Киир

Киир

(Таатта пайщиктарын аһаҕас суруга)

Таатта улууһугар уруккута райпо, билиҥҥитинэн «Прогресс» ПО диэн пайщиктаахтар уопсастыбаларын туһунан бу 3 сыл устата айдаан төрүт тохтообокко, өссө кэҥии турарыттан дьиксинэн, ону тохтотор, бачча тухары үлэлээн кэлбит тэрилтэбитин көмүскүүр сыалтан норуоппут таптыыр хаһыатыгар – “Кыымҥа” – көмө көрдөөн таҕыстыбыт.

Бу айдаан туохтан саҕаламмытай? «Прогресс» ПО улуус 9 нэһилиэгэр пайщиктаах, хас нэһилиэк аайы хамсаабат баайдаах, ол эбэтэр элбэх маҕаһыын, бэкээринэ үлэлээн, бүтүн улуус дьонун-сэргэтин аһатан, кыһалҕатын быһааран олорбут тэрилтэ этэ.

Ийэлэрбит, аҕаларбыт бары кэриэтэ манна үлэлээн ааспыттара. Бэйэтэ устааптаах, пайщиктардаах, бэйэтин салайар, бас билэр тэрилтэ. Биһиги Уопсастыбабыт юридическай сирэй буоларын быһыытынан, хамсаабат баайын-дуолун соҕотох бас билээччи буолар.

Тэрилтэ бу ырыынак үйэтигэр кэм этэҥҥэ үлэлиир туруктаах, улуус киинигэр маҕаһыыннар, бэкээринэ үлэлии турбуттара. Уопсастыбабыт сүрүн тутаах боппуруоһа барыта пайщиктаахтар уопсай мунньахтарынан быһаарыллар. Ол курдук, сэбиэт бэрэссэдээтэлин, чилиэннэрин, боломуочуйалаах пайщиктаахтары, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин талаллар, аныыллар. Бу пайщиктаахтар итэҕэллэрин ылан талыллыбыт, анаммыт дьон тэрилтэбит быраабын көмүскээччи буолар.

Тэрилтэ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн уһун кэмҥэ, онтон бу кэнники сылларга сэбиэппит бэрэссэдээтэлинэн Нина Николаевна Васильева үлэлээбитэ.

Нина Николаевна үчүгэй баҕайытык үлэлии сылдьан, туох сыаллаах-соруктаах (баҕар, саҥа сүүрээни киллэриэ диэн санааттан буолуо), тэрилтэҕэ атын сиртэн пайщиктаахтарга туох да сыһыана суох, бэйэтин чугастык билэр, куораттан Ангелина Сергеевна Попова диэни ыҥыран аҕалан, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэр.

Попова А.С. бэйэтин солбуйааччытынан атын сиртэн төрүттээх Варвара Дмитриевна Максимова диэн үлэһити ыҥыран аҕалар.

Онтон ыла тэрилтэбитигэр өйдөммөт быһыы-майгы саҕаланар. Васильева Н.Н. уоппускаҕа сырыттаҕына, бу дьон, уопсастыба устаабын тутуспакка, сокуоннайа суох үлэтиттэн устан кэбиһэллэр уонна бэйэлэрэ 7 киһилээх саҥа пайщиктаахтары тэрийэллэр.

Эмиэ бэйэлэрин билэр киһилэрин, Семён Дмитриевич Романовы, ыҥыран аҕалан, улууһу хааччыйан олорбут бэкээринэбитин түүлэһиигэ биэрэллэр уонна ону таһынан сэбиэт бэрэссэдээтэлэ оҥороллор.

Уруккуттан баар пайщиктаахтары суох гынан кэбиһэллэр уонна тэрилтэбит хамсаабат баайын-дуолун атыылыырга сананан, улуус киинигэр турар “Дьүкээбил”, “Северянка” маҕаһыыннарбытын олохтоох атыыһыттарга атыылыыллар.

Эрдэттэн баар пайщиктаахтары суукка биэрэллэр. Тэрилтэ баайа, мала-сала, оргтехника, докумуон барыта ыскайданар, суох оҥоһуллар.

Маннык көстөн турар атаҕастабылы, баламаттык устаабы-сокуону кэһиини тулуйбакка, сокуонунан көмүскэнэр сыалтан архыыбы хаһан, докумуоннары хат сөргүтэн, дьиҥнээх пайщиктаахтар баарбытын суукка дакаастаан, 2022 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр суут дьиҥнээх пайщиктаахтар туһаларыгар түмүктэнэр.

Ол да кэнниттэн айдаан тохтообот, араас үҥсүү син биир киирэ турар. Пайщиктаахтар үлэтигэр төттөрү суут уурааҕынан төннүбүт Васильева Нина Николаевнаттан “Холбос” кыттыылаах бары пайщиктаахтар улахан мунньах буоларын ирдиибит, кэтэһэбит. Ол эрээри этиибит, туруорсуубут болҕомтоҕо ылыллыбат, соруйан бириэмэни тарда сатыыр, уһатар. Бырааппыт кэһиллэн, ыксаан, бэйэбит былырыын ахсынньы 25 күнүгэр улууспут салалтатыттан мунньах ыытар сирбитин быһаартаран, бэйэбит күүспүтүнэн уопсай мунньах тэрийэбит.

