Киир

Киир

Муус устар 6 күнүгэр ССРС успуордун маастара, Саха АССР хапсаҕайга маастара, сахалартан бастакынан ССРС уолаттарга чөмпүйэнээтин кыайыылааҕа, дуобакка маастарга хандьыдаат – Вячеслав Карпов 75 сааһын туолуохтааҕа.

Вячеслав Карпов – улуу тириэньэр Дмитрий Коркин “бастакы хараҥаччыта”. Кини Коркин иитиллээччилэриттэн бастакынан – ССРС уолаттарга чөмпүйэнээтин (1965 с.) кыайыылааҕа буолбута. 18 сааһыгар “аан дойду аччыгый чөмпүйэнээтинэн” ааттаммыт Тбилиси турнирыгар (1966 с.) боруонса мэтээли ситиспитэ. Ураты тустар истииллээҕэ. Кини аатынан, бэл, тустуу ньымата ааттаммыта.

Вячеслав Павлович, былырыын, атырдьах ыйын 29 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.

Холкуос бэрэссэдээтэлэ

Аҕата Павел Карпов Чурапчы Чакырыгар – Вячеслав Молотов аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кини холкуоһун дьоно хоту оройуоннарга көһөрүллүбэтэхтэрэ – Павел Дмитриевич өҥөтө.

Сэрии сылларыгар уот кураан сайыннар турбуттара, эбиитин, ас-таҥас кырыымчык буолан, аччыктааһын саҕаламмыта. Павел Карпов холкуостаахтарга хас да төгүл бородуукта түҥэтэн, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүтэ. Итинник дьаһаммытын иһин – холкуос бэрэссэдээтэлэ ытыллыан эбэтэр өр сылларга хаайыыга утаарыллыан сөбө.

Павел Дмитриевич олохтон баара эрэ 33 сааһыгар туораабыта.

– Нэһилиэк кырдьаҕастара эһэбин үтүө тылынан ахтан-санаан ааһалларын өйдүүбүн, – диэн кэпсиир, эһэтин чиэһигэр ааттаммыт Павел Карпов. – Кини уолун, мин аҕабын мээнэҕэ Вячеслав диэн ааттаабатах буолуохтаах. Эһэм салайбыт холкуоһа Вячеслав Молотов аатын сүгэрэ.

“Мин сиэним? Карпов?”

Вячеслав Павлович уола Павел кини ситиһиилэрин куоһарыан баҕарара. Ол эрээри наар көмүскүү, харыстыы сылдьара. Аҕата эрдэ күн сириттэн күрэммититтэн буолуо. Аҕата өлөрүгэр Вячеслав Павлович үс эрэ саастаах эбит.

Павел элбэх күрэхтэһиилэргэ чөмпүйүөннүүрэ. Ол эрээри аҕата успуорт-интэринээккэ, кэлин Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар олорорун, үөрэнэрин, дьарыктанарын көҥүллээбэтэҕэ. Уола көрдөһөн көрдөҕүнэ: “Эн – ийэлээххин, аҕалааххын, дьиэлээххин. Хара сарсыардаттан төһө баҕарар дьарыктаммытынан бар”, – диирэ.

2d1e9587 0208 4b24 8bf3 2dc005497fde

Павел эт-сиин култууратын судаарыстыбаннай академиятын бүтэрбитэ. Эчэйиилэриттэн сылтаан көҥүл тустуунан дьарыктанарын тохтоппута. Спортинг диэн көрүҥүнэн үлүһүйэн туран дьарыктаммыта, Волгоградка ыытыллыбыт Арассыыйа Куубагын кыайыылааҕынан буолбута (“С” категорияҕа). Аҕата уолун ити ситиһиититтэн улаханнык үөрбүтэ.

Вячеслав Павлович тоҕоостоох түгэн көһүннэ да, уолугар: “Биһиги аҕа ууһа эстэн эрэр, онон ааппыт, араспаанньабыт быстыа суохтаах”, – диэн мэлдьи этэ сылдьара. Онон, уол сиэннэнэн баран улаханнык дьолломмута. Хас да сыллааҕыта, Вячеслав Павлович улаханнык ыалдьа сыттаҕына – үһүс сиэнэ төрөөбүтэ. Оҕону аҕалан көрдөрбүттэригэр: “Мин сиэним? Карпов?” – диэбиттии, сөмүйэтинэн бастаан бэйэтин, онтон оҕону ыйбыта. Сиэнэ буоларын билэн баран, олус үөрбүтэ, эрбэҕин чороппута.

