Киир

Киир

Бэчээттэммиккэ эргиллэн... “Маймаҕа уонна Хатырык уу содулун кэнниттэн...” “Кыым”, от ыйын 18 күнэ, 28-с №) 

Кыһыммыт кэтэһиннэрбэккэ, бу күннэргэ эмискэ тымныйан, соһуталаан эрэр. Аҕыйах хонуктаахха диэри сир-дойду күһүҥҥүлүү иһийэн, налыччы турбута баара...

Оттон мин, төһө даҕаны уоппускам кэмэ буоллар, халаан уутугар эмсэҕэлээбит Нам улууһугар сайыҥҥы матырыйаалбын салгыы, аны бу сырыыга кыстыкка киириигэ төһө бэлэмнээхтэрин көрө-истэ, нэһилиэнньэ санаатын билээри, “абааһы аһаабыт сириттэн арахпат” дииллэринии, Намныыр суолу тутуһабын.

Маймаҕалар...

Алтынньы 12 күнүгэр Маймаҕа олохтоохторо М.П. Аргунова уонна А.К. Собакина дьиэлэригэр сырыттым. Дьиэлээх хаһаайкалар суох буолан биэрдилэр. Сирдьитим, манна олохтоох Галина, илдьэ сылдьан көрдөрдө. Дьиэлэрин муосталара билигин даҕаны оҥоһуллубакка турар. Агафья Кондратьевна бэриллибит 100 тыһ. солк. харчытыгар ылбыт баалкы мастара таһырдьа кыстанан сыталлар. Үбэ-харчыта тиийбэккэ дьиэтин өрөмүөнэ ситэри бүтэ илик эбит.

От ыйыгар тахса сылдьан, Маймаҕа бөһүөлэгэр Собакин уулусса 3-с нүөмэрдээх 4 кыбартыыралаах дьиэтигэр сылдьан турардаахпын. Бу да сырыыга тумнубатым. Хайдах балаһыанньалаахтарын билсэ, 3-с кыбартыыраны тоҥсуйабын. Түннүгүнэн кырачаан оҕо сирэйэ мэлэс гына түһэр, ааннарын арыйаллар. Түөрт уу-кырбас оҕолор бэйэлэрэ эрэ олороллор. Ааспыттааҕы сырыым кэнниттэн улаханнык туох даҕаны уларыйбатах. Хайаҕастаах, сиҥнибит муоста сол туругунан сытаахтыыр. Оҕолортон ыйыталаспыппар, “атахпыт тоҥор, муостабыт тымныы” дэһээхтииллэр. Кэккэлэһэ олорор ыалга киирэбин. Дьиэлээх хаһаайка Галина: “Бу дьиэ хаарбах туруктааҕынан сотору көтүрүллүөхтээх, онон өрөмүөн үлэтэ барбата”, – диэн кэпсээтэ. Дьиэтин иһэ эмиэ оҕонон толору.

“2 мөлүйүөннээх иэскэ ыйанныбыт”

Хатырык олохтооҕо Григорий ДЬЯКОНОВ тэлгэһэтигэр киирэбин. Дьиэлээх хаһаайын саҥа тутуллубут хотонун аттыгар үлэлии сылдьарыгар түбэһэбин. Хотону киирэн көрөбүт. 20-чэ ынах сүөһү кыстыахтаах үрдүк, сырдык хотону астына көрөбүн.

Григорий Дьяконов

Дьиэлээх хаһаайын кэпсиирин истиэҕиҥ:

– Быйылгы халаан уутугар хотоммут, дьиэбит барыта ууга барбыта. “Саҥа хотон туттаргытыгар харчы биэриэхпит” диэбиттэригэр, кирэдьиит бөҕөҕө киирэн, саҥа хотон тутуннубут. Билигин биэнсийэбит барыта онно барар.

– Төһө кирэдьиити ыллыгыт?

