Дагестан Каспийскайыгар тустуу үс көрүҥэр Европа чөмпүйэнээтэ үгэннээн буола турар.
Бүгүҥҥүттэн көҥүл тустуу күрэхтэһиитэ саҕаланна. Киэһэ 57, 65, 70, 79, 97 киилэ чөмпүйүөннэрэ, призёрдара биллиэхтэрэ. Оттон сарсын киэһэ 61, 74, 86, 92, 125 киилэ бастыҥнарын билиэхпит.
Сутурукпутун ыга тутабыт
57 кг. Бу ыйааһыҥҥа Амматтан төрүттээх Владимир Егоров Македония аатыттан тустуохтааҕа. Ол гынан баран кини, хомойуох иһин, Дагестан Хасавюртугар кэлэн эрчиллэ сылдьан, сүнньүн өлөрөн Европа чөмпүйэнээтигэр кыттыбат буолла. Онон бу ыйааһыҥҥа бары болҕомтобутун саха тустууга оскуолатын иитиллээччитэ, Белоруссия аатыттан тустар аан дойду кылаастаах успуорт маастара, аан дойду уонна Европа чөмпүйэнээттэрин призёра Владислав Андреевка уурабыт. Кини сарсын (ыам ыйын 4 күнүгэр) 31 сааһын туолуохтаах. Саха үгэһинэн, тугу да улаханнык саҥарбаппыт, арай нуучча үгэһинэн, сутурукпутун ыга тутабыт.
Ыйааһын бастыҥнарынан кимнээҕи ааттыахха сөбүй? Бастатан туран, Европа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Георгий Эдишерашвилины (Азербайджан). Үөрүйэхпинэн, “Грузия” диэн суруйа сыстым. Кини Хинчегашвилига мэһэйдэтэн дуу, хайдах дуу икки сыллааҕыттан бэттэх Азербайджан аатыттан тустар.
Саамай чэпчэки ыйааһыҥҥа Арассыыйа бөҕөстөрө чөмпүйүөннээбэтэхтэрэ ыраатта. Бүтэһигин 6 сыл анараа өттүгэр Джамал Отарсултанов чөмпүйүөннээн турар. Ол да буоллар Арассыыйа курдук тустуу сайдыбыт дойдутун бэрэстэбиитэлэ бэйэтин дьиэтигэр-уотугар мөлтөхтүк тустара хайдах да табыллыбат. Каспийскайга дойдубут чиэһин Дагестантан төрүттээх, 23 саастаах эдэр бөҕөс Завур Угуев көмүскүөхтээх. Кини – Арассыыйа чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа (2017), Европа чөмпүйэнээтин боруонса призёра (2017), “Иван Ярыгин” аан дойдутааҕы турнир икки төгүллээх чөмпүйүөнэ (2017, 2018).
Уйан-хатан биллиэхтээх
61 кг. Бу ыйааһыҥҥа Белоруссия аатыттан аан дойду кылаастаах успуорт маастара Ньургун Скрябин тустуо. Сыл саҥатыгар кини Белоруссия чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа буолбута. Ити кэнниттэн олунньуга Иран Тебриз куоратыгар ыытыллыбыт Голам-Реза Тахти Куубагар бастаабыта. Онтон кулун тутар саҥатыгар Бурятия баһылыгын бирииһигэр ыытыллыбыт турнир боруонса призёра буолбута. Эмиэ туох да диэн доргуччу саҥарбаппыт, сэмээр кэтэһэбит.
Аан дойду чөмпүйүөнэ Гаджи Алиев (Азербайджан) атын ыйааһыҥҥа көспүтүнэн, фаворитынан 22 саастаах Гаджимурад Рашидовы ааттыахха сөп. Кини – Европа чөмпүйүөнэ (2016), аан дойду чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призёра (2017).
Бу ыйааһыҥҥа күүстээх, хайа баҕарар түгэҥҥэ “ытыахтаах” бөҕөстөрүнэн: Гарик Барсегяны (Армения), Ахмеднаби Гварзатиловы (Азербайджан), Владимир Дубовы (Болгария), Бека Ломтадзены (Грузия), Иван Гуйдяны (Румыния), Реджеп Топалы (Турция) ааттаталыахха сөп.