Олоҕун аргыһа

Вячеслав Павлович кинигэ ааҕарын олус сөбүлүүрэ. Кэргэнэ Татьяна Петровна (кылааһынньыга) эмиэ “кинигэ куттаах”. Чурапчытааҕы дьиэлэригэр биир истиэнэ тобус-толору кинигэ этэ. Куоракка көһөллөрүгэр ону барытын Чакыр бибилэтиэкэтигэр бэлэхтээбиттэрэ. Карповтар дьиэтээҕи бибилэтиэкэлэригэр: араас энциклопедиялар, уус-уран литература, көҥүл тустуу уонна дуобат кинигэлэрэ бааллара.  

Татьяна Петровналыын үйэ аҥаара бииргэ олорбуттара. Саас, муус устарга кыһыл көмүс сыбаайбалара буолуохтааҕа... Татьяна Петровна бибилэтиэкэринэн, учууталынан, нэһилиэк Сэбиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Кэлин дьиэ кэргэн, оҕо саас уонна демография бэлиитикэтин кэмитиэтин исписэлииһинэн, биир кэмҥэ Ил Түмэн дьокутаата Альбина Поисеева көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Интэриэһинэйэ диэн Карповтар ылбыт наҕараадалара мэлдьи хоһулаһаллара. Ол курдук, иккиэн – Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданиннара.

1f3fee9b b3e2 4622 b410 5b638d4e3534

“Киһи бүдүрүйэрэ түргэн”

60-70 сыллардааҕы успуорт сорох дьоруойдара арыгыга убаммыттара мэлдьэх буолбатах. Эбиитин Вячеслав Карпов чугас доҕотторо Николай Захаров-Сахаачча уонна Владимир Андросов күн сириттэн эрдэ күрэммиттэрэ. Вячеслав Павлович уола Павел төрөөтүн кытта – куһаҕан дьаллыктан букатыннаахтык арахсыбыта.

Куорат устун айанныы сылдьан Павелга – иһэ-аһыы, түбэһиэх хоно сылдьыбыт дьиэлэрин көрдөртүүрэ. “Туймаада” маҕаһыын таһыгар дугуйданар хаамаайылары көрдөрө-көрдөрө: “Киһи бүдүрүйэрэ түргэн”, – диирэ. Ити курдук Вячеслав Павлович уолуттан урукку олоҕун омсолоох түгэннэрин кистээбэт этэ. Хаайыыга олорбут кэмин туһунан эмиэ аһаҕастык кэпсиирэ. Суруйааччы Егор Неймоховы кытта олоҕун бары кэрдиис кэмнэрин көрдөрөр кинигэни суруйбуттара (“Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох”, 2011). “Итини ааҕан баран, саатар биир киһи көнө сүнньүлээх олоҕу тутустаҕына – кинигэ сүрүн сыалын-соругун ситиһиэ”, – диэн Вячеслав Павлович мэлдьи этэрэ. Кырдьык, киниэхэ син элбэх киһи “өйдөммүттэрин, куһаҕан дьаллыктан арахсыбыттарын, үлэ үөһүгэр сылдьалларын” туһунан кэпсээбиттэрэ.

Азаров, Колесов, Балакшин...

Вячеслав Павлович дьоҕурдаах, инникитин улахан ситиһиилэниэх оҕолору өтө көрөрө.

– Оҕо сылдьан Александр Азаровы Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар үөрэттэрэ аҕалбытын  өйдүүбүн, – диэн уола Павел Вячеславович кэпсиир. – Александр Гаврильевич кэлин сахалартан бастакынан дуобат гроссмейстера буолбута. Кини Чурапчы дуобатчыттарын барыларын кыайталыыра. Биирдэ кэннинэн туруоран эрэ оонньоппуттара, ол да буоллар Азаров, син биир, барыларын кыайбыта. Чурапчы кырдьаҕастара, баай үөрүйэхтээх дьон, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттара”. Аҕам кини оскуолатын уонна Дуобат-саахымат киинин төрүттэспитэ. Ити кыһалартан хас эмэ уонунан гроссмейстер, Арассыыйа, аан дойду уонна Европа чөмпүйүөннэрэ үүммүттэрэ.

