Киир

Киир

Үгэскэ кубулуйбут “Дыгын оонньууларын” саха успуордун сэҥээрээччилэр сылы супту күүтэллэр. Быйылгы Улуу Туймаада хочотун бастыҥнара Егор Филиппов (Хаҥалас), Николай Матаннанов (Таатта) уонна Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү) буоллулар. Бэлиэтээтэххэ, бу күрэххэ элбэх саҥа аат иһилиннэ, эдэр спорстменнар кыттаннар, көрөөччүлэр интэриэстэрэ хаһааҥҥытааҕар да улаатта.

Быйылгы күрэхтэһиигэ бэлэмнээҕин, кыахтааҕын, кыайыыга дьулуурдааҕын көрдөрбүт уонна иккис миэстэни ылбыт Николай Матаннанов – “Кыым” ыалдьыта.

– Николай, бастатан туран, эйигин “Дыгын оонньууларыгар” бочуоттаах иккис миэстэ буолбуккунан эҕэрдэлиибин. Дьэ, кэпсэтиибитин саҕалыахха...

– Үтүө күнүнэн! Мин Таатта Ытык Күөлүгэр 1991 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Тааттатааҕы гимназияны 2008 сыллаахха бүтэрбитим уонна ХИФУ үп-экэниэмикэ институтугар үөрэнэн, экэнэмиис идэтин баһылаабытым. Билигин “Алмаасэргиэнбаан” тэрилтэҕэ үлэлиибин. Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтэххэ, бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Быраатым үһүс кууруска эмиэ үп-экэниэмикэ институтугар үөрэнэр, төрөппүттэрим Петр Иннокентьевич уонна Анна Николаевна Матаннановтар Дьокуускайга көһөн кэлэн, биһиэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолан олохсуйбуттара син ыраатан эрэр. Кэргэннээхпин, истиҥ тапталбыт туоһута кырачаан кыыстаахпыт. Сайын ахсын дьиэнэн дойдубутугар, дьиэбитигэр-уоппутугар тахсан сынньанар, самаан сайыны дуоһуйа атаарар үтүө үгэстээхпит.

– Сахаҕа удьуор утума диэн өйдөбүл баар. Эн өбүгэлэргэр спортсменнар бааллар дуо?

– Мин аҕам уонна кини бииргэ төрөөбүт быраата, убайдара – спортсменнар. Аҕам быраатыныын мас тардыһыыга успуорт маастардара. Кыра эрдэхпиттэн аҕабын кытары күрэхтэһиилэргэ барсан көрөр, сылдьыһар этим. Уопсайынан, спортсменнар улахан күрэхтэһиигэ хайдах бэлэмнэнэллэрин эрдэттэн билэн улааппытым. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыстаныынан дьарыктаммытым. Син балачча элбэх күрэхтэргэ кыттан, бастакы кыайыы өрөгөйүн уонна хотторуу аһыы амтанын билбитим. Өссө “Доҕордоһуу” диэн норуот ансаамбылын иитиллээччитэбин. Ансаамбыл салайааччыта – Валентин Козлов. Эбэн эттэххэ, миэхэ үҥкүү олохпор сүҥкэн суолталаах. Үҥкүү алыптаах эйгэтигэр уһуйуллан, тулуурдаах-дьулуурдаах буоларга үөрэммитим. Бээ, өссө үҥкүүгэ тапталым “Кылыыҥкай” ансаамбылтан саҕаламмыта. Алын кылааска үөрэнэ сылдьан, Розалия Ивановаҕа үҥкүүһүт буолар ыралаах кэлбиппин олус күндүтүк саныыбын уонна учууталларбар наһаа махтанабын.

IMG 5553

– Идэни талыы диэн киһи олоҕор биир саамай эппиэттээх кэм. Эн, успуорка да ситиһиилээх, култуура да эйгэтигэр талааннаах киһи, хайдах экэнэмиис буоларга санамыккыный?

– Хара маҥнайгыттан үөрэхпэр олус эппиэтинэстээх этим. Онон идэбэр бэриниилээхпин диэххэ сөп. Устудьуоннуу сылдьан олус көхтөөх этим. Туох баар тэрээһин миигинэ суох ааспата (күлэр). Ол курдук, үҥкүүбүн бырахпакка илдьэ сылдьыбытым, оннооҕор брейк, хип-хоп диэн көрүҥнэринэн үлүһүйэ сылдьыбытым. Өссө үс сыл ушунан уонна үс сыл харбааһынынан дьарыктаммытым.

– Дьэ, эрэ, онтон “успуордунан дьарыктанар эбиппин” диэн күүстээх санааны хаһан ылыммыккыный?