– Элбэх буоллаҕа. Мөлүйүөн курдугу дьиэҕэ, хотоҥҥо тутуннубут. Маны таһынан сайыҥҥы үүт туттарбыт харчыбыт барыта барда.

– Туох көмөнү ыллыгыт, туһан­ныгыт?

– Бастаан дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр 100-түү тыһыынчаны биэрбиттэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн 4 киһи­тигэр 400 тыһ. солк. ылбыппыт. Онон бүтэр.

Өссө туох көмө кэлиэхтээҕий?

– Хотон тутуутугар өрөспүүбүлүкэттэн кэлиэхтээх. Дьиэ өрөмүөнүгэр федеральнай үп кэлиэхтээх. Ол билиҥҥитэ биллибэт.

– Дьиэҕитигэр киирэ илик эбиккит дии (12.10.2024).

– Муостатыгар кутуллубут сиэмэн хатарын кэтэһэбит. Кэнники оҥоһуллубута.

– Оччоҕуна хаһан киирэргит биллибэт дуу?

– Аҕыйах хонугунан киирэр инибит.

– Түмүккэ санааҕын этиэҥ дуу?

– Көмө харчытын хаһан биэрэллэрэ буолла? Билигин 2 мөлүйүөн кэриҥэ иэскэ сылдьабын. Кирэдьиит бөҕөтүн ыллым уонна чугас дьоммуттан, аймахтарбыттан элбэх харчыны иэс ыллыбыт. Хотонум олох хаарбах этэ, эбиитин уу ылан, туһаттан тахсыбыта. Онон саҥа хотону тутуннум уонна дьиэбин өрөмүөннээтим. Ылбыт кирэдьииппит бырыһыана наһаа улахан. Онон иэһи-күүһү уонна кирэдьиити төлөһө охсуохха наада.

2. ХатырыкБилиҥҥэ диэри гараастарыгар олороллор

Эрэнэ кэтэһэбит...

Хатырык олохтоохторо Ольга Инно­кентьевна уонна Вик­тор Кустурович СЛЕПЦОВтар Обутов уулуссатын 12-с нүө­мэр­дээх дьиэлэригэр ыйдаран кэлэбин. Иккиэн биэнсийэлээхтэр.
 
Ольга Слепцова Хатырык
 

– Ыам ыйын 18-гар ууга барбыппыт. Бүгүн алтынньы 12 күнэ. Дьиэбитигэр билигин да киирэ иликпит. “Уйгу” тутуу биригээдэҕэ уочараппытын кэтэстибит. Акылаатын куттулар. “Тоҕо кинилэри кэтэстигит?” диир буоллахха, сыаналара удамыр уонна сайыны быһа атын ыалларга дьиэлэрин хайдах өрөмүөннээбиттэрин көрдүбүт-иһиттибит. Үчүгэйэ диэн – мэктиэлээхтэр. Кинилэр Нам бөһүөлэгэр тэриллэн үлэлии олороллор, олохтоох тутуу тэрилтэтэ (сал. Иван Никитин уонна Иван Сивцев). Кинилэргэ махталбыт улахан.

Дьиэбит 82 кв.м. Төһө даҕаны күһүн ыган кэллэр, дуогабардарын толорон, биһиэхэ кэлэн үлэлэрин саҕалаатылар. Түһэрсибит дуогабарбыт бириэмэтэ кыратык аастар даҕаны, кинилэртэн тутулуга суох биричиинэнэн буоллаҕа. Ол курдук, сайын нэдиэлэни быһа бетон суох буолан хаалбыта. Ол эмиэ оҕустаҕа. “Россельхозбаан” нөҥүө дьиэбит өрөмүөнүгэр кирэдьииккэ ылбыт харчыбытын 700 тыһ. солк. “Уйгу” счётугар түспүтэ. Билигин муостабытын сиэмэнинэн бүрүйүөхтээхтэр.

