Киир

Киир

НАТО дойдулара икки сирэй бэлиитикэтин ыыталлара тохтообот. Эмиэрикэ байыаннай министиэристибэтэ, бэрэсидьиэннэрэ Д.Байден “биһиги Украина туһугар Арассыыйаны утары быһаччы сэриигэ кыттыбаппыт, ядернай сэрии тахсыа суоҕа” дииллэр. Оччотугар АХШ аан дойдуга элбэхтик сэриилэспит 101№-дээх салгыннааҕы десант дивизиятын Румынияҕа тоҕо аҕалбыта өйдөммөт. Польша, Германия эмиэ сэриилэрин бэлэмнииллэр үһү дииллэр.

Ядернай провокация куттала

Бу өрөбүллэргэ Украина ядернай буомба туттуулаах провокацияны бэлэмниирин туһунан айдаан саҕаланна. Арассыыйа оборуонатын миниистирэ С.Шойгу АХШ, Англия, Турция, Франция оборуоналарын миниистирдэрин кытары  Украина өттүттэн “радиациялаах, кирдээх буомба” туттуулаах провокация тахсыан сөп диэн кэпсэппит. Украина икки собуотугар радиоактивнай бэссэстибэлэри киэҥ сиргэ ыһар кыахтаах буомбалары, сэнэрээттэри бэлэмнии сылдьаллар үһү. “Кирдээх буомба” ядернайтан уратыта диэн, ядернай реакция барбат. Буомба иһигэр радиоактивнай бэссэстибэни кытта буораҕы угаллар. Оннук иитиилээх буомба, сэнэрээт эһиннэҕинэ, киэҥ сиргэ радиация ыһыллар. Ити – ядернай терроризм биир көрүҥэ. Эмиэрикэ 1999 с. Югославия үрдүнэн оннук 15 т “дьадатыллыбыт, кыра радиациялаах ураны” буомбалаан ыспыта. Ол түмүгэр Сербия Европаҕа араак ыарыыга 1 миэстэҕэ тахсыбыта.

Зеленскэй итинник ядернай провокация оҥорон, аан дойду уопсастыбаннаһыгар Арассыыйа ядернай сэрии сэбин тутунна диэн айдааны таһаараары гынар. Украина салалтата сымыйалыырга үөрүйэх. Быгыһын Киев анныгар Буча диэн сиргэ дьон бөҕөтүн бэйэлэрэ өлөрөн баран, Арассыыйаны буруйдаан провокациялаабыттара. “Кирдээх буомбаны” ол курдук провокациялаары гыналлара чахчы. Бэрэсидьиэннэрэ Зеленскэй итинник албаһыран, НАТО-ны Арассыыйаны утары сэриигэ тардаары гынар. Эмиэрикэ өссө урут Арассыыйа Украинаны утары ядернай сэрии сэбин тутуннаҕына, сэриигэ киирэбит диэн турар. Зеленскэй провокациянан бэйэтин интэриэһин ситиһэр инниттэн ядернай сэриини саҕалыыртан туттумматын көрдөрдө. Оттон “кирдээх буомбалары” эспит сирдэригэр уонунан тыһыынча киһи сүһүрэр, радиация тарҕаммыт Украина сирэ 50 сыл туттуллубат буоларыгар долгуйан да көрбөт.

Арҕаа дойдулар “Украина тоҕо бэйэтин сиригэр радиацияны ыһыаҕай?” диэн, Шойгу сэрэтиитин итэҕэйбэт курдуктар. Ким билиэй, баҕар, соруйан “ядернай провокацияны” күүтэллэрэ буолуо.

Зеленскэй буруйун суолун саптан, “Шойгу аан дойдуга атомнай буомба туһунан төлөпүөннүүр буоллаҕына, Арассыыйа ядернай сэрии сэбин туттаары гынар эбит” диэн утары баайсыбыт. Кини атын дойдуларга Шойгуну ким да билиммэт эҥин диэбит. Дьикти билээҕимсийии: аан дойдуга саамай элбэх ядернай сэрии сэптээх дойдуну кытта хайдах ким да аахсыбат буолуой?

Аны Украина ядернай сэриитин сэбэ суох да, Зеленскэй хантан ылан “Арассыыйа Киевкэ Украина салалтата олорор Банковай уулуссатын ытыалаатаҕына, Кириэмилгэ ядернай охсуу оҥоруохпут” диэн сүр эрэмньилээхтик, буомбаны сатаан тиэрдэр курдук тыллаһар? Ол аата, арҕаа дойдулары кытта Арассыыйаны утары тугу эрэ бэлэмнээбит буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, Украина билигин Москубаҕа тиийэр ырааҕы ытар сэриитин сэбэ суох.

