Надежда Гоголева бу күннэргэ эр санаатын, тулуурун, дьулуурун, булгуруйбат санаатын көрдөрдө. Бэрт дьарамай (47 киилэлээх) кыыс 13 хонук иһигэр икки улахан сүүрүүгэ кытынна. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Петербурга сүүс килэмиэтиргэ сүүрүүгэ Арассыыйаҕа бастаабыта, аан дойду кылаастаах успуорт маастарын нуорматын толорбута. Онтон ааспыт субуотаҕа (балаҕан ыйын 22 күнүгэр) аны Владивосток марафонун үрүҥ көмүс призёра буолла.
Доҕоттоор, сүүрүктэр сыл аҥаарыгар биир эрэ марафоҥҥа кыттыахтаахтар ээ. Оттон кини 13 хонук иһигэр икки уһун унньуктаах, киһи сырата-сылбата быстар сүүрүүлэригэр кытынна. Өссө бастакы күрэхтэһиитэ – 100 килэмиэтиргэ сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйэнээтэ!
Надежда Гоголева бэйэтэ кэпсиирин истиэҕиҥ.
Нохтунскайга дьарыктаммытым
– Надежда, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
– Уус Алдантан төрүттээхпин, кэргэн тахса иликпинэ Попова диэн араспаанньалааҕым. Элэһин диэн кыра учаастакка улааппытым, Томтор диэн сайылыкка сайылыырым. Дьараама диэн бэртээхэй соболоох улахан күөллээхпит. Онон айылҕалыын күннэтэ алтыһан, эт-үүт аһылыгы аһаан улааппытым. Кыра эрдэхпиттэн үчүгэйдик харбыыбын.
– Чэпчэки атлетикаҕа хайдах кэлбиккиний?
– Ийэм – сүүрүк, оттон аҕам тустуук этилэр. Ийэм ыһыахтарга, спартакиадаларга наар күрэхтэһэрэ, улууска бастыыра. Арыт мас тардыһыытын күрэхтэһиилэригэр да кыттара. Төрөппүттэрим иигин ыһыахха илдьэ бараллара, күрэхтэһиигэ кытыннараллара. Ол курдук 5 сааспыттан күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Сэттиһи бүтэрбиппэр: “Ырыаһыт буолуоххун баҕараҕын дуу? Сүүрүк дуу?” – диэн буолбута (сүүрэрим таһынан, “Кэнчээри” ырыа ансаамбылын чилиэнэ этим).
Сүүрүүнү талбытым, ол иһин эдьиийим Зоя Чурапчы успуорт оскуолатыгар илдьэн туттарбыта. Онон аатырбыт сүүрүк Гаврил Нохтунскайга дьарыктанан барбытым. Оччолорго оскуола дириэктэринэн Михаил Гуляев үлэлиирэ.
– Надежда, үс сыллааҕыта 100 килэмиэтиргэ сүүрүүгэ Арассыыйаҕа бастаабытыҥ. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр ити дистанцияҕа дойду икки төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ буоллуҥ. Бу сырыыга икки сыллааҕы көрдөрүүгүн быдан тупсарбыккын.
– Оннук, 2015 сылтан ыла ити дистанцияҕа идэтийбитим. Кырдьык, үс сыллааҕы көрдөрүүбүн лаппа тупсардым.
Урукку сүүрүүлэрбэр сыыһа-халты, дубук туттубутум баар буолан иһэрэ. Элбэх күрэхтэһиигэ кытыннаххына эрэ баай үөрүйэхтэнэҕин буоллаҕа. Былырыын биэтэккэ кэлэн баран, бэл “суһал көмөнү” ыҥыттарбытым. Атын сүүрүктэр доруобуйаларыгар ыктардахтарына күрэхтэһииттэн туорууллар, оттон миэхэ итинник санаа охсуллан да ааспат. “Өл да төрөө, биэтэккэ тиийиэхтээххин”, – диэн өйдөбүл төбөбөр бигэтик хатаммыт.
