Сахалар өйдөбүллэринэн, бүгүн, тохсунньу 31 күнэ – кыстык оройо.
Бүлүү улууһун биир биллэр-көстөр үлэлээх, сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар, олохтоох ас-үөл бэлэмигэр улаханнык үлэлэһэр “1-кы Күүлэт” кэпэрэтиипкэ кыстык хаамыыта, сүөһү-сылгы туруга хайдаҕын ТХПК бэрэссэдээтэлэ Елена Петровна Тутукарова биһиэхэ маннык үллэһиннэ:
– Уустук кыстык. Ынахтарбыт саҥа дьыл инниттэн төрөөн саҕалаабыттара. От хаачыстыбата мөлтөх буолан, ынахтар кээһэллэрэ (аборт) маассабай буолан эрэр. 150 т от кэлиэхтээҕин, халлаан тымныыта бэрт диэн тиэйбэттэр. Били, чэпчэтиилээх сүөһү концентрированнай сүөһүбүт аһа сол да кэлэ илик. Дьыл ортото буолла. Арай, 15 т гранулированнай от кэлбитэ. Кууллара уоттуйан хаалбыт: өр сыппыт дуу, хайдах?
“Якутоптторг” диэн тэрилтэни кэлим эпэрээтэр оҥорон, эрэйдээтилэр. Аны, оройуон киинигэр эрэ диэри тиэрдэллэр диэн, айманан олоробут. Биһиги курдук 120 км тэйиччи сиргэ сытан, 500-чэ т концентрированнай аһы, ханна биэрэккэ сүөкэтиэхпитий?! Аны, бу сүөһүлэрбит ырыганнаан бүппүттэрин кэннэ кэлэрэ туохха нааданый да диэх курдук. Эрдэттэн саҕаланыахтаах этэ буоллаҕа. Нэһилиэккэ диэри тиэрдэргэ “Якутоптторг” эбии харчы көрдүүр диэн буолта. Ону ТХМ кэлин уйунуохпут диэбит сурахтааҕа. Эбиитин бөрөлөр буулаатылар. Сылгыбыт үөрдэрин ыһан кэбиһэллэр. Сылгыбыт базатыгар турар сылгыларбытын кытта сииллэр. Сылгы өлүгэ бөҕө. Бааһырбыттар да бааллар. Аакта оҥоһуллубута. Ким да кыһаллыбат, бултаһыан баҕарбат. Булчуттар уматык сыаналанна, өлөрүллүбүт бөрө иһин төлөбүрэ кыра дииллэр.
Уматык сыаната наһаа үрдээтэ. Билигин 1-кы Күүлэккэ дылы 1 л уматыгы 79 солк. аҕалабыт дииллэр. Ити өссө – билиҥҥи туругунан.
Таарыйа, Елена Тутукарова тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыһыаннаан тус көрүүлэрин, этиилэрин үллэһиннэ:
– Мин санаабар, үүт харчытын ГСМ сыанатыгар тэҥнээн баран, чааһынай, тэриллиилээх диэн араарбакка, биир тэҥ гыныахха наада. Ол оннугар тэриллиилээхтэр үлэлиир усулуобуйаны оҥостоллорун, хотон тутуутун, улахан тиэхиньикэни ылыыны судаарыстыба суотугар оҥоруохха баара.
Тэриллиилээх хаһаайыстыба нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй туругар сүҥкэн оруоллаах эбээт. Элбэх үлэһити хамнастыыр, нолуок төлүүр. Ол нолуога нэһилиэк, улуус бүддьүөтүгэр киирэр.
Былырыын сайын биһиэхэ хаһан да буолбатах уулаах дьыл буолла. От бэркэ үүммүтэ гынан баран, ончу оттотор күнү биэрбэтэ. Быыстаан-арыттаан оттуу сатаабыт оппутун күһүҥҥү ардахтар курдары түһэн, сытытан кэбистилэр. Мин саныахпар, ити былыты ытыалааһынтан олус элбэхтик ардахтаата. Биһиги диэки күөл элбэх, баҕар-баҕарыма, ууну тардан ылаллар. Айылҕабыт да, туораттан орооһору, арааһа, сөбүлээбэтэ. Былыты ытыалааһыны, бука диэн, тохтотуохха!
Тыа умайыыта өртөөһүн бобуллуоҕуттан биллэ элбээтэ. Бэйэбит эппиэтинэспитигэр өртүүрү көҥүллүөххэ баара. Оччоҕо мэччирэҥ да тупсуо этэ.
Баһаары утары уоту ыытан тохтотуу ньыматын туһаналларыгар, сороҕор кыайан хонтуруолламмакка хаалан, тыал хайысхата эмискэ уларыйан дуу, баһаар тайыыр иэнин өссө кэҥэтэллэр да быһыылаах.
Урут, ТХМ лииньийэтинэн олорор дьиэни туттуу (ИЖС) бырагыраамата киэҥник үлэлиирэ. Кэлин үбүлээһинэ кыччаан, улууска 1-2 эрэ квота бэриллэр, суоҕун да тэҥэ. Бу квотаны элбэтэр буоллар. Ыччаты тыа сиригэр олохсутарга үчүгэй бырагыраама этэ.
