хамнаһым чуолаан 14-с №-дээх байытар фабрикаҕа саҕаламмыта. Ол кэмтэн бэйэм дьиҥ миэстэбэр сылдьабын диэн санаалаахпын. Манна барыта миэхэ чугас, билэр, сүрэхпэр күндү сирим. Кэлэктиибим бэлиэр дьиэ кэргэним курдук», – диэн билинэр АЛРОСА бэтэрээнэ.
Дьоллоох буолуоххун баҕарар буоллаххына – буол
«Айхал олохтоохторо күн бүгүнүгэр диэри төрөппүттэрбин иһирэхтик ахталлар, – Айхаллааҕы ХБК просанлабораториятын химическэй анаалыһын ыстаарсай лабараана, хампаанньа үтүөлээх үлэһитэ, АЛРОСА бэтэрээнэ Татьяна Загребельная. – Аҕам Виктор Григорьевич Климчук сыбаарсыгынан, кэлин 14-с фабрикаҕа мэхээнньигинэн үлэлээбитэ. Кинини элбэх эдэр исписэлииһи үөрэппит-такайбыт маастарынан билинэллэр. Ийэм Людмила Ипполитовна – Айхаллааҕы ХБК үтүөлээх үлэһитэ».
Татьяна бэйэтэ 1996 сыллаахха Айхаллааҕы ХБК бырамыысыланнай-саньытаарынай лабаратыарыйатыгар лабараанынан саҕалаабыт.
«Миигин эдэр, иллээх-эйэлээх кэлэктиипкэ ыыппыттара, онно мин баһаам уопуту мунньуммутум. Онно ылбыт билиим, сатабылым көмөтүнэн ХБК оҥорон таһаарар дьайыытын бары ымпыгар-чымпыгар сыыйа билэн, баһылаан барбытым. Саҥа баһылаабыт идэбин кырдьыга да ис сүрэхпиттэн сөбүлээбитим. Ол кэмтэн бу бэлиэр 27-тис сылбын лабаратыарыйабар үлэлии олоробун. Бу ааспыт кэм устата биһиги оҥорор үлэбит олус суолталааҕын өйдөөтүм. Биһиги идэбит –хайа-байытар оҥорон таһаарыытыгар дьоһун суолталаах түһүмэх. Биир идэлээхтэрбитиниин биһиги оҥорон таһаарыы кэмигэр экология ирдэбиллэрэ тутуһуллууларын кэтээн көрөбүт. Бу олус наадалаах уонна эппиэтинэстээх. Бэлиэтээн эттэххэ, АЛРОСА тэхиниичэскэй оборудованиены, кээмэйдиир сириэстибэлэри утумнаахтык саҥардан иһэр, анаалыстыырга туттуллар саҥа, сонун ньымалар киирэллэр, ону кытта тэҥинэн бүттүүн кэлэктиип идэҕэ таһыма үрдүүр», – диир кини.
АЛРОСА пресс-сулууспатын матырыйаала.