Киир

Киир

“Кыымҥа”  бүгүн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, саха дьонун кутун туппут “Чороон” ансаамбыл кыттыылааҕа, кэлин – салайааччыта (1975-1992 сс.), Култуура колледжын уһуйааччыта Георгий Сергучев ыалдьыттыыр. Саха бүгүҥҥү ырыатын-тойугун, муусукатын ырыҥалыыр, уруккуну-хойуккуну анаарар...

Саха ырыата

Ааспыт үйэ ортотугар диэри сахаҕа, сүрүннээн, норуот ырыалара эрэ бааллара. Ити иннинэ Федор Корнилов, Адам Скрябин, Марк Жирков курдук улахан энтузиаст дьон   үлэлээбиттэрэ эрээри, билиҥҥилии өйдөбүлүнэн муусука култуурата  нэһилиэнньэҕэ киэҥник тэнийэ илигэ. Тэнийиэн иһин, ол саҕана араадьыйа, камераҕа устуу да суох буоллаҕа. Аны туран, ол кэмҥэ дэгэрэҥ, дьиэрэтии, тойук курдук саха ырыатын төрүт көрүҥнэрэ өрө тутуллубат этилэр. Ол эрээри бу дьонтон тирэх ылан, онно кэлин кэлбит Грант Григоряны, Захар Винокуровы холбуохха сөп, саҥалыы интонациялаах сахалыы ырыа айыллан барбыта. Кинилэр норуот ырыатын ханнык эрэ матыыптарын, ол эбэтэр мелодия ханнык эрэ чааһын, олус бэркэ таба аттаран, сахалыы ырыа интонациятын оннун булларан сайыннарбыттарыгар махтаныах кэриҥнээхпит. Холобур, Григорян курдук туора омук киһитэ сахалыы ырыа кутун-сүрүн таба тайаммытын билигин киһи сөҕүөн эрэ сөп.

serg2

1960-с сылларга Валерий Ноевтан, Виталий Андросовтан, Аркадий Алексеевтан, Галина Шахурдинаттан саҕаланан сахалыы ырыа саҥа хайысхата сайдан барбыта. Даҕатан эттэххэ, син балай эмэ элбэх сиргэ сырыттым, көрдүм-иһиттим эрээри, биһиэхэ, сахаларга курдук “мелодистар” диэн сайдыбыт уонна олоҕурбут ырыа айааччылардаах омук баарын көрбөтөҕүм. Онон саха ырыатын интонацията, тыына салҕанан бара турар... Холобур, билиҥҥи Дьобуруопа улахан омуктарыгар “норуот ырыата” диэн өйдөбүл суураллан, сүтэн-оһон хаалбыт кэриэтэ буоллаҕына, “сахаҕа чопчу матыыптаах 20-чэ норуот араас ырыалара бааллар” диэн ааҕабын. Ол эбэтэр, саха ырыата уруккуттан олоҕурбут бигэ силистээх-мутуктаах...

Serguchev

“Чороон” ансаамбыл

 

– “Чороон” ансаамбылга 1975 сылтан ыла баар эбиккин... Оччотооҕу тыа кулууптарыгар дирбиэн-дарбаан, тыас-уус бөҕө буолан ыллыыргытын кырдьаҕас дьон атыҥыраабаттар этэ дуо?

– Кырдьык, “байаан эрэ доҕуһуолунан ырыаны истэ үөрэммит дьон атыҥырыахтарын сөп, бу маннык толоруу сахалыы ырыаҕа барар дуо?” диэн кыра тыл-өс баарын өйдүүбүн. Бэрт кыра. Ол саҕана бүтүн Сойуус үрдүнэн ВИА-лар “бумнара” бара турар буоллаҕа. “Саха дьоно атыҥыраабатахтара” дии саныыбын. Биһиги “Чорооҥҥо” сахалыы интонациялаах ырыалары аныгылыы мелодия-гармония форматыгар киллэрэн толорорго кыһанарбыт. Ол кэмҥэ “Чороон” соҕотох ансаамбыл буолан, мелодистар ырыаларын, норуот ырыаларын аныгылыы оҥорон талбытынан сыымайдыыр, талан ылар кыахтаах этибит. Этэргэ дылы, “выбор” улахана. Алексей Егоров улахан ааптарбыт этэ.