– Кирэдьиит ыллыгыт дуо?

– Сүөһүлээх буоламмыт, хата “Россельхозбаан” 700 тыһ. солк. 5 сылга 5%-наах “хапытаалынай өрөмүөҥҥэ” диэн ааттаан кирэдьиит биэрдилэр. Онон улаханнык абыраатылар, махтанабыт.

– Мин көрдөхпүнэ, бары бетону куттарар буолбуттар эбит.

– Маһынан оҥордоххо, үлэтэ элбэ­ҕин таһынан, сыаналаах соҕус буолан тахсар эбит. Ол иһин бетонунан оҥор­торобут. Аны маһынан оҥорор биригээдэ эмиэ суох курдук. Бу тутуу тэрилтэтигэр баарын баар эбит даҕаны, үлэлээн бүппүттэр. Онон оҥорторор буолан баран, үйэлээҕи оҥорторор буоллахпыт.

Өссө харчы кэлиэхтээх дуу?

– Бырабыыталыыстыба ууга барбыттарга “хапытаалынай өрөмүөҥҥэ” диэн ааттаан, дьиэ 1 кв.м бастаан 7-лии тыһыынча, онтон кэнники 9-туу тыһыынча солк биэриэх буолбута да, бүгүҥҥэ диэри суох. “Федеральнай харчы кэлиэхтээх” диэбиттэрэ да, хамсыы илик. Биир үксүн ону кэтэһэн бириэмэни халтай ыыттыбыт. Эрдэттэн түспүтэ буоллар, манныкка тиийиэ суох этибит. Аны билигин кэлэн “хапытаалынай өрөмүөн харчытын өрөспүүбүлүкэ уйунар” диэн буолла. Онон хайдах-туох буоларын бу диэн чуолкай билбэккэ олоробут.

Саха тэлэбиидэнньэтигэр Ил Дархан А.С. Николаевтыын быһа эпииргэ “хаһан хапытаалынай өрөмүөн харчыта түһүөй?” диэн ыйытык биэрбитим. Ону биэрии кэнниттэн: “Федераллары кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Хаһан түһэрэ биллибэт”, – диэн “смс” эппиэт ыыппыттар этэ. Күн бүгүн, алтынньы 12 чыыһылатыгар диэри, харчыбыт түһэ илик. Онон билигин быһаарылла илик уустук кыһалҕабыт буолар.

Иккиэн биэнсийэлээх дьон ылбыт 700 тыһыынча кирэдьииппитин 5 сылы быһа төлүөхпүтүн наада. Бэйэбит 5 ый устата кэлэр харчыны кэтэһэн олорботубут. Хотоммут, баанньыкпыт, дууспут, туалеппыт, күрүөбүт-хаһаабыт – барыта ууга улаханнык барбытын сөргүттүбүт. Билигин дьиэбит өрөмүөнэ хаалла.

3. Хатырык. Слепцовтар дьиэлэрэ

– Сүөһү-ас чааһа хайдаҕый?

– 7 сүөһүлээхпит. 33 сылы быһа оттоон кэлбит Кэнэли диэн арыыбытыгар баар сирбитин кыайан оттооботубут, бириэмэ да тиийбэтэ. Паром сыаната кэлэ-бара – 36000 солкуобай, сыаната сылтан сыл ыараан иһэр. Онон, аҥаардас биэнсийэҕэ олорор дьоҥҥо олус ыарахан.

Кыһалҕабыт – өрөмүөн оҥорбут дьоммутугар төлөһүү

Хатырык олохтоо­ҕо, Парковай уулусса 14-с дьиэтигэр олорор Лена Николаевна СИВЦЕВА, уола анал байыаннай дьайыыга сылдьар:

Лена Сивцева Хатырык

– Халаан уута Хатырыгы 100% ылан бары улахан кыһалҕаҕа киирэн олоробут. Өрөмүөммүт кэм даҕаны бүтэ илик. Сорохтор уочараттаах буолан, хойут саҕалаатылар. Мин дьиэм саҥа кууран эрэр. Саҥа дьыл иннинэ бүтэрэн, дьиэбэр көспүт киһи диэн баҕа санаалаахпын.