Үс эр бэрдэ
65 кг. Ыйааһын лиидэрдэринэн Гаджи Алиевы (Азербайджан) уонна Владимир Хинчегашвилины (Грузия) ааттыыбыт. Аан дойду былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Гаджи Алиев биир ыйааһын өрө тахсан, бэйэтин тургутан көрөр. Рио-де-Жанейро Олимпиадатын чөмпүйүөнэ Владимир Хинчегашвилины (Грузия) бэркэ билэбит. Олимпиадаҕа 57 киилэҕэ бастаабыт бөҕөс 65 киилэҕэ тустуохтаах. Ол да буоллар, этэргэ дылы, Олимпиада чөмпүйүөнүн отунан-маһынан оҥорбоккун. Европа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Ильяс Бекбулатов (Арассыыйа) кинилэргэ күүстээх утарсыыны оҥоруохтаах. Бу үс бөҕөстөн хайалара баҕарар чөмпүйүөннүөн сөп. Ильяс Бекбулатов үчүгэй тиэхиньикэлээх, кылбар быраҕыылардаах бөҕөһүнэн биллэр. Кини икки төгүл субуруччу “Иван Ярыгин” аан дойдутааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа буолбута да элбэҕи этэр. Ильяс Бекбулатов – түүр омук бэрэстэбиитэлэ (кумык). Кини дьиэтигэр-уотугар соргулаахтык тустуо диэн кэтэһэбит.
Эркин көмөлөһүөхтээх
70 кг. Былырыын атырдьах ыйыгар Парижка аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Онно Европа дойдуларыттан 4 бөҕөс кыайыылаах тахсыбыта. Интэриэһинэйэ диэн, кинилэр төрдүөн Каспийскайга ыытыллар күрэхтэһиигэ кытталлар. Бу ыйааһыҥҥа былырыыҥҥы аан дойду чөмпүйүөнэ Зураби Якобишвили (Грузия) баар. Кини эмиэ биир ыйааһын өрө тахсан тустар. Үгүс дьон бу ыйааһын фаворитынан Арассыыйа бөҕөһүн Магомед Курбаналиевы ааттыыллар. Кини – омугунан аварец, эмиэ Дагестан тустууга оскуолатын бэрэстэбиитэлэ. Магомед Курбаналиев икки сыллааҕыта бу ыйааһыҥҥа аан дойду чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылан турар. Онон аан дойду чөмпүйүөннэрин күөн көрсүүтүн көрүөхтээхпит. “Дьиэҕэр-уоккар эркиниҥ да көмөлөһөр” диэччилэр. Ол быһыытынан бу ыйааһыҥҥа Магомед Курбаналиев бастыа диэн эрэнэбит.
Чөмпүйүөн Чамизо?
74 кг. Ыйааһын лиидэрэ – Франк Чамизо (Италия). Куубаттан төрүттээх бөҕөс 2013 сылтан ыла Италия аатыттан тустар. Кини Олимпиада эрэ үрдүкү кирбиитин ыла илик. Бу ыйааһыҥҥа саҥа көспүт бөҕөһү тоҕо лиидэринэн ааттаатыбыт? 2010 сыллаахха Франк Чамизо 55 киилэҕэ тустубута уонна боруонса призёр буолбута. Ол кэнниттэн 65 уонна 70 киилэлэргэ көһөн, 2 төгүл аан дойду чөмпүйүөнэ буолбута. Франк Чамизо 74 да киилэҕэ көһөн баран, иккис-үһүс оруолларынан дуоһуйбат киһи. Кини сүрүн утарсааччыта Хотугу Осетияттан төрүттээх Хетик Цаболов (Арассыыйа) буолара саарбахтаммат. Цаболов 2014 сыллаахха аан дойду чөмпүйэнээтигэр (70 кг) бастаан турар. Кини 74 да киилэҕэ соргулаахтык тустар. Ол курдук, былырыын ити ыйааһыҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ, быйыл “Иван Ярыгин” аан дойдутааҕы турнир кыайыылааҕа буолуталаабыта.