– Оҕо сылдьан “чорооннор” субу-субу кэлэн гастроллаан ааһалларын өйдүүбүн. Оччолорго кулууп барыта толору буолуохтаах. Ол саҕана, бука, хамнас бөҕөнү аахсаргыт буолуо?

– Ол саҕана биһиги филармонияҕа киирэр этибит. Тэрилтэбит “хас кэнсиэр аайы 650 солк. киллэриэхтээххит” диэн былааннааҕа. “Ол саҕана 1 дуоллар 65 кэппиэйкэҕэ тэҥнэһэр этэ” диэн суоттаатахха, быһата, хас кэнсиэр аайы 1 тыһ. кэриҥэ дуоллары киллэрэр былааннаах эбиппит. Хас нэһилиэк аайы 2-лии, улахан бөһүөлэктэргэ 3-түү кэнсиэри оҥороҕун. Оҕолорго эмиэ туспа көрдөрөҕүн. Оттон улуус кииннэригэр – 6-7 кэнсиэр. Бүлүү куоратыгар 5 күн иһигэр 12-тэ кэнсиэрдээн рекорд оҥорбуттаахпыт. Атын улуустар кииннэригэр, ортотунан, 6-7 кэнсиэр. Аны туран, ол кэнсиэртиирбит тухары ханна да иллэҥ миэстэ, туолбатах саала диэни билбэтэхпит. 1991 с. Уус Алдан Бороҕонугар буолбут кэнсиэргэ бастакы эрээккэ 2 иллэҥ миэстэ (атына барыта ыы-быччары) баарын кэнсиэртии туран олус соһуйа көрбүппүн билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Кэнсиэртии сылдьар дьоҥҥо, көр-күлүү курдук эттэххэ, саала иһэ “тобус-толору хортуоппуй кутуллубут дьааһыга” буолан көстөрө. Хортуоппуй диэн дьон төбөтө буоллаҕа.

 

80-с сылларга “ансаамбыл ыйга 17 кэнсиэртэн ордугу оҥоруо суохтаах” диэн бэрээдэк баара. “Чааһынай ыаллар 2 ынахтан ордугу тутуо суохтаахтар” диэбит курдук... “Элбэх харчыны өлөрбөтүннэр” диэн оннук нуормалыыллара эбитэ дуу? Ансаамбылга 10-ча буолан сылдьабыт. Хамнаспыт – акылааппытыттан көрөн ааҕыллар. Ким эрэ элбэҕи, ким эрэ кыраны ылар. Элбэх харчыны аахсыбаккын, муҥутаан 3-түү мөһөөҕү эҥин ыларбыт. Ону да бэркэ сордоон-муҥнаан, уһатан-кэҥэтэн биэрэллэр. Наар “филармония былаана туолбата” диэн буолара. Бириэмийэ эҥин диэн суох этэ. Ол саҕана филармонияҕа биһигиттэн атын үҥкүүһүттэр, ырыаһыттар бөлөхтөрө эмиэ бааллара.

Дьокуускайга саала эмиэ мэлдьи толору буолара. Билиҥҥи Өксөкүлээх киинигэр, Университет Култууратын киинигэр дьон батан киирбэккэ ааны алдьаталлара эмиэ баара.

1985 с. Тумус Мэхээлэни кытта билсэн репертуарбытын байыппыппыт. Кини ырыаларын ыллыы-ыллыы гитараҕа оонньоон биэрэр. Ырыалара олус “грамотнай” буолан, бэрт кыраны эрэ уларытарбыт. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ Обллит диэн тэрилтэ баара. Кини көҥүлэ суох биир да ырыаны ыллыыр быраабыҥ суох. Аһаҕас бэчээккэ тахсыбыт эрэ хоһооҥҥо ырыаны айар көҥүллэнэр. Онно тиийэн, Тумус Мэхээлэ хоһоонноругар көҥүл ылаары тиниктэспиппин өйдүүбүн. Ити кэмнэргэ Алексей Егоров айар дьоҕура олус күүскэ тахсыбыта.

Ити курдук үлэлии, айа-тута олордохпутуна, арааһа 1990-1991 сыллар быһыылааҕа, филармониябыт салалтата хамнаспытын сарбыйан кэбиспитэ. Атын тэрилтэлэр хамнастара барыта үрдүү турар кэмигэр биһиэнэ эрэ сарбыллара олус кыһыылаах уонна хомолтолоох этэ. Инньэ гынан, “Чороон” диэн туспа тэрилтэ тэринэн туспа барбыппыт. ЯНМЦ иһинэн. Сотору кэминэн олох бары эйгэтигэр самныы-сатарыйыы баран, харчы суох буолан, кэнсиэрдэргэ дьон сылдьыбат буолан – тарҕаспыппыт. Мин онтон ыла Култуура колледжыгар баарбын.