Аны, чэпчэтиилээх, сыллааҕыта 5 % ыстаапкалаах бырагыраамаҕа биһиги дьоммут дохуоттара кыра буолан, хапсыбаттар. Сүрүннээн, бүддьүөт үлэһиттэрэ туһаналлар.
Быйылгыттан үбүнэн чэбдигирдии бырагыраамата суох буолар дииллэр. Мин санаабар, бу – олох сыыһа дьаһаныы. Сотор буоллахтарына, л үүт субсидията саатар 80-90 солк. буолуон наада. Оттон хотоннор тутуутугар сайыам оннугар, судаарыстыба суотугар тутан баран, былаан биэрэн, ол туолуутун ирдиэххэ.
Бу сыана үрдүү турдаҕына, былырыына чэбдигирдии бырагырааматын үбүттэн 84% эрэ биэртэрэ, олус хомолтолоох.
Мин эбитим буоллар, үүт харчытын ситэри 100-120 солк. гынан баран, араас элбэх субсидиялары тохтотуох этим. Ол оннугар тэрээһиннээхтэргэ хотон тутуутун, улахан тиэхиньикэни судаарыстыба бэйэтин суотугар ылыан сөбө.
Урут тыа хаһаайыстыбатын менеджерэ диэн баар буола сылдьыбыта, тыа хаһаайыстыбатын кэлэктиибин салайааччыта оҥороллоро үчүгэй этэ, хамнас төлөнөрө. Онон киниттэн үлэни ирдиир, наада түгэнигэр, “кымньыылыыр” да кыах баара. Туох кистэлэй, салайааччы дьыалайа суоҕуттан ыһыллыы-тоҕуллуу тахсар. Таисия Васильевна Десяткина курдук салайааччы аҕыйах. Салайааччылар, аны, сааһыран эрэллэр, оттон маннык эппиэтинэстээх, үгүс түбүктээх буолан, ыччат ылсыан баҕарбат. Дьиҥинэн, салайааччы бүддьүөттэн хамнастанара буоллар, ирдииргэ да табыгастаах буолуо этэ. Былаана туолбат, көрдөрүүтэ мөлтөх түгэнигэр хамнаһа сотуллар, көҕүрүүр буоллаҕына, кыһаллан үлэлиэ, хамнаныа этилэр. Тыа хаһаайыстыбатын идэлээхтэрэ тиийбэттэр. Кыаллыбата буолуо эрээри, АГАТУ-ну бүтэрээччилэргэ, хайаан да оҥорон таһаарыыга 3 сыл үлэлээбиттэрин кэннэ диплом бэриллэрэ эбитэ буоллар, үөрэниэххэ эрэ диэн үөрэнээччи суох буолуо этэ.
ЫСПЫРААПКА:
Бүлүү улууһун Елена Тутукарова бэрэссэдээтэллээх “1-кы Күүлэт” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ сүөһү уонна сылгы иитиититинэн дьарыктанар, олохтоох ас-үөл бэлэмигэр үлэлиир, килиэбигэр тиийэ астыыр өрөспүүбүлүкэ биир биллэр-көстөр үлэлээх улахан хаһаайыстыбата, улуус киэн туттуута. Бүлүү куораттан 120 км тэйиччи, өрүс уҥуор түстэммит Күүлэт олохтоохторун үлэнэн хааччыйан дохуоттаан олорор бөһүөлэк тыын суолталаах тэрилтэтэ. Кыһыҥҥы суол сабылынна да, Күүлэккэ сырыы уустугурар. Оттон хаайтарыы кэмигэр олох да “арыыланан” хаалар ыраах дойдуга бу кэпэрэтиип суоҕа буоллар улаханнык кыһалҕаланыахтара этэ.
Хаһаайыстыба бастайааннай үлэһитэ – 32, ону сэргэ быстах кэмҥэ, дьыл кэмиттэн көрөн, ортотунан, 50-ча үлэһит эбиллэр.
Былырыын сэтинньи бүтүүтэ кэпэрэтиип 200 субан сүөһү турар хотонун тутан, үлэҕэ киллэрбитэ. Кэпэрэтиип бэйэтэ тутуутун маһын кэрдэн, матырыйаалын атыылаһан, тутааччылары наймылаһан, бүттүүн субуотунньуктаан, хотон кыстыкка бэлэм буолбута. Үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматын былааннаммыт үбүлээһинэ итэҕэс бэриллэн (84 %), ыксыы сылдьыбыттара да, улуус өйөөн, мэхэньисээссийэлээх, сыбаҕы эрэйбэт, аныгы хотоннонон үлэһиттэр үөрүүлэрэ улахан.
Күн бүгүн хаһаайыстыбаҕа төбөлөөҕүнэн 456 хороҕор муостааҕы кыстатан турар. Итинтэн ынаҕа – 226. Ону таһынан 150-ча сылгылаахтар. Ааспыт сайын төһө да сүөһү аһылыгын бэлэмэ уустук усулуобуйаҕа ааспытын иһин, кэпэрэтиип 800 т оту, 200 т сиилэһи бэлэмнээбитэ. Онтулара, бэрэссэдээтэл эппитинэн, хаачыстыбата мөлтөһүөр.
Бэлэмнээтэ Татьяна Захарова-Лоһуура