Франк Чамизоҕа да, Хетик Цаболовка да “ыарахан таһаҕас” 2016 сыллааҕы Олимпиада боруонса призёра Сонер Демирташ (Турция) буолуон сөп. Турция бөҕөһө бу ыйааһыҥҥа инньэ 2010 сылтан соргулаахтык тустар. Кини былырыын Сербия Нови Сад диэн куоратыгар ыытыллыбыт Европа чөмпүйэнээтигэр бастаабыта.
Саҥа ыйааһын
79 кг. Аан дойду чөмпүйэнээтигэр быйылгыттан эрэ киирбит ыйааһын, онон быһа бааччы этитэлиир уустук. Бастатан туран, 2016 сыллааҕы Олимпиада боруонса призёра Джабраил Гасановы (Азербайджан) чорбото тутуохха сөп. Сайаапкаҕа өссө былырыыҥҥы аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призёра Али Шабанов (Белоруссия) баар. Арассыыйа чиэһин 28 саастаах, Дагестантан төрүттээх Ахмед Гаджимагомедов көмүскүөхтээх. Кини – Европа чөмпүйэнээтин боруонса призёра (2017), “Иван Ярыгин” аан дойдутааҕы турнир үс төгүллээх кыайыылааҕа (2015, 2017, 2018).
Өссө 2014 сылтан Украина аатыттан тустар, Чечня тустууга оскуолатын иитиллээччитэ Рустам Дудаевы арыый чорбото тутуохха сөп. Кини 2014 сыллааҕы аан дойду чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээл иһин хапсыһыыга аар-саарга аатырбыт Эмиэрикэ бөҕөһө Джордан Барроуһу кытта күөн көрсөн турар.
Европа оонньууларын (2015) боруонса призёра Джумбер Квелашвили (Грузия) бириистээх миэстэҕэ тахсыан сөп. Кини бу сылга Болгарияҕа уонна Украинаҕа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы турнирдарга үһүс буолуталаабыта.
Саҥа дьоруой Артур Найфонов
86 кг. Көҥүл тустууну кэмиттэн кэмигэр эрэ интэриэһиргиир киһи Артур Найфонов диэн 20 саастаах уол Арассыыйа хамаандатыгар баарын соһуйа истэр буолуохтаах. Кини – Хотугу Осетия бэрэстэбиитэлэ, эдэрдэргэ аан дойду чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа (2017). Былырыын Москубаҕа АЛРОСА Куубага ыытыллыбыта. Артур Найфонов ити күрэхтэһии сүрүн арыйыыта буолбута. Кини онно Европа чөмпүйэнээтин призёра Александр Гостиевы (Азербайджан) 10-8 ахсаанынан кыайбыта. Ити күрэхтэһии туһунан матырыйаал “Спорт-Экспресс” хаһыакка “Олимпийскай Токиоҕа – саҥа дьоруойдар” диэн төбөлөммүтэ.
Эмиэ былырыын күһүөрү ыытыллыбыт “Аланнар” диэн аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ Артур Найфонов үрдүк кылаастаах бөҕөс буоларын өссө төгүл бигэргэппитэ. Финалга тахсар иһин хапсыһыыга Европа чөмпүйэнээттэрин икки төгүллээх үрүҥ көмүс призёра (2016, 2017) Александр Гостиевы эмиэ баһыйа туппута. Ити кэнниттэн быһаарыылаах хапсыһыыга биир дойдулааҕа, былырыыҥҥы аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призёра Владислав Валиевы кыайбыта. Артур Найфонов кулун тутарга Болгарияҕа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы турнирга (“Дан Колов – Никола Петров”) бастаабыта.