Улахан кыһалҕабыт өрөмүөммүтүн оҥорбут дьоммутугар төлөһүү буолар. Федеральнай харчы кэлэрэ-кэлбэтэ биллибэт курдук. Онно эрэнэн, дьон-сэргэ улахан бырыһыаннаах кирэдьииккэ киирэн алдьаннылар. “Россельхозбаан” 5%-наах кирэдьиитин сөргүтэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Ону, санаабар, кэтэһэ сылдьабын. Сөргүппэтэхтэринэ, улахан бырыһыаннаах кирэдьиити ылан эрдэҕим. “Алмаасэргиэнбаан” “ууга барбыт” диэн ыспыраапкалаах буоллаххына – 21%, онтон “Россельхозбаан” 27%-наах кирэдьиити биэрэллэр эбит. Бу – боростуой дьон төлөһөрүгэр элбэх суума. Саҥа дьылга диэри дьиэҕэ киирэ охсор баҕаттан кирэдьиит ылан, салгыы оҥостор буоллаҕым. Хайыахпыный? “Федеральнай харчы кэллэҕинэ, онон сабыныаҥ буоллаҕа” диэччилэр эмиэ бааллар. Ууга барбыт олохтоох дьон бары санааларын этэллэрэ буоллар...

– Дьиэҥ өрөмүөнүгэр билигин даҕаны элбэх үлэ күүтэр эбит диэн көрөбүн.

– Мантан салгыы бэйэм оҥостуох­таахпын. Ол курдук, грунтовкалыыбын, тэҥниибин уонна бетонум үрдүнэн быыла көппөтүн диэн кырааскалыахтаахпын. Онно эмиэ үп-харчы наада.

– Оччотугар салгыы бэйэҥ өрө­мүөннэнэҕин дуо?

– Улаханын оҥорон биэрдэхтэрэ дии. Онон салгыы бэйэм оҥостор буол­лаҕым. Мээнэ ылан лүнүөлүм тэлгээн кэбистэххэ, быыла син биир көтө турар. Уопсайынан, үлэтэ элбэх эбит.

– Бэйэҥ ханна үлэлиигиний?

– М.К. Аммосов аатынан олохтоох түмэлгэ харабылынан үлэлиибин.

Дууһам кыланна

Манна даҕатан этэн аастахха, Лена Николаевна Сивцева уола АБДь-га сылдьар. Ийэ дойду көмүскэлигэр сылдьар ийэ кыһалҕата, дьиэтин өрөмүөнэ бастакы уочаракка ылыл­лыахтааҕа эбитэ буолуо да, болҕом­то тас өттүгэр хаалбыта киһини хомотор. Маны хайдах өйдүөххэ, быһаа­рыахха сөбө эбитэ буолла?! Дьиэтэ ууга барыаҕыттан, 5-с ыйын ыалларынан хонуктаан сылдьар эбит. Бастакы ыйыгар үлэлиир сиригэр, түмэлгэ, олоро, хоно сылдьыбыт. Маны истэн, сүрдээҕин соһуйдум, кыбыһынным.

ЭН уонна МИН чуумпу, эйэлээх олоххо олорорбут туһугар тыынын толук уурарын кэрэйбэккэ, инники кирбиигэ сылдьар оҕолоох ийэ кы­һалҕатын өйдөөбөппүт, эчи, сүрү-үн!.. Үрдүкү былаастар, сылаас кириэ­һилэҕэ хам сыстан олорор чунуобунньуктар! Олорор сиргититтэн оронон тураҥҥыт, бу аҥаардас ийэ оннугар ыалы ыалынан хонуктаан сылдьан, бэйэҕит эккитинэн-тириигитинэн боруобалаан көрүҥ даа... саатар, биир хонукка, биир ыйга. Оччоҕуна эрэ өйдүө эбиккит буолуо дуу! Саарбах...