С.Шойгу төлөпүөнүнэн көрдөспөккө, арҕаа дойдуларга “Зеленскэй ол-бу буолан, ядернай сэриинэн оонньооботун, оройго биэриҥ” диэн күүстээх ультиматум туруорбута чахчы. 1962 с. аан дойду ядернай сэриитэ тахса сыспыт “Карибскай кириисиһин” оччотооҕу дьон сэрии кутталын эттэринэн-тириилэринэн билэр буолан тохтоппуттара. Хиросима, Нагасаки умнулла илигэ. Билиҥҥи дьон ядернай сэриини тэлэбиисэринэн эрэ билэллэр.  Өссө кутталын, иэдээнин ситэ да өйдөөбөттөр. Билигин аан дойдуну букатын атын элиитэ баһылаан олорор. Киһи аймаҕы ядернай сэриигэ умса анньары кэрэйбэт курдуктар.

Аан дойдуга саамай кутталлаах “Х чаас” сэтинньи 8 күнүгэр буолар Эмиэрикэ быыбарын кэннэ үөскүөн сөп дииллэр. Бу күн аан дойдуга ыгыллыбыт саамай ыарахан тыҥааһын хайа диэки тоҕо тэбэрэ биллиэхтээх. Дэмэкирээттэр хотторор түгэннэригэр, геобэлиитикэ тосту уларыйар. Украина дэмэкирээттэргэ очукуо эбээри, ити күҥҥэ диэри Арассыыйаны “кэһэтэн Байденнааҕы үөрдэр” улахан иэдээни оҥоро сатыы олорор. “Радиациялаах провокацията” сатамматаҕына, Каховкатааҕы ГЭС быһытын аракыатанан тоҕута ытыалаан алдьатан, хаайтаран турар ууну ыытан, Херсон куоратын, Арассыыйа састаабыгар киирбит сирдэргэ баар  80 нэһилиэнньэлээх пууну 5 м үрдүктээх уу долгунунан  тимирдэр былааннаах. Бу уу ааһыар диэри, Арассыыйа элбэх сэриитэ тимириэҕэ диэн суоттуур. Ону таһынан 3 күн ууга хаайтаран, бу сэриилэр хааччыллыыта суох хааллахтарына, украиналар Херсон куораты улахан утарсыыта суох ылыахпыт диэн суоттаналлар. Ол эрээри Арассыыйа аармыйата мээнэ олорон биэрбэтэ чахчы. Кэлиҥҥи күннэргэ Украина сэриилэрин атаакаларын барытын самнара олороллор.

Кытай бэйэтин суолун хайда

Бу күннэргэ Кытайга улахан, аан дойдуга биллэр сабыдыаллаах быһаарыылар таҕыстылар. Кытай комбаартыйатын ХХ сийиэһэ Си Цзиньпиҥҥэ анаан, сокуону уларытан, үһүс төгүлүн дойдуну салайтара хаалларда. Ити билиҥҥи аан дойдуга быһыы-майгы кытааппыт кэмигэр Кытай уҥа-хаҥас халбаҥнаабакка, биир үөһү тутуһан барарын туһугар оҥордулар дииллэр. Урут баартыйа генеральнай сэкирэтээрэ икки эрэ болдьоххо олороро.

Улахан уларыйыылар саҕаламмыттара сийиэс кэмигэр Си Цзиньпин аттыгар олорбут, 2002-2012 сс. Кытайы салайбыт Ху Цзиньтаоны аан дойду барыта көрөн турдаҕына, тутан таһаардылар. Ху Цзиньтао эргимтэтэ Эмиэрикэни, арҕаалары кытта сыһыаны өрө тутар, ордук сыаналыыр дьон эбиттэр. Ол иһин Кытай арҕаа дойдулары утары барарын утарса олорбуттар. Ху Цзиньтаоны тутуу Кытай судаарыстыбата Си Цзиньпин лииньийэтин  ылыммыт диэн бэлиэ биэрэр. Ху Цзиньтаоны ыалдьыбыт дииллэр да, кини сийиэс бүтүөр диэри көстүбэтэх. Си Цзиньпин үһүс болдьоххо талыллыбытын Эмиэрикэ, Украина сөбүлээбэтилэр. Сийиэс Си Цзиньпин Кытай Тайваны бэйэтин сабыдыалыгар төннөрөр, аармыйатын күүскэ сэбилиир, күүһүрдэр былаанын ылынна. Кытай либеральнай кууруһа бүттэ дииллэр.

