Киир

Киир

«Хоhоон диэн масчыкка – сүгэтэ,

Отчукка – укулаат хотуура,

Көрбөккө – кыраҕы хараҕа,

Көппөккө – мохсоҕол кыната!

Ол иhин хоhоону суруйуу

Уhун муҥ, улуу дьол аргыстаах,

Хас хоhоон барыта сүрэхтэн

Эт тардан, хаан хабан тахсыахтаах!» 

Бүөтүр Тобуруокап

****

Кулун тутар 21 күнэ – Аан дойдутааҕы Поэзия күнэ.

Үйэлэр тухары поэзия киһи-аймах уопсастыбатын биир ураты суолталаах чааһа, арахсыспат аргыһа. Бастаан тылынан уус-уран айымньы көрүҥнэригэр, кэлин сурук-бичик сайдыыта, туспа жанр буолан сириэдийэн сайдыбыта. Поэзияны хас биирдии норуот култууратыгар көрүөххэ сөп. Оттон билигин ханнык баҕарар сайдыылаах омукка поэзия уус-уран литэрэтиирэ биир сүүнэ көрүҥүн быһыытынан сыаналанар.

Хоһоонунан киһи бэйэтин санаатын, иэйиитин, аан дойдуну анаарыытын сааһылаан, тэтими наардаан, табыгастаах гына дьүөрэлээн, олус ураты тыыннаах, туспа эйгэлээх уус-уран айымньыны суруйан таһаарар... Аан дойду үрдүнэн аатырбыт поэттар сүдү айымньыларын билигин даҕаны үөрэхтээхтэр сыныйан үөрэтэллэр, уобарастарын чинчийэллэр.

1999 сыллаахха, санаа-оноо эгэлгэтин, анаарыыны поэзия көмөтүнэн араас омук тылынан тиэрдиини өйүүр соруктаах уонна сүтэн эрэр тыллары чөлүгэр түһэрэр туһуттан, ЮНЕСКО кулун тутар 21 күнүн Аан дойдутааҕы Поэзия күнүнэн биллэрбитэ.

Аан дойдутааҕы Поэзия күнэ хоһоонньуттар саҥа уус-уран айымньыны суруйалларыгар, дьон-сэргэ сөбүлүүр хоһооннорун өссө биирдэ ылан ааҕалларыгар үчүгэй төрүөтүнэн буолар. Маны таһынан, бу күн Аан дойду араас муннугар поэзияны ускуустуба атын көрүҥнэрин кытта ситимниир ураты тэрээһиннэр, толоруулар, тыйаатырга туруоруулар, куонкурустар уонна бэстибээллэр буолаллар.

Поэзия өссө даҕаны дьону-сэргэни биир кэлим гына ситимнии, бэйэтин аптаах эйгэтигэр ыҥыра туруоҕа.

Күндү поэттарр, хомоҕой хоһооннору суруйан ааҕааччыларгытын өссө даҕаны үөрдэ туруҥ!