Аҕам Ганя Колесов диэн килбик уолчааны, илиититтэн сиэтэн, дьиэбитигэр эбиэттэтэ аҕалбытын өйдүүбүн. “Бу оҕо инникитин улуу чөмпүйүөн буолуоҕа, – диэбитэ аҕам. – Кини ураты уонна сытыы көрүүлээх дуобатчыт”. Оччолорго хантан билиэхпит баарай, биһиги иннибитигэр – аан дойду сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ буолуох уолчаан олорорун.

1996 сыллаахха, устудьуоннуу сылдьан бастакы “Азия оҕолоро” оонньуулар наҕараадалыыр салааларыгар үлэлээбитим. Онно аҕам биһиэхэ хатыҥыр, кыра уолчааны аҕалан баран: “Бу – Гоша Балакшин, кини Саха сиригэр Олимпиада мэтээлин аҕалыаҕа!” – диэн билиһиннэрбитэ. Георгий Балакшин Арассыыйа буоксаҕа сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Пекин Олимпиадатын (2008) боруонса призера буолбута.

Үтүөҕэ – үтүөнэн

Вячеслав Павлович дьоҥҥо мэлдьи көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьара. Биирдэ Карповтар кыбартыыраларыгар кыра уҥуохтаах киһи таба этин бүтүннүү мадьалыччы сүгэн киллэрбитэ. “Ким аҕалла диибитий?” – диэн дьиэлээхтэр ыйыппыттара. “Палыч билэр”, – диэн буолбута. Ол – көҥүл тустууга РСФСР чөмпүйүөнэ Григорий Христофоров этэ. Чурапчыга олордохторуна, Вячеслав Павлович иитиллээччитэ Сергей Захаров – Узбекистантан кэһиитин, баараҕай дыняны аҕалбыта эмиэ үтүө өйдөбүл. Тириэньэрин үөрдээри итиччэ ыраах дойдуттан соһон испитэ да баар.

Дьон үтүөнү өйдүүр, үтүөҕэ үтүөнэн хардарар. Карповтар дьиэлэригэр таба этэ, тоҥ балык, эмис хаас мэлдьи баара.

Хапсаҕай – халбас харата

Антон Малардыров үгэннээн туста сылдьа кэмигэр, тириэньэрдэрин кытта мөккүспүт. “Эһиги кэмҥитигэр тустуу олох атын этэ, аныгы бөҕөстөр быдан күүстээхтэр, сылбырҕа туттунуулаахтар”, – диэн. Вячеслав Павлович киниэхэ: “Икки мүнүүтэ устата күттүөннээх албаһы оҥорботоххуна, миигин суулларбатаххына – мөккүөргэ кыайтараҕын”, – диэбит. Тустубуттар. 60-с сыллар бөҕөстөрө Карпов сатабыллаахтык көмүскэнэн, утарылаһааччытыгар тугу да оҥорторботох. Малардыров сыыһатын билиммит.

Биирдэ Вячеслав Павлович хапсаҕай күрэхтэһиитигэр кыттыбыт. Ол саҕана хапсаҕай күүскэ сайдан эрэрэ. Күрэхтэһии кэнниттэн, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга дьиэтигэр дэлби санааҕа баттаппыт көрүҥнээх киирэн кэлбит. “Хайа, кыайтардыҥ дуо?” – диэн кэргэнэ Татьяна Петровна соһуйбут. “Суох, кыайдым, ол эрээри “кыайтарыам” диэн санааҕа-онооҕо олус кыпчыттардым, – диэн хоруйдаабыт Вячеслав Петрович. – Мантан инньэ хапсаҕай күрэхтэһиилэригэр кыттыбаппын”.

Успуорка, этэргэ дылы, аат-суол барара түргэн. Хапсаҕай диэн халбас харата, чыпчылыйыах да түгэнигэр дубук тутуннуҥ да – бүдүрүйэҕин. Оттон кыайбыт киһи хара кырдьыар диэри Карповы бүдүрүппүтүн туһунан кэпсэл оҥостуо.

– Дмитрий Петрович хараҕын уутун ахсааннаахтык көрбүтүм, – диэн улуу тириэньэрбит огдообото Александра Семеновна кэпсээбитэ. – Биир оннук түгэн өйбөр-санаабар бигэтик хатана сылдьар. Ол – кэргэним тапталлаах үөрэнээччитэ бырастыы гынарыгар көрдөспүт, “хайаан да көнөр суолга турунуом” диэн тылын биэрбит күнэ.

Игорь ПЛАТОНОВ.
(Федор РАХЛЕЕВ тылбааһа)

Бүтэһик сонуннар