Си Цзиньпин илиитэ Эмиэрикэни өйүүр дьонтон босхоломмутунан, Кытай Тайвань арыытын сэриилээн ылара түргэтииһи диэн сэрэйии элбээтэ. Эмиэрикэ ити быһаарыылартан Кытайга сыһыаннаах бэлиитикэтин уларытарга күһэллиэхтээх.  Тайваны Кытай күүһүнэн ыллаҕына, Эмиэрикэ бу региоҥҥа баһылыыр оруола сүтэрин бэркэ өйдүүр. Онон Тайваны көмүскээн, Кытайдыын киирсэр түгэнигэр Украина иккис былааҥҥа көһөн, умнуллар. 

Оттон билигин Эмиэрикэ уонна Кытай икки ардыларыгар  сэрии сэбин оҥоһуутугар куоталаһыы саҕаланна. ССРС 80-с сыллар бүтэһиктэригэр итинник күрэстэһиигэ хотторон эстибитэ.

Орто Азия, Кавказ уҥуора дьалкыллар

Урукку ССРС өрөспүүбүлүкэлэригэр балаһыанньа тыҥааһыннаах. Балаҕан ыйын бүтүүтэ Армения Азербайджан икки ардыгар буолбут хааннаах ытыалаһыыларга икки өттүттэн 300 кэриҥэ киһи өлбүт. Бу иирсээн эмиэ күөдьүйэр туруктаах. Армения туруорсуутунан, манна Евросойуус 40 кэтээн көрөр дьонун ыытар буолла. Туох билиэй, “күөх кааскалаах эйэни олохтуур” сэриилэри киллэрэн, Евросойуус иирсээни өссө дириҥэтэн иэдээни таһаарара дуу?

Орто Азияҕа Таджикистан уонна Кыргызстан балаҕан ыйыгар күөдьүйэ сылдьыбыт сэриилэрэ тохтообут курдук да, Таджикистан атаҕастаммыт курдук сананара тохтуу илик. “Киин Азия – Арассыыйа” диэн саммикка бэрэсидьиэннэрэ Эмомали Рахмон “ССРС кэмигэр кыра өрөспүүбүлүкэлэргэ, кыра норуоттарга болҕомто суоҕа, үгэстэр, абыычайдар тутуһуллубаттара” диэн В.Путиҥҥа уруккуну сөбүлээбэтин эттэ.  Оттон ССРС үтүөтүнэн Таджикистан туспа судаарыстыба буолбутун, ГЭС тутан, оскуола, балыыһа туттаран сайыннарбыттарын букатын санаабата. Биллэрин курдук, Орто Азия өрөспүүбүлүкэлэрэ 1924 с. урукку биир кэлим Туркестантан, ыаллыы сытар Бухара уонна Хорезм эмираттарыттан Сталин тыырыытынан үөскээбиттэрэ. Онно сорох сирдэргэ омуктар күүс өттүнэн араарыллыбыттара, сорох сир атын өрөспүүбүлүкэлэргэ бэриллибитэ. Онон Орто Азияҕа иирсээннэр улаханнык биллэ иликтэр да, күөдьүйэн тахсар туруктаахтарын кэмиттэн кэмигэр оргуйан тахсар хааннаах иирсээннэр көрдөрөллөр.

Улахан иэдээн Белгородка мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт  3 таджик саллаата бииргэ сулууспалыыр дьоннорун ытыалаабыттарыттан таҕыста. Быйыл кыһын Казахстаҥҥа улахан алдьархай тахса сыспыта. Орто Азияҕа иирсээн күөдьүйүүтэ аан дойду геобэлиитикэтин алдьаныытын биир туоһута.

Арассыыйаны аһаҕастык өйөөһүн

Сайын Эмиэрикэ бэрэсидьиэнэ Джо Байден Саудовскай Аравияҕа баран ньиэби элбэҕи хостуурга көрдөспүтүн “хокуоска” туттаран ыыппыттар этэ. Байден ырыынакка арааптар ньиэптэрин элбэтэн,  Арассыыйа ньиэбин сыанатын түһэрэн, кэһэтэр былааннааҕа. Ол эрээри арааптар Байдены күлүү гынан, умнаһыт курдук карикатуралаабыттарын көрбүт буолуохтааххыт. Аҕыйах хонуктааҕыта ньиэби хостооччулар ОПЕК тэрилтэлэрэ ньиэп хостооһунун сууккаҕа 2 млн баррелынан аҕыйатарга быһаарбыт. Бу быһаарыы элбэх кииннээх аан дойду үөскээн эрэрин көрдөрөр. Арааптар урут Эмиэрикэни утары барбаттара. Ол бэйэлэрэ аан бастаан “Вашингтон обкуомуттан” ыйыппакка, төттөрүтүн, Эмиэрикэни кэһэтэ түһэргэ быһаарбыттар.