– Аан бастаан 2011 сыллаахха “Дыгын оонньууларын” кэлэн көрбүтүм. Үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри мас тардыһыытынан да, многоборьенан да дьарыктамматаҕым. Дьэ, 2013 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, үс сыл мас тардыһыытынан уонна пауэрлифтинынан дьарыктанан барбытым. Ити курдук эрчиллэн, күүһүрбүтүм, эппин-хааммын сайыннарбытым. Онтон биир сыл өссө кроссфиттаабытым. Ол сылдьан, саас “Дыгын оонньууларын” сүүмэрдиир түһүмэҕэр кыттан, соһуччу миэстэлэһэн хаалбытым. Ол эрээри “Дыгыҥҥа” диэн дьарыгым суоҕа. Бу күрэххэ кыттар киһи кыһын устата дьарыктанан, күүс-уох эбиниэхтээх. Бастакы холонуум буолан, уопутум суох этэ. Ити курдук, бастакы “Дыгыным” 2016 сыллаахха буолбута.

– Бастакы күрэхтэһиигин өйдүүр бөҕө буоллаҕыҥ дии...

– Чиэһинэйдик эттэххэ, бастакы күрэх ыарахан соҕустук ааспыта. Аны күрэхтэһэ сылдьан, аска сүһүрэн, иһим ыалдьан, сэниэм эҥин суоҕа. Ол да буоллар куһаҕана суохтук киирсибитим. Онтон кыһыны быһа дьарыктанан, сөптөөх сыалы-соругу туруорунан, былырыын алтыс миэстэ буолбутум. Ол кэннэ сыыһаларбын үөрэтэн, кыһыны быһа дьарыктанан, быйыл иккистээтим.

– Эн ол аата үлэҥ кэнниттэн дьарыктанар буоллаҕыҥ. Ыарахан буолуо ээ...

– Эдэр ыал аҕа баһылыга буоларым быһыытынан, хайаатар да дьоммун иитиэхтээх буоллаҕым дии. Билигин эдэр ыал үксэ ипотекалаах, кирэдьииттээх. Онон аҥаардас успуорка эрэ баран хаалар кыах суох. Мин сарсыарда 9 ч. киэһэ 18:00 чааска диэри үлэлиибин. Ол кэннэ киэһэ хойукка диэри “Модуҥҥа” дьарыктанабын. Түгэни туһанан, миигин өйүүр уонна өйдүүр кэргэммэр улаханнык махтанабын. Кини миигин күүстээх дьарык кэмигэр сүрдээҕин өйүүр уонна көмө-тирэх буолар. Уопсайынан, төрөппүттэрим, аймахтарым, доҕотторум, учууталларым өйөбүллэрин олус сыаналыыбын. Кинилэр миэхэ күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ эбэллэр. Үлэттэн, дьарыктан быыс-арыт буллахпына, өрүү дьоммун кытары бириэмэбин атаарабын. Дьиэнэн күүлэйдиирбитин, култуурунайдык сынньанарбытын, оҕобутун кытары үөрэрбитин-көтөрбүтүн сүрдээҕин сөбүлүүбүт.

– Быйылгы күрэхтэһиигэ бэйэҥ кыаххын толору туһанныҥ дуо?

– Саамай үчүгэйбинэн кытынным дии санаабаппын. Этэргэ дылы, сыыһа-халты туттуу баара. Холобур, мас тардыһыытыгар ситэ аһыллыбакка, аралдьыйан хаалан, хотторон хаалбытым. Хас биирдии күрэхтэһии кэнниттэн сөптөөх түмүк оҥоһуллар, бэйэбин анаалыстаан көрөбүн, барытын толкуйдуубун уонна эрэллээхтик инним хоту айанныыбын.

– Эн Уйбаан Белолюбскай иитиллээччитэҕин дии...

– Оннук. “Бооотур” диэн успуорт кулуубугар сылдьабын. Уйбааҥҥа уопсайа 50-ча спортсмен дьарыктанар. Эдэр спортсменнар элбээн иһэллэр.

IMG 8641

– Эн бииргэ дьарыктанар уолаттаргын кытары илин-кэлин түсүһэр буоллаҕыҥ дии. Спортсменнар бэйэ икки ардыгар сыһыаннарын туһунан тугу этиэххиний?

– Биһиги күннээҕи олоххо табаарыстыыбыт, доҕордуу үчүгэй сыһыаннаахпыт. Бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билэбит, күн ахсын бииргэ дьарыктанабыт, кэпсэтэбит-ипсэтэбит, спарринг-партнер буолабыт, бииргэ сынньанабыт. Оттон күрэхтэһиигэ кэлэн утарылаһааччы буолабыт, чиэһинэй киирсиинэн көрөөччүлэргэ, ыалдьааччыларга үчүгэй киирсиини көрдөрүөхтээхпит диэн өйдүүбүт.

– Успуорт киһиэхэ тугу иҥэрэрий, киһи быһыытынан ханнык хаачыстыбалары сайыннарарга күүс-көмө буоларый?

– Успуорт киһини дьиссипилиинэҕэ, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр. Маныаха киһи кыаҕын, дьулуурун успуорка тургутан көрүөххэ сөп эбит. Манна эбэн эттэххэ, бу хаачыстыбалары киһи оҕо сааһыттан иҥэринэр кыахтаах. Холобур, мин үҥкүүнэн дьарыктанан, эппиэтинэһи, дьону кытары уопсай тылы уонна күүстээх санаалаах буолары өйдүүр этим диэххэ сөп. Онон национальнай многоборьенан дьарыктанан, “Дыгыҥҥа” кэлбиппиттэн олус үөрэбин.

