Күндү "Кыым" ааҕааччылара!
Кулун тутар 25 күнүгэр “Триумф” успуорт уораҕайыгар үһүс төгүлүн “Муус устар” ыччат бэстибээлин түмүктүүр тэрээһин ыытыллыаҕа. Бу бэстибээл Саха сирин ураты дьоҕурдаах уонна креативнай көрүүлээх ыччаттарын талааннарын арыйарга, кинилэр инникигэ уонна бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллээх буолалларыгар туһуламмыт, аныгылыы иитэр-үөрэтэр суолталаах биир бастыҥ тэрээһининэн буолар.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр ыччаппыт дойдубут инники олоҕун түстүүр соруктааҕа биллэр, онон кинилэри бары өттүнэн өйүүргэ Ил Дархан Айсен Николаев улахан болҕомтотун уурар. Ол туоһута – бөдөҥ тэрилтэлэр үптэринэн тэриллэр «Муус устар» бэстибээл. Онон биһиги ыччаттарбыт инникилэрин туһугар бу үтүө дьаһалы өйүөх тустаахпыт. Олунньуттан саҕалаан бары улуустарга, үөрэх кыһаларыгар бэстибээлгэ сүүмэрдиир түһүмэхтэр тэриллибиттэрэ. Оттон бу субуотаҕа өрөспүүбүлүкэбит саамай талааннаах, кыахтаах, кэскиллээх ыччаттара мустуохтара. Түгэни туһанан, ыччаттарга таһаарыылаах үлэни-үөрэҕи, туруоруммут сыалларын ситиһэллэригэр уонна үгүс умнуллубат түгэннэри баҕарабын!
Нерюнгри оройуонугар бу күннэргэ табаһыттар аан дойдутааҕы чөмпүйэнээттэрэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бу тэрээһин чэрчитинэн биир сонун тиийэн кэллэ. Ыаллыы Хабаровскай кыраайын Нелькан сэлиэнньэтиттэн удьуор табаһыттар Евгения Николаевна уонна Николай Иннокентьевич Карамзиннар таба хаһаайыстыбатын тэрийэ сылдьар Эдьигээн улууһуттан төрүттээх эбэҥки табаһыт кыыһыгар – Раиса Ильиноваҕа – 25 табалаах ыстаада бэлэхтииллэрин туһунан иһитиннэрдилэр. Нелькан – Ньылхан – уруккута Саха уобалаһыгар киирсэрэ, биһиги сирбит этэ. Евгения Николаевна: “Билигин биһиги сааһыран, бэйэбит табаларбытын кыайан көрөр кыаҕа суох буоллубут. Икки уоллаахпытыттан биирбит, хомойуох иһин, Орто дойдуттан букатыннаахтык күрэммитэ, иккис уолбут билигин дойдутун чиэстээхтик көмүскээн, СВО-ҕа сылдьар. Биһиги историческэй дойдубутун – Саха сирин кытары – быстыспат ситимнээхпит. Ол иһин ыстаадабытын эдэркээн табаһыт кыыска – Раисаҕа – бэлэхтииргэ быһаарынныбыт. Табаларбытын Саха сиригэр диэри илдьэргэ көмө баара буоллар диэн көрдөһүүлээхпит”, – диир. Хорсун санаалаах табаһыттар табаларын бу күннэргэ КАМАЗ 500 массыынаннан Томмокко диэри туруналлар, ТХМ Дьокуускайга диэри босхо аҕалтарыах буолбут.
ТХМ инникитин да эдэр табаһыты Бүлүүлүүр суолунан Хотугу Илин гектарга хаһаайыстыба тэринэрин өйүөҕэ диэн эрэнэбин. Хаан-уруу хоту дьоно Карамзиннар СВО-ҕа сылдьар чулуу уоллара этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин баҕарабыт.
Ил Түмэн бүтэһик пленарнай мунньаҕар Ис дьыала миниистирэ В.Прокопенко үлэтин отчуоттаабыта. Мин онно “Анатолий Игнатьевич Чомчоев дьыалата ханна тиийдэ, тоҕо олус уһаата-кэҥээтэ?” диэн ыйыппытым. Онуоха миниистир “дьыала кулун тутар 13 күнүгэр түмүктэнэн, суут көрүүтүгэр утаарыллыаҕа” диэбитэ. Кырдьыгынан эттэххэ, мин силиэстийэ уһаабытыттан дьиксинэ санаабытым. Соторутааҕыта Анатолий Игнатьевич холуобунай дьыаланы кытары билсэн баран, улаханнык санааҕа ылларан олорор диэн иһиттим. Ити туһунан бу тутан олорор хаһыаккыт 9-с балаһатыгар Туйаара Сиккиэр суруйуутугар сиһилии ааҕыҥ. Дьыалаҕа, киһи бэркиһиэх, бэйэтин буруйдуох курдук оҥорон таһаарбыттар! Саха киэн туттар, ытыктыыр киһитин дьыалатын, аһаҕастык эттэххэ, итинник “эргитэллэрэ” хайдах да табыллыбат. Бу дьыала хаамыытын хонтуруолга ылан ааҕааччыларбытыгар биллэрэ туруохпут.