“Успуортан тохтуур эбиппин”, – дии санаан дьарыктанар таҥаспын хомуйа туппут түгэннэрдээҕим. Онтон доруобуйам көнөн барда, сэниэлэнэ түстүм да – ол ыарахан түгэннэри умнабын, дьарыкпын аргыый аҕай саҕалаабытынан барабын.
Кения сүүрүктэрин курдук
– Тус тириэньэриҥ кимий?
– Былырыын биэтэккэ нэһиилэ кэлэн, “суһал көмөнү” ыҥыртарбытым кэнниттэн: “Тугу эрэ уларытыахпын наада эбит, оччоҕо, баҕар успуордунан салгыы дьарыктанар кыахтаныам”, – диэн санааҕа кэлбитим. Ол иһин Москуба тириэньэрэ Александр Моргуновка көспүтүм. Кинини Интэриниэт көмөтүнэн булан суруйсубутум. Александр Муратович, ыраах да олордор, хайдах дьарыктанарбар туһалаах сүбэлэри биэрбитэ. Ол иһин киниэхэ “кэтэхтэн” дьарыктаммытым диэххэ сөп. Быйыл Калининградка Моргунов салайар үөрэтэр-эрчийэр тэрээһинигэр сырыттым.
Кини тута: “Ыйааһыҥҥын үүрүөххүн наада”, – диэн соһуппута. Александр Муратович кэпсииригэр, быһаарарыгар элбэхтик билим тиэрминнэрин туттар. Кини хара маҥнайгыттан мин иннибэр туруорбут сыала-соруга: “Нужно снизить объем мышечной ткани”. Ол аата, холобур, Кения сүүрүктэрин курдук хатыахтааххын. Ыйааһын түһэриитин мин ыараханнык ылынааччыбын, тоҕо диэтэххэ, тото-хана аһыырбын олус сөбүлүүбүн.
Урут дьоҥҥо: “Тугу сөбүлүүрбүн барытын аһыыбын”, -- диирим (күлэр). Билигин, дьэ, кырдьык, эрэсиими да тутуһабын, аһыыр аһылыкпын да кичэйэн көрүнэбин. Урут аччыктаатым да тото-хана аһыырым. Сыалаах буоллун, арыылаах буоллун.
Бастакы тириэньэрим Татьяна Ариносоваҕа улахан успуорка таһаарбытыгар махталым муҥура суох. Кини миэхэ элбэхтик сүбэлиир-амалыыр, онон Татьяна Кузьминичнаҕа истиҥник махтанабын.
– Эйигин көрөн туран киһи хайдах да “ыйааһыҥҥын үүрүүһүккүн” диэн этиэ суох.
– Урут 55 киилэни үктүүрүм (билигин 47-48). Александр Моргунов: “Ыйааһыныҥ 45 киилэ буолуохтаах”, – диир. Итини истэн баран: “Уой, даа...”, – диэн куттана санаабытым. Төһөнөн ыраҕын да, оччонон сындалҕаннаах уһун сүүрүүнү тулуйаҕын диэн буолар. Уһун дистанцияҕа сүүрэр киһи этэ-сиинэ иҥиир буолуохтаах.
Ыйааһыны үүрүү – дьарык биир ирдэбилэ. Үрдүк ситиһиилэниэххин баҕарар буоллаххына былаан быһыытынан дьарыктаныахтааххын. Стайердар буоларбыт быһыытынан, 45 килэмиэтирдээх куруостары сүүрэбит.
“Төрөөбүт дойдум хаптаҕаһын, моонньоҕонун...”
– Уһун дистанция сүүрүктэрэ күрэхтэһии кэмигэр быыс-арыт булан үссэнэллэр дии.
