ХОРСУН ЭТИИЛЭР, УРАТЫ КӨРҮҮЛЭР, ДЬИКТИ ДЬЫЛҔАЛАР!
Сахабыт сиригэр өссө биир Гиннесс рекордун күүтэбит!
Олунньу 8 күнүгэр “Кыым” түһүлгэтигэр “Алгыстаах салама: өбүгэ быстыбат ситимэ” диэн саха омук төрүт култууратыгар, ускуутубатыгар уонна устуоруйатыгар анаммыт аһаҕаc кэпсэтии буолан ааста. Кыттыбыт дьон бары кэриэтэ быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр ураты бэлиэ, үбүлүөйдээх сыл үүммүтүн бэлиэтээтилэр. Мунньах аан тылын арыйбыт, иилээн-саҕалаан ыыппыт Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова “Быйыл саламаҕа сыһыаннаах Гиннесс рекордун тэрийдэхпитинэ хайдах буолуой?” диэн мунньах кыттыылаахтарын, саха төрүт үгэһигэр, култууратыгар уонна устуоруйатыгар быһаччы үлэлэһэ сылдьар дьону, санааларын этэллэригэр көрдөспүт. Төгүрүк остуолу сиһилии суруналыыс Альберт Капрынов сырдатта.
“Бурматов сокуонун” кэнниттэн доруоптуур туһалыа дуо?
Бурматов сокуона бэйдиэ сылдьар ыты элбэттэ, ол түмүгэр ыт ньирэйгэ, кулуҥҥа эрэ буолбакка, киһиэхэ улахан кутталланна диэн дьэллик ыты өлөрөрү туруорсабыт. Оттон ити сокуон ылыллыбыта ыраатта, онон толоруллуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, сокуону билбэтиҥ – эппиэтинэстэн босхолообот. Хаһыат 4-с балаһатыгар Владимир Степанов Саха сиригэр, куоракка “ыт сокуона” хайдах тутуһуллан кэлбитин, оҕуруктаах өйдөөхтөр чунуобунньуктар үлэлэригэр эппиэтинэһэ суохтарыттан бу сокуонунан туһанан хоруупсуйалыахтарын, ахсынньы бүтүүтэ ыттар киһини өлөрбүт түбэлтэлэригэр буруйдаах ким буолуон сөбүн туһунан ырытыыта таҕыста.
С.Ю. Широких Полянскай: сахаҕа умнуллуо суохтаах үтүө аат
Муус устар 27 күнүгэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сыла туолуо. Ол иннинэ 1922 с. кулун тутар 9-11 күннэригэр саха норуотун хаанынан уһуннара сыспыт триумвират былааһын тохтоппут сабыытыйалар эмиэ 100 сыллара туолар. Ити быһаарыылаах күннэргэ И.Н. Барахов оруолун үчүгэйдик билэбит. Оттон ол күннэр сүрүн дьоруойдара, саха норуотун быыһааһыҥҥа уһулуччу үтүөлээх нуучча ньургун уола Сергей Юльевич Широких-Полянскай аата иһиллибэт курдук. Владимир Степанов Широких-Полянскай туһунан ыстатыйатыттан ол күннэргэ туох буолбутун, өрөспүүбүүлүкэ төрүттэниитин устуоруйатын сорох умнуллубут түгэннэрин кытта билсиҥ.
Успуорт эйгэтин бүгүҥҥү кыһалҕаларын туһунан бастыҥ суруналыыстыын
Собус-соҕотоҕун успуорт саайтын уонна инстаграм паблигын тигинэччи үлэлэтэр Александр Посельскайы – ааспыт сылы түмүктүүр "Гранд финал-2021" тэрээһиҥҥэ успуорка идэтийэр бастыҥ суруналыыhынан биллэрбиттэрэ. "Манчаары" икки балаhатыгар успуорт дэгиттэр суруналыыhын кытта сэhэргэhии. Успуорт суруналыыстыкатын сүрүн уратылара, успуорт эйгэтин бүгүҥҥү кыhалҕалара, пандемия уонна успуорт...
Өбүгэлэрбит мындыр холооhуннарын фольклор нөҥүө көрүү
Суруга-бичигэ суох өбүгэлэрбит муударастара, олох араас көстүүлэрин кыраҕытык кэтээн көрүүлэрэ, анаарыылара – өс хоhоонноругар, таабырыннарга, сомоҕо домохторго түмүллэр. Бүгүн "Сонор" рубрикаҕа – тииҥи, бүүчээни, бэдэри, кырынааhы, бөрөнү – өбүгэлэрбит мындыр холооhуннарын, фольклор нөҥүө көрүү.
Мииринэй куораты сайдыы күүтэр
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн тутаах чааһын толорор АЛРОСА хампаанньа ааспыт сылы хайдах түмүктээтэ? Быйылгы дивидент үбэ төһө буолуоҕай? Мииринэй куораты сайдыы күүтэр. Ол уонна да атын туһунан хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай тугу кэпсиирин ааҕыҥ.
Аркадий Николаевы-Эрхааны кытта истиҥ кэпсэтии
"Тапталбыт күлүүһүн Өлөөҥҥө – таптал хайатыгар иилбиппит" - диэн кэпсиир, Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгиттэн төрүттээх, СӨ култууратын туйгуна Аркадий Николаев-Эрхаан.
"Ааспыт олохпор барыта баара – түһүү-тахсыы, аһыы утаҕы амсайыы, олоххо оҥостубут ыра санаа олоххо киирбэтиттэн хараастыы, сүөм түһүү...
Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына ийэ тиэмэтэ саамай "ыарыылаах миэстэм" буолааччы. Ийэлээх оҕолорго ымсыыран да биэрээхтиирим", – диэн Эрхаан, дириҥник үөһэ тыынан баран, олоҕун "хара, үрүҥ" балаһаларын туһунан санаатын үллэстэр.
Таптал сааһы билиммэт диэн этиини олох бэйэтэ көрдөрөр
"Сааһыран да баран олоҕу иккистээн оҥостуохха сөп ээ. Тапталлаахтар күннэригэр анаан таһаараргар олоҕум кэрдиис кэмнэрин кэпсиим эрэ", – диэн көрдөһөн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биисинэс-леди миигинниин кэпсэтэ сырытта. Ол туһунан "Иккистээн тиллибит сибэкки" дьиҥнээх олохтон дьылҕаны ааҕааччыларбытын кытта үллэстэбит.
"Олохпутугар барыта баара – дьиэ-уот, баай-дуол, оҕолор, ситиһиилээх кэргэн. Ол эрэн миэхэ, тус бэйэбэр дьол уонна ис көҥүл туруга суоҕа. Көмүс килиэккэҕэ хаайтарбыт чыычаах кэриэтэ этим. Арахсан баран 10-ча сыл кэннэ ыал буоллум, оҕолоннубут. Билигин дьиэ кэргэммит дьолун уйатыгар баар – истиҥ сыһыан, кыһамньы, көмө, өйөбүл, таптал.
Онон таптал сааһы билиммэт, хас баҕарар сааска сылдьаҥҥыт, аналгытын көрсүөххүтүн сөп", – диэн кэпсээним дьоруойа олоххо санаатын үллэстэр.
Таптал хас сыл «олороруй»?
Олунньу 14 күнүгэр, бары билэрбит курдук, Тапталлаахтар күннэрэ бэлиэтэнэр. Сахаҕа Сибэтиэй Балантыын бырааһынньыга төһө да сыһыана суох курдук буолбутун иһин Аан дойду икки атахтааҕын уйан, ураты дьоллуур күүстээх иэйии - Таптал - ситимнээн эрдэҕэ...
Таптал хас сыл «олорорун» таайа сатыыбыт. Сорохтор «икки-үс сылынан бүтэр, суола сойор, өҥө-дьүһүнэ өлбөөдүйэр» диэн саҥардыбаттар. Оттон атыттар өлөн да баран таптыыр киһи тапталлааҕын сырдык, ыраас иэйиинэн арыаллыы сылдьарыгар бүк эрэнэллэр. Араас көлүөнэ ааҕааччыларбыт манна санааларын үллэстэллэр. Таарыйа тус олохторун, тапталларын быыһын сэгэтэллэр...
«Уран Саха»: уран оһуор, нарын ойуу...
Талаан - айылга бэлэҕэ. Арай үөһээҥҥи айыылар эйигин талаанынан хатаҕалаабатах буоллахтарына, төһө да көлөһүҥҥүн тох - туһата суоҕун тэҥэ.
«Уран Саха» ювелирнай тэрилтэ модельер-худуоһунньуга Ньургуйаана Николаева тарбаҕар талааннаах буолара адьас оҕо эрдэҕиттэн биллибит. Харандааһын, тэтэрээтин кыбыммытынан сылдьара үһү. Кини айар үлэтин туһунан сиһилии 36 балаһаҕа билсиҥ.
“Халлааммыт наһаа даҕаны күөх өҥнөөх эбит...”
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах килиниичэскэй балыыһатын офтальмолог бырааһа Анастасия НОЕВА "Миэхэ эмтэммит кыыһым "Хайыы-ыы, халлааммыт наһаа даҕаны күөх өҥнөөх эбит"- диэн саҥа аллайбытыгар, тэҥҥэ үөрсүбүтүм", – диэн сэһэргэһии хаппахчытын сэмээр сэгэтэн кэпсэтиибитин саҕалыыр.
32 сыл талан ылбыт идэтинэн үлэлиир сылдьар Анастасия Петровна "Билигин катаракта ситэрин, кытаатарын, халыҥнык бүрүйэрин кэтэспэппит. Мэдиссиинэ сайдан, кып-кыра 2 мл-даах хайаҕаһынан киирэн, ультразвук көмөтүнэн катарактаны бытарытан, оботторон ыламмыт, оҥоһуу хрусталиктары туруорабыт. Ол кэнниттэн киһи көрөрө тупсар, үчүгэй буолар", – диэн санаатын үллэстэр.
Дьон санаатын үөрэтии: Төгүрүк сылы быһа харчы хомуура төһө сөптөөҕүй?
Кэлин харчы хомуура олус дэлэйдэ. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, тэрилтэҕэ, нэһилиэккэ күннээҕинэн, үбүлүөйүнэн, ыалдьыбыкка, ыктарбыкка, айанньыкка, өлбүттээххэ, бэлиэ күннээххэ төгүрүк сылга тохтоло суох харчы хомуллар. Билиҥҥи кэмҥэ ол сөп дуу, сүөргү дуу? Уопсастыба араас араҥа дьонун санаатын 31-с балаһаҕа ааҕыҥ.
ХАТАТТАН КЫЫМ САҔЫЛЛАР, "КЫЫМТАН" ТӨЛӨН КҮӨДЬҮЙЭР!