Киир

Киир

Ирбэт тоҥ буордаах зона биология проблемаларын институтун ботаническай саадын ыстаарсай научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата Иннокентий Федоров атырдьах ыйын ортотуттан саҕалаан сир тоҥуор диэри Саха сирин кыһынын тулуйар ханнык баҕарар үүнээйини олордуохха сөп диэн этэр. Кини үүнээйини төһөнөн хойутуу олордоҕун да, соччонон үчүгэйдик үүнэр диэн бэлиэтиир. Бүгүҥҥү нүөмэргэ тиэргэҥҥэ үүнүөн сөптөөх үүнээйи арааһын туһунан суруйдубут.

 

Ольховник кустарниковый. Деревянистые соплодия сохранившиеся с прошлого года. Фото М

Сиһик талах (ольховник)

Тиэргэҥҥэ сиһик талаҕы үүннэриэххэ сөп. Саха сиригэр бу талах икки көрүҥэ үүнэр. Киин оройуоннарга -- «кустарниковай» көрүҥэ, соҕуруу оройуоннарга «мастыҥы” көрүҥэ үүнэр. Киин оройуоннар сиһиктэрин умнаһа туора үүнэн, булчуттар сырыыларын мэһэйдиир. Оттон   соҕуруу оройуоннар сиһиктэрин умнастара туруору үүнэр буолан, мастыҥы диэн ааттаммыта буолуо. Соҕурууҥҥу сиһик кырасыабай көрүҥнээх, хараҥа от күөх дьүһүннээх, килэбэчигэс, улахан сэбирдэхтээх. Бу үүнээйи уратыта диэн, күлүк сиргэ үүнэр уонна өлгөм ууну эрэйэр. Биир сайын устата 1,5 м кэриҥэ уһуон сөп. Тиэргэҥҥэ олус үчүгэйдик үүнэр. Айылҕаҕа харыйалары, тииттэри кытта үүнэр буолан, тыа буорун уонна хайа кумаҕын (20%) булкадыһыгын сөбүлүүр.

барбарис

Барбарис

Барбариһы сиэмэнэн үүннэриэххэ сөп. Бу Уһук Илинтэн кэлбит бөдөҥ сэбирдэхтээх, кырасыабай сибэккилээх, сиэнэр уонна сиэммэт отонноох 1,5 м үрдүктээх сүрдээх кырасыабай үүнээйи. Бэйэтин айылҕатыгар 3-4 м үрдүккэ тиийэ үүнэр. Ол эрэн, биһиги тыйыс усулуобуйабытын тулуйбакка, төбөлөрө (30%) үлүйэн хаалар. Бу үүнээйи эмиэ күлүк сиргэ үүнэрин сөбүлүүр. Өрүс кумаҕа (20%), ноһуом (20%) уоннааҕыта хара буор булкадаһыкка табыллан үүнэр.

боярышник даурский

Долохоно (боярышник)

Саха сиригэр долохоно биир көрүҥэ үүнэр – даурскай. Сүрүннээн, Саха сирин киин уонна соҕуруу өттүгэр, Дьааҥыга уонна Индигииргэ. Өрүс хочотугар, убаҕас тииттээх ойуурга, тыа саҕатыгар, сэппэрээк быыһыгар, хайа эниэтигэр. Даурия долохоното биһиги дойдубут усулуобуйатыгар өлгөм үүнүүнү биэрэр. 20 сааһыгар 3,5 м диэри уһуон сөп. Лаглаҕар лабаата хараҥа кыһыл өҥнөөх, элбэх хатыылаах, бороҥ умнастаах, көбдөркөй сэбирдэхтээх буолар. Ыам ыйын 2-3 декадатыгар тыллар. Онтон бэс ыйыгар сибэккилиир. Сибэккитэ маҥан өҥнөөх, биир укка бөлөхтөһөн үүнэр. Аһа атырдьах ыйын бүтүүтэ ситэр. Төгүрүк быһыылаах, саһархайдыҥы-кыһыл өҥнөөх, сиппит отоно минньигэс амтаннаах буолар. Күһүн сэбирдэҕэ хараҥа кыһыл, сибэккитэ маҥан өҥнөнөр. Лэппийиини олус үчүгэйдик тулуйар. Онон көҕөрдүүгэ, тыыннаах бүтэйи оҥорууга, газоҥҥа олус барсар. Олус кэрэ көстүүлээх буолар. Ону таһынан долохоно соҕурууҥҥу 16 көрүҥэ Саха сиригэр аа-дьуо үүнүөн сөп.