– Күрэхтэһиигэ төрөөбүт дойдум хаптаҕаһын, моонньоҕонун илдьэ барааччыбын. Аны уҥа ойоҕоһум ыалдьар. Ол иһин ыарыыны намыратар “Спазмалгон” диэн эми иһэ-иһэ сүүрэбин. Эрэйдээх баҕайы, быраастар ити ыарыым төрдүн-төбөтүн быһаара иликтэр. Көннөрү сырыттахпына ыалдьыбат, сүүрдэхпинэ эрэ ыалдьар. Ойоҕоспор туох эрэ бопторуу баар, үөспүн кытта сибээстээх быһыылаах. Эбэтэр урут наһаа сыалааҕы-арыылааҕы аһыы сылдьыбытым дьайара дуу? Ити ыарыыбын сэтинньи-ахсынньы ыйдарга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын быраастарыгар көрдөрүөхтээхпин. Билигин сүүмэрдэммит хамаанда састаабыгар киирдэҕим дии.
– Хаптаҕастан, моонньоҕонтон утах оҥосторуҥ буолуо.
– Оннук, успуорт анал аһылыга (спортпитание) миэхэ барсыбат. Ол иһин утаҕынан эрэ сылдьабын. Уонна аптекаларга көҥүл атыыланар регидрон диэн эми иһэбин.
Хаама, хамсана сылдьыахтааххын
– Орто баайыылаах сүүрүк 100 килэмиэтири төһө бириэмэнэн сүүрэрий?
– Анаан-минээн дьарыктаммыт киһи 8 чаас курдук көрдөрүүлэнэр.
– Оччотугар сүүрүктэр хайаан да аһыахтарын, сэниэ киллэриниэхтэрин наада эбит.
– Стайердар үксүн успуорт анал аһылыгын аһыыллар, миэхэ ити хайдах да барсыбат.
– Уһун дистанцияларга спортсменнар 40 саастарыгар диэри холкутук күрэхтэһэллэр. Саха сирин сүүрүгэ Надежда Карасева 50 сааһыгар диэри күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта быһыылааҕа.
– Мин билигин 34 саастаахпын. Өссө да үс сыл үрдүк таһымҥа сүүрүөм диэн санаалаахпын.
– Марафон дистанциятын спортсмен сылга иккитэ эрэ сүүрэрэ ирдэнэр. Оттон эн 13 хонук иһигэр икки уһун дистанцияҕа (100 уонна 42 килэмиэтиргэ) сүүрдүҥ.
– Оннук, дьиҥинэн, итиччэ кылгас кэм иһигэр икки уһун дистанцияҕа сүүрэр көҥүллэммэт. Мин харчыга наадыйар буолан Владивосток марафонугар кытынным. Үөрэтэр-эрчийэр тэрээһиҥҥэ кыттарбар элбэх харчы ороскуоттанна. Итини таһынан тириэньэрбэр Александр Моргуновка харчы төлүүбүн. Ол иһин харчы бириистээх күрэхтэһиилэри анаан көрдөөбүтүм уонна үһүс сылын ыытыллар Владивосток марафонун талбытым.
Иккис марафон лиидэрдэрин көрдөрүүлэрин көрөн баран: “Үс иһигэр киириэххэ сөп эбит”, – диэн санааҕа кэлбитим. Мин, холобур, “сүүскэ” сүүрэрбэр 42 килэмиэтири 3 чаас курдугунан ааһабын. “Итинник бириэмэнэн да миэстэлэһиэхпин сөп эбит”, – диэн Владивостокка айаннаатаҕым дии. Бириэмэни тосту уларытыы – биир эрэй. Москуба уонна Владивосток араастаһыыта 7 чаас. Саҥа бириэмэҕэ үөрэнэрбэр эрэй бөҕөнү көрөн сарсыарда 4 чааска биирдэ утуйарым.
