АЛРОСА социальнай бырагыраамалара
Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ тыын суолталаах тэрилтэтэ АЛРОСА эрэгийиэн социальнай бэлиитикэтигэр көхтөөхтүк кыттарыгар үөрэнэн да бардыбыт. Өскөтүн эбийиэги АЛРОСА туттарар диэн буолла да, ол аата, тутуу этиллибит болдьоҕор түмүктэнэригэр, хаачыстыбалаах буоларыгар бүк эрэл үөскүүр. Аны, хампаанньа өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайдыытыгар аҥаардас социальнай эбийиэктэри эрэ тутуунан көмөлөспөт, туһата-көдьүүһэ үгүс. Былырыын, 2022 сылга, туох оҥоһуллубутун бүгүҥҥү матырыйаалбытыгар билсиэххит.
АЛРОСА үбүгэр хас сыл аайы социальнай инфраструктура араас эгэлгэ эбийиэктэрэ, олорор дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирэллэр, суоллар өрөмүөннэнэллэр. АЛРОСА ону таһынан оскуолаларга, балыыһаларга, университеттарга, тыйаатырдарга, таҥара дьиэлэригэр уонна Арассыыйа, Саха сирэ да таһымнаах успуорт федерацияларыгар үбүнэн-харчынан тус сыаллаах көмөнү оҥорорун билэҕит.
Былырыын корпоративнай социальнай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ, тус сыаллаах үбүнэн көмөнү, аһымал уонна успуонсар көмөтүн оҥорууга АЛРОСА бөлөҕүн тэрилтэлэрэ, быһа холуйан, 6,7 млрд солк. көрбүттэрэ. Ити – 2021 сыллааҕы көмөттөн 468 мөл. солк. үгүөрү этэ. Төһө да тас өттүттэн дьайыы сибикитэ билиннэр, АЛРОСА социальнай хайысхалаах инфраструктураны өйүүргэ ылыммыт былаанын олоххо киллэрэрин салгыыр.
Үүнэр көлүөнэ туһугар
“СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата” 30 сыл устата өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэннээх кылааты киллэрсэр. Хас сыл аайы АЛРОСА хампаанньа көҥүл өттүнэн биэрэр үбүлээһинэ пуонда бүддьүөтүн уопсай кээмэйиттэн 70-тэн 100-кэ диэри бырыһыанын ылар. 2011 сылтан 2022 с. диэри хампаанньа 9 млрд солк. тахса үбү көрбүтэ. Алмаас хампаанньа тустаах пуонданы кытта бииргэ үлэлэспит кэмигэр 130-тан тахса социальнай суолталаах эбийиэк үлэҕэ киирбитэ. Ил Дархан Айсен Николаев АЛРОСА өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тутаах суолталаах драйвера буоларын уонна Саха сирэ социальнай инвестицияҕа инники күөҥҥэ сылдьабын диэн бигэтик этэр кыахтанарыгар көмөлөөҕүн үгүстүк бэлиэтиир.
2016 сылтан саҕалаан, АЛРОСА “Кэлэр кэскил туһугар” диэн пуонда тус сыаллаах бырагырааматын үбүлүүр. Бу бырагыраама үлэлээбит биэс сылыгар социальнай суолталаах 11 эбийиэк тутулунна. Күн бүгүн бырагыраама 2025 сылга диэри диэн суоттанан былааннаммыт иккис түһүмэҕэ үбүлэнэр. Бырагыраама бөҕө-тирэх бырайыактарын бастакы түмүктэрэ хайыы үйэ көстөр. Биир оннук тутаах суолталаах саҥаны киллэрии – араас кэлим чинчийиилэр ыытыллар «Лаборатория детства» АНО-ларын тэрийии. Чинчийиилэр төрүттэригэр олоҕуран, оҕо бары өттүнэн дэгиттэр сайдар төрүтүн оҥорор, билимҥэ тирэҕирбит дьиҥ көдьүүстээх ньымалар толкуйданыахтара.
Бастыҥнар кэккэлэригэр
2022 сыл түмүгүнэн, корпоративнай социальнай эппиэтинэстээх буолуу уонна бигэ тирэхтээх сайдыы эйгэтигэр эспиэрдиир сообщество эриэйтинигэр АЛРОСА инники күөҥҥэ сылдьар. Ол курдук, АЛРОСА уонна “Анаабыр алмаастара” өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлиир сир баайын туһаҕа таһаарар бырамыысыланнас бөдөҥ хампааннньаларын ортотугар социальнай өртүнэн көдьүүстээх буолуу эриэйтинигэр инники күөҥҥэ сылдьаллар.