Биһиги дойдубутугар үүнэр долохоно мэдэссиинэҕэ киэҥник туттуллар. Ол курдук аһа уонна сибэккитэ эмтээхтэр. Долохоно аһын балаҕан ыйыгар ситэн турдаҕына хомуйуохтааххын. Ыраас салгыҥҥа эбэтэр сылаас дьиэ иһигэр куурдуллуохтаах. Сибэккитин бэс ыйын саҕаланыыта сэрэнэн хомуйаҕын уонна чараас араҥанан тэлгэтэ куурдаҕын. Долохоно хаппыт аһыгар 125 мг % тиийэ аскорбиновай кислоталаах, 5,8 мг % каротин уонна 3% кэриҥэ флавоновай кислоталаах. Сибэккитигэр – эпиирдээх арыы, дубильнай бэссэстибэ (2,9-9,7%), флавоноидтар, органическай кислоталар, ацетилхолин уонна холин баар. Долохоноттон оҥоһуллубут эмтэр дабылыанньаны түһэрэр, сүрэх уонна тымыр үлэтин күүһүрдэр, эккэ-сииҥҥэ холестерины кыччатар аналлаахтар.

сардаана

Сардаана сибэкки (лилия пенсильванская)

Билигин хас тэлэгэһэ аайы сардаана сибэккилэри көрүөхпүтүн сөп. Киин оройуоннарга үүнэр сардаана саһыл кыһыл дьүһүннээх. Оттон соҕуруу оройуоннарга эт кыһыл дьүһүннээх сардаана үүнэр. Кыһыл сардаана ордук кыраһыабайдык көстөр. Билигин бу үүнээйиини түөрэн ылан, силиргэхтэрин (луковицы) хостоон ылан үллэрэн, сиэмэ курдук таммалатан кэбиһиэххэ сөп. Бэрт хойуутук үүнэн тахсар. Кумах булкадыһыктаах буору сөбүлүүр. Билигин олордорго саамай тоҕоостоох.

овсяница красная

“Овсяница красная” газон

Дьокуускайга Саха сирин усулуобуйатыгар үчүгэйдик үүммэт от сиэмэтин атыылаһан ылан ыһаллар. Үксүн Москубаттан, Красноярскайтан, Иркутскайтан, Новосибирскайта ылаллар. Сымнаҕас килиимэккэ үөрэммит от биһиги тыйыс услуобуйабытыгар сөп түбэспэтэ чахчы. 3-4 сылынан тараҕайданар, бүтүннүү эрбэһининэн, ача отунан туолар. Арай “овсяница красная” диэн от көрүҥэ ханнык баҕарар усулуобуйаҕа өлгөмнүк үүнэр. Саха сиригэр Ботаническай саад уонна биирдиилээн дьон оҥороллор.

моркуоп

Моркуобу күһүн ыһыахха

Күһүн, сир тоҥуон эрэ иннинэ ыһыахха сөп. Саас, бириэмэтэ кэллэҕинэ, тыллан тахсар. Үүнүүтэ өлгөм, биэрэр аһа 30%-нан элбэх. Элбэх үүнээйини боруобалаан көрбүппүттэн моркуоп эрэ үчүгэй үүнүүнү көрдөрбүтэ.