Дьиэтин муостата бетонунан көрөн сытар. Саалатыгар биир орон турарын бэлиэтии көрөн ыйыппыппар, бэрт симиктик: “Мантан инньэ, баҕар, дьиэбэр хонуом дуу диэн санааттан, бэҕэһээ киллэрэн туруоруммутум”, – диэн саҥарбытыгар дууһам айманна. Оннук долгуйдум, көмөлөһөр кыаҕа суохпуттан абаран, кыһыыбыттан сымыһахпын быһа ытырдым (Лена Николаевнаттан ылбыт интервьюбун аллара баар куар куодка төлөпүөҥҥүтүн даҕайан истээриҥ дуу). Биир эмэ үтүө санаалаах, кыахтаах дьон баар буоллаххытына, оҕото байыаннай дьайыыга сылдьар аҥаардас ийэҕэ көмөлөһөргүт буоллар, оҥорбут үтүөҕүт уон оччонон эргиллиэ этэ. Тэлгэһэтигэр “чэпчэтинэр сирэ” сайын уу суулларан барбытынан сытаахтыыр. Саатар, ону көннөрөн, туруору анньан биэрэр үтүө санаалаах киһи көстүбэтэҕэ, эчи, сүрү-үүн... “Мир не без добрых людей” өс хоһооно бу түгэҥҥэ олус наадалааҕын, суолталааҕын өйдүүгүн.

Биэнсийэлээхтэргэ кирэдьиит биэрбэттэр

Люция Петровна ЭВЕРСТОВА, 73 саастаах, биэнсийэлээх:

– Харчы кэтэһэммит, өрөмүөннэм­мэккэ дьиэбэр киирэн эрэбин. Халаан уута дьиэбин түннүгэр тиийэ ылбыта.

– Оччоҕуна кыстаары олороҕун дуо?

– Кыстыыбын. Уолум сайын муостатын аннын көтүрбэккэ эрэ куурдубута буолбута.

– Уу саба халыйан кэлэригэр дьиэҕэр баарыҥ дуу?

– Бэйэм норуот эмчитэбин. Ол күн икки эмээхсини илбийэ дьиэбиттэн таапачыканан эрэ тахсыбытым. Онтон төннөн кэлэрбэр дьиэм уунан туолбут этэ. Сүрдээх күүстээхтик кэлбитэ. Үрэҕи туоруур тимир муостаны бүтүннүү илдьэ барбыта! Үйэҕэ хаһан да буолбатах күүстээх уу кэлэн барда.

– Инникитин хайдах өрөмүөн­нэнэҕин?

– Оттон кэлиэхтээх харчыны кэтэһэр буоллахпыт. Бэйэм сааһым 73-м. “Биэнсийэлээххин” диэн кирэдьиит биэрбэттэр. Онон хапсыбаппын.

4. Модут өрөмүөнэ бүппэтэх дьиэтэМодут өрөмүөнэ бүппэтэх дьиэтэ

Модукка 131 ыал ууга барбыта...

Иллэрээ күн, алтынньы 21 күнү­гэр, Модут бөһүөлэгэр “суолум, дьэ, аһылынна”. Бу иннинэ хаста даҕа­ны төхтүрүйэн бара сатаабытым табыллыбатаҕа. Илэ көрөн, тустаахтары кытта кэпсэтэн матырыйаал оҥоруом, эбиитин хаартыскаҕа, биидьийэҕэ устуом диэбит ыра санаам “салгыҥҥа ыйаммыта”. Төлөпүөнүнэн ыйыталаһа сатаан кэбиспитим даҕаны, ким да иннинэн буолан сөбүлэҥин биэрбэтэҕэ. Тоҕо эбитэ буолла? “Ити аата, модуттары халаан уута улаханнык кыһарыйбатах, эриэ-дэхси балаһыанньалаахтар дуу” диэн санаа үөскээбитэ.

