Дьокуускай куорат Короленко уулуссатын 46-с дьиэтин 16 кыбартыыратыгар сэрии оҕото, үлэ бэтэрээнэ Лидия Игнатьевна ЛЫТКИНА киһи киһиэхэ кэпсээбэт ыарахан усулуобуйатыгар олорор. Бу дьиэ норуокка биллэринэн “геологтар дьиэлэрэ” диэн ааттанар эбит.
Бүдүк-бадык подъезд иһинэн тустаах кыбартыырам аанын аһаммын иһирдьэ киирэбин. Куукуна ортотунан холбойон тахсыбыт муостанан хааман, иҥнэ сыһан, ыскамыайка баарыгар олоробун. Кэлбит сыалбын-сорукпун билиһиннэрэбин.
– Эрэдээксийэҕэ биир ааҕааччыбыт төлөпүөннээн, олорор усулуобуйаҕытын билсэрбитигэр көрдөстө. Ону быһа гыммакка, көрө-истэ, билсэ кэллим.
– Лидия Игнатьевна Лыткина диэммин. 82 саастаахпын. Кэргэним Чурапчы көһөрүүлээҕэ этэ. Оҕонньорбунуун 1968 сыллаахха холбоһуохпутуттан Дьокуускай куоракка олохсуйан олоробун. Кини Орто дойдуттан барбыта 16-с сылыгар барда.
– Иккиэн геология хайысхатыгар олоххутун анаабыт эбиккит.
– 6-с №-дээх көрдүүр эспэдииссийэ тэрилтэтигэр үлэлээбиппит. Оҕонньорум 30-тан тахса, мин 22 сыл үлэлээбитим. 1970 сыллаахха үлэлии киирэн баран, 1993 сыллаахха оҕонньорум инсуллаан, кинини көрөөрү уурайбытым.
– Бу дьиэҕэ хаһааҥҥыттан олохсуйан олороҕут?
– Ааспыт үйэ 1977 сылыттан олоробут. Ыраатта. Бастаан көһөн кэлэрбитигэр син аҕай курдук туруктааҕа. 6-с №-дээх көрдүүр эспэдииссийэ тэрилтэтэ биэрбитэ. Кэргэним геологынан үлэлээбитэ. Мин эмиэ онно бэчээт сыаҕар үлэлээбитим. Улахан эргитэр массыынаҕа геология каарталарын түһэрэр этибит.
– Уулуссанан ааһан иһэн, дьон олорор дьиэтэ дии санаабаккын ээ. Дьиэҕит туруга мөлтөҕө сүрдээх эбит.
– Муостабыт иҥнэл-таҥнал түһэн, киһи сатаан да хаампат. Дьиэбит күһүн-саас хамсыыр, сүрдээҕин түһэр. Ол аайы истиэнэбит сыбаҕа саккырыы турар. Аны уулуссанан ааһан иһэр дьон сүгүн олордубаттар, сэгэриэм.
– Бай, ол тоҕо?
– Кыһын буоллун, сайын буоллун, ааһан иһэннэр түннүкпүтүн алдьаталлар. Түннүк оҥорторортон соло булбаппыт. Соторутааҕыта эрэ 3 түннүгү алдьаппыттарын оҥоһуннубут.
– Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамаҕа киллэрэн, көһөрөбүт диэбэттэр дуо?
– Былырыын этэ дуу, бадаҕа. Иккис этээскэ олорор дьахтар Путиҥҥа сурук суруйбут үһү диэбиттэрэ. Ол кэнниттэн мээрийэттэн биир дьахтар кэлэ сылдьыбыта. Хаарбах туруктаах дьиэ диэбиттэр этэ уонна ким да үктэнэн көрө илик. Умнууга хаалбыт дьиэ олохтоохторобут. Бастакы подъезтар олох буорайдылар. Сотору-сотору өрөмүөн оҥостоохтууллар. Кинилэр тэрээһиннээхтэр ээ. Биһиги 2-с подъезка олоробут. Үгүстэрэ былыр-былыргыттан мэлдьи олорор олохтоох дьон.
– Хас буолан олороҕутуй?
– Бэйэм 50 саастарыттан тахсыбыт 2 уоллаахпын, 1 кыыстаахпын. Улахан уолум туһунан олорор, кэлээскэҕэ олорор инбэлиит кэргэнин көрөр, үлэлээбэт. Иккис уолум инсуллаабыта, бэйэбин кытта баар. 40-тан тахсыбыт кыыһым 17-18 саастаах уолаттарыныын эмиэ биһигини кытта олороллор. 1-кы бэликилииньикэҕэ илбийээччинэн үлэлиир. Онон 5 буолан олоробут.