– “Чорооҥҥо” сылдьан Саха сирин барытын тилэри кэрийдэххит. Сир сиртэн туох уратылаах буолар этэй? Дьоно-сэргэтэ, майгыта-сигилитэ, ыалдьытымсаҕа...

– Биллэн турар, куораттан чугас улуустарга көрсүү арыый тоҥуй соҕус буолара. Ыалларга түһэргэ кыра уустуктар үөскүөхтэрин сөбө. Уопсайынан, гастролга ыраах улуустарга сылдьар үчүгэй. Хоту аһара үчүгэй буолара. Онно массыынанан сахсыллыбакка, тута сөмөлүөтүнэн көтөн тиийэҕин, дьоно аһара ыалдьытымсахтар, үөрэ көрсөллөр... Үгэс курдук, ыалга тиийдэххэ дьиэ хаһаайката, ийэтэ-эбэтэ көрсөр, аһатар-сиэтэр, олорон кэпсэтэр. Эр киһи оннук түгэннэргэ баһылыыр оруолу ылбат этэ. Онно олоҕуран, “оччоттон баччаҕа диэри, саха ыалын дьахтар тутан олорор” диэн бигэ өйдөбүллээхпин.

Арба, Горнай улууһугар Солоҕон диэн бөһүөлэк баар. Тоҕо эрэ ол бөһүөлэк олус ырааһа, үчүгэйдик тэринэн-дьаһанан олороро, нэһилиэнньэтэ актыыбынайа, кулууптара үчүгэйэ өйбөр олорон хаалбыт.

 

– Наар биир дьон, буолаары буолан айар идэлээх дьон, өр кэм устата бииргэ аалсыһан сылдьыыта, бука, уустуга буолуо. Иирсибэт, кыыһырсыбат этигит дуо? Хаһааҥҥыттан ансаамбыл салайааччытынан анаммыккыный?

– Үлэ таһымынан кыра тылга киирсибэт баар буолуон сөп эрээри, уопсайынан, олус эйэлээх этибит. Мин “Чороон” иккис састаабыгар, 1981 с. салайааччынан анаммытым. Улахан салайааччы да буолбатарбын, бырагырааманы оҥорор, сахалыы элбэх ырыаны билэр буолан, бэйэтэ оннук буолан хаалбыта. Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн ийэм ыллыырын, араадьыйаны элбэхтик истэр буолан, ол саҕана баар сахалыы ырыалары үчүгэйдик билэрим...

 

Аныгы ырыалар

Ити уустук тиэмэ, санаа баттыга. Сахалыы интонация тутуһуллубат буолла. Ити билигин “Саха” НКИХ-хэ сахалыы ырыалары ырытар биэриигэ кыттабын. Дьэ онно бааллар ээ, бииртэн биир кытаанах “ырыалар”. Олор хоһооҥҥо да, прозаҕа да майгыннаабат, айар дьоҕура суох киһи күннээҕи кэпсэтэр дьүдэх тылынан суруллубут буолаллар. Аны, тылын да, матыыбын да биир киһи айбыт буолар. Дьэ оннук ырыалар “хит” буолаллар эбит. Оннук ырытыыларга сылдьан баран, бэркиһээн, “аныгыскы сырыыга арыый киһилии ырыаны булаарыҥ эрэ” диэн сакаастаһабын да, кэлэр сырыыга эмиэ оннук таһымнаах “хит” кэлэн сытар буолар. Биэриини ыытааччылар “билигин ырыа барыта маннык ээ, бу саамай элбэхтик сакаастаныллар ырыалары талан ылабыт” дииллэр. Быһата, дьадаҥы баҕайы тыллаах, мөлтөх интонациялаах, “псевдозападнай” истииллээх, биир октаваҕа да тиийбэт диапазоннаах “сахалыы ырыалар” баар буоллулар. Чэ, ол бэйэлэрэ куһаҕаннык ыллаабыттара диэн кыра, бу ырыаны биһирээн истэ, ыллаһа үөрэммит ыччат ыллыыр дьоҕура, диапазона сарбыллан хаалар эбит. Колледжка үөрэнэ кэлэр оҕолору кэтээн көрөн баран оннук түмүккэ кэллим. Бу оҕо “киһилии” ыллыы үөрэнэрин туһугар анаан иккистээн дьарыктыахха наада.