Манна даҕатан эттэххэ, от ыйынааҕы матырыйаалбар суруйаары бара сатаабытым эмиэ табыллыбатаҕа. Дьэ, дьикти...

Онтум баара...

Хата, эдэр баһылык Е.Е. Гоголев бэйэтинэн ыҥыран, көрсөн, кыһалҕа­лаах дьон дьиэлэригэр-уоттарыгар сырытыннаран, балаһыанньаны били­һиннэрдэ, олохтоохтор санааларын билистим. Онон, Ефим Ефимовичка “үрдүкү салалта кырыы хараҕар түбэ­һиэм” диэн толлубакка, баары баарынан көрдөрбүтүгэр махтал.

Ефим ГОГОЛЕВ, Модут нэһилиэ­гин баһылыга:

Нэһилиэкпитигэр 131 тэлгэһэ ууга барбыта. Онтон 81 ыал улаханнык эмсэҕэлээтэ. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, Аммосов уулусса 22-с дьиэтигэр олорор Сандулиннар дьиэлэрин өрөмүөнэ эрэ бүппэтэ. 10-ча ыал бэйэлэрин күүстэринэн кыратык, онтон атыттар кирэдьиит ылан, хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуннулар. Уу халааныгар уопсастыбаннас күүскэ үлэлээтэ, сорох министиэристибэттэн кэлэн субуотунньуктаатылар. Суол оҥоһулунна. Даамбаҕа буор кутулунна. Тутуу тэрилтэлэрэ үлэлээтилэр. Үлэ барыта барда.

Ол эрээри кыһыыта, хомолтото... баччааҥҥа диэри харчыны биэрбэтилэр. Үлэ төлөммөтө, тустаахтар төлөбүрдэрин кэтэһэллэр. Хотон харчыта саҥа хамсаан эрэр. Түмүгэр нэһилиэнньэ сүүйтэриилээх хаалла – дьон кирэдьииккэ иэскэ киирдилэр. Үбү-харчыны кэмигэр биэрбиттэрэ буоллар, маннык уустук балаһыанньа буолуо суох этэ. Дьон доруобуйата мөлтөөтө, уйулҕаларыгар охсуу ыллылар.

Этэргэ чэпчэки. “Субуотунньукта тэрийиҥ, дьонно, биригээдэтэ туруоруҥ!” – диэн. Тыа сирин олоҕун бэйэҕит билэҕит – тыа дьонун ото-маһа, сүөһүтэ-сылгыта, өрөмүөнэ. Кыһалҕата элбэх... Мунньах үөһэ мунньах оҥороллор. Онно нэһилиэк баһылыктарыгар тыл этиттэрбэттэр. Интэриэһинэйэ онно сытар. Аны биири ситэри өйдөөбөппүн: Ил Дархаммыт А.С. Николаев этиитин тоҕо түргэнник толорботторуй, кини эппитэ күнүнэн оҥоһуллан иһиэхтээх этэ буоллаҕа. Манна толоруулаах былаас (исполнительная власть) үлэтэ, хонтуруола ситэтэ суоҕа көстөр. Кыстык кэллэ. Балаһыанньа уустук.

Гаас оһохпут сотору-сотору умуллан эрэйдиир

Мария МАКАРОВА, биэнсийэлээх, Модут нэһилиэгин олохтооҕо:

Мария Макарова Модут олохтооҕо

– Быйыл саас эмискэ баҕайы улахан ха­лааҥ­ҥа нэһилиэк улахан аҥаара, 80%-на ууга баран, соһуччу улахан охсууну ылан, бары даҕаны иҥнэл-таҥнал, күөрэ-лаҥкы баран ыллыбыт. Олохтоох дьаһалтабыт күүс-көмө, өйөбүл буолан, улахан аймалҕан тахсыбата. Өрөспүүбүлүкэттэн араас тэрилтэлэр, волонтёрдар кэлэн бөхпүтүн-сыыспытын ыраастыырга көмөлөһөн, син суулаһан, бөрөнөн олоробут.