Дьону тардар кииннэр
Саха сиригэр бэлиэр нэһилиэнньэ биһирэбилин ылар уопсастыбаннай туоналары тэрийии бырайыактара олоххо киирэллэрэ элбээтэ. Холобур, Удачнай куоракка – Киин болуоссат, Нам оройуонун Нам сэлиэнньэтигэр – Максим Аммосов аатынан кытыл, Айхалга – Доруобуйа болуоссата, Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр – Эбэ кытыла. Оттон бэрт сотору итиниэхэ дьүөрэ уопсастыбаннас туоналара өрөспүүбүлүкэ кэккэ улуустарыгар баар буолуохтара. Холобур, Уус Майдаҕа – Албан аат болуоссата, Таатта Ытык Күөлүгэр – Култуура уонна сынньалаҥ паарката, Уус Алдан улууһун киинэ Бороҕоҥҥо – «Мүрү кытыла» уо.д.а. эбийиэктэр.
Оттон былырыын Нам оройуонун олохтоохторугар Нам бөһүөлэгэр дьэндэйбит Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын үлэҕэ киллэрии өтөрүнэн умнуллубат бэлиэ түгэни тосхойбута, чахчыта да астык бэлэх буолбута. Бу саҥа тутуу олохтоохторго олус наадалааҕын манна ыытыллар тэрээһиннэр элбэхтэрэ, буолар кэнсиэртэргэ, айар үлэ киэһэлэригэр 400 олбохтоох сааланы тобус-толору дьон мустара да кэрэһилиир. Бу тутууга өссө бибилэтиэкэ, уус-уран уруһуй галереята, ЗАГС управлениета, кыраайы үөрэтэр түмэл олохсуйбуттар.
«Култуурабыт дыбарыаһа төрүт култуурабыт улахан холбоһугун тутаах эбийиэгэ буолар. Аттыгар саха биллиилээх бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан түмэлэ, Чаҕылхай Максим Аммосов болуоссата түстэниэхтэрэ. Былырыын аһыллыбыт Биэрэк кытылыгар (набережная) Нам олохтоохторо эрэ буолбакка бүтүн улуус олохтоохторо, ыалдьыттара да сөбүлээн тоҕуоруһар, тардыһар сирдэригэр кубулуйда. Этэргэ дылы, манна хас күн аайы хамсааһын, кэлии-барыы үгүс буолар. Ол курдук, сааһын каток үлэлиир. Ис-иһигэр киирдэххэ, бу маннык бырайыактар өрөспүүбүлүкэ салалтата, муниципальнай оройуон, Үүнэр көлүөнэ пуондата уонна АЛРОСА биир улахан хамаанда буолан үлэлииллэрин көрдөрөр. Барыларыгар маннык өйөбүллэрин иһин, махтанабыт», — диир Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов.
Оройуоннаргар доҕордуу өйөбүл
Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин чэрчитинэн, хампааньа өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кыттар гына кэккэ эбэһээтилистибэлэри ылбыта.
Холобур, Өлөөн Арктика улууһугар социальнай эйгэни өйүүрүн таһынан дьиэ табатын иитиигэ, хоту сир төрүт дьарыктарын көрүҥүн, үгэс буолбут олохторун укулаатын илдьэ сылдьалларыгар көмөлөһөр. Ити хайысхалары өйүүргэ анаан, АЛРОСА аҥаардас 2022 сылга 90,75 мөл. солк. ыыппыта. Көрүллэр үп-харчы оскуолаларга оҕолору босхо сылаас аһынан хааччыйыыга, оҕолору каникул кэмигэр таба ыстаадаларыгар илдьиигэ-аҕалыыга туттуллар. Ону таһынан табаһыттар хамнастара субсидияланар, булчуттартан кыыл таба этин атыылаһар. Бэриллэр көмө үпкэ Хоту сир төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах омуктарын култууралара үйэтитиллэр. Ону тэҥэ оҕолор уонна улахан да дьон эбэҥки тылын үөрэтэллэригэр көмөлөөх босуобуйалар бэчээттэммиттэрэ. Табаһыттар биир да сүлүөттэр алмаас хампаанньатын өйөбүлэ суох ааспат диир оруннаах.