бере сиир ото

Бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский)

Сиэмэнэн моркуоп курдук ыһыллар. Үүнэн тахсыыта сэдэх. Сиэмэтэ халыҥ хахтаах буолар. Ол хаҕын сымнатан, ытыскынан имитэҕин, үүнэн тахсарыгар дөбөҥ буоллун диэн, алдьатан биэрэҕин. Бөрө сиир отун бары эмтээх үүнээйи быһыытынан билэбит. Ол эрэн оҕуруокка үүмүт бөрө ото эмтээх уратыта 10-ча төгүл намыһах буолар. Холобур, айылҕаҕа үүммүт бөрө отунан араак, инсульт, инфаркт, варикоз, тромбофлебит, геморрой курдук ыарыылары профилактикалыыллар. Оттон оҕуруокка үүммүтүнэн боростуой тымныйыыны, ис ыарыытын, кирииби эрэ кыайыахха сөп. Бөрө сиир ото бааһына курдук ыраас сиргэ үүнүөхтээх. Аттыгар атын үүнээйилэр, ордук сыыс ача от баар буоллаҕына, үүнүүтэ мөлтөх буолар. Бастакы сылыгар быыкаайык, ол эбэтэр 10 см үрдүө суоҕа. Төрдүс сылыттан биирдэ эмкэ туһаныахха сөп буолар. Үүнээйи сибэккилэнэр кэмигэр күөх сэбирдэхтэрин ылан хатараҕын. Хатаран баран, биир улахан ньуоска оту 300 мл итии ууга хоннороҕун. Тиэрмэскэ хонноруохха эбэтэр 30 мүн курдук тэптэрэн ылыахха сөп. Онтон уһуннук оргуттахха, эмтээх эттиктэрэ урусхалланар.

Дьон бөрө сиир отун (вздутоплодник сибирский) бөрө ото (папоротник) диэн дьааттаах үүнээйини кытары булкуйар. Ааттара эрэ майгыннаһар. Ону куһаҕан санаалаах дьон бөрө сиир отун эмтээх уратыларын этэн тураннар, бөрө отун атыылыахтарын сөп. Ону таһынан Саха сиригэр аконит диэн дьааттаах үүнээйи үс көрүҥүн эмтээх диэн атыылааччылар эмиэ бааллар эбит. Бу икки үүнээйигэ чугаһыы даҕаны сорунумаҥ диэн сэрэтэбин.

Иванна БУРЦЕВА.

Сэҥээриилэр

Jorg
0 Jorg 02.12.2024 19:12
Чтобы вывести кожееда в квартире,
используйте нашу помощь.
как
избавиться от кожееда: https://dezklinik.ru/unichtozhenie-kozheeda
::
Ответить
Tricia
0 Tricia 04.12.2024 23:14
Hi, Neat post. There's a problem together with your web site in internet explorer,
might check this? IE still is the marketplace leader and a
huge part of other people will omit your magnificent writing
because of this problem.

Also visit my web page - 易歪歪 下载: https://Dentozone.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=2363878
Ответить
Howard
0 Howard 04.12.2024 23:51
Hi there, after reading this amazing article i am too glad to
share my experience here with mates.

My web-site :: 易歪歪: http://topsite.otaku-attitude.net/index.php?a=stats&u=malcolmflores12
Ответить
Darrell
0 Darrell 04.12.2024 23:58
Aw, this was an incredibly good post. Taking the time and actual effort to produce a good article… but what can I say… I hesitate a
whole lot and never seem to get anything done.


Check out my webpage ... 易歪歪 官网: http://relateddirectory.org/details.php?id=262777
Ответить
Maggie
0 Maggie 05.12.2024 00:18
I visited many web sites however the audio feature for audio songs present at this website is actually wonderful.


my website :: 客服聊天助手: https://Hudroombar.iwinv.net/bbs&/board.php?bo_table=free&wr_id=106413
Ответить
Corine
0 Corine 05.12.2024 00:33
I enjoy what you guys are up too. This type of clever work and coverage!
Keep up the terrific works guys I've included you guys to our blogroll.


My homepage ... 客服聊天助手: http://Thinktoy.net/bbs/board.php?bo_table=customer2&wr_id=971928
Ответить
Muriel
0 Muriel 05.12.2024 17:17
Excellent beat ! I wish to apprentice at the same time as you amend your site,
how can i subscribe for a weblog website? The account helped me a acceptable deal.
I were a little bit familiar of this your broadcast offered shiny transparent concept

Check out my web page: 客服聊天助手: http://intranet.Espace-environnement.be/spip.php?article767
Ответить

Санааҕын суруй