Аны атахтарым олох ыарахаттар. “Сүүс” кэнниттэн, биллэн турар, үс күн сынньаммытым, олох сүүрбэтэҕим. Төрдүс күммэр Москубалаабытым, онно дьэ сүүрбүтүм. Ол да буоллар туругум олох ыарахан этэ. “Оо, дьэ, хайдах гынан сэниэбин, күүспүн-күдэхпин чөлүгэр түһэрэбин”, – диэн санааҕа ылларбытым. Ол сылдьан Интэриниэти үөрэтэбин. “Лип сытынан кэбиспэккэ, төһө кыалларынан хаама, хамсана сылдьыахтааххын”, – диэни тута ылыммытым. Кырдьык оннук эбит, спортсмен мэлдьи дьарыктана, күүскэ хамныы-имнии сылдьар киһи буоллаҕа. Олох сэниэм суоҕа, “сүүс” кэнниттэн ыйааһыным түһэн хаалбыт этэ. Ол иһин төһө кыалларынан битэмииннээх, иҥэмтэлээх астары аһыы сатаабытым.
Петербурга табыллан сүүрэбин
– Надежда, бастаан Петербург күрэхтэһиитин туһунан кэпсээ.
– Петербурга үсүһүн сүүрээһиним, онон бэйэбин эрэх-турах сананарым. “Иккитэ бастаабытым, үсүһүн да бастыахтаахпын”, – диэн санаалааҕым. Ол эрээри сүрдээх күүстээх сүүрүктэр кытталларыттан эмиэ да сэрэхэдийэрим. Ити сүүрүүгэ сүрүн сыалым-соругум аан дойду кылаастаах успуорт маастарын нуорматын толоруу этэ. Арассыыйаҕа бастыы сырыттаҕым дии, онон өссө саҥа кирбиини ыларга дьулуспутум.
– Хас биирдии сүүрүү бэйэтэ туһунан сюжеттаах буолааччы.
– Сүүрүктэр бастаан утаа бары бииргэ сылдьыбыппыт, ким да хара маҥнайгыттан харса суох түһүммэтэҕэ. 10 килэмиэтир кэнниттэн лиидэрдэр дьэ түргэтээн, сүрүн бөлөхтөн аттар атан барбыттара. Мин алтыс киһинэн сүүрэн испитим. “Чэ, бардыннар, мин билигин чаһыбыттан ураты тугу да көрбөппүн-истибэппин, сүүрэр кыраапыкпын халбаҥнаабакка тутуһуохтаахпын”, – диэн санаабытым. 20 килэмиэтири ааһарбытыгар былырыын үһүс буолбут кыыс күлэ-үөрэ: “Ну, давай, догоняй-угоняй”, – диэн ааспыта. “Ай, рано еще”, – диэн хоруйдаабытым.
Сүүрэн иһэн кыргыттар сирэйдэрин-харахтарын көрөбүн, мөлтөөн иһэллэрэ көстөр. “Петербург сииктээх килиимэтин кыргыттар ыарырҕаталлара буолуо”, – диэн санаалааҕым. Оттон мин Петербург курдук килиимэттээх Калининградка дьарыктаммыт буоламмын улаханнык ыарырҕаппатаҕым. 30 килэмиэтир кэнниттэн кыргыттары биирдии-биирдии ситэн ааһыталаабытым.
Ыарахан тыраасса
– Күрэхтэһии боротокуолун көрдөххө, кыттааччы аҥаара туораабыт этэ.
– Оннук. Инники түһүммүт, лиидэрдээн испит Курскай кыыһа, успуорт үтүөлээх маастара, аан дойду чөмпүйүөҥкэтэ Марина Жалыбина бастакынан туораабыта. Сүүрэн иһэн кинилиин кэпсэппиппит. “Я тяжелая такая, ноги совсем не идут”, – диэбитэ. Социальнай ситимнэргэ кини олус күүскэ дьарыктаммытын аахпытым, бастыа дии санаабытым.