Ону таһынан алмаастаах түөлбэҕэ киирсэр өрөспүүбүлүкэ 9 улууһун сайдыытын бырагыраамата олоххо киирэр. Бу сыалга тустаах түөлбэҕэ киирсэр хас биирдии улуу аайы сыллата 9,25 мөл. солк. бэриллэр.
АЛРОСА салаа тэрилтэлэрэ (дочерние) бэйэлэрэ эмиэ түстэнэн үлэлиир оройуоннарын социальнай-экэнэмиичэскэй өттүгэр бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, үбүнэн-харчынан куруук көмөлөһөллөр. Ол курдук, “Анаабыр алмаастара” былырыын 2022 с. Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эдьигээн, Эбээн Бытантантай улуустарын сайдыытыгар 108,9 мөл. солк. көрбүтү бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ыраас уу – чөл буолуу мэктиэтэ
“2019–2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы тиһигин сайыннарыы” бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэнньэни иһэр уунан хааччыйар гына ууну ыраастыыр ыстаансыйалар тутуллубуттара. 2019 – 2022 сс. АЛРОСА 599,5 мөл. солк. үбүлээбитэ, о.и. тус сыаллаах үбүлээһинэ 149,5 мөл. солк. этэ. Ону таһынан хампанньа үбүн суотугар оройуоннар экологияларын уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын билим өртүттэн чинчийии ыытыллар.
Култуура уонна успуорт
Ааспыт сыл биир бөдөҥ тэрээһинэ – АЛРОСА Гран-притин ылар иһин хапсаҕай күрэҕэ буолбута. Күрэхтэһиигэ Саха сирин 11 оройуонуттан уонна Бүрээтийэ, Дагестан Өрөспүүбүлүкэлэриттэн 126 бөҕөс аат ааттаан кэлэн кыттан барбыттара.
Саха эстраднай ырыатын толорууга 30-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Туой Хайа” бэстибээл куонкуруһун алмаас хампаанньата иилээн-саҕалаан, үбүлээн ыыппыта. Онно өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонуттан 128 ырыа толорооччу кыттыбыта.
2022 сылга Удачнайга уонна Мииринэйгэ икки успуорт саалата тупсаран оҥоруу, өрөмүөн кэнниттэн үлэҕэ киирбитэ. Инньэ гынан, иэннэрэ биллэ кэҥээн биэрбит. Саҥа эрчиллэр тренажердарынан, успуорт инбэнтээрдэринэн хааччыйбыттар.
Сүрүнэ, бэйэ муннуктаах буолуу
АЛРОСА үлэнэн хааччыйар өрөспүүбүлүкэ биир улахан тэрилтэтин быһыытынан буолбакка, үлэлиир усулуобуйатын таһыччы хааччыйарынан, үчүгэйинэн биллэр. Үлэһиттэрин иннигэр ылыммыт бары социальнай эбэһээтэлистибэлэрин таһынан, кинилэрдиин түһэрсибит Кэлэктиибинэй дуогабарын чэрчитинэн, үлэһиттэрин өйүүр бырагырааманы өрүү да тупсаран иһэр. Холобур, былырыыҥҥыттан саҕалаан хампаанньа Мииринэй оройуонун кытта “Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” бырагырааматын үбүлүүрү саҕалаата. Ол быһыытынан, 35 сааһыгар диэри эдэр ыал, соҕотох төрөппүт дьиэ атыылаһарыгар эбэтэр кэтэх дьиэни туттарыгар эбэтэр эрдэ ылбыт ипэтиэкэтин кирэдьиитигэр социальнай төлөбүр (субсидия) анатар кыахтаах.
Ол курдук, 2022 сыллаахха 47 эдэр ыал сибидиэтэлистибэ ылбытыттан 31-дэрэ – АЛРОСА үлэһиттэрэ. Быйыл тустаах бырагыраама үбүлээһинэ букатын да икки бүк улаатта. 2023 сылга үбүлээһин уопсай кээмэйэ 87,48 мөл. солк. эбит буоллаҕына, итинтэн АЛРОСА ороскуота 34,86 мөл. солк. Ону таһынан АЛРОСА-ҕа чэпчэтиилээх ипэтиэкэ кирэдьиитин корпоративнай бырагыраамата үлэлиир. Манна 400-чэ киһи кыттар. Былырыын АЛРОСА үлэһиттэрэ кирэдьиит бырыһыаныгар төлөөбүт үптэрин сабыналларыгар 37,4 мөл. солк. көрбүт.
СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата ыыппыт хаартыскалара.