Бу арааптар өттүлэриттэн Арассыыйаны өйөөһүн буолар. Билигин Евросойуус Арассыыйа ньиэбин атыылаһар сыананы быспыта, онтон үөһэ атыыласпаппыт, аан дойдуга атыылааччы элбэх диэбиттэрэ. Оттон бу ОПЕК хостооһуну аҕыйатыыта ити былааны алдьатар, сыананы түһэрбэт. Ол түмүгэр Эмиэрикэҕэ бэнсиин сыаната үрдүүр түгэнигэр, сэтинньи 8 күнүгэр ыытыллар Сенат быыбарыгар дэмэкирээттэр хотторуохтарын сөп.

Күһүн төһө да Европаҕа сылаас буоллар, гааска, уматыкка сыана үрдүүрүн, эниэргийэни туттууну  хааччахтыыры, олох ыарыырын утарар улахан миитиннэр, демонстрациялар саҕаланнылар. Парижка уонунан тыһыынча киһи уулуссаҕа тахсан, сыана үрдүүрүн тохтотору, бэрэсидьиэннэрэ Макрон уурайарын, Франция НАТО-ттан, Евросойуустан тахсарын туруорсаллар. Еврохамыыһыйа салайааччыта Урсула фон дер Ляйен Украинаҕа ый аайы 1,5 млрд евроны биэрэрин утараллар. Европа дьоно Украинаҕа билбэт сэриилэригэр сылга 18 млрд евроны таах биэрэри, оттон ити кэмҥэ кэнтиниэҥҥэ үлэтэ суох буолууну, сыана күүскэ үрдүүрүн тохтотору ирдииллэр.  Германияҕа ааспыт өрөбүллэргэ сыана үрдүүрүн бырачыастыыр миитиҥҥэ 20 тыһ. тахса киһи тахсыбыт. Ньиэмэс пиэрмэрдэрэ гаас сыаната үрдээн, кэлэр кулун тутартан Германияҕа ас-үөл тиийбэт буолуо диэн сэрэппиттэр.

Европа Арассыыйа гааһыттан аккаастанан, Эмиэрикэ гааһын ылар буолбута. Ол эрээри “улахан убайдара” албыннаабытын, дьэ, өйдөөн көрдүлэр. Франция бэрэсидьиэнэ Э.Макрон Эмиэрикэ Европаҕа атыылыыр гааһын сыаната олус үрдүк диэн кириитикэлээтэ. Кини: “Эмиэрикэ гааһын Европаҕа 3-4 ыаратан атыылыыра, ити икки сирэйдээх ыстандаарт”, – диэн айдаарар. Оччотугар Эмиэрикэ Европаҕа бэйэтин гааһын ыарахан сыанаҕа батараары, Арассыыйаны утары сааҥсыйалары киллэртэрбит, “Хотугу сүүрүк-2” диэн Балтийскай муора анныгар сытар турбабытын алдьаттарбыт буолан тахсар. “Хаан биир да, хармаан атын-атын” диэн итини этэр буоллахтара.

“Оонньообуттара
оҕус буолбут”
 

В.Зеленскэй Украина бэрэсидьиэнэ буоларыгар “Арассыыйалыын сэрии буолуо суоҕа, Минскэй эйэлээх сөбүлэһиилэрин толоруом, эйэни уонна норуот былааһын оҥоруом” диэн эрэннэрбитэ. Украина норуота Зеленскэйгэ Порошенконы утаран, эйэни аҕалыа диэн итэҕэйэн куоластаабытын элбэх эспиэр ыйар. Ол эрээри киһилэрэ, эрэннэриилэрин толорбокко, албыннаабыта көстөр. 

Зеленскэй “бүтэһик украинецка диэри сэриилэһиэхпит” диэн дьону салгыы иирдэр. OSINT диэн аһаҕас тахсар импэрмээссийэлэртэн хомуйан иһитиннэрии оҥорор, арҕаа дойдуларга баар тэрилтэ ааҕан таһаарбытынан, Украина олунньу  24 күнүттэн саҕалаан, барыта 402 тыһ. сэриитин дьонун сүтэрбит. Олортон 387 тыһ. өлбүт. Ол иһигэр Польшаттан, Прибалтикаттан, Румынияттан харчыга наймыламмыт 54 тыһ. сэрииһит өлбүт.

Ити курдук, кэмиэдьийэ киинэ артыыһа манипуляциялаан, былааска тахсан, Украина норуотугар улахан алдьархайы оҥорбута көстөр. Украина норуота Зеленскэйи хаһааҥҥа диэри тулуйан олоруой?

Владимир Степанов