“Давай, Марина, постарайся, – диэн уоскута сатаабытым. – Терпи, у меня тоже такое состояние бывает”. Жалыбина 35 килэмиэтиргэ туораабыта, тулуйбатаҕа. Ситэн ааспыппар: “Ну давай, удачи”, – диэн хаалбыта.
Онтон Арассыыйаҕа бастыы сылдьыбыт кыыс ситэн кэлбитэ. Кини сүүрэригэр наар миигин тутуһааччы, оттон билигин тоҕо эрэ куота сүүрэн хаалбыта. Ити кыыс 70 килэмиэтиргэ туораабыта. Кэлин: “Ой, какая же я дура, зря я так быстро начала, с тобой надо было бежать”, – диэбитэ.
Били, хаадьылаан ааспыт кыыһы сиппитим. “Ну, давай, держись”, – диибин (күлэр). Били, мааҕын, үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суоҕа, тугу да саҥарбатаҕа. Кини миигин тутуһа сылдьан баран хаалан хаалбыта, кэлин олох да туораабыта. Инньэ гынан 50 килэмиэтири ааһан баран инники күөҥҥэ тахсыбытым. Инники аата инники буоллаҕа, санаам дэгдэс гыммыта. Ол эрээри наһаа үөрбэтэҕим, дистанциям аҥаарын эрэ аастаҕым дии.
2009-2010 сыллардаахха Дьокуускай физика-тиэхиньикэ лиссиэйигэр учууталлыы сылдьыбытым. Үөрэнээччим Света Решетникова диэн кыыс физкультураҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна куораттааҕы олимпиадаларга миэстэлэспитэ. Кини Петербурга сүүрүүбэр сүрдээҕин көмөлөспүтэ. Былакаат бөҕөнү суруйан бэлэмнээбит этэ. Олору биирдии-биирдии таһаарар. Холобур: “Зверь-машина, не человек”, – диэн суруктаах былакааттааҕа. Көрөргө наһаа үчүгэй. Сүүрэн иһэн наһаа үөрэбин, соҕотох да киһи ис сүрэҕиттэн өйүүрэ сүрдээҕин көмөлөһөр эбит. Ааһан истэхпинэ Света утахпын биэрэр, былакаатын көтөҕөр.
Аны чаһым тулуйбатаҕа, 70 килэмиэтир кэнниттэн сыыһа көрдөрөр буолан хаалбыта. Ону, хата, Света маладьыаһын маладьыас, хас мүнүүтэ саппаастаах иһэрбин этэн биэрэн иһэр. Кэнники мөлтөөн бардым. Килэмиэтири түөрт аҥаар мүнүүтэнэн ааһар буоллахпына, көрдөрүүм 4.44, 4.50 буолан барда.
Биэтэккэ диэри 15 килэмиэтир хаалбытыгар биир кыыс ситэн кэллэ. Кэлбитэ дохсунун иһин: “Иккис буолар буоллум быһыылаах”, – диэн санаа күлүм гыммыта. Кыыһым миигин өссө ааһа түһээри гыммытыгар ыыппатаҕым. Онтон дьэ, этэргэ дылы, аһылыбытым, “иккис тыын” киирбитэ. Кыыһым миигин ситэригэр сэниэтин бараабыт быһыылааҕа, хааллар хаалан барбыта. Онтон мин, төттөрүтүн, тиллэн кэлбитим, күүспэр күүс эбиллибит курдуга.
“Бүтэһик эргиир хаалла! Саппааһыҥ 30 сөкүүндэ!”, – диэн Света хаһыытаабыта. Төһө да быһыннарбын, өл да төрөө – биир килэмиэтири түөрт аҥаар мүнүүтэнэн ааһар кыраапыкпар киириэхтээхпин, оччотугар эрэ туруоруммут сорукпун ситиһэбин. Дьон үксэ миигин өйөөн хаһыытаспыттара: “Кытаат! Кытаат! Кыра хаалла!”