– Дьиэҕит хас кв.м. иэннээҕий?
– 46 кв.м., уопсайа 60 тахса кв.м. диэн.
– Күһүн, саас уу киирэр дуу?
– Саас муоста анныгар уулаах буолар, күһүн ханна барбыта биллибэккэ хаалар. Урут хаһан эрэ биир хоспутугар муоста үрдүнэн уу тахса сылдьыбыта. Ааммыт күһүн, саас дьиэ хамсыырыгар түбэһэн, баттаннаҕына, нэһиилэ аһыллар-сабыллар буолан хаалар. 90-с сылларга, уу киирэр буолан, муостаны саҥаттан тэлгэппиттэрэ.
– Хапытаалынай өрөмүөн биирдэ эмэ ыытыллыбыта дуу?
– Суох. Олох ыытыллыбат.
– Ыйга төһөнү төлүүгүтүй?
– Бу сырыыга 10 тыһ. тахсаны төлөөтүбүт. Төлөбүрбүтүн хаһан да көтүппэппит, бириэмэтигэр төлүүбүт. Күнтэн күн сыана ыарыыр, ону тэҥэ хомунаалынай төлөбүр эмиэ үрдүүр.
– Маннык балаһыанньаҕа олороргут туһунан ханна да үөһээ салалтаҕа тахса сылдьыбатаххыт дуо?
– Атаҕым ыалдьар буолан, ханна да сылдьыбаппын, дьиэ иһиттэн тахсыбаппын. Урут оҕонньорум тыыннааҕар сурук бөҕөтүн суруйара. Ону кымаардаан да көрбөтөхтөрө. Билигин даҕаны ким да наадыйбат. Киһи сонньуйуох, дьиэбит таһыгар “Слава России” диэн улахан буукубаттан суруллан турар суруктаахпыт (күлээхтиир). Маннык ыыспаҕа олорон, Арассыыйаны уруйдуу-айхаллыы олороохтуубут.
– Хас сыллаахха тутуллубут дьиэний?
– 1936 сыллаахха. Сэбиэскэй былаас саҕана хаачыстыбалаахтык тутуллубут буолан, баччаҕа диэри тиийэн кэллэҕэ. Бу көрөрүҥ курдук, муостабыт иэдэйдэ. Бэйэм чарапаахылыы сыылан, аа-дьуо хаамабын. Аны үлтү түһэн, орон киһитэ буолуом диэн ол куттала.
– Харах-көс үчүгэй дуу?
– Харахпынан учуокка турабын. Глаукомаланан хаста даҕаны эпэрээссийэни ааспытым. Аны катаракта диэбиттэрэ. Онон хааппыла кутта-кутта олоробун. Син сирдэтинэн көрөбүн. Уҥа хараҕым көрөрө мөлтөх.
– Кыыһыҥ ипотеканан дьиэлэнэр кыаҕа суох дуо?
– Суох буоллаҕа, хамнаһа кыра. Икки оҕотун соҕотоҕун иитэр. Мин биэнсийэбинэн көмөлөһөбүн.
– Гаас суох эбит дии.
– Үйэ тухары уотунан астанан олоробут.
– Дьиэ бары кыбартыыраларыгар ыал толору олорор дуу?
– Үөһээ этээскэ элбэх ыты тутан олорор ыаллар бааллар. Төрөтөн атыылыыллар дуу диэхпэр дылы. Иһирдьэнэн-таһырдьанан, түүннэри-күнүстэри ыттар ньалыгыраан тахсаллар. Утуйар хоспут үрдүнэн үөһээ ыалларбыт сарсыарда эрдэттэн хачыгыраһаллар. Аны хаамаллараа-аа, сулуон хааман эрэрин курдук батыччахтааһын. Ол иһин мин сытар оронум үрдэ, дьиэ үрдүн буора саккырыырыттан бүтүннүү буор-быыл буолан хаалар. Киэһэ аайы ол тэбээһинэ.
– Киин уулуссаҕа турар буолан, массыына даҕаны тыаһа сүрдээх быһыылаах.
– Бээтинсэттэн саҕалаан, бу Лермонтов уулуссанан арыгыһыттар айдааннара уҕараабат, аймалҕан бөҕө буолаллар, сүгүн утуппаттар. Уһун түүнү ыллаан-туойан, айдааран тахсаллар. Ол барыта курдат иһиллэ турар. Аны билигин таһырдьа сылаас күннэр тураннар, түннүкпүт форточкатын кыратык сэгэтэ түһэбит. Кыһынын бу ордук куукунабытыгар киһи нэһиилэ күөстэнэр эрэ. Тымныыта бэрт буолааччы. Быйыл хайдах буолаахтыыр.