Сайынын дьиэбит муостатын бүтүн­нүү ыһан салгылаттыбыт. Тэлгэ­һэҕэ баар баанньыкпыт, гарааспыт, хотоммут, тиэхиньикэбит, булууска баар эппит-аспыт бүтүннүү ууга барбыттара. Сайыны быһа ону оҥосто сатаатыбыт. Иккиэн биэнсийэлээхпит. Оҕолорбут үлэлэрин быыһыгар кэлэн көмөлөһөн, өрө тарда сатыыллар.

Кыстыкка киириигэ дьиэбит аҥаа­рын оҥоһуннубут, аҥаарын – суох. Көмө харчы оҥоһуллара уустук буолла быһыылаах. Бастакы түспүт 50 тыһыын­ча солкуобайтан ураты көмө суох.

– 100 тыһыынчалаахха тоҕо хапсыбатыгыт?

– Хапсыбатахпыт. Хамыыһыйа оннук быһаарбыт. Онон бааннартан кирэдьиит ылан, ону матайдаатыбыт. Биэнсийэбитин бүтүннүү онно уга олоробут.

– Хас буолан олороҕутуй?

– Уолбут, сиэммит уонна кэргэмминиин 4-пүт. Онон 200 тыһ. солк. көмө харчыны ыллыбыт. Ол харчыбытын сыыска-буорга түһэрбэккэ, муоста хаптаһынын атыыласпыппыт. Муостабытын бүтүннүү көтүрэн, сараҕыта сатаатыбыт да, улаханнык куурбата. Дьиэҕэ киирии өттүн уонна оҥкучахпыт баар сирин саҥаттан муосталаатыбыт. Бу өттүн (саалатын, утуйар хосторун ыйан көрдөрөр) урукку мастарын ылан төттөрү уурталаатыбыт. Гаас оһохторбут ууга барбыттара. Билигин даҕаны сотору-сотору умулун да умулун буолаллар. Гаастары хаста даҕаны ыҥыра сырыттыбыт. Кутталлаах баҕайы. Саҥа гаас оһоҕу атыылаһар үппүт-харчыбыт суох.

“Саҥа дьылга диэри оҥостубатаххытына, өрөмүөн харчытыгар хапсыаххыт суоҕа, испииһэктэн көтүөххүт”

Любовь Дмитриевна ЕВСТАФЬЕВА, Модут олохтооҕо:

Любовь Евстафьева Модут

– Дьиэбитигэр бү­түн­нүү хапытаа­лынай өрө­мүөн оҥортордубут. Саҥаттан акылаат түһэрдибит. Бетон акылаат оҥорор үлэлээбит бэдэрээтчиккэ (С.В. Макаров) 300 тыһ. солк.суумаҕа иэскэ олоробут. Федеральнай харчыны кэтэһэбит. Кэлэрэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ. Ол харчыны кэтэһэн оҥостубакка олорбуттар, онтон ыксаан кирэдьиит бөҕөтүн ылбыттар эмиэ бааллар. Улуус баһылыга Ю.И. Слепцов кыттыылаах мунньахха: “Саҥа дьылга диэри оҥостубатаххытына, өрөмүөн харчытыгар хапсыаххыт суоҕа, испииһэктэн көтүөххүт”, – диэбиттэрэ.

– Хотонуҥ ууга барбыта дуу?