Биэтэк лиэнтэтин быһа көтөөт, Светаттан ыйытабын: “Толордум дуо?” “Толорон! 10 сөкүүндэ саппаастаах!” “Ураа-аа!” – диэн баран хараҕым уута сүүрбүтүнэн барбыта. Ити түгэҥҥэ илиибин да өрө көтөҕөр кыаҕым суоҕа. Үөрэнээччим Света миигин көтөҕөн илдьэн устуулга олордубута.
“Невозможное возможно”
– Чэ, билигин Владивосток марафонугар киириэххэ.
– 13 хонук иһигэр икки уһун дистанцияны сүүрдүм. “Невозможное возможно”, – диэбит курдук. “Былырыын 3 чаас 20 мүнүүтэнэн кэлбиттэр – миэстэлэспиттэр, оттон итинник бириэмэни мин куруос сүүрэрбэр көрдөрөбүн дии”, – диэн бэйэм бэйэбин собуоттана, соторутааҕыта “сүүһү” сүүрбэтэх курдук санана сатыыбын. Күҥҥэ уоннуу эрэ килэмиэтири сүүрэн эрчиллэбин.
Марафон буолуо нэдиэлэ кэриҥэ хаалбытыгар син сөбүгэр утуйар, сарсыарда 8 чааска турар буолан бардым.
– Ити марафон харчынан бирииһэ ботуччу диэн санааттан кыттыбытыҥ дуо?
– Итинник диэххэ сөп, харчыга наадыйар этим. Иккис буолбуппар нолуога эҥин суох уу харчынан 90 тыһыынча солкуобайы ууран биэрбиттэрэ. Онон ороскуоттарбын сабынным.
– Наталья Сергеева диэн кыыс бастаабыт дии.
– Хабаровскай кыыһа, Владивосток марафонугар үһүс сылын бастаата. Урукку өттүгэр марафоҥҥа Арассыыйа чөмпүйэнээтин призёра буола сылдьыбыт. Кини миигин көрөн соһуйбута. Сүүрэн иһэн быыс булан ыйыппыта: “Килэмиэтири төһөнөн ааһаҕыный?”. “Урукку чөлбөр түһэ иликпин, онон килэмиэтири 4 мүнүүтэ 20 сөкүүндэнэн ааһа сатыам”, – диэн хоруйдаабытым. “Оттон эн?” – диэн ыйыттым. “А, по 4 нормально”, – диэтэ да бара турда. “Куттаммат эбиппин”, – диэтэҕэ дии.
Сүүрүү саҕаланыытыгар Япония уонна Эмиэрикэ сүүрүк кыргыттарын бэлиэтии көрбүтүм эрээри дьиксинэ санаабатаҕым. Онус килэмиэтиргэ кинилэри ситэн баран, кэннилэриттэн тутуһа сылдьыбытым. Дьонум сылайбыт курдук буолбуттарын көрөн, инники тахсыбытым.
Япония кыыһа 20 килэмиэтиргэ диэри миигин тутуһа сылдьыбыта уонна наһаа сылаппыта. “Тутуһа” сылдьар дьонтон мин наһаа сылайабын. “Чэ, тэтиммин эбиэххэ”, – дии санаатым да түһүнэн кэбистим. Бастаан атахтарым ыарахан баҕайы курдуктара да кэлин аһылынным ээ. Кэлин тиһэҕэр “тиллэн” кэлэр – мин ураты хаачыстыбам.
Биэтэккэ кэлэн баран ким үсүһүнэн кэлэрин кэтээтим. Япония сүүрүгүн Виктория Мячикова диэн Приморскай кыраай кыыһа ситэн ааспыт эбит. Кини үсүһүнэн кэлбитэ, миигиттэн 40 эрэ сөкүүндэнэн хаалан.
– Надежда, толору кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Доруобуйаҕын кытаатан көрүн, күрэхтэһиилэргэ кыттаргын болҕомтолоохтук кэтиэхпит.
Федор РАХЛЕЕВ.