IMG 6179

– Кыайыы-хотуу кэнниттэн олоххор туох уларыйыы буолла?

– Туруоруммут сыалы ситиһии диэн баар. Хас биирдии спортсмен инники буоларга дьулуһар. Ити туһугар күүскэ үлэлиибит. Ол эрээри кыайыылаах өрүү бастыҥ буолбат. Күрэхтэһии кэмигэр араас барыта буолуон сөп. Ол иһин этэллэр дии “ким бэлэмнээх – ол кыайдын” диэн. Онон бэйэҕэ эрэли хаһан да сүтэриэ суохха наада. Успуорка түһүү да, тахсыы да наар баар.

Күрэхтэһии кэнниттэн олохпор туох да уларыйыы буолбатах курдук ээ. Ол туһунан толкуйдаабакка да сылдьабын. Инникини сылыктыырбын сөбүлээбэппин. Билиҥҥи туругунан сөптөөх суолунан айаннаан иһэбин дии саныыбын...

BE2DFBDD EC1D 4B15 84A7 F6D27E7C4F03

– Аны кыратык успуортан уонна үлэттэн тэйэ түһүөххэ. Өссө атын туох интэриэстээххиний, иллэҥ кэмҥэр туох дьарыктааххыный?

– Саас, сайын булка сылдьыбаппын. Арай, күһүн анаан-минээн бултуу барыахпын сөп. Дьарыгым диэн үҥкүүлүүбүн. Үҥкүүбүн билигин да тохтото иликпин. Үҥкүү миигин тардар, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйар ураты күүстээх. Урут доҕотторбор уруу киэһэлэригэр бастакы үҥкүүлэрин туруорар этим. Өссө сайын матасыыкылынан сылдьарбын сөбүлүүбүн. Матасыыкыл оҥостор кэммин олус астынабын. Ол эрээри билигин матасыыкылым суох буолан, бу дьарыкпын тохтотон сылдьабын. Билигин миигин айар эйгэ тардар, өссө муусукаҕа интэриэстээхпин. Гитараҕа оонньуу үөрэниэхпин баҕарабын. Ити өттүгэр сайдар, саҥа саҕахтары арыйар баҕа баар. Чэ, барыта бэйэтин кэмигэр баар буолуо.

– Дьэ, күрэхтэһии кэнниттэн көрөөччүлэр саамай ырыппыт, дьиктиргээбит, сэргээбит эбэтэр мөҕүттэ санаабыт түгэннэрэ эн тус истиилиҥ буолар. Тоҕо уһун баттахтааххыный?

– (күлэр). Баттаҕым уһуна хапсаҕайга эрэ мэһэйдээбитэ. Сорохтор мэһэйдэтэр диэн сөбүлээбэтэхтэр быһыылааҕа. Бириэмэтэ кэллэҕинэ, кырыйтарыам. Дьиҥэр, күрэхтэһии иннинэ кырыйтарыахтаах этим. Тыый, былыргы өбүгэлэрбит уһун баттахтаах этилэр буолбат дуо?! Кинилэртэн күүс ыла таарыйа күрэххэ уһун баттахтаах киирбитим. Ону тоҕо эрэ аҕа саастаах дьон өйдөөбөт курдуктар, хата, эдэрдэр син ылыналлар ээ. Бастаан уһата түспүппэр “хаһан кырыйтараҕын?” диэн күн аайы ыйыталлар этэ. Даҕатан эттэххэ, баттахпын урут эмиэ уһата сылдьыбыттаахпын.

– Эн эдэр киһи буоллаҕыҥ. Биир саастыылаахтарыҥ, аныгы ыччат туһунан туох санаалааххыный?

– Аһыы утаҕы сэҥээрбэт, табахтаабат ыччат үксээн иһэриттэн үөрэбин. Бэйэм чөл олоҕу тутуһабын. Аны туран, арыгылаабат эбэтэр табахтаабат буоллуҥ да, чөл туруктааххын диэн буолбатах. Киһи өйүнэн-санаатынан эмиэ ыраас, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуохтаах. Спортсмеҥҥа чиэһинэй буолуу курдук үрдүк хаачыстыба өрүү иҥэ сылдьыахтаах. Билигин Интэриниэт үйэтэ кэлэн, сайдыы тэтимнээх. Оттон хайа баҕарар уларыйыы үчүгэй уонна куһаҕан өрүттээх. Хаһан баҕарар ырааска, сырдыкка тардыһар киһи эрэ кыайыылаах буолар. Онон успуордунан дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго туруоруммут сыалларын хайаан да ситиһэллэригэр баҕарыам этэ.

– Николай, кэпсээниҥ иһин махтал!

Сэһэргэстэ Екатерина АФАНАСЬЕВА.