Ол мунньаҕы тэрилтэбит ис туруга мөлтөөн, иэскэ-күүскэ киирбитин туоратар сыаллаах ыыппыппыт. Суут бүппүтүн кэннэ, бачча 1,5 сыл устата тэрилтэбитин оннугар түһэрэр биир да үлэ барбакка, иэс-күүс өссө элбээн, моҥкурууттуур куттал үөскүүр.

Онтон сиэттэрэн, мунньахпытыгар тэрилтэбит балаһыанньатын тупсарар инниттэн саҥа сэбиэт састаабын, боломуочуйалаахтары, саҥа бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин талабыт.

Саҥа састаап сүбэлэһэн, мунньахтаан баран, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн Геннадий Пантелеймонович Мартыновы таларга куоластыыбыт. Геннадий Пантелеймонович пайщиктаах.

Геннадий Пантелеймонович аҕата Пантелеймон Карпович биһиги тэрилтэбитин өссө райпо эрдэҕинэ салайбыта, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олорор. Улуус бочуоттаах олохтооҕо. Дьон-сэргэ үтүө эрэ тылынан, махталынан ахтар салайааччылара.

Саҥа састаап талыллаат, тута балаһыанньаны көннөрөр, тэрилтэ үтүө аатын төннөрөр үлэҕэ ылсыбытынан барар.

Ол курдук, нолуок иэстэрин сабан, моҥкурууттаабат дьаһал ылыллар.

Ол гынан баран, маннык саҕалааһын ыытыллан эрдэҕинэ киһи өйдөөбөт, дьиксинэр балаһыанньата үөскээтэ. Ол курдук, пайщиктаахтар итэҕэллэриттэн тахсан уурайбыт Н.Н. Васильева, уопсай мунньах уурааҕын ылыммакка, тэрилтэбитин утары мэһэйдэһэр үлэни ыыта сылдьар.

Тэрилтэбитин утары үлэлээбит, айдааҥҥа кыттыспыт Варвара Дмитриевна Максимовалыын ыкса сибээстэһэн, пайщиктаахтар мунньахтара бигэргэппэтэх боротокуолун, устаабын уларытан, нолуок уорганыгар уопсай мунньах бигэргэппит салайааччылар баалларын, киллэриллибиттэрин да үрдүнэн, бэйэтин киллэрбитэ буолар.

Варвара Дмитриевналыын биир да пайщиктаахтары кытта көрсүбэккэ, сүбэлэспэккэ, иккиэйэҕин эрэ биһиги тэрилтэбит аатыттан быһааран олороллорун, биһиги бырааппытын күөмчүлээһининэн ааҕабыт уонна ону утарабыт.

Өссө эбэн эттэххэ, бу айдаан кэмигэр үгүс пайщиктаах Васильеваны утары турбута. Ол иһин пайщиктаахтар ортолоругар элбэх өйдөспөт буолуу, хайдыһыы тахса турар.

Дьиҥинэн, тэрилтэбит иннигэр пайщиктаахтар бары биир тэҥ бырааптаахпыт, бырааппытын көмүскэнэр устааптаахпыт. Барыта онно олоҕуруохтаах.

Пайщиктаахтар эрэлбитин биэрэн, бырааппытын көмүскэтээри, бэйэбит талбыт салайааччыларбыт, о.э. сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, чилиэннэрэ, боломуочуйалаахтар, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ тэрилтэбит бигэ туруктаах буоларын туһугар бары бииргэ пайщиктаахтарын кытта биир сүбэнэн үлэлиэхтээхтэр. Ким даҕаны тосту-туора, соҕотоҕун быһааран, биһиги бырааппытын күөмчүлүө суохтаах. Ол – биһиги устааппытыгар сурулла сылдьар сокуоммут, көмүскэлбит.

Онон пайщиктаахтар, бары биир сүбэнэн, хайдыспакка, биир уопсай тылы булан, тэрилтэбитин оннугар түһэрэн, үтүө аатын төннөрөн, кэнэҕэски кэнчээри ыччаттарбытыгар хаалларыаҕыҥ, ыстарымыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.

Семенова Л.Н., Беркин Е.И.,
Софронова М.И., Ефимова И.И.,
Кузьмин А.Н., Григорьева М.Н.,
Григорьева Е.А.,Мегина В.Д., Большакова А.П.
уонна да 68 тахса пайщиктаахтар.
 

Эрэдээксийэттэн: сэбиэскэй кэмтэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлии олорбут тэрилтэ аныгы ырыынак кэмигэр суураллан хаалбакка, билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа норуот туһугар биир санааны тобулан, сайдар суолун булуо диэн эрэнэбит.

 

Санааҕын суруй