– Хотоммут ууга барбыта эрээри, үп-харчы суох буолан оҥостубатыбыт. 20-чэ сүөһүнү кыстатаары турабыт, онтон ыанара – 7. Быйыл от үүнүүтэ мөлтөх соҕус. Оттоотубут эрээри, син биир тиийбэт. Онон атыылаһарбыт буолуо. Өрөмүөнүнэн буолан, сайын үүт туттарбатыбыт. Ый курдук мэччирэҥҥэ сылдьан баран, бу бэҕэһээ эрэ кэллилэр (20.10.24).

* * *

Акулина Алексеевна ДЬЯКОНОВА, Модут олохтооҕо:

Акулина Дьяконова Модут

– Ыал үксэ ууга барбыта. Бэрт ахсааннаах ыал ууга барбакка хаалбыта. Уу кэлбитигэр докумуоннарбытын эрэ быыһаан хаалбыппыт. Дьиэбититтэн оҥочонон кэлэн ылбыттара. Ууттан эмсэҕэлээбит 250-ча киһи оскуола успуорт саалатыгар түһүүлэммитэ. Бэйэм оскуолаҕа пуобардаабытым 30-ча сыл буолла. Дьиэ-уот, сүөһү-ас умнуллан, онно баар көмөҕө кэлбит дьону-сэргэни, олохтоохтору аһаппыппыт. Ыйы кыайбат кэм устата 200-чэ киһини күҥҥэ 4-тэ аһатарбыт.

– Бу дьиэҕитин өрөмүөннэммэтэх эбиккит.

– Үп-харчы кыайтарбакка, кыстыыр эрэ дьиэбин өрөмүөннээн онно олоробун. Сиэмминиин 200 тыһ. солк. көмө харчыны ылбыппыт туохха да тиийбэт.

– Инникитин бу дьиэҕэр туох былааннааххын?

– Хайдах эмэ гынан чөлүгэр түһэр­дэхпинэ сатанар. Олоро сылдьыбыт дьиэм буоллаҕа.

ТҮМҮККЭ

Дьэ, бу курдук халаан уутугар улаханнык эмсэҕэлээбит Нам улууһун Маймаҕа, Хатырык уонна Модут нэһилиэктэригэр хас да күннээх сырыым түмүктэннэ. Киһи үөрэ, хайгыы истибэт уустук балаһыанньаҕа олороллорун көрөн, санаам саппаҕырда. Үөһээ салалтаттан биир эмэ үрдүк сололоох ыалларынан сылдьан, дьиэлэрин-уоттарын, тэлгэһэлэрин, хотоннорун көрөрө-истэрэ буоллар даа-а! Сорох-сорохтор билигин даҕаны баанньыктарыгар, гараастарыгар олороллор. Онтон таһырдьа тоһуттар тымныылаах кыстыкпыт кэлиэ турдаҕа.

Саатар, былаас өттүттэн эрэннэриллибит “федеральнай үбү-харчыны киһилии быһааран, көмө оҥоро охсоллоро буоллар” диэн дьон-сэргэ санаатын этинээхтиир. Олохтоох дьон барахсаттар сарсыарда санаабытынан уһуктар, киэһэ санаабытынан утуйар, туолар дуу туолбат дуу, ыра санааҕа кубулуйбут көөчүктэммит харчы буолбутун ороһуйа истэҕин. Үгүс киһи улахан бырыһыаннаах кирэдьиит ылан, утуйар уута көппүтүн, ис туругар охсуу ылбытын сүрэххинэн сэрэйэҕин.

Онон, үрдүкү былаас салалтата, халлаантан сиргэ түһэҥҥит, тыа дьонун бүгүҥҥү сүрүн кыһалҕатыгар кубулуйбут, бэйэҕит эрэннэрбит “үпкүтүн-харчыгытын” суһаллык быһаара охсор кэм тирээн кэлбитин умнумаҥ! 

Саргылаана БАГЫНАНОВА, Дьокуускай–Нам–Маймаҕа–Хатырык–Модут.