Муус устар 13 күнүгэр Саха тыйаатырыгар норуоппут тумус туттар судаарыстыбаннай диэйэтэлин, Саха духуобунай лиидэрин, Саха автономиятын төрүттээччитин, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай аатын сүгэр тэрилтэлэр салайааччылара: Саха тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров, Литэрэтиирэ түмэлин дириэктэрэ Николай Лугинов, Таатта норуодунай тыйаатырын салайааччыта Гаврил Вырдылин, Чөркөөхтөөҕү судаарыстыбаннас түмэлин дириэктэрэ, Чөркөөх орто оскуолатын дириэктэрэ Святослав Сунхалыров уонна Дьокуускай аэропордун генеральнай дириэктэрэ Сергей Игнатенко – түмсэн, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соровы кытта бииргэ үлэлэһии туһунан дириҥ суолталаах сөбүлэһиини түһэристилэр.
Сөбүлэһиини түһэрсии кэмигэр Таатта улууһун баһылыга М.М. Соров Былатыан Ойуунскай аатын сүгэр тэрилтэлэр бииргэ түмсэн, өйдөрүн-күүстэрин холбоон ыллыктаах үлэни саҕалаабыттарын бэлиэтээтэ уонна билигин Саха драмтыйаатыра уонна Ойуунускай пааматынньыга турар Орджоникидзе болуоссатыгар Платон Алексеевич Ойуунускай аатын иҥэрии боппуруоһун көтөхтө.
Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырын аатыттан Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылин Дьокуускай куорат киин болуоссатыгар Былатыан Ойуунускай аатын иҥэриини туруорсар үлэ кэнники 5 сылга күүскэ барбытын, 4500 илии баттааһына хомуллубутун, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев норуот өттүттэн туруорсуу баар буоллаҕына, бу дьыала кыаллар кыахтааҕын бэлиэтээбиттэрин эттэ.
СӨ норуодунай суруйааччыта, Б.Ойуунускай аатынан СӨ Литэрэтиирэтин түмэлин дириэктэрэ Н.А. Лугинов бу этиини өйүүрүн, Былатыан Ойууунскай айымньыларын саҥалыы өйдөөн, ааҕар кэм кэлбитин, аан дойду таһымнаах чулуу киһибит айар үлэтигэр учуонайдар өттүлэриттэн иҥэн-тоҥон дириҥник чинчийии, ырытар үлэ тиийбэтин анаан-минээн санатта.
Саха тыйаатырын дириэктэрэ П.Т. Макаров Саха тыйаатырын сценатыгар П.А. Ойуунускай айымньыларын туруоран, репертуарга киллэрэн, поэзия киэһэлэрин тэрийэн, кини уоттаах-төлөннөөх идиэйэлэрин испэктээкиллэр нөҥүө ыччакка тиэрдэр наадатын уонна ону тыйаатыр кэлэктиибэ толору өйүүрүн, Былатыан Ойуунскай аатынан болуоссат баар буоллаҕына, онно кини айымньыларынан турбут испэктээкиллэр уобарастарын үйэтитэн, пааматынньыктары туруоран, кэлэр кэнчээри ыччакка уостубат, уҕараабат өйдөбүнньүгү хаалларыы улахан кэскиллээх буолуоҕун эттэ.
Салайааччылар инникитин бииргэ үлэлэһии докумуонугар илии баттаатылар. Ол кэннэ Былатыан Ойуунскай пааматынньыгар сибэкки ууруутун сиэрэ-туома буолла. Саха норуотугар улахан суолталаах тэрээһин улуу киһибитигэр сүгүрүйүү оһуокайынан түмүктэннэ.