– Оччоҕуна хаарбах дьиэттэн өтөр-наар көһөр сибикигит биллибэт?
– Суох буоллаҕа. Ким да тугу да саҥарбат. Көһөрөллөрө буоллар, саатар, бааннаҕа суунан баран, анараа дойдуга аттаныллыа этэ буоллаҕа. Саамай баҕа санааҥ тугуй диэн ыйыттаргын – баанналаах эрэ дьиэ, онтон ордук туох да наадата суох.
– Суунар усулуобуйаҕыт суох буоллаҕа.
– Көрөрүҥ курдук, толору хааччыллыыта суох дьиэ буолан, баанната суох. Дэҥҥэ уолбар баран, суунан-тараанан кэлэбин. Туалет чааһын ыйытыма даҕаны. Тоҕо эрэ кэлэ-кэлэ бары туалеты “сэриилээн” тахсаллар. Көрдөххүнэ, иннэ-кэннэ суох, тула өттө барыта аһаҕас, эгэ, аан кэлиэ дуо? Дьэ, онон иһирдьэнэн-таһырдьанан дьаабы усулуобуйаҕа олоробут. Биир даҕаны үрдүк өһүөлээх тойон кыһаллыбат. Чэ, ол эрээри тэлэбиисэри көрдөххө, биһигиннээҕэр куһаҕан усулуобуйаҕа олорор дьон бааллар диэн, онон эрэ уоскуйаҕын.
Иһиттэххэ, ааһан иһэр дьон бу “дыбарыас” дьиэбитин дьон олорбот дьиэтэ дии саныыллар эбит. Дьэ, олоробут, доҕор, үйэ тухары. Биир да иччитэх кыбартыыра суох. Айаҕалыы сатаан “мусуой” буолбут дьиэ быһыылаах дии саныыбын. Биир да былаас болҕомтоҕо ылбат.
– Урукку сылларга дьиэ уочаратыгар турбатаххыт дуо?
– 1988 сыллаахха уочаракка турбуппут уонна баччааҥҥа диэри олорбуппут курдук харыс да сири халбарыйбаппыт, олорор усулуобуйабыт тупсубат.
– Хаһыат, сурунаал ааҕаҕын дуу?
– Урукку сылларга “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттары көтүппэккэ ааҕарым. Билигин үп-харчы тиийбэт буолан, хаһыакка, сурунаалга суруппатаҕым ыраатта.
– Лидия Игнатьевна, санааҕын түһэрбэккэ этэҥҥэ олор, сэргэхсийэргэр анаан, эйиэхэ 2023 сыл 1-кы аҥаарыгар “Кыым” хаһыат сурутуутун бэлэхтиибин. Баанналаах дьиэҕэ олорор ыра санааҥ туоларыгар баҕарабын.
Умнууга хаалбыт дьиэ дьылҕата хаһан быһаарыллыай?
Биир бэйэм бу дьиэ аттынан орох тэппитим 30-ча сыл буолла. Түһээн да баттаппат эбиппин маннык дьиэҕэ дьон билиҥҥэ диэри олорорун. Таһыттан көрдөххө, түннүктэрэ үксэ маһынан туора саайыллыбыт. Уулусса өттүттэн биир да уот-күөс көстүбэт. Арай Лермонтов уулусса өттүттэн ыраахтан “Слава России” диэн маҥан кыраасканан суруллубут уоттаах-төлөннөөх этии киһи хараҕар быраҕыллар.
Онтон бу алдьаммыт, өҥө-дьүһүнэ биллибэт буола барыарбыт түннүк нөҥүө, иһэ-таһа күөдэл буолбут дьиэ иһигэр олох оргуйарын, олохтоохтор уустук усулуобуйаҕа олороллорун билбэппит, сэрэйбэппит сүрүкэтиэ-ээн...
Дьиэ икки подьеһынан сылдьан, үөһэ-аллара киирэн-тахсан, иһиттэн көрөн эрэ, дьон хайдах курдук уустук усулуобуйаҕа олорорун бэркиһиигин. Көмөлөһөр кыаҕа суоххуттан кыһыйаҕын, абараҕын. Киһи сонньуйа, хоргута көрөр хартыыната. Онтон бу мас дьиэ икки өттүттэн, 21-с үйэ баараҕай тутуулара, 16-17 этээстээх, аныгылыы кэрэ көстүүлээх, халлааҥҥа харбаспыт дьиэлэр тураллар эбээт...
Түмүккэ, Дьокуускай куорат дьаһалтатын Дьиэҕэ-уокка сыһыаннаһыыга Департамена (ДЖО) маннык “умнууга” хаалбыт дьиэ баарын билэрэ дуу, суоҕа дуу диэн ыйытык үөскээн тахсар.