Суостаах Нуучча Тааҥката
92 кг. Ыйааһын лиидэрэ – Нуучча Тааҥката, Рио-де-Жанейро Олимпиадатын чөмпүйүөнэ Абдулрашид Садулаев (Арассыыйа). Кини Олимпиада кэнниттэн биир ыйааһын өрө тахсыбыта. Кыайтарары билбэт бөҕөс Нуучча Тааҥката диэн өрө күүрүүлээхтик ааттаммыта. Ол эрээри саҥа ыйааһыҥҥа көһөн баран, былырыыҥҥы аан дойду чөмпүйэнээтигэр Эмиэрикэ бөҕөһө Кайл Снайдерга кыайтаран, үрүҥ көмүс призёр буолбута. Абдулрашид Садулаев төрөөбүт түөлбэтигэр кыһыйан-абаран туран тустара, чөмпүйүөннүүрэ саарбахтаммат. Ол эрээри тустуу аата тустуу. Классическай тустууга Олимпиада үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Александр Карелин кинини сиэрэ суох арбыыр суруналыыстарга этэн турар: “Наһаалаамаҥ эрэ, доҕоттор, тустууга дьон балыыһаттан кэлбэттэр ээ”, – диэн. Бу ыйааһыҥҥа өссө биир олимпийскай чөмпүйүөн баар. Ол – 2012 сыллааҕы Олимпиада кыайыылааҕа, эмиэ Дагестантан төрүттээх Шариф Шарифов (Азербайджан). Кинилэр күөн көрсүүлэрэ Европа чөмпүйэнээтин биир чаҕылхай хапсыһыыта буолуохтаах.
“Кытаанах эриэхэ”
97 кг. Арассыыйа хамаандатыттан бу ыйааһыҥҥа 27 саастаах Хотугу Осетия бөҕөһө Владислав Байцаев тустар. Кини – Европа чөмпүйэнээтин (2013) боруонса призёра. Байцаев курдук байыастары суруналыыстар уобарастаан “кытаанах эриэхэ” диэн ааттааччылар.
Владислав Байцаев бүгүһүҥҥүттэн тахсыылаахтык туста сылдьар. Ол курдук, Дьокуускайга кэлэн “Дмитрий Коркин” турнир кыайыылааҕа буолбута. Ити кэнниттэн “Аланнар” диэн турнир (Владикавказ), тустуу кулууптарыгар аан дойду чөмпүйэнээтин (Тегеран) кыайыылаахтара буолуталаабыта. Кулун тутарга Болгарияҕа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы турнирга (“Дан Колов – Никола Петров”) бастаабыта.
Владислав Байцаев сүрүн утарылаһааччыта Европа былырыыҥҥы чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа Риза Йылдырим (Турция) буолуо диэн сабаҕалыыбыт.
Гено дуу? Таха дуу?
125 кг. Былырыыҥҥы аан дойду чөмпүйүөннэрэ Гаджи Алиев, Зураби Якобишвили уонна Франк Чамизо биир ыйааһын өрө тахсан тустубут буоллахтарына – муҥутуур ыарахан ыйааһыҥҥа тустар Гено Петриашвили (Грузия) хайдах да өрө тахсар кыаҕа суох. Кини сүрүн утарылаһааччыта – Рио-де-Жанейро Олимпиадатын чөмпүйүөнэ Таха Акгюль (Турция). Былырыын Парижка ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтигэр муҥутуур ыарахан ыйааһын быһаарыылаах хапсыһыытыгар Гено Петриашвили уонна Таха Акгюль көрсүбүттэрэ. Бэрт эриһиилээх хапсыһыыга 8-6 ахсаанынан Петриашвили кыайбыта. Билигин да ити финал хатыланыахтаах.
Биллэн турар, күрэхтэһии иннигэр ханнык баҕарар бөҕөһү “сапсыйан” кэбиһэр соччо бэрдэ суох дьыала. Ол гынан баран Дагестантан төрүттээх Мурадин Кушхов – Петриашвилины да, Акгюлу да кыайыа диэн суоттанар хайдах да сатаммат курдук. Өссө Белоруссия хамаандатыгар 2016 сыллааҕы Олимпиада боруонса призёра, Дагестантан төрүттээх Ибрагим Саидов баарын санатабыт.
Федор РАХЛЕЕВ.