Араадьыйалар татым тыллаах, биир "клише" ырыалары биэрэр буоланнар, ыччат оннук ырыанан иитиллэр. Бу ыччат кэлин сааһырдаҕына остуолга олорон сахалыы ырыаны ыллыыр кыаҕа суох. Ити билигин ылланар туох да ураты мелодията суох, клише курдук ырыалар сотору умнуллуохтара. Санаан кэлбиччэ, адьас аҕыйах сыллаахха диэри саха дьоно бука барыта “Көлүкэчээн”, “Ньургуһуннар” (“Хара сир устун...” диэн тыллардаах) диэн ырыалары нойосуус билэр, ыллыыр буолар этэ. Ол барыта биирдэ мэлис гынан хаалбыт. Аныгы ыччат ону букатын билбэт. Холобур, мин ити “Ньургуһуннары” бэрт боростуой тыллаах-матыыптаах курдук эрээри, адьас гениальнай ырыанан ааҕабын.

Хомойуох иһин, билигин дьон куһаҕантан үчүгэйи араарбат буолла.

serg1

– Ама, аныгы ырыаһыт барыта оннук буолбата ини...

– Билиҥҥилэртэн мин бастакы күөҥҥэ сылдьар, тылыгар уонна мелодиятыгар, ыллыыр манератыгар дьиҥ сахалыы тыыны илдьэ сылдьар киһинэн Байбал Сэмэнэби ааҕабын. Кини “Үс хатыҥын” кэнники сылларга айыллыбыт биир бастыҥ ырыа диэхпин сөп. Аскалон Павловы биһириибин. “Хантан булуомуй?” диэн рокн-роллуу тииптээх ырыатын хайгыыбын. “Мин оҕом саары чаккылаах” дииллэригэр дылы, кыыһым Күннэй дьиҥ сахалыы тыыннаах-тииптээх, аныгылыы араас истииллээх ырыалардаах... Лэкиэс үчүгэй...

Чэ, туох да диэбит иһин, араадьыйаҕа туох эрэ фильтр баар буолуохтаах. Ити курдук саха ырыатын таһыма алдьанара, уулуссаттан түбэһиэх дьон киирэн бэйэлэрин ырыаларын биэрэн эфири сыыһырдаллара сыыһа. Харчы да төлөөбүттэрин иһин. Холобур, бастыҥ ырыаны уопсай куоластааһынынан быһаарыы сахаҕа барбат. Сахалыы ырыаны, араадьыйаны истээччи, муҥутаан, 200 тыһ. эрэ курдуга буолуо. Ити биһиэхэ хайдах да барсыбат. Кэнники “Этигэн хомуска” дьиҥнээх соморуодак талаан Михаил Уманов куоластааһыҥҥа арыычча кыайтара сыспытын билэн-көрөн улаханнык сөхпүтүм. Быһата, бастыҥ ырыаны талар аһаҕас куоластааһын – син биир быыбар курдук. Көстөн турар мөлтөҕү, куһаҕаны тала-тала кэлин үөхсэ сылдьабыт.

Аныгылыы истииллээх толорооччулартан Китджаны биһириибин. Регги курдук уустук истиилгэ сахалыы тыыны киллэрэр, олус музыкальнай, айар потенциаллаах уонна кэскиллээх уол.

kit

Ырыа бастыҥын быһаарарга сиэрдээх дьүүллүүр сүбэ наада, уопсай куоластааһын буолбакка. Били, мөлтөх дьон син биир кыайбаттарын, киирбэттэрин билэн чугаһыы да барбаттарын курдук.

Билиҥҥи Арассыыйа эстрадатыгар кылабачыгас “упаковка” үйэтигэр олоробут. Ол эбэтэр, киһи сиэбэт мөлтөх хаачыстыбалаах “суррогат аһылыгын” килэбэчигэс, күлүмүрдэс хаанан суулаан баран сыҥалыыллар. Сахалыы ойуулаах-дьарҕаалаах, бөҕө-таҕа тирии матаҕабытын, уран туос иһиппитин барытын салапаан пакетынан, “биирдэ туттуллар” пластик иһитинэн-хомуоһунан солбуйан эрэбит.

Кэпсэттэ Иван Гаврильев

Санааҕын суруй